Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Үөрэҕирии. Иитии

Саха тылын үөрэтии сүрүн дуу, самалык дуу?

                Бу көрсүһүүгэ  республика 31 араас оскуолаларыттан саха  тылын уонна култууратын учууталлара, оскуола директордара кэлэн кыттыыны  ыллылар.
  Кинилэр  үөрэппит учууталларыгар, идэ биэрбит кыһаларыгар махтал тылларын эттилэр. Бу көрсүһүү,  сийиэскэ саха тылын уонна культууратын үөрэтиигэ туох ханнык этиилэри оҥоробут  диэҥҥэ бэлэмнэнии, туруорсар санаалары чопчулааһын курдук барда.
  Сийиэс  делегаттарын сахалыы сиэринэн­ туомунан , алгыс тойугунан көрүстүлэр. СФКФ  декана, ф.н.д., профессор В.В.  Илларионов киирии тылыгар факультет үлэтин­ хамнаһын, туох ситиһиилэр, туох  ыарахаттар баалларын билиһиннэрдэ. Билигин факультетка 670 устудьуон истэн үөрэнэрин,  аҥардас быйыл 110 оҕо үөрэххэ киирбитин эттэ. Сүнньүнэн икки идэ көрүҥэр,  бастакытынан тыл, литература, иккиһинэн культурология, төрүт култуура  салааларыгар 6 кафедра баар. Факультет СГУ төрүт, төһүү салаатынан буолар. Үөрэх  хаачыстыбата бу факультетка 35-40 бырыһыаҥҥа тиийэр эбит. Бу үрдүк ситиһии. Оҕолор  омук сиригэр баран үөрэниилэрэ практикаланар. Ол курдук факультеттан Турцияҕа, Казахстаҥҥа, Аляскаҕа, Норвегияҕа,  Финляндияҕа тиийэ баран үөрэнэллэр эбит. Элбэх степендиаттар бааллар. “Байанай алгыһа“ түмсүү, “Күндэл“ үҥкүү ансаамбыла айар  талааннаах оҕолору кытта ситиһиилээхтик үлэлииллэр.
  Саха омук тыынын уһатар идэлээх  айыы дьонун бэлэмниир үрдүк үөрэхпит кыһата кэлиҥҥи сылларга үтүргэҥҥэ, баһылыыр  омук тылын хааччахтааһыныгар киирэн эрэриттэн дьиксинэр санаалар этилиннилэр.
  Төрөөбүт тылбытын омук тылын үөрэтэр  курдук балаһыанньа соҥноноруттан хайдах көмүскэнэбит диэн санаа хас биирдии тыл  этээччи этиитигэр иһиллэн ааһар.
  Үөһээ­Халыма  Нелемнэйигэр баар юкагирдар национальнай оскуолаларын учуутала Е.И. Дьячкова Саха сиригэр биир тыһыынчаттан  тахса эрэ юкагир хаалбытын, олортон 150­ча  эрэ киһи юкагир тылынан кэпсэтэрин, олортон дьиҥнээхтик төрөөбүт ийэ тылын  илдьэ сылдьааччы уонча эрэ киһи хаалбытын кэпсээтэ. Аҕыйах уонча  сылынан,  төрөөбүт тылы үөрэтии салгыы үтүргэҥҥэ  түбэстэҕина , төрөөбүт тылбытын сүрүн үөрэх тыла оҥостубакка, самалык үөрэх  тыла оҥоһуннахпытына аҕыйах ахсааннаах омуктарбыт киэптэрин кэтэр ыраахтан  буолбатах.
  Биллэрин  курдук кэлиҥҥи кэмҥэ баһылыыр омук тылын өрө тутуу, нуучча тылын стандартын  булгуччулаахтык киллэрии соҥноно турар. Манна барытыгар сөп түбэһэн биэрэ сатааһыммыт  иэдээҥҥэ тийэрдэрин өйдүүбүт.
  Сахабыт  тылын, культуратын үөрэтии аҕыйах сылга сүрүн предмет эбит буоллаҕына, билигин  “национальнай компонент“ быһыытынан үөрэтиллэр  балаһыанньата үөскээбит кэмигэр учууталлар сьезтэрэ тириллибитэ тоҕоостоох.  Онно саха тылын идэлээхтэрэ биир санааннан төрөөбүт тылларын кэскилин, дьылҕатын  туруулаһарга сыал­ сорук оҥостоллоро, түмсэллэрэ, дьүөрэлэһэллэрэ хайаан да  наада буолла.
 
  Бу төгүрүк остуол сийиэскэ сүрүннэммит  сыалы ­ соругу бэлэмнииргэ туһулаата. Анал резолюция ылыннылар.
 
