[САХААДА] | 1991 c. 8. ы. 7 к. | |
| оҕус халлаан хаттыгастарыгар олохтоох үҥэр - сүктэр айыыларбытыттан көхсүбүтүнэн тэһииннээх, көмүскэс санаалаах күн күбэй оҕолоро буолан, арҕаспытыттан тэһииннээх аһыныгас санаалаах Айыы Хаан аймаҕа аатыран, кырдьаҕас саха омуга сайда-сайда кэхтэн, элбии-элбии аҕыйаан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, көнүл күн сырдыга баҕалаах, мөнүрүөн мөһүлгэлэри мүлчү түһэн, сороҕор сор суорума суолун батан, кыһалҕалаахтык да олорон ньиккирэһэн бүгүннү "чаҕылхай социализм" туман - имэн боруор киэһэтигэр тиийэн кэллибит ини, кэлбэтибит ини. Кэннигин хайыстахха аһыылаах, иннигин көрдөххө кыһыылаах да буолар эбит! | | " |
Тоҕо, туохтан, ким өҥөтүнэн ханнык хараҥа иһириккэ киирэн мунан, олохтоох омук быһыытынан көҥүлбүт күөмчүлэннэ, төрүөхпүт төннөрө элбээтэ? Ол оҥоһуубут силиһэ-мутуга ханнык сүлүһүннээх уулартан сиик ыларый, ханнык омук салгынынан тыынарый? Дьэ уонна ханнык айан аартыгын батаммыт, тоҥуй сүрэхпитин туоххаһыппат торумнаах, толору уйгулаах олоххо тиийэн киһи-аймах дьоһун сорҕото буоламмыт дьолунан, үөрүүнэн туоламмыт, сибэкки курдук сир үрдүгэр сириэдийэ үүнэбит? Мин көрдөхпүнэ, Дьылҕа итинник ыйытыга биһиги үрдүбүтүгэр таҥнары ыйанан турар эбээт! Үгүс киһи ону быһаара сатыырыгар барыга барытыгар уйманар, арааска барытыгар сигэнэр, арааһы барытын абырахтыы, самыы, силбии сатыыр. Мин эмиэ, көхсүм иһигэр көймөстүбүт санаам көҕүтэн эбитэ дуу - көмүстээҕэр, алмаастаҕар күндү КӨҤҮЛГЭ сигэнэн куолубун саҕалыым. Ыраахтааҕылаах Арассыыйа импиэрийэтэ, онтон кэлин ол Арассыыйа сэбиэтин былааһа, хомуньуус баартыйа "муударай" салалтатынан саха норуотугар кэтэрдибит оҥоһуу сонноро илдьирийэн нэктийдэ, сылаас өйдөбүлү, барҕа махталы, убайдыы ытыктабылы туппат, кэскилбитин кэрэһэлээбэт буолла. Соммутун уларыттыа, сахалыы ыттарыылаах, урааҥхайдыы уктарыылаах бэйэбит таҥаспытынан, бэйэбит өйбүтүнэн, бэйэбит быһан саҥа сону тиктэн көрүө этибит да буоллар "үҥэр-сүктэр" убайбыт кэтэрдибит сонун уларыттарыан дуостал баҕарбат да, көҥүллээбэт да. Тырыттыбыт сонун абырахтаан, кырааскалаан биэрэбиэрэ төттөрү кэтэрдэн соҥнуу турар. Бу чысхааннаах кыһын сатыылаабыт, бу биһиги туспутугар тымныы тыыннаах импиэрискэй өй-санаа бүрүүкээбит дойдутугар сыгынньах хаалар өлүүгэ тэҥнээх буоллаҕа. Ол да иһин кэтэрдиллибити "бу миэнэ, бу улахан убайым бэлэҕэ, сылааһын ааһан итии" дэһэ-дэһэ тоҥмуппутун аһараары ...эскэй,...искэй,...