Уххан
Сахарал билиитэТумусов Михаил Сысоевич – Тумус Мэхээлэ. Саха рок муусукатын аҕата, быһата саха ВИА –ра сайдыыларыгар, сахалыы доҕуһуолга олорууларыгар, ырыалара тойуктара сахалыы барааннаныыларыгар тугунан да сотуллубат кылааты киллэрбит киһи. Кэлиҥҥи сылларга элбэҕи дьон көрүүтүгэр-истиитигэр таһаарда. Чорооннорго - “ Сыттыкка сытар санаа”, Чолбоннорго -“Көстүүлэр”, “Ый анныгар санаа”, Айталларга - “Тайҕа уоттара”, “ Санаалар”, Дапсыларга - “Сарыал тыына”, “Таах саҥа”, “Сүүрээн” диэн саха муусукатын, ырыатын-тойугун чулуу альбомнарын. Маны таһынан кини тылларыгар, муусукатыгар Байбал, Анатолий Бурнашов, Василий Еремеев, Бүөккэ Бөтүрүөп, Алексей Егоров, Саарын, Сиэн Тиитэп курдук саха эстрадатын чаҕылхай артыыстара ыллыыллар. САТ-гар “Ойуун түүлэ” испэктээкили туруорууга үлэлэспитэ. “Табык” этничэскэй рок фестивалын 1989 с төрүттээн, иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар. Тумус Мэхээлэ Чап уустарыттан удьуордаах сэһэн. Саха сиэрин, майгытын куолутун билэр, бу олоххо тобулун, табылын булан сэһэргиир, туохха барытыгар бигэ сахалыы көрүүлээх, истиилээх, быһаарыылаах. Кэлиҥҥи кэмҥэ, аҕыйах сыл иһигэр Саха төрүт билиитин үөрэҕин сурукка хаалларарга дьаныардаахтык үлэлээтэ, элбэх кинигэни таһаартаата:
- «Хотугу тутул» – бырааттарыныын. (П.Тараҕай, И.Сулус, В.Майаһа)
- «Билгэ үөрэҕэ «- бырааттарыныын.
- «Удьуор үөрэҕэ»
- «Ыал Бии Билиитэ» – кыттыгас
- «Ыал олох төрдө» – кыттыгас
- «Сабарай ахсаана» - Бааһынай Баһылайдыын
- «Саха отуор сабарай» – Бааһынай Баһылайдыын
- «Саас»– хоһооннорун кинигэтэ
- «Читай и насмехайся» – бырааттарыныын.
- «Словарь сакральныйх понятий» –икки томнаах, бырааттарыныын .
Барыта түҥ былыргыттан силистээх мутуктаах саха омук төрүт Билиитин уонна Үөрэҕин эйгэтигэр . Наукаттан, оҥоһуу кус хоро билииттэн уратылаах умнуллан эрэр утум билии ситимин салҕаата.
Бүгүн, бу саҥа нууччалыы тылынан тахсыбыт «Словарь сакральных понятий» (Сахарал билиитэ) туһунан сэһэргиэхпит.
Бу кинигэ «Читай инасмехайся» диэн кинигэ салгыытын курдук. Манна тылы уонна өйдөбүлү12 араас өртүнэн көрөн ырытыы, быһаарыы баар.
- Аныгы тылдьыттарга киирбит быһаарыыта
- Сахарал билиитэ
- Бу өйдөбүл хантан үөскээбитэ, туохха, кимиэхэ баара.
- Өйдөбүл аан бастаан сурукка түспүт (ур уунуутугар) быһаарыыта
- Ийэ бичиккэ хайдаҕа
- Сахалыы саҥарыллыыта (транскрипцията)
- Нууччалыы саҥарыллыыта
- Сахалыыттан көнө тылбааһа
- Билиҥҥи олоххо туттуллуута
- Тыл уонна өйдөбүл холбостоҕуна хайдах буолара
- Тыһы, атыыр өйдөбүлгэ арахсыыта
- Иитиилээх имин тобуруота (+ -), геофизиката.
Тугуй бу, Сахарал Билиитэ диэн? Тумус ону хайдах быһаарарын эҺиэхэ тийэрдэ холонобун:
- Бу саха төрүт, уус төрдүттэн тардыылаах билиитэ. Саха төрүт билиитэ, үөрэҕэ,
майгыта хараллыахтаах, көрүллүөхтээх-истиллиэхтээх. Бу эр киһи, ыал аҕатын Ытык Билиитэ. Кини дьарыгырыахтаах.
- Билии икки аҥыы арахсар. Атыыр билии, Тыһы билии диэҥҥэ. Эр – Сах
(начало), тыһы –Саҕа (начал). Сах-Саҕа (Начало Начал).Ити хараллыыта. Сах – саха, араллаах –ареаллаах. Тайаан, тарҕанан сытар сирдээх, туттуллар, сайдар, кэхтэр, суураллар эйгэлээх. Сахалыы майгы ис өттүттэн арыллар күлүүстээх буолар. Бу арылыннаҕына саха билиитин бас билэр түбэтигэр, эйгэтигэр тарҕатыы буолуохтаах.