  Көрсүһүү кэмэ төһө да ыктар ТООЧИ  үлэһиттэрэ, сийиэс делегааттара кылгастык тыл эттилэр. Онтон СГУ профессора  Г.Г. Филиппов этиитин толору биэриэхпин баҕарабын.
  .

                Ытыктабыллаах  биир идэлээхтэрбит!  Күндү доҕоттор!
 
  Бүгүн биҺиэхэ  уһулуччу үөрүүлээх күн. СГУ үбүлүөйэ буолаары турдаҕына Саха Республикатын  учууталларын сийиэҺэ тэрийиллэр. Бу сүдү мунньахха биһиги сахабыт  салаатын , биһиги факультетпытын араас кэмҥэ  бүтэрбит дэлэгээттэр ахсааннара бары идэлээхтэртэн саамай элбэх буолбут. Соҕотох  бу да чахчы үгүһү этэр.
  Оскуолаҕа учуутал элбэх, ол элбэхтэн эһигини  аҕыйах ахсааннаах дьону­ инники күөҥҥэ туттуу , мин санаабар омук оскуолатын  сайыннарыы көрүгэ бу ааспыт кэмҥэ балачча ситиһиилэммитин туоһулуур. Ол курдук  , бастакытынан, үлэҕитин, патриот тыыннааххытын;
  Иккиһинэн,  эһигини эрэнэллэрин, оскуола кэскилин бэйэлэрин дьылҕаларын итэҕэйэллэрин;
  Үсүһүнэн,  сахалыы оскуолаҕа быһаарыылаах кэм кэлбитин этэр дии саныыбын.
  Биһиги  бүгүҥҥү  көрсүһүүбүт ис номоҕо  буолуохтаах:
  Биир курдук, эһигини эҕэрдэлээһин, киэн  туттуубут бэлиэтин этии;
  Иккис курдук, оскуолаҕа быһаччы үлэлии  сылдьар дьон санаатын истии;
  Үсүһүнэн, биһиги саха тыыннаах үлэһиттэри  бэлэмниир дьон туохтан долгуйарбытын эһиэхэ тиэрдии;
  Онон, бу  сийиэскэ этиллиэхтээх, туруоруллуохтаах сүрүн санааны чопчулааһын буолар.
  Бүгүҥҥү күҥҥэ  оскуолаларга сахалыы тыыны тута сылдьар учууталлары
  сэргииллэр эбит , ол туоһута бу эһиги балачча ахсааннаах  дьон сийиэскэ кэлбиккит буолар.
  Күнтэн күн  эһиги тус үөрэтэр үлэҕитигэр эрэ буолбакка, сахалыы тыыннаах ыччаты үөрэтэн­иитэн таһаарар дьыалаҕа уустук, ыарахан суоллар үүнэн тахсан иһэллэр.
  Омук оскуолатын саҥардан сайыннарыы көрүгүн  ылынарбыт саҕана, омук суверенитета, республика суверенитета, бэйэни дьаһаныы көҥүлэ баара. Билигин  ол суох, онон омук оскуолата диэн өйдөбүл  биһирэммэт , ылыныллыбат буолла. Билигин бүтүн Россия үрдүнэн оскуола биир нуучча тыллаах буолуута биһирэнэр, биһиги оскуолабыт икки тыллаах буолуута  “нуормаҕа“  кубулуйар. Дьиҥэ, саха  оскуолата биир нуучча тылыгар көстөр­көһөн иһэр. Бу суол биһиги тылбыт,  култуурабыт суураллыытын түргэтэтэр тэргэн аартык буолар. Биһиги маннык  сайдыыны 20­с үйэ 60­с 70­с сылларыгар  “амсайбыппыт“. Ол онтон босхолоноору  “Омук оскуолатын саҥардан  сайыннарыы көрүгүн“ ылыммыппыт .
                  Билигин  урукку “алҕаһы“ хатылаабат туһугар Россия салалтата үөрэх утумугар  национальнай­региональнай компонент (НРК) диэн салааны киллэрдэ. Биһиги сахабыт  тылын уонна култуурабытын үөрэтии бу манна киирдэ.  НРК­ны Россияҕа биһиги национальнай  оскуолабыт көрүгүн идеята олохсуппута.  Бу дьыала маҥнай үрдүк үөрэххэ киирбитэ.   Билигин  университет бары идэлэригэр саха тылын үөрэтэбит.
                  Бу  туох үчүгэйдээҕий, туох куһаҕаннааҕый?    
  Үчүгэйдэрэ: Олохтоох омук тыла уонна култуурата  региоҥҥа болҕойуллар буолуута. Олохтоох омук тылын, култууратын нуучча ыччата  суолталыыр кыахтаныыта. Үөрэххэ бу салааҕа үп көрүллэр, онон чинчийэргэ суол  арыйыллыбыта.
  Куһаҕана: Олохтоох омук оскуолата нууччалыы  тылга көһүүтэ. Бу оскуолаҕа төрөөбүт тылы уонна култуураны үөрэтии чааһа аҕыйааһына. Федерация компоненыттан (үөрэх сүрүн  предметиттэн) төрөөбүт тылы, литератураны үөрэтии, регион мэктиэтигэр көһүүтэ.
  Биһиги  бу ааспыт кэмҥэ төрөөбүт тылынан үөрэтии орто оскуола таһымыгар тахсыытын кыайан ситиспэтибит.Оскуолаҕа төрөөбүт тылынан үөрэнэр  баҕалаах ыччат, сахалыы үөрэнэр усулуобуйатын эмиэ кыайан хааччыйбатыбыт. Онон төрөөбүт тылынан үөрэнии көдьүүһүн,  үтүөтүн дьоммутугар, норуоппутугар кыайан  көрдөрбөтүбүт, итэҕэппэтибит.

