САХА ИТЭҔЭЛИГЭР СЫҺЫАН, баһылыыр итэҕэл өттүттэн, бу күн биһиэхэ хайдаҕа аҕабыыт Герман суругуттан ырылхайдык көстөр. Тустаах министиэристибэ ылбат- биэрбэт эппиэтин эмиэ көрдүгүт. Биһиги бэйэбит итэҕэлбитигэр сыһыан хайдах араастаһарын эмиэ билэҕит, сэрэйэҕит. Итэҕэл боппуруоһугар сэнэнии уонна куттаныы баар, биһиэхэ. Куттана, сэрэнэ, сэнэнэ үөрэнэн хаалбыппыт. Оннук оҥорбуттар. Хайдахтаах курдук төрөөбүт тылбытын, оннооҕор ордук итэҕэлбитин тэбистэрбит кэмнэрдээх этибитий? Ол кэмнэр эмиэ эргиллэн кэлиэхтэрэ дуо ама? Герман аҕабыыт суруга киһини улаханнык дьиксиннэрэр. Отутус сыллар тыыннарынан илгийэр. Омугу, кини итэҕэлин , историятын кыккыраччы мэлдьэһэрин ааһан кыра омуктарга сэнэбиллээхтик сыһыаннаһарын кистээбэт. Оннооҕор марииецтарга, языческай итэҕэл дьиэтин тутарга фантазиялара тийбэтэҕэ диир. Улуу державалааҕымсыйыы, бэйэни эрэ суолталааҕымсытыы көстөр, итэҕэллээхтэр икки ардыларыгар эйэни ыһарга анаммыт, тулуйсубат буолууну күөттүүр сурук. Кини, кимтэн да ордук кини,- төрүт олохтоохтор, аҕыйах ахсааннаахтар итэҕэллэрин итинник баһааҕырдыа суохтаах этэ. Онто да суох улуу убайга, таайга унньуку буоларга, атын итэҕэлгэ бэринэргэ бэлэм дьоммут бааллар. Төрөөбүт омуктарын былыргытыттан, уруккутуттан сиргэнэр, оннооҕор төрүт култуура диэн этиини абааһы көрөр, атыҥҥа, баһылыырга эрэ үчүгэйи көрөөччүлэрдээхпит. Биһиги итэҕэлбит кинилэргэ туох да буортуну аҕалбата чуолкай. Хата төттөрүтүн биһиги- киһи, омук быһыытынан уратылаахтык, көҥүллүк туттан, куппут- сүрбүт чөлүнэн олорорбут Россия эйэлээх олоҕор туһаны эрэ аҕалыахтаах этэ. Итэҕэстик сананан олорор курдук буолуо дуо. Ким эрэ көҥүлүн баттааҥҥын- эн бэйэҥ, көҥүл буолбаккын. Элбэх көҥүллэр, элбэх уратылар доҕордоһуулара, кинилэр сатаан дьүөрэлэһиилэрэ эрэ Россия иһигэр эйэ- дэмнээх олоҕу түстүүр кыахтаах. Көҥүлү биэрэҥҥин- бэйэҥ көҥүлгүн булуоҥ. Бэйэтин төрүт итэҕэлин, төрөөбүт тылын, төрүт култууратын умнубут, баһылыыр омукка суурайтарбыт кулуттуйбут омук,- ахсааныттан тутулуга суох кэхтэр, эстэр, омук уратылаах көрүҥүн быһыытынан симэлийэр оҥоһуулаах. Герман аҕабыыт, биһиги оннук буолар суолбутун ыйар. Нуучча омук бэйэтин православнай итэҕэлин, храмнарын сөргүтэрэ хайҕаллаах суол, ким да ону үтарсыбатаҕа. Ол үрдүнэн биһигини, утарсарбыт, тулуйбаппыт уонна туох баар нууччалыыга барытыгар буортулаах, сатамньыта суох сахалыыны утары туруорарбытын туох да оруна, төрүөтэ суох этэр. Биһиги сиэрбитин- туоммутун, үгэспитин- итэҕэлбитин буортулааҕынан , халы- мааргыннан , олох да айылҕата суоҕунан ааҕар . Киниэнэ эрэ үчүгэй үһү. Ол