1. Саха норуота республикаҕа миэстэтэ 1.1. Саха омук республика саамай бөдөҥ төрүт норуота буолар уонна аан дойдуга атын сиргэ ханна да олорбот, чуолаан бу Саха сиригэр Ийэ дойдулаах. 1.2. Саха норуота бэйэтин сиригэр атын ханнык да норуоту көлөһүннээбэтэҕэ, бэйэтин үлэтинэн - хамнаһынан бу тыйыс дойдуну киһи олорор эйгэтигэр кубулуппута. 1.3. Саха норуота, атын төрүт норуоттар курдук, сирэ - дойдута чөл буоларыгар тыын интэриэстээх. Онон кини бу дойду харыстанар мэктиэтэ буолар. 1.4. Республика саха норуота бэйэтин быһаарыныытыгар олоҕуран тэриллибитэ уонна онно олоҕуран баар. 2. Олоҕу дьаһаныы сүрүн тосхоло2.1. Саха норуота ''Кэпсээ'' диэн дорооболоһор, ити кини информацияны ыларга аһаҕаһын көрдөрөр. Ол гынан баран саамай бэрэбиэркэлэммит, наадалаах тосхолу тутуһар. Ити ньыманан олоробут. 2.2. Уларыта тутуу кэмигэр эргэ уонна сана күрсэр. Ити күүстэри биһиги букатыннаахтык утарыта туруортуо суохтаахпыт. Урукку курдук дьонно урусхаллаах сыһыан хатыланыа суохтаах. Хайа - хайалара бэйэ - бэйэлэрин харыстаһан, утарыта охсуһан буолбакка, куоталаһан үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэбит. 2.3. Биһиги норуот быһыытынан кыахпытын учуоттаан кыах иһинэн үлэлииргэ үөрэнэбит: а) бэйэбитигэр сөп тэрээһиннээх буолуохтаахпыт; б) кыахпыт кыайбат өттүгэр атын кыахтаах норуоттары кытта киэнник сибээстэһиэхтээхпит. 2.4. Наһаа элбэх фондалары тэрийии норуот күүһүн бытарытыы буолар. Онон сүрүннүүр фондалары тэрийиигэ, ол фондалары саамай тыын боппуруостарга туһаайарга сөптөөх политикалаах буолабыт. 3. Политическай тутул3.1. Саха норуота Саха республиката Союз атын республикаларын кытта тэн бырааптаах буоларын иһин турунар. 3.2. Саха норуота атын төрүт хотугу норуоттары кытта бииргэ Саха сирин биһиги сирбит диэн билинэр уонна республика гражданина буолбут ханнык баҕарар киһиттэн сирин көнөөбөт. 3.3. Саха норуота бэйэтин быһаарыныыта республикаҕа суолталаах буоларыгар дьулуһар. 3.4. Саха норуота рынокка киирэргэ бэйэтэ тус сыһыаннаах. Рынокка улахан республикалар сокуоннарынан киирэри сөбө суоҕунан ааҕар. Рынокка киирэргэ маннык сүрүн усулуобуйалары араарар: а) миграцияны хонтуруоллааһын; б) рынок содулларыттан төрүт омуктары көмүскүүр ньымалары булуу. 3.5. Саха норуота бэйэтин тус интэриэһин чопчулуур уонна ити интэриэһин республика атын норуоттарын интэриэстэрин кытта дьүөрэлиир. 3.6. Саха норуота көнүл буолуу биир саамай төрүт усулуобуйатынан политическай өттүнэн көнүл буолууну ааҕар. 4. Экономика4.1. УОПСАЙ БАЛАҺЫАННЬА. 