                Ол  курдук национальнай оскуоланы кыайан тэрийбэккэ хааллыбыт 

Баҕабыт, ырабыт кыайан олоххо киирбэтэ. Саамай хомолтолооҕо биһиги үгүс дьоммут төрөөбүт  тылга эрэлин сүтэрдибит. 
                    Билигин  төрөппүт оҕото оскуолаҕа нууччалыы уонна омуктуу үчүгэйдик билиэн баҕарар. Ол  кэннэ ханнык эмит идэни ыларга үрдүк үөрэххэ киириэхтээх дии саныыр. Ол аата  олох сиэринэн ханна да тийэн дьонтон итэҕэһэ суох үлэлиир, олорор кыахтаах  буолуу.
  Бу  хараҕынан көрдөххө, биһиги туруулаһар национальнай  оскуолабыт олоххо киирбэт утопия буолан көстөр.  Олох хаамыытын утары барыы курдук сыаналанар. Кыаҕы  ыллардахха, итинник эн дьылҕаҕын баһылыыр омук дьаһалын үтүргэнэ салайан барар буолар эбит. Бу суол биһигини омук быһыытынан түргэнник суурайыыга тириэрдэрэ көстөр.  Тоҕо диэтэххэ сотору кэминэн сахалыы үөрэтии алын сүһүөх кылааһынан түмүктэниэ,  хайа эрэ кэмҥэ диэри төрөөбүт тыл уонна литература  предмет быһыытынан үөрэтиллэр буолуоҕа. Онтон тохтуоҕа. Төрөппүттэр  оҕону туһата суох ноҕуруускалааһын диэхтэрэ. Билигин да төрөппүттэргэ итинник  санаа суох буолбатах.
  Бастатан туран, омук быһыытынан  тыыннаах буолуу төрөөбүт тыллаах буолууну, төрөөбүт тыл үгэһин үүнэр көлүөнэҕэ  тиэрдиини эрэйэр, онон омук быһыытынан  суураллыбат суолбут төрдө омук оскуолатын тэрийии, сайыннарыы буоларын дьоммутугар­сэргэбитигэр, норуокка итэҕэтиэх тустаахпыт. Бу ыарахан сорук. Тоҕо  диэтэххэ биһиги омукпут үс аҥыы хайдан олорор. 
                  Иккиһинэн, бу  омук оскуолатыгар үөрэммит оҕо атын оскуолаҕа үөрэммит, иитиллибит оҕотооҕор  билиитинэн, сатабылынан итэҕэстийбэтин, онтон иитиллиитинэн, киһилиитинэн өссө  ордук буоларын көрдөрүөхтээхпит.
  Үсүһүнэн, бүгүҥҥү күҥҥэ нуучча уонна  омук тылын төрөөбүт тылга тирэҕирэн уонна туттууга анаан үөрэтэр суолу тэлэр  хайысханы тутуһуохха наада. Маннык үөрэтии көдьүүһүн көрдөрүөххэ, итэҕэтиэххэ.
                  Төрдүһүнэн, тылы билиигэ, тиэрмиҥҥэ, таба суруйууга, истииллэргэ сахатытыы суолун киллэрэр үөрэх  кинигэлэрин орто оскуола таһымынан оҥоро охсуохха. Ол көдьүүһүн, үтүөтүн көрдөрүөххэ.
                  Бэсиһинэн, сахалыы тыыҥҥа иитиигэ төрөөбүт тыл, литература уонна төрүт култуура  предметтэрэ быһаарар оруоллаахтарын итэҕэтэр, көрдөрөр үлэни киэҥник, дириҥник  тэнитиэххэ. Уус­уран айымньы көмөтүнэн тыл күүһүн тилиннэриэххэ.
  Алтыһынан, сүрүн сорукпут саха киһитин  иитии. Өлөн­охтон биэрбэт үөстээх, дьирээ сахалары иитии­үөрэтии буолар. Ол быһыытынан  бу омук оскуолатыгар элбэх омук ортотугар бэйэ бодотун сүтэрбэккэ, намтаан  биэрбэккэ, тэпсиллибэккэ саханы салгыы үөскэтиэхтээх, үөдүтүөхтээх сүдү, тыыны  иҥэрэр суолу тэлиэх, ол ньыматын, ис хоһоонун булуох тустаахпыт
  Сэттиһинэн, саха түмсүүтүн, биир  санааланан сомоҕолоһуутун  ситистэхпитинэ эрэ бу соругу толоруохпут…
  Онон  итэҕэспитин буолбакка, ситиһиибитин болҕойон онон бэйэ­бэйэбитин сыаналаһан, үрдэтиһэн,  харыстаһар суолу тутуһа үөрэниэхпитин наада.

