|
Олох оннук буолбатаҕы Оҥорон көрө олоҥхолуу омуолааһын Эйэлээх олоххо эҥэрдэспэтэҕи Этэн көрө эҕэлээх эридьиэстээһин
Домноох дорҕоон Добун үйэлэр Долоҕойдорун түгэҕин Долбууругар түспүт. Тыыннаах тыл Тыймыыттаах кэмнэр Тымныы уорҕаларын Тыыннарыгар тоҥмут. Саталаах тыл Сах үйэтин Сатаҕай саҕатын Салбырҕаһыгар саспыт.
Кырыыстаах тыл Кыырыылаах дьыллар Кырыы кылдьыыларын Кыаһааныгар кыбыллыбыт. Имэҥнээх иэйии Иччилээх көтүү - Иин түгэҕин Илдьитэ буолбут. Экчилээх этии, Чахчылаах саҥа, Дьиҥнээх кэпсэл Былыргыга быралыйбыт.
Саха санаата, Торумнаах толкуйа, Мындыр өйө Мыыныллан турбут. Силиктээх сиэрэ, Айыыта, аньыыта, Үйэлээх үгэһэ Үтүргэҥҥэ түбэспит. Тойуктаах ырыа Үҥүүлээх үҥкүү Олоҥхолоох оһуохай Омнуолардаах буолбут. Онтон ыла Олуктан олук Омуктуу олох Отуора огдолуйбут.
Тулаайах омукка Тумустаах омуктар Тутулуктаах тутаахтаах Тутуллара туругурбут. Ууга суруллубут Уодаһыннаах уорбалаах «Убайдар» уураахтара Уталыппакка киирбит. Холуонньаҕа олорор Хобдоҕун билбиппит, Хомолто санаабытынаан Хоонньоһор буолбуппут. Ыраахха таахха Ымсыыран турбуппут, Тыгыҥҥа Тархаҥҥа Тылланар буолбуппут. Онтубут сатаммакка Оройго охсуллубуппут, Самантыбыт сатаммакка Самнарылла сылдьыбыппыт.
Ити былыр буолбута Кэлиҥҥигэ үөрэх буолбатаҕа Улахан буурҕалар түһэн Умуннаран кэбиспиттэрэ. Өрөбүлүүссүйэ өрөгөйдөөн Өрө турбуппут Өлөрсүү-өстөһүү Өһүгэр түбэспиппит.
Сэбиэттэр кыайан Сэбиэскэй олоххо Сиэммэтэх тобохтор Сиэттиһэн киирбиппит. Барамматах өттө Баартыйаны батыспыта, Хотоойулаах диэбитэ Хомсомуолга хорҕойбута. Эрэпириэссийэ эспитэ, Эбиитин сэрии сиэбитэ, Элиэнньинтэн атыны Эрэммэт этибит. Улугуруохпутугар дылы Уһуннук олорбуппут, Эстиэхпитигэр дылы Этиспэккэ сылдьыбыппыт. Иитиллэр үөрэхпит «ИЗМ»-нар этилэр, Убаизмҥа уккуйан Урааҥхайы умуннарбыттара. Уларыта тутар Уххана кэлбитэ, Уруккуну барытын Уоттуу салаабыта.