4.1.1. Саха сирэ киһи олороругар тыйыс усулуобуйалаах. Киһи - аймах маннык тыйыс сири баһылааһынна интэриэстээх. Онон атын бырааттыы республикалартан, Союзтан уонна аан дойду тэрилтэлэриттэн көмө көрдүүр. 4.1.2. Саха республиката сиртэн хостонор баайын дохуотуттан сөптөөх өлүүнү ылар. Итиннэ олоҕуран республика сайдар фондата тэриллэр. 4.1.3. Республика сайдар фондатын анара валютаттан турар. Валюта тас дойдулартан көмө ыларга суол арыйар. 4.1.4. Үлэни тэрийии экономическай ньыманан сайдар. Билинни кэмнэ омук сирдэрин кытта идэлээх дьону атастаһыы, кыттыгас тэрилтэлэри тэрийии суолталаах. 4.2. ҮЛЭНИ ТЭРИЙИИ, САЛАЙЫЫ. 4.2.1. Республика киин структураны үтүктүбэккэ бэйэтин кыаҕыгар сөп аппараты тутар. 4.2.2. Аппарат олохтоох тэрилтэлэр бэйэлэрэ дьаһанан үлэлиир усулуобуйаларын тэрийэр. 4.3. СТРАТЕГИЧЕСКАЙ ТЫЫН БОППУРУОСТАР. 4.3.1. Республикаҕа суолталаах баайдар регистрацияланаллар. Онно саппаастара, туһаныллаллара быһаарыллар. 4.3.2. Бултанар түүлээх, мас, сэлии муоһа, күндү таастар (көмүстэн, алмаастан ураты), эмтээх оттор уо.д.а. республика толору бас билиитигэр киирэллэр. 4.3.3. Валюта фондата тэриллэр. 4.4. ХОТУГУ САХАЛАР ХАҺААЙЫСТЫБАЛАРА. 4.4.1. Хотугу (таба иитэр, бултуур, балыктыыр) сахалар атын хотугу дьон курдук сирдэрин уратытык бас билэр бырааптаналлар. 4.4.2. Хотугу дьон анал статустаах буолаллар. Ити статуһу ылыан баҕарар киһи анал туому ааһар. 4.4.3. Хотугу дьон Киин Сүбэлээх буолаллар. Онно хотугу киһи статуһун ылбыт эрэ дьон киирэллэр. Киин Сүбэ олох - дьаһах, үлэ боппуруостарын быһаарар. 4.4.4. Хотугу дьон хаһаайыстыбаларын сайыннарарга анал киин тэриллэр. Бу кииннэ хотугу хаһаайыстыбаны үөрэтэр дьон, экспертэр, сүбэһиттэр киирэллэр. 4.4.5. Рентабельнайдык үлэлиир булчуттар, табаһыттар, балыксыттар уо.д.а. түһүлгэлэрэ тэриллэллэр. Оноһуллубут сырьены танастыыр табаар онорор фирмалар аһыллаллар. Хотугу дьон бэйэлэрэ сири - уоту көрөр инспектордары талаллар. 4.4.6. Хотугу дьон олорор сирдэригэр киирэр заповедниктар, заказниктар кинилэр дьаһалларыгар киирэллэр. 4.4.7. Олоҕу - дьаһаҕы быһаарыыга, сиэри - майгыны бэрээдэктээһиннэ хотугу дьон (омуктар) бырааптарын киллэрэр сөп. 4.5. АЛААС ХАҺААЙЫСТЫБАТА. 4.5.1. Тыа хаһаайыстыбата саха норуотугар улахан суолталаах. Онон бу боппуруоска саха норуотун дьылҕатын быһаарар боппуруос курдук сыһыаннаһабыт. 4.5.2. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга Союһу, Россияны ньүдьү - балайдык батыспакка бэйэбитигэр сөп суолу көрдүүбүт. 