Төгүрүк остуол кыттыылаахтара,  республика учууталларын 11 сийиэһин  делегаттара, саха филологиятын, култууратын факультетын преподователлэрэ, ТООЧИ  научнай үлэһиттэрэ маннык ис хоһоонноох резолюцияны ылыннылар:
 
  Оҕону киһи быһыытынан иитэргэ, норуот бигэ туругун олохсутарга төрөөбүт тылы, литератураны, культураны  оскуолаҕа үөрэтии уһулуччу суолтатын учуоттаан, бу предметтэри уопсай үөрэхтээһин страгетическай суолталаах хайысхатынан  билинэргэ, үөрэхтээһини сайыннарар  государственнай программа иһинэн анал бырайыактарга киллэрэргэ.

     
  1. Оскуола оҕо төрөөбүт тыллаах  буолуутун быһаарар тэрилтэ буоларын өйдөөн, биһиги үөрэх ханнык да ис хоһоонноох,хайысхалаах  , идеялаах, ньымалаах тэрийэллэриттэн тутулуга суох сүрүн оскуола национальнай буоларын туруулаһыах тустаахпыт. Уонна  маннык оскуола Аан дойду, Россия оскуолалара биэрэр билиитин, үөрүйэхтэрин  уонна сатабылларын таһымыттан хаалбатын ситиһиэхтээхпит. Бу суолунан эрэ биһиги  омукпут тыыннаах буолуутун хааччыйыахпыт.
  2.  
  3. Оскуолаҕа  үөрэтии үрдүкү хайысхаларыгар /профильнай үөрэхтээһин/ бары көрүҥнэригэр норуот  духуобунаһын чөл оҥоруу тутаах тирэҕинэн сыаналаан, төрөөбүт тылы , литератураны, культураны үөрэх предметтэрин быһыытынан киллэрэргэ.
  4.  
  5. Саха  республикатын бары нуучча тыллаах  оскуолаларыгар саха тылын уонна төрүт культура предметтэрин үөрэтиини киллэрэргэ аналлаах Үөрэх Миниистирин бирикээһин биһириибит. Бу дьаһалы толорорго  аналлаах тэриллиини, хааччыйыыны кэскиллээхтик ыытарга университет, ТООЧИ,  ИПКРО күүстэрин холбуурга.
  6.  
  7. Саха тылыгар уонна литературатыгар  биир кэлим экзамены атын предметтэри тэҥинэн киллэрэргэ. Онуоха  табыгастаах суолу, ньыманы тобулалларыгар СГУ СФКФ­н, ТООЧИ, ИПКРО­ну  соруйарга.

 

Учууталлар сийиэстэрэ саха омугун  тыынын уһатарга дьоһун хардыылары оҥорор, бигэ тылы этэр кыахтаах. Делегаттар  бу историческай быһаарыылаах түгэни омукпут, норуоппут туһа диэн биир санаа  тула дьүөрэлэһиэхтэрин наада. Профессор Г.Г. Филиппов билиҥҥи баар балаһыанньаны  уот харахха этиитэ, төгүрүк остуол санаалары чопчулааһына, сийиэскэ бу тыын  боппуруос төрүт олохтоох туһатыгар быһаарыллыытын күөттүөҕүн баҕарабыт.

Category: Үөрэҕирии. Иитии | Added by: uhhan (2007-09-16)
Views: 2540 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 14
Ыалдьыттар (гостей): 14
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024