ыскай! диэн ыллаабыта буола-буола, көлөһүммүт оннугар, харахпыт уутун көрбөтөллөр ханнык диэн хаһыйан кэбиһэ-кэбиһэ ыстаҥалаһа сылдьабыт. Кураанах ыстаҥаттан салҕар да, сылайар да кэм кэллэ. Ол эрэн диэтэххэ, соммутун уларыппат туһугар, нэк соммут абырахтаныытыгар, кырааскалаан дьүһүн кубулутуутугар үлэлэһэн өрө киптэрэ, кыһанан-мүһэнэн өрө типтэрэ, көлөһүн-балаһын көбүччү аллан, ыстаннахтарын аайы ысыначуоктарын тыаһа кылырҕаһа сылдьааччылар биһиги бэйэбит ортобутугар элбэхтэрэ сөхтөрөр. Ол да иһин саҥа сон хайдах буолуохтааҕын, тугунан-киминэн быһыллан тигиллиэхтээҕин, ким ону бас билиэхтээҕин ырыҥалаан ыатарааһын ыйытыга сахалар ахсааммытын, удьуорбут-сыдьааммыт салҕаныытын дьохторун кытта ыкса сибээстээх буоллаҕа буолуо дии саныыбын. "Чолбон" 1990 с, 8-с нүөмэригэр, "Кыым" 1991 c. тохсунньу 26 күнүнээҕи нүөмэригэр экономическай наука кандидата Н. X. Дьяконов саха норуотун демографическай балаһыанньатын ырыталаан суруйталаабыт. Ону сэргэ мин иннибэр "Литературная Россия" хаһыат 1991 сыллааҕы 4-с нүөмэригэр В. Г. Первышин диэн экономист "Нуучча норуотун генофондатыгар алдьархай ааҥнаата, хайдах буолабыт?" диэн ыстатыйата сытар. Первышин маннык диэн суруйар: "Улуу нуучча норуотун ахсаана эйэлээх, ол гынан баран күн аайы сатарыйан иһэр отут сыллааҕы олоҕун устата 1959 -1989 cc. 31 мөлүйүөн эрэ киһи эбиллэн, 145,1 мөл. буолла, эбэтэр 1,272 эрэ төгүл элбээтэ. Оттон ССРС-ка ылар эбит буоллахха, 208,8 мөлүйүөнтэн 286,7 мөл. тиийбит, ол аата эбиллии 77,9 мөл. киһи, эбэтэр 1,372 төгүл элбээбит. Бу кэм устата ССРС нэһилиэнньэтин ахсаана мусульманскай итэҕэллээх Орто Азия уонна Кавказ омуктарын элбээһиннэрин суотугар эбилиннэ. Атыннык эттэххэ, кинилэргэ дьон естественнэйдик элбээһинэ бара турар. Нуучча дэриэбинэтин ахсаана кэлиҥҥи уон сылга 51 тыһ., оттон дьонун ахсаана 3,2 мөл. киһинэн аҕыйаабыт. Уопсайынан, бу эйэлээх отут сыл устата нууччалар "ситэ төрөөбөтөхтөрүн", "сүтүктэрин" түмүгэ 61,4 мөл. киһи. Ол нууччалар бастакы, иккис аан дойду сэриилэригэр, гражданскай, финскэй сэриилэргэ, коллективизация сылларыгар, иэдээннээх 30-с сылларга сүтэрбиттэринээҕэр да элбэх. Отут сыл иннинэ ССРС-ка нуучча омуга ылар өлүүтэ 54,6 бырыһыан эбит буоллаҕына, билигин 50,6 бырыһыаны ылар буолла. Бу иэдээн! Нууччалар бэйэлэрин дойдуларыгар (ССРС-ка, РСФСР-га?) кимиэхэ да наадата суох буолуохтааҕар "туора дьон" буоллулар. Ордук РСФСР территориятыгар баар урукку автономиялар олохтоох бэйэлэрин "сувереннай государстволарыгар" нууччалары үүрэр, иэстэбилэ суох өлөртүүр буоллулар... Урут 30-50 сс. анараа өттүгэр биир эмэ нуучча саллаатын өлөрүөхтэрэ диэн киһи санаан да көрбөтө... Нууччалар бэйэлэрин дойдуларыгар күрүөйэҕинэн буоллулар - бу наһаа түһүү. Биһиги эйэлээх санаабыт, иллээх баҕабыт бүтэр уһуга кэлиэхтээх. Былааһы туттуохха, наада буоллаҕына күүһү да туттуохха", дьэ итинник ханалытан аҕалан нуучча норуотун генофондатын "быыһыыр" суолу тобулар эбит улуу убай экономиһа В. Г. Первышин. Оттон биһиги экономиспыт Н.