эрэн , ханнык да омук баһылыыр туругун туһанан бэйэтин итэҕэлин атыттарга соҥнуура да күһэйэрэ да, кыралар- харалар диэн баттыыра сатаммат суол буоларын Герман аҕабыыт өйдүөхтээх этэ. Биһиэхэ барыбытыгар чөл куттаах-сүрдээх Россия наада. Биири итэтэн туран атыны толоруу буолбакка. Итэҕэллэри сатаан дьүөрэлии тутар сыһыан ирдэнэр кэмэ. Бу улахан эрэйинэн, элбэх сиэртибэннэн кэлбит ситиһии. Баһылыыр итэҕэллэр, омуктар омсолоох дьайааннара билигин Россияҕа да, аан дойдуга да буола турар терроризмы күөттээн таһаарда. Терроризм бэйэтэ- бэйэтитэн үөскээн тахсыбатаҕа. Баттыыр, ыгар, түүрэр, атаҕастыыр, сэниир дьайдаах имперскэй, великодержавнай кэмэлдьилэнии хаһан да үчүгэйгэ тийэрдибэтэҕэ. Итини тулуйбат буолуу кэмэ кэлбит курдук. Буруй эрэ моттойоҕо диэбиккэ дылы, ол гынан баран эппиэтин барытын кыраҕа, аҕыйах ахсааннаахха, баттанааччыга түһэрэр идэлээхтэр. Бу да сырыыга аҕабыыт Герман ,,сөпкө гыммытын,, төттөрүтүн биһиги буруйдаахпытын кэриэтээччилэр баар буолуохтара. Биир сөхтөрбүт суолунан, архитектор Шишигин суруга буолар. Кини аҕабыыкка аллараа сыҥаах буоларын таһынан, Арчы дьэтэ, диэни уларытан Аргы дьиэтэ диэн , күлүү гынан суруйар. Бу саха киһитэ, олох итирик олорон суруйбатах буоллаҕына тугу суруйа олорорун өйдүөхтээх этэ. Буолаары- буолан улахан мөккүөрдээх , суолталаах түбэлтэҕэ, дьыалабыай сурукка. Сити курдук аҥардастыы айбардааһыны таах хаалларан кэбиһии сатаммат. Герман аҕабыыт саха норуотун дьиҥ историятын олох да билбэт быһылаах диэн санаа эмиэ киирэр. Хайдах итинник киһини биһиэхэ булан-булан анаабыттарын киһи сөҕөр. Аҕабыыт суругар хардарары сөптөөҕүнэн ааҕаачы элбэх, утарааччылар эмиэ бааллар. Сорохтор олох да куттаналлар. Сорохтор, тойонугар , Алексий торуойга үҥүс дииллэр Бу тема тула кэпсэтии барарын кэммит бэйэтэ ирдиир курдук. Мин аҕабыыт Герман суругар нууччалыы хоруй кэриэтэ ,,Как поп Герман плюнул в Небо,,диэн ыстатыйаны ,,Туймаада саҥатыгар,, суруйбутум да ,, амыарыкалар харчы биэрэллэрин . тохтотуохтара,,- диэн куоһурданан таһаарбатахтара ,кэлин, ,,Эхо Столицы,, хаһыат 135-с нь.-гэр таҕыста. Урукку, Герман иннигэр олорбут Павел Катунин диэн аҕабыыты билэр этим. Кинилиин саха итэҕэлин, тылын-өһүн, төрүт култууратын сөргүтүү түһунан уһуннук кэпсэппиппит, ити 1989 с. этэ. Онно кини, 70-ча сыллаах итэҕэллэри тэпсии кэнниттэн, ахсааныттан тутулуга суох омуктар бэйэлэрин итэҕэллэрин, көҥүллэрин булунуохтаахтар, эһиги бэйэҕит сиэргитин, тылгытын- өскүтүн сөргүтэргит сөптөөх , улахан- кыра итэҕэл диэн суох, итэҕэллэр бары тэҥнэр, кинилэри утарыта туруортуур сатаммат - диэн эппитэ. Өссө бибилия бэлэхтээбитэ. Кинини итэҕэлэ, эрэлэ суохтук иитиллибит эдэр саастаах, кэрээннэриттэн тахсыбыт нуучча уолаттара таҥара дьиэтин иһигэр киирэн өлөрө сыспыттара, улаханнык кырбаан эчэппиттэрэ. Аҕабыыты, таҥара дьиэтин халаабыттара, үлэһит дьахтарын сидьиҥник күүһүлээбиттэрэ. Ол туһунан ,,Эдэр Коммунист,, хаһыакка ,,Эрэл эһиннэҕинэ,, диэн арыый сымнатан суруйан турабын, кинигэбэр эмиэ киирбитэ. Биһиги төрөөбүт тылбытыттан да, итэҕэлбититтэн да кыбыстар, аккаастанар туспут суох. Ол эрэн диэххэ,Герман аҕабыыт элбэх саханы сүрэхтээбит, оннооҕор духуобунаспыт академиктарын кытта сүрэхтээбит, махтала диэн балтараа мөлүйүөн сууммалаах алмаастаах кыһыл көмүс түөскэ иилинэр кириэһи оҥотторон, правительствоннан төлөттөрөн биэрбиттэр – диэн, үһү- таамах сураҕы истибиппит ыраатта. Оччо үлүгэр ситиһиини кырдьыга буоллаҕына бэчээтинэн үчүгэйдик сырдатыахтарын сөптөөҕө. Ол да буоллар, ити курдук тыллаах-өстөөх киһини итэҕэйэн киһи киирэн биэриэ суоҕун да сөп этэ. Биһиги улууканнаах убайбыт Г. В. Ксенофонтов ,,Шаманизм,, диэн кинигэтигэр христианство хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин ойууннааһыҥҥа тэҥнээн ырыппыта баар. Аан дойдуга киэҥник биллэр, суруйааччы, чинчийээччи Аджи Мурат ,,Европа ,Тюрки, Великая Степь,, диэн кинигэтигэр анаан минээн туран язычниктар диэн кимнээхтэрин, Христос итэҕэлэ диэн туох төрүттээҕин историческай матырыйаалларга олоҕуран бэркэ ырыппыта эмиэ баар. Кинилэр эрэ буолуо дуо, үгүс-элбэх чинчийээччилэр ,,язычниктары,, аҕабыыт Герман сүлүһүннээх тылынан үөҕэр Христос итэҕэлэ кимин –тугун ырыппыттара. Олор истэригэр элбэх нуучча автордара. Кинилэртэн сорохторо, олох да, дьиҥнээх нуучча төрүт итэҕэлинэн язычествоны (ведизмы) ааҕаллар, ону эрэ тутустахпытына дьиҥнээх нуучча буолуохпут дэһэллэр. Ол муҥнаахтары хайыыллара буолла .. . Аҕабыыт Герман, бу норуот итэҕэллээх, бу норуот итэҕэлэ суох диэн быһаарар, куорат тутуутун дьаһайсар, кэлэн үлэлии олорор сирин төрүт олохтоохторун сэниир хантан ылбыт бырааптааҕый уонна биһиги тоҕо онно сөптөөх эппиэти биэриэ суохтаахпытый? Тоҕо биһиги эрэ Айыыбыт Хараана тутуллуо суохтааҕый? Тоҕо биһиги уратылаах үгэстэрбит сиэрин-туомун ыытар дьиэлэниэ суохтаахпытый тоҕо кини эбэһээт, куорат кытыытыгар эбэтэр таһыгар тутуллуохтааҕый? Тоҕо биһиги үрдүкү сололоохторбут, төрүт олохтоох интэриэһигэр кыһаллыбаттарый, тоҕо биһиги кинилэри сырыы аайы тала турабытый? Баҕардар атын тылга, итэҕэлгэ киирэн суураллан, сиик буола симэлийэрбит, буруо буолан көтөрбүт ордук дуу? Эһиги санааларгытын күүтэбит.
|