Уххан
Саха кэнгириэһиттэн санаалар
Саха кэнгириэһин (?) Саха норуотун кэҥкириэһин (?) Саха омугун конгреһын (??!!) Россияны кытта холбонуллубуппут (воссоединения?), Россия састаабыгар киирбиппит (вхождения?) 375 сылын, Саха сирин норуота суверинитет декларациятын биллэрэн бэйэтин государственноһын саҥалыы тэриммитэ 17 сылын, (онтун төттөрү ыһыктыбыта 6-с сылын) туолар күннэригэр, бырааһынньыкка тоҕооһуннардылар.
Ылбыты ыһыктыы, туппуту туурдарыы 6-с сылын ким да бэлиэтииргэ туруммат. Ол эрэн олохпут тутулун туһаайыыта, бу сылларга тосту уларыйдылар. Бу кэмҥэ кэнгириэс ыҥырыллыахтаах этэ. 15 сылы быһа кырата үстэ мунньахтаабыт буолуохтаах этилэр, устааптарын да быһыытынан. Тугу гына ньимийэн сыппыттара биллибэт. Ыһыктары ыһыктан баран «бырааһынньык –кэнгириэс» ыытарга үөһэттэн быһаарбыттар. Онно сөптөөх дьон бэрт ыксалынан, киэҥ дьүүлгэ таһаарбакка тэрийбиттэр, саҥата суох истэн «сөбүлэһэн иһиэхтэрэ», тиэргэн иһиттэн ыраатыахтара суоҕа диэбит дьоннорун ыҥырбыттар. Төрүт олохтоох саха омугун аатыттан туох да суолтата суох быһаарыылары бэлэмнээбиттэр. Сахалар ахсааммыт элбээн кэнгириэс чилиэнинэн 58 киһини талыахтаахпыт диэн эрдэттэн урукку састааптарыгар эбии «бэйэ дьонун» бэлэмнээбиттэр. Урукку састаабы барытын тохтотон баран саҥа састаабы талыллыахтаах этэ. Аҕыйах Чомчоевтаах, Шамаевтаах У.Винокуровалаах, Филип Охлопков курдук саха туһугар туруулаһар дьоннору эбиигэ баҕарбакка буолан туран киллэрдилэр. Тэрис, Дапсы, Багдарыын Сүлбэ, Мандар, Тумусов курдуктар кэнгириэскэ суохтар, тыл эппэтилэр. В.Н.Иванов кэмигэр кыайан эппиэттээбэт буолбутун дьэҥкэтик көрдөрдө, үгүс делегааты да кэлэттэ. Саатар уу сукураай кураанах дакылаатын саха омук кэнгириэһигэр, саха тылын, тиэргэнин туһунан бооччойбутун нууччалыы ааҕан дьону утутан кэбистэ. Үгүс дэлэгээт, ыҥырыылаах бу мунньахха ситэ сылдьыбата. Көннөрү ыҥырыылаахтар эбиллэн саала аҥаара буолар буолбат мунньахтаата.