Х. Дьяконов сахалар ахсаан өттүнэн аҕыйааһыннарын иэдээниттэн туох-ханнык суоллары сүбэлиир эбитий? Бастаан саха дьонун ахсаана хайдах уларыйан испитин көрүөҕүн (бастакыта Н. X. Дьяконов, иккиһэ Л. А. Афана-сьев даннайдара) 1858 с. - 196595 -- 196595 1897 с. -- 221067 -- 225400 1917 с. -- 224960 -- 226900 1926 с. - - 235926 1938 с. - - 233273 1959 с. -- 226053 -- 226100 1979 с. -- 313917 1989 с. -- 365236 Саха сиригэр, 380217 РСФСР-га, 382255 ССРС-ка. Бу сыыппаралар элбэҕи кэпсииллэр. 1897 сылтан 62 сыл устата 1959 с. диэри, 5 тыһ. эрэ саха эбиллибит, 1926-38 сс. оннооҕор 2653 киһинэн аҕыйаабыппыт, 1917-59 сс. 42 сыл устата пролетариат бэйэтин диктатуратын олоххо киллэрбитигэр, "үрүҥ өҥнөнөн" хаалбыт бэйэлээх бэйэбит бырааттарбытын, убайдарбытын кытта сэймэктэһэрбитигэр, "кулаактары", "норуот өстөөхтөрүн", "националистары" булан ылҕыырбытыгар, социализм хас да сайдыылаах стадиятын тутарбытыгар, коммунизм сырдык тыынын көмүскүүрбүтүгэр, национальнай тас формалаах, социалистическай ис хоһоонноох культурабытын "чэлгитэ сайыннарарбытыгар", "революционизирующай интернационалистскай фактары" таҥан саҥа советскай диэн омугу айар кэммитигэр олох да эбиллибэтэхпит! Уларыта тутуу бэһис сылын устатыгар сэбиэт сиригэр оҕо төрөөһүнэ 761 тыһ. киһинэн аҕыйаабыт. Өлүү-сүтүү 271 тыһ. киһинэн эбиллибит. Сыл аайы 120 тыһ. далай акаары, аах-маах иирээки оҕолор төрүүллэр эбит. Дойду үрдүнэн биир мөлүйүөн оскуолаҕа киириэн иннинээҕи 1,8 мөл. оскуолаҕа үөрэнэр саастаах төрүөхтэриттэн дьүлэйдэр, хараҕа суохтар бааллар. Сыл аайы 9,5 мөл. оҕо күн сирин көрбөккө да абортка өлөр. Сыл аайы 3 тыһ. ийэ, 200 тыһ. оҕо төрөөрү өлөр. 116 тыһ. оҕо биир сааһыгар тиийбэккэ өлөр. Гуманнай демократическай социализм итии тыынынан угут-туур дойдутугар 1,5 мөл. наркотигы боруобалаабыттар уонна нарко-маннар бааллар. Псих балыыһаларга 5,5 мөл. киһи учуокка турар. Учуокка билигин турарынан эрэ 5 мөл. дьаарай буор иһээччилээхпит. Сыл аайы арыгыттан сылтаан 1 мөл. киһи өлөр эбит. Олохпут "үчүгэйэ бэрдиттэн" бэйэҕэ тиийинии сыл аайы үрдээн иһэр, 1989 сылга 60 тыһ. киһи бэйэтигэр тиийиммит. 