4.5.3. Тыа хаһаайыстыбатын инники сайдар моделынан алаас хаһаайыстыбата буолуон сөп. Итиннэ тиийэргэ маннай кыра дэриэбинэ, ыал, кыстык - сайылык, колхоз моделларынан сайдыы барыа. Алаас хаһаайыстыбатыгар тиийэргэ бааһынайдар үп өттүнэн кыаҕырар, суол - иис, энергия өттүнэн хааччыллар, сири алдьаппат кыра техниканы ылар усулуобуйаларын утумнаахтык тэрийии ирдэнэр. 4.5.4. Бу уустук боппуруоһу үөрэтэргэ ''Алаас'' диэн тыа хаһаайыстыбатын идэлээхтэрин, архитектордары, психологтары уо. д. а. түмэр киин тэриллэр. 4.4.5. Олохтоох миэстэҕэ сири үллэстиигэ сахалар революция иннинээҕи сири бас билэр опыттарын туһанар сөп. Туһаныллар сир төһө оноһуулааҕынан кылаастарга үллэһиллэр. Биирдиилээн хаһаайыстыбаҕа төһө сир тиксэрин олохтоох Совет быһаарар. Совхоз 100 хаһаайыстыбылаах буоллаҕына оччо өлүү сири ылар, кооператив 10 хаһаайыстыбалаах буоллаҕына ол өлүүнү ылар уо. д. а. 4.5.7. Сири онорууга, оттооһунна туһаныллар сиртэн ураты сылгыны, табаны иитэр, бултуур дьон бас билэр сирдэрин уонна нэһилиэк уопсай бас билиитин быһаарар соруктар тураллар. Бааһынайдарга сири босхо бэриллэр суолу көрдүөххэ, эбэтэр төһө эрэ бириэмэҕэ болдьохтоон улахана суох төлөбүрү олохтуохха. Бу болдьох ааспытын кэннэ сир бааһынай букатыннаах бас билиитэ буолар, толору сыаналанар. 4.5.8. Омук сирдэрин кытта идэлээх дьону атастаһыыга, сана технологияны булууга улахан болҕомто ууруллар. 4.5.9. Республика тыа хаһаайыстыбатын өрө көтөҕөргө анал фонданы тэрийэр. 4.6. ПРОМЫШЛЕННОСТЬ. 4.6.1. Союзнай уонна Россия предприятиелара хаан - уруу система быһыытынан Саха сирин баайын туһанар бырааптаахтар, ол гынан баран ол төлөбүрүгэр Саха сирин хааччыйар, олоҕун тупсарар эбээһинэстээхтэр. Дуогабар итиннэ олоҕурар. 4.6.2. Олохтоох төрүт омук дьонноруттан промышленнай үлэһиттэри тэрийии боппуруоһа турар. Итиннэ төрүт дьон промышленность ханнык эрэ салааларын кэлимсэтик баһылыыр усулуобуйалара оноһуллуохтаах. Бу үлэни уталытыыта суох ыытабыт. 4.5.3. Олохтоох промышленнай үлэни тэрийэргэ анаан анал үөрэтэр бөлөх уонна фонда тэриллэр. 4.6.4. Республика сирин баайын туһаныыны көнүллээһини бэйэтэ быһаарар, тастан киирбит промышленнай предприятие дуогабарга ылыммыт эбээһинэһин хайдах толорорун хонтуруоллуур. 4.6.5. Инникитин олохтоох промышленность ылар өлүүтүн сыыйа улаатыннарыы соруга турар. 4.7. ТУРИЗМ. 4.7.1. Туризмы норуот хаһаайыстыбатын барыстаах салаатыгар кубулутар иһин турабыт. 