Үөһээ бырабыыталыстыба, Ил түмэн, нуучча аҕабыыта, нуучча общинатын хотуна, кэлии ыалдьыттар, мэлдьи бырааһынньык президиумнарын киэргэллэрэ буолар дьон тахсан олордулар. Улахан аҥаардара аһыллыытыгар олорон баран сүппүттэрэ. ... Быһата саха омугун аатыттан саҥарар «хармааннай кэнгириэһи» ааспыт да сырыыга тэрийбиттэрэ. Бу да сырыыга тэрийэр наадата тирээн кэллэҕэ. Ол барыта ХНТ-га (ООН) төрүт олохтоохтор бырааптарын көмүскүүр декларация бу балаҕан ыйыгар ылыллыбытыттан, уонна ону Россия утарбытыттан сибээстээх. Мин ыҥырыллыбатарбын да баран сырыттым, көрдүм, иһиттим, дьону кытта кэпсэттим. Уларыта тутуу сылларыттан суверинитет декларациятын биллэриэххэ дылы, онтон салгыы саха омугун көҥүлгэ санаатын, тутулуга суох туспа национальнай государстволаах буолуутун, общественнай түмсүүлэр, араас обществолар, демократическай, национальнай, экологическай хамсааһыннар иилээбиттэрэ саҕалаабыттара. Норуот бэйэтин санаатын общественнай тэрээһиннэр нөҥүө эппитэ. Норуот талбыт бирисидиэнэ, икки палаталаах Ил Түмэнэ, бырабыыталыстыбата Саха сувереннай республикатын оҥкулун оҥорбута. Үйэ чиэппэригэр тийэ былааннары ылыммыта. Бу кэмнэргэ «Саха кэскилэ» «Саха омуга», «Саха тыла» , саха итэҕэлигэр –«Кут-сүр», «Оһуохай», «Саха сирин суруйааччыта» , «Саха алаас», «Ыал» , «Ытык сир», «Саха сирэ-21 үйэҕэ» онтон да үгүс саха ааттаах обществолар, араас тэрээһиннэр, партиялар, хамсааһыннар саха олоҕун бары салааларын, эйгэлэрин хабан күүскэ үлэлээбиттэрэ. Кинилэр этиилэрэ, идиэйэлэрэ оскуола национальнай программатыгар, култуура, духуобунас эйгэтигэр, тыа сирин олоҕор ,промышленноска, экономикаҕа, быраап-сокуон эйгэтигэр, саха омук үгэскэ олоҕурбут олоҕун майгытыгар киирбиттэрэ. Саха омук тыына бөҕөргөөбүтэ, дьоһууна (достоинствота), бэйэтин омугунан, дойдутунан киэн туттуута үрдээбитэ. Сахалыы санаа-толкуй, аан дойдуну анаарыы, үчүгэйи–куһаҕаны араарыы биллэ-көстө сайдыбыта. Саха норуотун аатыттан, биһиги государственноспыт хайдах буолуохтааҕа, ону ситиһэргэ ханнык боппуруостары туруоруохтаахпыт аһаҕастык этиллибиттэрэ. Төрүт олохтоох омуктар бэйэлэрин сирдэригэр - уоттарыгар, сиртэн хостонор баайдарын иһин төлөбүрдэрин, социальнай, политическай, экономическай бырааптарын СР төрүт сокуонугар киллэттэрэргэ үлэлэспиттэрэ. Ол курдук оччотооҕу конститутция, федерацияны кытта сыһыаннаһыыга ылыныллыбыт дуогабардар көмөлөрүнэн республика атаҕар бигэтик турбута. Государстволаах буолуу психологията сайдыбыта. Россия састаабыгар баар, урукку ССРС-ка биир тутулга олорбут омуктарбыт бэйэлэрин государственностарын хайдах оҥостуммуттарын, тугу сыыспыттарын, таппыттарын эмиэ көрбүппүт. Саҥа үйэҕэ киирэн баран. РФ государствотыгар элбэх уларыйыылар бардылар. Бастатан туран, чуолаан сувернитеты биллэрэн, биһиги курдук национальнай государственноһы тэриммиттэргэ. Ол курдук РФ иһинэн баар субьектар конституцияларын, РФ конститутциятыгар сөп түбэһиннэрии. РФ уонна СР икки ардыларыгар түһэрсиллибит дуогабардар, сөбүлэһиилэр уларытыллыбыттара, салҕамматахтара. Ол түмүгэр биһиги республикабыт олохтоохторун бэйэлэрин сирдэригэр уоттарыгар, социальнай,экономическай, политическай бырааптарыттан элбэх сокуоннар Россия саҥа тутулун туһатыгар уларытылыннылар: Сокуон быраап өртүнэн билиҥҥи биһиги турукпут хайдаҕа итинтэн көстөр. Онно төрүт олохтоохтор, саха норуотун суолтата хайдаҕа эмиэ көстөр. Аан дойдуга, Россияҕа улахан уларыйыылар буола тураллар. Экономическай сыһыаннаһыыларга кыраныыссалар суураллыылара, глобализация, инвестиция, энергетическэй кризис, мегапроектар олоххо киириилэрэ, нанотехнология о.