- Сахарал билиитин илдьэ сылдьааччылар биһиги эрэ хааллыбыт, бу орто
дойдуга. Ол саха бэрдэ, үтүөтэ буолбатах. Ол таҥара дьаһала, үтүөтэ. Биһиги төрөөн түспүт дьолбут буолар. Ону биһиги билбэппит. -Күн сиригэр икки ии-саҕа баар. Атыыр тыһы арахсыыта. (+) уонна (-), саха – хоро. Ити арахсыыга саҕар майгы эр киһиэхэ – сахаҕа тиксибит. Хоро таһан ылар майгы – хороҕо ол аата тыһыга. Ити таҥара ыйааҕа. Ол аата билиибит (+) тобуруолаах Сахарал билиитэуонна (–) тобуруолаах Хоро билиитэ диэҥҥэ арахсар. Бу икки билии аалсан, утарсан, атаан-мөҥүөн буолан олох быстыспат ситимин оҥороллор. Атаан-мөҥүөн ыйааҕа – таҥара ыйааҕа. Олоҥхоҕо “Атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ дойду” – диэн этиллэр. (борьба противоположностей.) Бу киирсиигэ хотуулаах суох буолуохтаах. Уһуга суох бара турар олох мөккүөрэ. Өскө иккиттэн биирдэрэ үстэн иккититтэн таһынан хотон, суох гынар өттүгэр бардаҕына киһи аймах эстиитэ саҕаланар. Билиги бу хайдаҕый? Билигин хоро көрүүтэ,(-) саханы хам баттаата. Аан дойду үрдүнэн хоро майгы баһылаата. Бу аан дойду (материя, материализм) эттик – ӨС, тыһы-хоро дэнэр.Оттон Өһүк -тыл (язык, идеализм), саха – атыыр дэнэр. Язычество бастакы итэҕэл этэ. Өс-ук. Эттик иһигэр тыыннаах майгы угуллуута. Тыыннаах тыыммат өйдөбүлэ. Кут –тыыннаах майгы. Иччи – тыына суох эйгэ. Айбыттан кэлбит эр киһи итэҕэлин баттаан, иудаизм, ислам, буддизм, христианство диэн тыһы тобуруолаах итэҕэллэр сир үрдүн баһылаатылар. хотугу Өһүк итэҕэлин суох (вне закона) оҥордулар. Ийэ, тыһы имсэлээх олох, хоро-тыһы билии, үөрэх, эргиэн-урбаан, атыы-кутуу харыыта, ахсаана суох тарҕанна. Античнай тутуллаах демократия, онно сөп түбэһэр былаас хааннаах хабаланы тутан олорор. Онон былааспыт, тутулбут, имсэбит таҥара ыйааҕын утары. Ити төттөрү төлкөлөнүү диэн буолар. Түөрэх түҥнэстиитэ. Орто дойду хотугу эҥээрин мустахха 200-чэ мөл. кэриҥэ атыыр имсэлээх киһи хаалла. 6 млрд кэриҥэ тыһы имсэлээх ону утары турар. Уу сиртэн икки төгүл улаханын курдук, ааһа барыы, баһыйыы икки эрэ төгүл улаатыахтааҕа. Этэҥ хараҕа таһыччы кэлтэйдээбитэ көстөн турар. аан дойдуну дьахтар аймах баһылыыр тыһы имнээх олох кэллэ. Былыргылар :”...аан дойдуну кус хоро бүтүннүү баһылаатаҕына бэстилиэнэй тыһыынча кэлиэҕэ...”-диэбиттэр . Ол кэлэригэр атыыр имсэни орто дойдуттан таҥаратыгар төттөрү үүрүөхтээхтэр. “Непорочное зачатье”. Бэйэлэрин күлүктэрин бэйэлэрэ уктунан төрөтүөхтэрэ. Клон. Клонирование. Амазония дойдута. Тыһылыы-хоролуу олох майгыта ол диэки айанныыр, онно баҕарар, ыраланар курдук. Судный день. Сир-Сибиэт эстиитин, ону аҕала сатыыр курдук майгы баһылаата. Тыһы айылгыта оннук. (-) көҕүрэтэр, (+) эбэр аналлаах. Оҕону төрөтөрүгэр ийэ бэйтиттэн көҕүрэтэр. Хоро- харайар уонна хорооннуур. (хоронить). Хоро тыһы – бу сирдээҕи майгы, Ийэ сир. Саха атыыр – таҥара халлаан сиргэ угуута. Бу олоххо сирдээҕи хаһан баҕарар чугас, халлааннааҕы ыраах, ол