4.7.2. Хотугу туризм, алаас туризма диэн салаалар баар буолуохтарын сөп. Айылҕа кэрэ миэстэлэрэ, этнографическай дэриэбинэлэр сөпкө аттарыллыбыт хас да маршруттара оноһуллар. Ол маршруттар моһоллорунан, табыгыстарынан, сезоннарынан хас да көрүннэ арахсаллар. 4.7.3. Туризм уопсай перспективнэй былаана уонна чугастааҕы былааннара оноһуллаллар. Биир бастакы соругунан Остоолбо хайалары хабар национальнай парканы оноруу буолар. 386 387 4.7.4. Туризм эйгэтигэр хабыллар тэрилтэлэр үлэлэрэ, төһө барыыһы ылаллара дуогабардаһыллар. 5. Культура 5.1. АЙЫЫ ҮӨРЭҔЭ. 5.1.1. Саха норуота үгүс үйэлэр тухары олорбут үөрүйэҕин түмэн Айыы үөрэҕэ диэни үөскэппитэ. Ону биһиги чөлүгэр түһэриэхтээхпит, сайыннарыахтаахпыт. 5.1.2. "Кут - сүр" оскуола Айыы үөрэҕин диринник билэр дьону бэлэмнээн таһаарыа. 5.1.3. Куораттарга, оройуон кииннэригэр Айыы дьиэлэрэ тутуллаллар. Бу дьиэлэр киһини айылҕаны, өбүгэлэри кытта сибээстиир киин буолаллар. 5.1.4. Айыы үөрэҕин киинэ ''Кут - сүр'' оскуола итэҕэл тэрилтэтин быһыытынан регистрацияланар. ''Кут - сүр'' ойууннар аан дойдутааҕы кииннэрин уонна буддизмы кытта сибээһи тутуһар. 5.2. МАТЕРИАЛЬНАЙ КУЛЬТУРА. 5.2.1. САХА АҺА. 5.2.1.1. Саха аһын сөргүтүү дьон доруобуйатын көннөрөргө улахан суолталаах. 5.2.1.2. Биир сүртүн сорук киин куораппытыгар саха аһын куукунатын тэрийии буолар. 5.2.1.3. Саха аһын астааччылары үөрэтии идэтийбит таһымна ыытыллар. Саха аһын үөрэтии киинэ тэриллэр. 5.2.2. САХА ТАҤАҺА. 5.2.2.1. Саха танаһа фольклорнай таһымтан күн аайы кэтиллэр модаҕа кубулуйар суолун көрдүүбүт. 5.2.2.2. Саха танаһын тигэр мастарыскыайдары, фирмалары тэрийии, олору сөптөөх матырыйаалынан - хааччыйыы сүрүн сорук. 5.2.2.3. Саха танаһын тигэр маастардары бэлэмнээһин ыытыллар, саха танаһын үөрэтэр киин тэриллэр. 5.2.3. САХА ОҤОҺУГА, КИЭРГЭЛЭ. 5.2.3.1. Саха оноһугун, киэргэлин сөргүтүүгэ эмиэ норуот уус - уран маастардарын сөптөөх матырыйаалынан хааччыйыы сүрүн суолталаах. 5.2.3.2. Саха оноһугун, киэргэлин онорор маастардары бэлэмнээһин ыытыллар. Саха оноһугун, киэргэлин үөрэтэр киин тэриллэр. 5.2.4. САХА АРХИТЕКТУРАТА. 5.2.4.1. Куораттары, бөһүөлэктэри, кыра дэриэбинэлэри, алаас дьиэтин - уотун айылҕаны кытта дьүөрэлээн, саха киһитин үгэстэригэр сөп түбэһиннэрэн тутуу ирдэнэр. 5.2.4.2. Культовай миэстэлэри (Айыы дьиэлэрин, ыһыахтыыр миэстэлэри уо. д. а.) онорууга үлэ тэриллэр. 5.2.5. СҮРҮН БАЛАҺЫАННЬАЛАР. 5.2.5.1. Дьиннээх идэтийбит маастардары бэлэмнээһини тэрээһиннээхтик ыытар сорук турар. 5.2.5.2. Норуот маастардарын үлэтин тэрийэргэ дуогабар быһыытынан сөптөөх матырыйаалынан хааччыйыы суолталаах. 