д.а Оннооҕор Айылҕабыт отуора оннуттан хамсаабыт курдук буолла. Кэлим сылыйыы, уу суттар, халааннар, салгын киртийиитэ, уот баһаардара, сир хамсааһына, көтөр - сүүрэр ыарыылара туруута уо.д.а. Онно, суураллан, сүтэн-симэлийэн хаалбат туһугар, саха омуга харысхаллаахтык, кэскилин оҥостон олорор ньыматын, майгытын сүбэтин-сүргэтин бэйэтэ булуохтаах. Онно омугун санаатын түмэр туруорсар бырабыыталыстыбаттан тутулуга суох тэрээһиннээх буолуохтаах. Биһиги Россия састаабыгар хайдах киирбиппит, ону хайдах билинэрбит омук инники кэскилин быһаарыныытыгар төрүт уонна төрүөт буолар боппуруостар. Историяны хоһуттан, саҥалыы, баһылааччы туһатыгар иэҕэн суруйан, онно олоҕуран омуктар дьылҕаларын быһаарыахха сөп. Оннук да буолбута. Ыраахтааҕылаах Россия империята элбэх сири бэйэтигэр күүс өртүнэн холбонноҕо. Америка да, атын да империялар бары колонизация майгытынан империя буоллахтара. Ол аата төрүт олохтоох омуктар, көҥүллэрин былдьаан, кинилэр сирдэрин-уоттарын бэйэлэригэр холбоон, баһылаатахтара-көһүлээтэхтэрэ, бэйэлэрин сууттарын-сокуоннарын киллэрдэхтэрэ. ССРС эрдэхпитинэ «колонизация Якутии», ол аата күүс өртүнэн холбооһун өйдөбүлүн биэрэр термини туттан кэлбиппит. Ааспыт үйэ 50- сылларыгар дылы. Онтон «Добровольное вхождение в состав России» диэн термини киллэрбиттэрэ. Урукку дьиҥнээх историяны токурутуу барбыта. Суверенитеты биллэрии саҕана бу термин эмиэ уларыйбыта. «Воссоединение» буолбута. Онтубут сыыйа «вхождение» буолла. Российскай Федерация диэммит сыыйа Россия диэҥҥэ көстө. Федеративнай дуогабардар салҕамматылар, СР конститутциятын РФ конститутциятыгар сөп түбэһиннэрии барбыта. Билигин 7 сыл анарааҕытааҕар олох чыҥха атын сыһыаннаһыылар үөскээтилэр. Дьэ манна төрүт олохтоох бэйэтин бэйэтэ дьаһанар бырааптара, кини сиригэр- уотугар, айылҕатыгар, хостонор баайыгар, политическай, экономическай культурнай о.д.а атын бырааптара төттөрү түстүлэр.
ООН (ХНТ) төрүт олохтоохтор бырааптарын декларациятын 22 сыл устата аан дойду бары государстволарын кытта дьүүллэһэн, ырытан, сөпсөһүннэрэн, сөбүлэһиннэрэн баран ылынна. Аан дойду төрүт олохтоохторо, бэйэлэрин төрүт көҥүллэрин , бары бырааптарын көмүскэнэллэригэр, туруорсалларыгар сүдү суолталаах дөкүмүөн ылылынна. Маны төрүт олохтоох саха омугун кэнгириэһэ улахан үөрүүннэн, аҥардас манна анаан бырааһынньык тэрийиэн сөптөөҕө. . Кэнгириэс общественнай тэрилтэ. Кини төрүт олохтоох саха омугун аатыттан (правительсвотын аатыттан буолобатах) бу правительствотыгар, Ил Түмэнигэр, бирисидиэнигэр ХНТ тийэ бэйэтин бырааптарын туруорсар кыахтаах сахалар соҕотох общественнай тэрээһиммит. Кэнгириэспит нөҥүө омукпут култуурнай, экономичэскэй, политичэскэй, сиргэ-уокка бырааппытын, дойдубут баайыттан