56 мөл. пенсионер, 20 мөл. инбэлиит, 9 мөл. студент уонна ПТУ үөрэнээччилэрэ, 30 мөл. сулумах сааһырбыт дьон баар, 7 мөл. үлэтэ суох, 1 мөл. күрүөйэх. 1 мөл. бырадьаагылар быстан-ойдон бүтэр уһукка тиийэн олороллор. Тоталитарнай судаарыстыба "муударай" коммунист партиятын салалтатынан сирдээн аҕалбыт чаҕылхай ситиһиитэ ити баар! Ити кини ситиһиитэ хаһан да мээнэ ахтыллыбатаҕын хатылаан аҕыннаҕым буоллун. Бу маннык хабаанннаах Саха сирин туһунан сыыппаралар чуолкайдарын ситэ булбатым. Бука сэрэйдэххэ, киһини үөрдүбэттэрэ чахчы. Н. X. Дьяконовка төннүөххэ. Кини ССКП 28-с съеһин платформатыгар үктэнэн туран "Гуманнай демократическай социализм сылаас тыынынан угуттанан үөскүү, үүнэ үрдүү туруҥ", - диэн алҕыыр. Онтон салгыы ССРС да РСФСР да правительстволара ийэ, ыал уонна оҕо харыстабылыгар материальнай көмөнү улаатыннарар туһугар боччумнаах хардыыны онорбуттарын, Саха ССР Верховнай Совета саха норуотун демографическай политикатын ырытан онорууну саҕалаабытын биһириэххэ эрэ сөп диэн уоскутунар. Уонна 2050 c. тиийэн 1001,3 тыһ. киһи буолуохпут, кэскилбит хайдах буолара бэйэбититтэн тутулуктаах, ол иһин активнайдык охсуһуҥ диэн уочараттаах лозуну этэр. Улугуруу тыынынан илгийэр. Биһиги кэскилбитин бэйэбит быһаарынар кыахпыт ханна баарын, хантан ылан көрбүтүн кыайан өйдөөбөтүм. Мин партийнай учуокка турбат төбөм буһарарынан, 359 cыл устата Арассыыйа империята утахтанар уолбат ойбонугар кубулуйдубут. Ол ойбонтон олохтоохтор уулуурбутун да көнүллээбэттэр, сүһүрбүт хаарсиик уутунан тамахпытын илиттинэр, харабытын булунар курдукпут. Урут ыраахтааҕы саханы үүрэн илдьэн кыртарбатаҕа эбээт! Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ өрөгөйдүүрүгэр, импиэрийэ саханы саханан кэйгэллэппитэ, бэйэтэ "бырааттыы" көмөнү онорбута. Онтон ыла куоталаһа-куоталаһа сахалар бэйэбитин ахсаан өттүнэн аҕыйатынарга кыһаммыппыт ахан. Коммунист партия импиэрийэ тыыннаах хааларын туһугар бүтүн норуоттар кэскиллэрин, культураларын, итэҕэллэрин кэҕиннэрэрин кэрэйбэтэҕэ, бүтүн Арассыыйаны хаһаарымаҕа кубулуппута. Норуотун арыгынан туймаардыбыта уонна бэйэ-бэйэбитин сиэһэрбитигэр сөптөөх сокуоннары-инструкциялары олохтообута, уураахтары таһаарбыта. Билигин аатырбыт хаатырга, түрмэ дойдутугар аҕыйах ахсааннаах сахалар хаайыылаахтара баппаккалар атын уобаластарынан ыһылыннылар. Бэйи, доҕоттоор, урут манна бүтүн Арассыыйа ааттаахтара батан сыппыттара эбээт! Саха сирэ биһиги бас билэр сирбит буолбатах, бу импиэрийэ бас билэр сирэ, 359 сыл анараа өттүгэр баҕа өттүнэн Арассыыйаҕа бэйэбит сирбитин уонна