5.2.5.3. Саха аһын, танаһын, оноһугун, киэргэлин, архитектуратын үөрэтэр кииннэр саха культуратын үөрэтэр Кииннэ тэриллэллэр. 5.2.5.4. Үөрэтэр, чинчийэр дьон: а) маастардары үөрэтэр сана сонун ньымалары көрдүүллэр; б) ис рынокка уонна тас рынокка ханнык ирдэбиллэр баалларын учуоттууллар; г) наадыйыы ахсаанын быһаараллар. Ити билиилэрин түмэн маастардарга сүбэ биэрэллэр. Үөрэтэр, чинчийэр дьон норуот маастардарын кытта дуогабардаспыт харчыларын суотугар үлэлииллэр. 5.2.5.5. Маастардар үлэлэрин онорумтуотун үрдэтэргэ технология боппуруоһун быһаарыы суолталанар. 5.2.5.6. Норуот маастардарын үлэлэрин учуоттуурга чуолкай патентнай салааны тэрийии наадалаах. Кинилэр онорбут оноһуктара, онорор стиллэрэ, формалара саха норуотун бас билиитэ буолар. 5.3. КУЛЬТУРНАЙ КИИН. 5.3.1. Республика киин куоратыгар саха норуотун Культурнай Киинэ тэриллэр. Ити Киин Чочур Мырааны, ипподрому, Сайсары Күөлү, Күөх Хонууну хабар. 388 5.3.2. Маннайгы уочараттаах соругунан Ипподром уонна Сайсары комплексын оноруу буолар. Ипподромна ыһыахтыыр сир оноһуллар, Сайсарыга - Айыы дьиэтэ. 5.3.3. Чочур Мырааҥҥа күҥҥэ сүгүрүйэр сир оҥоһуллар, Күөх Хонууга - хонуу парката. 5.3.4. Маннык культурнай кииннэр атын оройуоннарга эмиэ тэриллиэхтээхтэр. 5.4. ИСКУССТВО. 5.4.1. Искусствоҕа айар ньыманы көнүл оноруу бастакы сорук буолар. Көнүл искусство сүрүн сыалынан саха норуотун духовнай күүһүн киһи - аймах бүттүүн сыаннастарыгар тиийэ өрө көтөҕүү ааҕыллар. 5.4.2. Урукку айар Союзтар сыыйа бэйэлэрин интэриэстэринэн, ньымаларынан айар бөлөхтөргө кубулуйалларын өйүүбүт. Ити бөлөхтөр идэнэн интэриэһи көмүскүүр холбоһуктаах буолаллар. 5.4.3. Урукку социалистическай реализм ньыматыгар олоҕурбут искусство сайдыыта бохсуллууга тиийдэ. Ити уус - уран суруйууга, уруһуйга, чочуйууга, үнкүүгэ, ырыаҕа барытыгар көстөр. Онон сана көнүл ньымаҕа киирии суолталаах. 5.4.4. Искусствоны сайыннарарга: а) Айыы үөрэҕэр олоҕурбут духовнай искусствоны үөскэтэбит; б) ити бэйэбит төрүт силиспитигэр олоҕуран аан дойду бүттүүн сыаннастарыгар тахсабыт. 5.5. ЫҺЫАХ, ФОЛЬКЛОР. 5.5.1. Ыһыаҕы республика национальнай бырааһынньыгынан сокуоннайдык биллэрэбит. 5.5.2. Фольклор сүтэн эрэр көрүннэрин: олонхону, туойсууну уо. д. а. - сөргүтэбит. 5.6. ҮӨРЭХТЭЭҺИН. 5.6.1. Иитэр үлэҕэ төрөппүт сакааһын толорор. 5.6.2. Оҕо хамсыыр ирдэбилин толору хааччыйабыт. Хамсааһын оҕо доруобуйатын тэрдө. 5.6.3. Оҕону киһи быһыытынан иитэргэ төрөөбүт норуотун тылын, культуратын толору суолталаахтык тиэрдэбит. 