тииһиниибит, бэл арахсыы боппуруостарыгар тийэ туруорсуохпутун сөптөөх. Аан дойду омуктара правительстеннайа суох кэнгириэстэрин нөҥүө бэйэлэрин правительстволара быһаарбат, быһаарар кыаҕа суох боппуруостарын норуоттарын аатыттан туруорсаллар. Биһиэнэ бырабыыталыстыба бэйэтэ тэрийбит бэйэтин хармааннай кэнгириэһэ буолбута. Ол да иһин бу үлүгэрдээх дойдубутун туран биэрии кэмигэр биирдэ да мунньахтаабата үлэлээбэтэ. Суверенитеты туран биэрии кэнниттэн сахалыы санаа, дойдулааҕымсыйыы, барыта тохтоото. Сир баайдаах територияларбытын туран биэрдилэр. Төрүт олохтоохтор онно саҥата суох хааллыллар. Бүлүү бөлөх баһылыктара төһөлөөх сирдэрин туран биэрэн баран бары куустуспутунан болдьохторун иннинэ миниистир, миниистири солб. дуоһунастарыгар кэлбиттэрин олохтоохтор билбэттэр. Чып кистэлэҥ. Кэнгириэстэрин чилиэннэрэ бары администрация, эбэтэр онно сөп түбэһэр култуура үлэһитэ буолар. Общественнай, төрүт олохтоохтор бырааптарын туруорсар атын тэрээһиннэрэ суох. Ким да туохха да кыһаммат. Барытыгар сөп түбэһэ сатааһын. Бэйэ туһун эрэ көрүү. Интэлигиэнсийэ диэн суох буолла. Дьиҥ дойдутун, омугун дьылҕатыгар, кэскилигэр кыһаллар киһи сүттэ, саста, хорҕойдо, сороҕо хам баттана, ханан да санаатын этинэр кыаҕын сүтэрдэ. Интэлигиэнсийэ оруола сүппүтүн М.Е Николаев бэйэтин этиитигэр тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Уопсайынан да кини төрөөбүт дойдутун, саха сирин, саха омугун иннигэр тирээбит кыһалҕаларын туһунан үчүгэйдик этиннэ. Биир сылга 5 млрд сууммалаах арыгыни испиппит. Сыл аҥардааҕыбыт 3,5 млрд. солк. тийбит диэн буолла. 6 мөл. нэһилиэнньэлээх Францияҕа сылга 500 –чэ киһи бэйэтигэр тийинэр эбит буоллаҕына, биһиэнэ оччоҕо тийбит.. Этиллибит кыһалҕалары хайдах быһаарабыт диэҥҥэ бары да чопчу этиилэрэ суох. Арай Чомчоевтаах бэл кэнгириэс түмүктүүр дөкүмүөннэрин бырайыагын эрдэттэн оҥорон аҕалбыттара. Мин сирбэр ол тахсыбыта. Аляска моделын тутуһуохха диэн Чомчоев этиитэ сэҥээрилиннэ Кэнгириэһи кыһалҕаны этинэргэ «механизм» курдук өйдөөһүн баар. Ньургун Тимофеев, Егор Жирков, Тумарча, Анатолий Чемчоев, Диана Николаева, Филип Охлопков, Иван Шамаев олохтоох, кыһамньылаах этиилэрин киллэрдилэр..
Афанасий Мигалкин кэнгириэс түмүктүүр дөкүмүөннэрин аахта. Киһи тулуйан да истибэт кураанах тылларын кумалаата. Түмүгэр кэлин хоһуттан мунньахтыырга, киирбит этиилэри үөрэтэн баран кэнгириэс инники дьылҕатын саҥа састаапка биэрэргэ диэн буолла. Кэгириэһи хоһуттан талан саҥаттан ыытыаҕыҥ диэн сөптөөх этиилэр киирдилэр. Ону эмиэ саҥа састаап быһаардын диэн буолла. Саҥа «саха кэнгириэһин» Егор Жирков баҺылыыра буолуо диэн баар. Бу проправительственнай, проединэй бэйэлэрин дуоһунастарынан аналларынан үлэлии сылдьар састаап саха омугун аатыттан бэйэлэрэ бэйэлэригэр этиниэхтэрин саарбахтыыбын. Арааһа ыһыллаллара буолуо оҥоробун. Саҥа кэнгириэһи киһилии тэрийэн, боппуруостарын, үйэ чиэппэрдээх да буолбатар 5 сыллаах көрүк бырайыактарын киэҥ дьүүлгэ таһааран саатар үс сылга биирдэ мунньах тэрийэллэрэ табыллыыһы. 5 сылынан туох – ханнык буоларбытын ким да билбэт. Быһа барыллаан:
Егор Жирков- предс. А.Акимов солб. А.Борисов солб. М.Мучин солб. М.Санников солб.