Сахатын умнан «сайдыбыт» саха Санаата дьайҕаран Сарсыҥҥыны санаабыта. Элбэх омуктар Элээннэрин кэҥэттэ, Эркиннэрин охсуна Эриһэн барбыттара. Көҥүл санаа Көмүөл мууһунуу Күөмчүлээх олоҕу Көҥү анньыбыта Сүбэринньитиэт сүпсүлгэнэ, Дэмэкирээтийэ дэптиргэнэ, Бүлэрилиисимэ бүдүлгэнэ Бүтүннүүтүн бүрүйбүтэ. Төрүппүтүн-ууспутун Төккөөлөһөн билбиппит Төрүт итэҕэлгэ төрөөбүт тылга Төннүөҕүҥ дэспиппит. Айыы алгыстарын Анааран барбыппыт Айар-тутар аахсар арахсар Аартыкка тийбиппит. Баарбытын-суохпутун Барытын хастынан Бааһынайы буламмыт Баһылык-Аҕа талбыппыт. Маргынааллары мунньан Мааныларбыт диэбиппит, Моҥкурууттарга эрэнэн Моойбутун итэҕэйбиппит. Үйэлээх үгэһи кытта Үүнэр үйэ кэскилин Үүннэриҥ диэммит Үрүлүччү куппуппут. Үөрүүбүт үлүгэригэр Үүппүт хайаҕаспыт бүөлэнэ Үрүт үөһэ кинилэри Үрдүктэн үрдүккэ үппүппүт. Дьоһун дьоммутун Дьокуут омук туһугар Дьокутаат оҥорон Дьоһуннаахтык туттубуппут. Хабарҕаларыгар тийэ Хайҕаабыт дьоммут Хаампыт сирдэригэр Харахпытын хатаабыппыт. Хагдарыйбыт олох Хаһан тыылларын Хаттаан тиллэрин Харааста күүппүппүт.
Хамаандаҕа чугастар Хамаҕатык байбыттара, Хайдах эрэ, хаҥаластар эрэ Хатаҕаланар буолтара. Тойон ууһун оҕолоро Тот олохтоммуттара Тобоххо сорохтор Тоорохойго тиксэллэрэ. Тойуу саахар кэриэтэ Тос курдук тойоттор Тордурҕаһан ыла-ыла Тооторуһа хаамсыбыттара. Быыс кэм быыһыгар Былаат-илээт элбээбитэ, Былаас хоонньугар Быт буолан ыспыта. Сүпсүгүрүү кэмигэр Сүүлүк түөкүн дэлэйбитэ, Сүллүүкүн харчыта сүүйтэриилээх тахсыбыта. Саарбах кэмнэр саараан Салайааччылар күннээбиттэрэ Сахалыы санааннан саптынан «Саҥа саха» сайдыбыта Ордук дойду үллэһигэр Оло хоҥсоор омуктар Оннооҕор олус таайдар Оннуларын булбуттара. Эмэгэт курдук Эрэммит киһибит Эбир эрэйдээхтэр Эридьиэстэригэр эҥээрдэспитэ. Уостан уоска Угуруу ууруллааччыбыт Ур уустар урдустарын Угаайыларыгар уккуспута. Саха алмааһын саамылаан Санаабытынан дьаабылаан Саар ыаҕаһынан сомсубута Саар ыраахтааҕылыы санаммыта. Кэлэр көлүөнэҕэ Кэһии уурабын диэн Кэтэх өйө кэмэ суох кэпсээбитэ Кэрээнэ суох кэтэҕэр хаһааммыта
Урааҥхай аймаҕын Уһун кэмнээх ууруутун Уҥа өйүнэн уккуйан Урууларыгар уурдарбыта. Айыы аймаҕын араҥаччылыыр Алмаастаах бааннарын Атын да араас ханаалларын Аймахтарыгар анаабыта. Дуоһуйубутун долларга кубулуппута Манньыйбыта эрэ манньыат буолта, Көнньүөрбүтэ эрэ көмүскэ көспүтэ Хаамар суола харчы ханыыламмыта. «Өлүк - хаарк» Өҥө түүтэ тупсан Өрө көрбөт кына Өйдөбүлэ улааппыта. Ыыра арда ыраатан Ыраахтааҕылыы санаммыта, Чугаһынааҕыларга кини «Чугаһынааҕы» ыраахтааҕы буолбута. Мэнтэлитиэппит мэктиэтэ Сүбүрүньүтүөтү сүгээччибит Саха кэскилин саргыһыта Бар дьон барҕаһыта - кини этэ. Төрүт сокуон төлкөтүн Төргүү мутугар олорбута, Төбөкөөнө эргийэн Төттөрүтүн түөспүтэ. Аартыканнан албыннаан, Сибииринэн сиикэйдээн Сүркүмпүлээринэн сүүлүктүүрүн Сахаттан саараама ыйыппатаҕа Саха сирин хотутун Саба кырыйан ыларга Саан-Бүөтүргэ биэрэргэ Саансыйалаан саайбыта. Айдаан тахсыаҕын Айахтары бүөлээбиттэрэ, Аймалҕан ааҥныаҕын Аахайбатах буолбуттара. Үөрэх-үөрэх дии-дии Үлүһүйбүтэ үлүгүнэйбитэ Үчүгэйин үчүгэй этэ да Үөйүллүбэтэҕинэн үөппүтэ. Кэм да кэнэммититтэн тэйэн Кэрэбитин кэрэхсээри Кэскили кэрэһилээбиппитин Кэтэһиллибэтэҕинэн кэҕэрпитэ. Төрөөбүт төрүт кутун тууратын Төттөрү хайыһыннарбыта, Саха тылын үөрэтиини Сарбыйталаан бырахпыта.