дьылҕабытын "бэлэхтээбиппит" үһү... "Улуу өйдөөхтөрбүт" ону тэбэрдии гыналлар. Өскөтүн сирбит баайын бэйэбит танастаан бородууксуйа онорон таһааран барарбыт эбитэ буоллар, ас амтанын билэн тууһуран турунуо дэ этибит, сайдан өйбүт-санаабыт уларыйыа да этэ. Биһиэхэ ол ас амтанын биллэриэхтэрин баҕарбаттар, мэлдьи биһиги кыаҕа суохпутун, далай акаарыбытын дакаастыы сатыыллар. Саха кырдьаҕас уонна муударай омук. Элбэх омуктары, ол иһигэр нуччалары да, үгүскэ үөрэппит буолуохтаах. Дьэ ол омугу тыынар-тыыммат турукка тиэрдэн баран бэйэ-бэйэбитин кытта охсуһуннараллар, сомоҕолоһорбутуттан куттаналлар. Коммунистическай партия Россия киэнэ, демократическай партия Россия киэнэ, бааһынай хаһаайыстыбата Россия киэнэ, көнүлүн-сокуонун Россия киэнэ, оннооҕор ыстаанын, ырбаахын Россия киэнэ. Тугу да харбаан, хаба тардан ылбытын иһин барыта "Россия!" диэн ырдьыгыныы сытыах курдук. "Улуу, улахан" убайдарбыт орто сир үрдүгэр бэйэлэрин миэстэлэрин булунар, былаас былдьаһар сүгүлээннэригэр, импиэрийэ тыыннаах хаалар туһугар өрө мөхсүүтүгэр, тыын былдьаһан таттарыытыгар, аҕыйах ахсааннаах омуктар тэпсиллэн хааллахпытына да көнүл. Ол үлүгэргэ "гуманнай демократическай социализм" сылаас тыынынан угуттаан үүнэ-үрдүү туруохпутун мин сыппах өйүм хоппот. Империяны уонна улахан омук эрэ интэриэһин көмүскүүр кэтэх санаалаах референдуму ыытан баран норуот өстөөхтөрүн буларга, көнүл иһин охсуһууну саба баттыырга, онно, этэллэрин курдук, былааһы да туһанарга, сэриини да киллэрэргэ сүлүһүннээх сүбэлэрин булуна сылдьаллар. Дьэ онно демократияттан, гласностан окуопатыгар саспыт импиэрийэ коммунистическэй партията ити референдумунан туһанан тыынын салҕанаары хайдах курдук өрөйөн-чөрөйөн эрэрий? Мин санаабар, мемофонд диэн норуот (омук) үйэлэргэ мунньуммут үгэскэ, итэҕэлгэ кубулуппут уратылаах өйө-санаата, олох олорор ньымата буолар. Оттон генофонд - норуот (омук) киһи-аймах тиибин быһыытынан уратылаах удьуордааһына, ууһааһына. Онон генофонд уонна мемофонд диэн хаһан да араарбакка бииргэ туттуллар өйдөбүллэр буолуохтаахтар. Сахалыы өйүн-санаатын, кутун-сүрүн сүтэрбит "советскай дьокууту" элбэтэммит саха омук аатын сиргэ-буорга тэпсиэхпитин эрэ сөп. Түмүктээн эттэххэ, биһиги генофондабытын уонна мемофондабытын харыстааһын боппуруоһа, ол аата, саха норуотун дьылҕата -- көнүл иһин охсуһууга сытар. Саха сирин сахалар олорор сирдэрин быһыытынан харыстыыр сокуоннар баар буолалларын, олохтоох омуктар бэйэлэрин төрүт сирдэрин дьиннээх хаһаайын буолалларын бигэргэттэриини ситиһиини