Президиум чилиэннэрэ:
В.Иванов М.Николаев Е.Михайлова. Нь.Тимофеев. В. Дарбасов. Василий Иванов. Афанасий Осипов Надежда Толбонова Николай Лугинов Иван Шамаев Анатолий Чемчоев буолуох курдуктар. Манна 4 кэмитиэти М.Санников, М. Мучин, А.Борисов, А.Акимов салайыахтара үһү.
Кэнгириэһи тэрийээччилэр 21 үйэ бастакы чиэппэригэр саха норуотун сайдар тосхолун «Тиэргэн» бырайыагын баллырын оҥорбуттар, кэнгириэс дьүүлүгэр таһаарбыттара. Бу кэнгириэһи тэрийээччилэр суруктара улаханнык кириитикэлэннэ, ылыныллыбата.. Ааспыт кэнгириэскэ кэм да, национальнай государственность боппуруоһа, онно төрүт олохтоох саха норуотун миэстэтэ, суолтата турбут эбит буоллаҕына, бүгүн бырайыак аата да этэринии «тиэргэн боппуруоһа» .Былааска сөп түбэһэри, тугу баҕарар тиэргэн иһигэр муннаран , саха омугун аатыттан хааһылыахха сөп дии санаммыттара көстөн турар. Дьон итини барытын өйдүүр эрээри бары туттунар, куттанар буолбуттар эбит. Тимир суол кэлиитэ, мегапроектар олоххо киириилэрэ, элбэх кэлии дьон мустуута, ГЭС-тэр, собуоттар тутуллуулара барыта төрүт олохтоохтор олохторугар содуллаахтык дьайара биллэр суол. Олох олоруу оҥкула, майгы сигили, сыһыан барыта уларыйыа. Тиэргэммит иһэ хайдах туох буолара онтон тутулуктаныа. Онно биһиги туох бэлэмнээхпитий? Бу сабардаан иһэр дьайаантан көмүскэнэр харыстанар туохтаахпытый? Сирбит баайын супту обороллоруттан тииһинэрбит, тиксэрбит төһөнүй? Аҥардас нолуок эрэ дуо? Оннук нолуогунан ханнык сир баайдаах омук чэчирээбитэй? Итини барытын ырытан, анааран, чинчийэн, билгэлээн оІоґуллубут бырагыраамма бу кэнгириэскэ дьүүллэһиллиэхтээҕэ. Ол суох. Билиҥҥи баар туругунан, биһиги сирбит баайа, төрүт олохтоохтор баайдык-тоттук олороллорун мэктиэлээбэтин билэбит. Билиҥҥи сокуоннар, дуогабардар да ону мэктиэлээбэттэр. Билиҥҥи саламта да ону мэктиэлээбэт. Барыта бара турар. Ол мэктиэни төрүт олохтоохтор, бэйэбит бырааптарбытын туһанан, сирбит, дойдубут баайын политикатыгар кыттан оҥоруохтаахпыт. Төрүт олохтоох омук, саха омуга бэйэтин аатыттан туруорсар, киирсэр тэрилтэтэ бу Саха омугун конгреһа буолуохтаах этэ. Өскөтүн бу конгресс итинник тыын кыһалҕалаах боппуруостары туруорсан олоххо киллэриигэ үлэлэспэт буоллаҕына, кэнгириэс аатынан саха омук инники дьылҕатын атыылааһын буолуо. 2007 сыл балаҕан ыйын 13 к. ХНТ Генеральнай Ассамлеята бэйэтин 61 –с сессиятыгар бу декларацияны ылыныахха сөбүн бигэргэттэ (одобрила). Декларацияны 143 государство өйөөтө, 4 государство - АХШ, Канада, Саҥа Зеландия уонна Австрия утардылар. 