5.6.4. Оҕо билиитин кээмэйин сөп таһымна тиийэ кыччатабыт, ол оннугар идэҕэ анал бэлэмнэнэр кыах биэрэбит. 5.6.5. Оҕону араас идэҕэ бэлэмниир туһаайыылаах оскуолалары элбэтии соруга турар. 5.6.6. Инженердэри, технологтары, идэни салайар дьону бэлэмнииргэ туһаайыы ылабыт. 5.7. ТЫЛ ПРОБЛЕМАТА. 5.7.1. Саха тылын харыстааһын саха культуратын харыстыырга төрүт буолар. 5.7.2. Оҕо садтарыгар уонна оскуолаларга дьиннээх саха литературнай тылынан үөрэнэр усулуобуйа оноһуллар. 5.7.3. Нэһилиэктэртэн, оройуоннартан республика правительствотыгар диэри саха тылын дьыала - куолу тылын быһыытынан туттабыт. 5.7.4. Сирдэр, оройуоннар, дэриэбинэлэр, уулуссалар, болуоссаттар ааттарын бэрээдэктиибит. Ол туһугар төрүт ааттары төнүннэрии, сана транскрипцияны оноруу наада. 5.7.5. Республика үрдүкү салайар үлэһиттэрэ уонна саха нэһилиэнньэтин кытта кыттыһар сирдэргэ өнө үлэһиттэрэ саха тылын билэллэрэ ирдэнэр. Ити үлэни ыытар киин тэриллэр. 5.7.6. Сахалыы санарыы нуорматын харыстыыр, тыл ис кыаҕын арыйар сана орфография ылыллар. 5.7.7. Билигин оноһулла турар быһаарыылаах тылдьыт саха тылын өйдөбүллэрин бэрээдэктээһиннэ, чуолкайдааһынна улахан суолталаах. 5.7.8. Аан дойдуну кытта сибээһи кэнэтиигэ, типография боппуруоһун быһаарыыга, аан дойду билиитин ылыыны түргэтэтиигэ анаан латинскай графикаҕа олоҕурбут иккис алфавиты гражданскай оноробут. 5.8. ҮРДҮК ҮӨРЭХ, КАДР БОППУРУОҺА. 5.8.1. Идэ училищеларын, үрдүк үөрэх олохтоох систематын идэтийбит дьыалабыай туһаайыыга киллэрэбит. Үөрэххэ киирэргэ билиини сыаналааһынна сүрүн предмети билии суолталанар, тылы билиинэн дискриминация ууратыллар. 5.8.2. Атын республикаларга оҕолору үөрэтэ ыытарга. Ол үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин кытта дуогабардаһыы, оскуолаларга оҕолору анаан бэлэмнээһин идэлэри республика наадыйыытын кытта сибээстээһин ирдэнэр. 389 5.8.3. Омук сиригэр үлэни салайар дьону бэлэмнээһини саха норуотун тыын боппуруоһунан ааҕабыт. 5.8.4. Студеннары атастаһыы, идэлээх дьону омук сириттэн дуогабарынан аҕалыы эбэтэр дуогабарынан омук сиригэр идэлээх дьону практикалатыы үгэһэ олохсуйар. 5.8.5. Идэлээх дьону бэлэмнээһиннэ элбэх сылы хабар тосхол оноһуллар. 5.9. БЭЧЭЭТ ДЬЫАЛАТА. 5.9.1. Саха тылынан тахсар литература уопсай кээмэйии аҕыйаппат сорук турар. Аны ити кэмнэ аныгы бэчээттиир техниканан хааччынар суолу көрдүүбүт. 5.9.2. Идэ хаһыаттара, сурунааллара наадалар: уус - уран литература хаһыата искусство хаһыата, үөрэх уонна наука хаһыата. Бастакы соругунан үлэ хаһыатын (деловой хаһыаты) тэрийии буолар. 