инники күөннэ анньыахтаахпыт. Буолар буолбутун кэннэ эттэххэ, "суверенитеппыт" дуомугар баар кыра да көҥүл утаҕын Конституциянан бигэргэтиини ситиһэн, кэлин элбэттэр элбэтэн, омук быһыытынан уратылаах көнүл айаммыт суолун тутуохтаахпыт. Өктөөп аҕалбыт үтүөтэ, социализм, интернационализм, коммунизм диэн дойҕохтор киһини туймаардар кэмнэрэ аастылар. Биһиги кимнээхтэрбитин уонна бу орто дойдуга аналбыт туоххатын, миэстэбит ханнатын билэргэ, билэн баран олоххо киллэрэргэ дьулуһуохтаахпыт. Көҥүлтэн тутулуктаах -- Кэскил эбэтэр Кэп туолара... 1991 с, олунньу. "Кэскил эбэтэр Кэп..." диэн ыстатыйа референдум буолуон иннинэ суруллубута, ол гынан баран араас биричиинэлэринэн кыайан тахсыбатаҕа. Билигин Саха сирин демографическай балаһыанньатын сорох орүттэрин кордорор статданнайдары буллум, ону эбэн биэрэрим туһалаах буолуо дии саныыбын. 1990 сыл саҥатыгар республика нэһилиэнньэтэ 1 мөл. 116 тыһ. киһи буолбут, ол иһигэр сахата 365263 киһи. 1970 с. сахалар нэһилиэнньэ 43% ылар эбит буоллахтарына 1989 с. 33,4% ылар буолбуттар. Саха сирин нэһилиэнньэтин 56,6% эрэ Саха сиригэр төрөөбүт. Сэрии кэмигэр ыарыыттан уонна хоргуйан 62251 киһи өлбүт, олортон тыа сиригэр 47900 киһи. Сэриигэ баран өлбүттэри эптэххэ Саха сириттэн 1941-45 сылларга барыта 127341 киһи өлбүт, онтон сахалара 100 тыһ. киһи. 1989 сылга 5252 кэргэнниилэр арахсыбыттар, 12132 сана ыал баар буолбут. 1989 с. республикаҕа 436 кыра оҕо өлбүт, ол иһигэр тыа сиригэр 215. 18333 хроническай алкоголик учуокка турар. Учуокка турбаттары ааҕар буоллар бу сыыппара 2-3 төгүл элбиэн сөп. 104 наркоман учуокка турар. 1989 с. Саха сиригэр регистрацияламмытынан 28397 аборт оноһуллубут, онтон 7214-дэ тыа сиригэр, 250 өлбүт оҕо төрөөбүт. 1989 с. Чурапчыга - 155, Уус-Алданна - 303, Мэнэ-Ханаласка - 480, Аммаҕа - 413, Үөһээ Бүлүүгэ - 282 аборт он-оһуллубут. Кэргэнэ суох оҕолонон олоруу - 29%. Республика үрдүнэн 16781 кэргэнэ суох дьахталлар оҕолоругар пособие ылаллар. Дьиэ кэргэн орто ахсаана 3,6 тэннэспит. Кэргэнниилэр 15% оҕолоро суохтар. 1989 с. Уус-Алданна олорооччулар ыйдааҕы орто хамнастара 316 солк., Намна - 336, Мэнэ-Хаҥаласка - 363, Чурапчыга - 322, от-тон Нерюнгрига - 558, Мирнэйгэ - 617, Усуйаанаҕа - 627 солкуо-байга тэннэспит. Госкомтруд диэн тэрилтэ үлэһиттэрэ ааҕан таһаарыыларынан, 2000 сылга сахалар ахсааннара 459,2 тыһ. буолуо дииллэр эбит, оттон статистика үлэһиттэрэ билгэлээн көрүүлэринэн, хас биирдии төрүүр саастаах саха дьахтара ортотунан түөртүүтэ оҕолонноҕуна 645 тыһыынчаҕа тиийиэхтээхпит.
|