11 государство, ол иһигэр РФ декларацияны өйүүртэн туттуннулар. Бу декларация 22 сыл устата унньуктаахтык дьүүллэһиллэн баран ылыныллыбыта. Төрүт олохтоохтор декларацияларыгар киһи быраабын уонна төрүт көҥүлүн, омук быһыытынан уратыларын, политическай, экономическай, социальнай, культурнай бырааптарын харыстыырга тийэ көрүллүбүтэ. Декларацияҕа этиллэринэн ХНТ чилиэнэ буолар государстволар бэйэлэрин сирдэригэр баар төрүт олохтоохтор, бэйэлэрин сирдэригэр уоттарыгар бырааптара кэһиллэрин, колонизация түмүгэр история сиэртибэтэ буолалларын эппиттэр. Декларацияны утарааччылар төрүт олохтоохторго элбэх быраабы биэрдэхпитинэ биһиги кинилэр сирдэригэр- уоттарыгар, сиртэн хостонор баайдарын дьаһайар бырааппыт кыччыа, территориябыт, тутулуга суох буолуубут алларыйыа, мөлтүө диэн куттаналлар эбит. РФ бу декларацияны өйүүртэн тоҕо туттунна? РФ тас дьыалаларга миниистирин солбуйааччы Александр Яковенко эппитинэн Россия министерстволарыттан, чуолаан, РФ регионнарын министерствотыттан утарыы киирбититтэн диэн быһаарар. Сүнньүнэн төрүт олохтоохтор бэйэлэрин бэйэлэрэ дьаһаныыларын (право на самоопределение) 3-с ыстатыйаны уонна төрүт олохтоохтор бэйэлэрин олорор сирдэригэр, территорияларыгар, сиртэн хостонор уонна айылҕатын баайыгар төлөбүр (компенцация) ылар бырааптарын 26-27-с ыстатыйалары , РФ сокуонун утары этэр диэн, декларация икки хос стандарты туһаныы курдук көстөр диэбиттэр. (Ити дөкүмүөннэр мин сайтпар бааллар, онно көрүҥ) РФ декларацияҕа уларытыылары киллэрэргэ үлэлэһиэхпит, ол наадатыгар Регионнар сайдыыларын министерстволарын иһинэн Россия регионнарыгар күүстээх үлэни ыытарга сорудахтаабыттар. Ол сорудах туоларыгар бу «бырааһынньык-кэнгириэс» суһаллык тэриллибит.
Бу утарбыттарын регионнарга «сөптөөх үлэ» ыытан суурайан кэбиһээри соруналлара көстөр . Онно биһиги министирбит Афанасий Мигалкин «сөп түбэһиннэрэр» үлэтин биир түмүгэ бу кэнгириэс. Саха төрүт олохтоох омугун аатыттан этинэ, отчуоттуу охсорго, төрүт олохтоохтор бырааптарын наадыйбаппытын, Россия быһаарыныытын кытта бииргэбитин бигэргэтэ охсорго кыһаммыта-мүһэммитэ сүр үлүгэр. Көмүскэлэ, харысхала суох, кэскиллээх былаана суох омук, норуот инникитэ кэрэгэй. Саха омугун иккис конгреһын саҥа састааба, кэнгириэһи хоһуттан тэрийэн, ыллыктаах санааны ылынан, өйү-толкуйу, сүбэни-соргуну түмэн, саха норуотун инники сайдыытыгар эркээйи буолар көмүскэллээх көрүүлэри СР, РФ бырабыыталыстыбатын, сокуону оҥорор уоргаттарын иннигэр туруоруон наада. ХНТ декларациятын төһө да РФ утарбытын иһин ылыллыбытынан ааҕыллар. Кэнгириэс бу докумуоннары үчүгэйдик үөрэтэн туһанан үлэлээтэҕинэ эрэ табыллар.
Балаҕан ыйын 29к.2007 с.
|