5.10. НАУКА. 5.10.1. Наука сорох өттүн республика бэйэтин дьаһалыгар ылар уонна бэйэтин интэриэһигэр үлэлэтэр. 5.10.2. Саха норуота барҕара сайдарыгар науканы үрдүк таһымнаахтык туһаныы соруга турар. 5.10.3. Саха норуотун историятын кырдьыктаахтык сырдатыы - биир бастакы сорук. 5.10.4. Үлэни тэрийиини, салайыыны сүрүннүүр Научнай Киин тэриллэр. 6. Экология, демография, доруобуйа, ыччат боппуруоһа, буруйу оҥорууну утары үлэ. 6.1. ЭКОЛОГИЯ.6.1.1. Билгин саха омук үс гыммыт биирэ экологическай иэдээн зонатыгар олорор. Онон омук быһыытынан кутталга киирдибит диэн биллэрэбит уонна Союзтан эрэ буолбакка аан дойду тэрилтэлэриттэн көмө көрдүүбүт. 6.1.2. Экологическай иэдээн буолбут сиригэр суһаллык нэһилиэнньэни харыстыыр дьаһаллар ылыллаллар: а) иэдээн буолбут сирин кээмэйин быһаарыы; б) иэдээн буолбут биллээтин үс ый иһигэр нэһиллиэнньэни харыстыыр программаны оноруу; в) иэдээн биллиэҕиттэн быһаччы үлэни саҕалааһын. Промышленнай тэрилтэлэргэ эрэллээх ыраастыыр системаны онороллоругар кытаанах болдьох бэриллэр. 6.1.3. Ведомстволар айылҕаҕа уонна дьонно онорбут хоромньуларын төлөтөрү туруорсабыт. 6.1.4. Бары оройуоннар паспортизация онороллор. Онно бу сир төһө үлэни, киһини уйара суруллар. 6.1.5. Тыа хаһаайыстыбата айылҕаны кытта дьүөрэлэһэргэ дьулуһар. Ол кыра дэриэбинэлэри тутуунан, алаас хаһаайыстыбатыгар көһүүнэн, сири куурдуу, уоҕурдуу сөптөөх нуорматын олохтоооһунунан ситиһиллэр. 6.1.6. Экологическай культураны үрдүк таһымна таһаарар соруктаахпыт: государственнай таһымна - анал экологическай сулууспа, биирдиилээн дьон таһымыгар - норуот айылҕаны харыстыыр үгэстэрин сөргүтүү. 6.2. ДЕМОГРАФИЯ УОННА ДОРУОБУЙА. 6.2.1. Бу 73 сылга саха норуота анардас быһаччы сүтүгэ 100000 киһиттэн ордор. Ол түмүгэр биһиги саамай кырата 4 - 5 төгүл эбиллиэхтээх буоллахпытына, билигин икки да төгүл эбиллэ иликпит. Эт - сиин өттүнэн үлэни сатыыр. үгэстэри билэр, чэгиэн дьоммутун сүтэрэн билигин улаханнык мөлтөөтүбүт. 6.2.2. Биһиги норуот быһыытынан сирбитин - уоппутун бас билэн дьиннээх хаһаайын буоллахпытына үүнүүбүт түргэтиэ. 6.2.3. Экологическай иэдээннэ түбэспит нэһилиэнньэни харыстааһын саха норуотун тыын боппуруоһа. 6.2.4. Дьиэ - кэргэн суолтатын үрдэтии, дьиэнэн, наадалаах малларынан хааччыйар усулуобуйаны тэрийии соруга турар. 6.2.5. Доруобуйа сулууспата ыарыыны мүлүрүтэр эрэ үлэтин ууратан, дьиннээхтик киһини үтүөрдэр системаҕа кубулуйара ирдэнэр. 