иһин хоро хотор. Сирдээҕи майгы таҥара майгытын сиргэ хотор буолан Хотун дэнэр. Бу судургу айылҕа ыйааҕа. Ол иһин биһиги олохпут бу курдук. Тыын уһуннаах кылгастаах. Киһи аймахха тыын уһатыыта диэн баар. Өлөртөн куоппут суох. Өлүү кэлэр кэмигэр кэлэрэ ордук. Эстэр - дөбөҥ, түргэн, үөскүүр - ыарахан, уһун. Киһи аймахха ити ыйытык турар. Онно саха билиитэ туох диир? . Тумус “Читай и насмехайся” кинигэтин тылын-өһүн сөбүлээбэтэх, ылымматах элбэх. Быдьар дииллэр. Киһи сэбэ (гнеталии) саха атыыр итэҕэлигэр, уопсайынан язычествоҕа ытыктанар, үҥэр сүктэр өйдөбүллээх этэ буоллааҕа. Кэлиҥҥи тыһы итэҕэл “срамота божья” диэбитэ. Нуучча үөхсэр тылыгар язычествоны үөҕүүлэрэ барыта маат-куут буолан киирбитэ. Айыллыы төрдө барыта онтон, өйдөбүллэр айыллыылара, үөскээн барыылара эмиэ онтон. -Язычествоҕа тыл халбаҥнаабат сокуон. Сахараал тыла, өйдөбүлэ итинник, ону уларытар, ханалытар, муннарар табыллыбат. Атын сиртэн кэлбит киһи баара эмиэ биллибэт. Өһүргэнэр, ылыммат, өйдөөбөт, барытын “срамота, маат-куут” курдук ылынар майгы эһиэхэ баар буоллаҕына, ол эһиги бэйэҕит билиҥҥи олоххут өйдөбүлүн кыһалҕата буолар диэн Тумус быһаарар. Бу Сахарал билиитин олоххо сэргэбилэ, туһата туох буолуой? Көннөрү долбуур бөҕө, өйдөөбөт дьон тылга күлэр эмэгэтэ буолуо дуу, олоххо ис дьиҥэр киирэн, иҥэн өй саҕыылаах буолуо дуу? Кэмэ кэрдиитэ, быһыыта- майгыта тоҕоостоҕуна саха өйдөбүлэ саҕыллар кыым буолуо дии саныыбын. -Сахаралы кус хоро билиитин кытта тэҥҥэ, сэргэ туруоруу наадата тирээн кэллэ. Икки билии саҥаттан тыһылаан, атыырдаан аналларынан араарыллыахтаахтар. Икки арда атыахтаах. Оччоҕо бэйэ-бэйэҕэ тардыһыы күүһүрэр. Ол күүс олох иитээйигэ (заряда) буолар. Аттаҕына биирдэ атаан-мөҥүөн үөскүүр. Иитии, саҕыллыы (кыым) биэрэргэ. Сахарал билиигэ саҕыллыыны үөскэтиэҕэ. Таҥара майгыта үөһээ, өрө тутуллуохтаах, сирдээҕи майгы аллараа сылдьыахтаах, ол кэһилиннэҕинэ түҥнэстибит түөрэх буолар. Маны көннөрөргө сахарал билиитэ өй саҕар. Биһиги сахарал билиитигэр махталлаах буолуохтаахпыт. Өй-билии туонатыгар бу сахарал билиитэ саҕар уот буоларыгар саарбахтаабаппын Тумус Мэхээлэ ситиминэн Хотугу Тутул, Ыал, Удьуор, Ахсаан, Билгэ, Тэтим, Доҕуһуол, Сахарал билиитин үөрэхтэрин кэмэ кэлиэхтээх. Ол хаһана биллибэт. Өрт уота умайда да мынаһына суох холоруктуу ытыйан барар. Дэлэҕэ да “өрт уота сиирин курдук”- диэхтэрэ дуо. Өй-санаа уларыйыыта эмиэ оннук уларыйа барардаах буолааччы. Өрт уота кыра кыым саҕыллыытыттан барар. Киһи эмиэ быыкаа уллуруктан үөскүүр. Таҥара биһигини эстэр- быстар кэмҥэ саҥа олоҕу сахтыннар диэн саха тылын саһаҕа кынан хаалларбыта үһү…Саха омук саҥа олоҕо сах сахаралыттан саҕыллыаҕа. Бу кинигэ саха эр дьонугар, ыал аҕатыгар аналлаах. Дьахтар, оҕо аймах ааҕара наадата суох. 500 эрэ устуука таҕыста. Кинигэни Тумустан бэйэтиттэн булуоххутун сөп.
:::::"Саха биис уустара" диэн саІа кинигэтэ тахсыбыта. Онтон бу бэчээттиибит.
|