Омук тылын ордоро чорботон Онно көһүҥ диэбитэ Интэриниэтинэн эрэ иитиллэргэ Интэлэгиэнсийэтигэр имнэммитэ. Төрүт сокуоҥҥа киирбит Төрөөбүт сахабыт тылын Төннөр диэкки төлкөтүн Төлө тардан кэбиспитэ. Айыы үөрэҕин ахсарымына Аҕабыыттардыын алтыспыта, Хотуулаах буоллун диэтэҕэ Хорустуостуун хоонньоспута. Улуу убайы кытта Утарылаһан уһаабаппыт, Убаҕастарыгар хойууларыгар да Улаатыахпыт диэбитэ. Бэйэтэ да билбэккэ Бэйэ дьоно диэбэккэ Бэһиэччик бэлиитикэтин Бэчээтин уурбута. Бааһынайдыы быһыы Балыыҥката өппүтэ, Барылга былааҥҥа Барытыгар тиһиллибитэ.
Саха туһунан санааччыны Сааныах курдук буолтара, Саламтаны истибэти Саҥата суох туораппыттара. Аһаҕастык саҥарааччыны Айаҕын бүөлээбиттэрэ, Ааһа айдаарааччыга Аҥаабыл укпуттара. Сууту сокуону, солону тойону Сутуруктарыгар суулаабыттара, Суруйааччыны,айааччыны Чаччыынатын чаҕарын Чабырҕайынан көрдөрбүтэ, Кэтэбилин-манабылын Кэмэ суох кэнэйдээбитэ. Барытын кини дьаһайбыта, Бас баттах барбыта, Сахсырҕаны кытта Салайа сатаабыта Аҥнан-бохтон аарыгыран Аҥардастыы арбаммыта Аатыран суолуран Аар Таҥаралыы санаммыта.
Мин да мин диириттэн Минньигэһэ көппүтэ, Мээрилиирэ бэрдиттэн Мэнэгэйэ кэһиллибитэ. Көлөттүбүт көрүүтүн, Көлөөҕүрбүт ньиэрбэтин, Көппөҕүрбүт толкуйун Көннөттөрөргө санаммыта. Көмүскэ туттарбыт Көрдөрүнэр киинигэр Көкөттөрүн кытта Көһөн киирбитэ. Барахаамыра иһиттэн Баары-суоҕу баһын атаҕын Барыллаан барҕалаан Барытын барыгылдьыппыта. Үйэттэн-үйэни үөтэн Үтэһэтигэр үөлэн таһаарбыта Чиэппэрдии чиэппэрдии Чинчийэн чичигинэппитэ. Өтөрдөөҕүнү-хойуккуну Өтөрү көрбүтэ Өлбүтү-тыыннааҕы Өрөбүлэ суох үлэлэппитэ.
Хаанын түгэҕинэн Хаһаахтыы этиттэрбитэ, Наһаа үчүгэйдик Наһарбаайдыы ньаҥсыйбыта. Хотуулаах буоллун диэн Хотойдуу чаҥырҕаабыта, Суодаллаах буоллун диэн Суоруннуу суоһурҕаммыта. Кэрээнэ суох кэлэр кэминэн Кэмэ суох кэп туоммута, Үбүнэн үүнэр үйэ чиэппэринэн Үлүбээй үлүгүнэйбитэ. Аҥкылычаан тылынан Алгыс этэн амалыйбыта Аакка-суолга киирэ Амыарыкалыын ахсааннаспыта. Эмбирийүөннэрдиин этиспитэ Мөлүөкүлэлэрдиин мөккүспүтэ Хоро лахсыыр тылынан Хоромосуомнардыын хообугунаспыта. Сүркүмпүлээрийэннэн сүрэхтэппитэ, Интэриниэтинэн ииригирбитэ, Сахаҕа суоҕу сааһылыы сатаабыта Омукка олуона оҥкулу охсубута.