6.2.6. Хамсааһын, аһааһын, сиэр - майгы культуратын сайыннарыы доруобуйаны харыстааһын биир сүрүн өттө. 6.2.7. Олохтоох сырьеттан эмп онорууну сорунулаахтык кэнэтэбит. 390 6.2.8. Норуот доруобуйаҕа эстэтическай сыһыана күүһүрэрин наадатыгар, кэрэлэр, чэгиэннэрконкурстарын ыытыыны үрдүк таһымна таһаарабыт. 6.3. ЫЧЧАТ БОППУРУОҺА. 6.3.1. Ыччат доруобуйата мөлтөх (хас үһүс эбэтэр төрдүс ыарыһах). Онон ыччаты хамсааһын культураьыгар үөрэтии, сөптөөх аһынан хааччыйыы ирдэнэр. 6.3.2. Ыччаты идэҕэ бэлэмнээһин омсолоох. Онон ыччаты үлэҕэ наадыйыыга сөп гына бэлэмнээһин уонна бэлэмнэммит ыччаты үлэҕэ ылыыны, бигэргэтиини тупсарыы биир сүрүн сорук. 6.3.3. Эдэр ыаллар оҕолоноллоро аҕыйаан иһэр. Ити барыта дьиэ - уот суоҕунан, хамнас кыратынан быһаарыллар. Инникитин эдэр ыалларга усулуобуйа онорор тэрилтэлэргэ чэпчэтии онорор суолу көрдүүбүт. 6.3.4. Эдэр дьон анардас сылдьаллара элбээтэ. Кэргэннии буолуу суолтатын үрдэтии, ыччакка ыал буолалларыгар көмөлөһүү, онно анаан Айыыһыт кулууптарын тэрийии суолталаах. 6.3.5. Ыччат ортотуттан буруйу оноруу элбээн эрэр. Итини тохтотор наадатыгар ыччаты дьыалаҕа туһаайыы, өйүн-санаатын чэгиэн оноруу наада. 6.3.6. Ыччат үрдүк идеяҕа, тэрээһиннэ, көххө наадыйар. Онон ыччаттар араас туһаайыынан түмсүүлэри, кулууптары тэрийэллэрин көҕүлүүбүт. 6.4. БУРУЙУ ОҤОРУУНУ ТОХТОТУУ. 6.4.1. Саха сиригэр буруйу онорбут дьон мустарын тохтотобут. Дьиннээх үлэһит дьону талан киллэрэбит. 6.4.2. Кэлии дьон ханнык эмэ сиргэ аһара элбиир түгэннэригэр олохтоох дьону харыстыыр дьаһал ылыллар. 6.4.3. Рынок усулуобуйатыгар үлэттэн ууратыы элбээн эрэр. Итинник усулуобуйаҕа олохтоох дьону үлэттэн устууну хонтуруоллуур бөлөҕү тэрийэбит. 6.4.4. Үспүкүлээссийэ, тэрээһиннээхтик буруйу оноруу улатта. Ити маассабай үгэс быһыытынан сайдар. Дьону дьиннээх үлэҕэ тэрээһиннээхтик хайыһыннарыы бу көстүүнү тохтотуо. 6.4.5. Буруйу оноруу төрдө биһиги государствобыт өр кэмнэ правовойа суохтук сайдан кэлбитигэр олоҕурар. Правовой дойду буолуу буруйу оноруу аҕыйааһынын мэктиэтэ буолуо. 6.4.6. Арыгылааһын үгэстэрин намыратарга, дьон олоҕурбут үгэстэрин тосту уларыппакка, өйү - санааны чэгиэн оноруу суолунан киирэбит. 6.4.7. Саха сиригэр түбэспит буруйдаахтары Саха сиригэр тутуллалларын хааччыйабыт, хаайыыга киһилии усулуобуйа олохтонорун иһин турабыт. 6.4.8. Хотугу дьон уонна сахалар обычнай праваларын сөргүтэр суолу көрдүүбүт. Инникитин кыра буруй иһин олохтоох миэстэҕэ буруйу боруостуур, улахан буруйу онорбут киһи эрэ уопсай хаайыыга барар ньыматын буларга. |