Аттыгар баар айыы дьонун Аһаҕас санаатын аахсыбат буолбута Ааһа баран албыннаталаабыта Айахтарын бүөлээбитэ. Утары саҥарбыты Уодьуганын тардара, Умсары көрбөтөҕү Уорунан салыыра. Атылын аайы аттыгар алтыһа Албыннар ахчараҥнаспыттара, Сөбүлэһэртэн атыны билбэттэр Сөрүөстэ сыста сүөдэҥэлэспиттэрэ. Барахаамыратын аана харан Балыыҥкара сыспыта, Өтүйэ-луом көмөтүнэн Өлүөх киһини өрүһүйбүттэрэ
Киин сир киэнэ килбэйбитэ Тойон сир тотунан туолбута, Тыа сирин тыына кылгаабыта Хонуу сир хомолтото үксээбитэ. Аахсар санааны аралдьытарга Аан дойду уоппутатуһаныллыбыта, Албын кэми аһарынарга Араас ньыма туттуллубута. Биир ыанньыкка Биэс ыанньыксыты тиксэрбитэ, Икки ньирэй тула Ийэ ууһун түмпүтэ. Алта убаһаҕа Аҕа ууһа анаммыта, Биэс уон табаҕа Биис ууһа биһирэмнээбитэ. Биир чуускалаах Биэрмэр бэрдэ буолбута, Оттон чоппуускалаах Орто баай дэммитэ.
Үлэтэ суох буолууну Үс күнүнэн бүтэрбиттэрэ, Туох да муоҕа-чуоҕа суох Турудабыайдары туттарбыттара. Биһирэмнээхтэргэ анаан Бирисидиэнискэй биригээдэлэри, Хатаҕаланааччыларга анаан Хаһаайыстыбалары тэрийбиттэрэ. Бэрт буолар бэлиэлээх Бэлиитикэтин «бэлэм бэлэстэригэр» «Бэйэ дьонугар» бэйэтин аатынан Бэрик-туһах бириэмийэ биэрбитэ.
Абыйаассыйаннан көтүтэн Атын уобаластартан Аттакы сибинньэлэри Аламааска атастаһан аҕалбыта. Халыан ыраах дойдулартан Хамаҕа хаччыга хаастары хамыйан Халымаҕа тийэ тиэйбитэ Хаһаас иэскэ харайтара биэрбитэ.
Аапырыкаттан тийэ ыстыраус кыыл, Аар Бөтөрбүүртэн бөрөпүөлкэ көтөр Алмаастаах дойду алаастарыгар Айыы дьонун абырыы айаннаабыттара. Абыйаассыйаннан туһамматахтар Алмааска тиксибэтэхтэр абаккаран Сибинньэ буолан төрөөбөтөхтөрүттэн Синнэригэр түһэн арыгылаабыттар. Хаһан да Халыманы харахтаабатахтар Хаас буолан айыллыбатахтарыттан Харааста хомойо хастыыта даҕаны Хаанынан ытаабыттара дииллэр. Тэлгэһэ аайы тэрилтэ тэнийбит, Хонуу аайы хонтуора хончойбут. Балаҕан аайы бааһынай элбээбит Баһылык аттыгар бартыбыаллаах үксээбит. Арбаныаҕын арбанааччы, Хайҕаныаҕын хайҕанааччы Орто дойду олоҕун Олус тупсарарга туруммута.
Ардаҕы-самыыры Арҕаһыттан харбаабыта Ыанньыйбыт былыттары Ынахтыы сиэппитэ. Ыйаах таһааран Ытыалаан ыган ыан ылбыта, Кураан сирдэргэ Курулас ардаҕы сатыылаппыта. Өлүөнэ өрүһү өтүү турбанан Өҕүлүннэри тардыбыта, Илин эҥээр диэкки Илгэн кэбиспитэ. Иккилээх оҕо иигин саҕа Инчэҕэй илгэ илигирии тыкпыта Улаатарын диэкки Уолбат ууланарын уураахтаабыта.
Улуус-улуусустунан Унибирситиэттэри уһаарбыта Алаас-алаас аайытын Аспирааннар аалыҥнаспыттара. Халдьаайыларга халҕаһалыы Хандьытааттар хаамсаллара, Бөһүөлэк-бөһүөлэк аайы Бөлүһүөктэр элбээбиттэрэ. Д-уу буукуба дуоктардара Дойду аайы сураҕырбыттара, А-ак дорҕоон акадьыамыктара Аан дойдуга аатырбыттара. Тойоттордоох толооннорго Толору дьоллоох олох Тоҕото олох биллибэккэ Тоҕо күрдьэн кэлбитэ.
Аҕа баһылык алгҕаабыт Ардыгар аттынан ааспыт Алаастарыгар-хочолоругар Арыы сыа аллыбыта. Үлэтэ-хамнаһа да суохха Үрүт-үрдүттэн үлүбээй Үчүгэй да үчүгэй үлүгэрэ Үрдүбүтүгэр үҥкүүлээбитэ Үөрэхтээх эрэ барыта Үөр үөрүйэҕинэн «Үйэлэри курдары көрүүнү» Үөрэтиитэ саҕаламмыта Кириэдьиит диэни Кэмэ биллибэти Кимэ биллибэттэр Кибиргэччи үллэстибиттэрэ. Бүтсүөттэрин дуомун Бүттэлээх оҥорботохтор, Датаассыйа-собуос Дайыымпата элбээбитэ.
Нолуок солуок Ньоҕойун ньоҕойдообуттар, Ньолбоҕортон хонтоҕорго Ньочоото суох көһөрбүттэр. Сиртэн хостонору Ситэн сиэбиттэр, Сири иһиттээххэ Сирбиттэрин бэссибиттэр. Хоруупсуйа хотон Хотун Арассыыйаҕа Хотут-тойот олоҕо Хоруоллуу хончойбут. Чугастааҕыбыт биһиэнэ Чуучалата таайбыта Ыраахтааҕыларга ыгыллан Ынчыктыыра иһиллэрэ.
Сииктээххэ сиэлбит Силиктээх силэ Сиэрэ-туома сиппэккэ. Сиикэй буолбута, Хаардаахха хаампыт Хаарыан сырыыта халтайбыта. Хааһылаабыт хааһыта Хаахтыйан хаалаахтаабыта. Эрэммит кэтэспит дьоннор Эркээйилэрин сүтэрбиттэрэ, Саха туһа санаалаахтар Сайҕанан тарҕанан испиттэрэ. Үөһэттэн туох дииллэрин Үөҕүөхтэрэ да буоллар Үмүөрүһэ-үтүрүһэ сылдьаммыт Үөрэ-көтө күүппүппүт... «Ньууһунньукка сытытыахпыт!» - диэн Ньууччалыы көбүө иһиллибитэ: «Өһүргэннэххитинэ эһиги - өйүүҥҥүлээх эрэ буолуоххут!» диэн
Суоһурҕаныы суодаллааҕа Сурах буолан тарҕаммыта Сааныы киэнэ сараһыннааҕа Сай салгыҥҥа сатараабыта. «Арҕаспытыттан тэһииннээхпит» -диэн Ахчараҥнаспыппыт уурайдаҕа... «Көхсүбүтуттэн көнтөстөөхпүт» - диэн Көнтөрөҥнөспүппүт бүттэҕэ... Көнө үрдүк былаастара Көрдөрбүтүнэн киирэрин Көһүппэтэрбит даҕаны Көмүскэһэрбитин көһөрдөхтөрө. «Чугастааҕыларбыт» бараххаттар Ырааппыттарын сөҕөбүн, Атыыланар-атаҕастанар Аналлаабыттарын үөҕэбин. Олорбутум сыччах Омнуо-омуо да буоллар, Олоҥхолоон бүтэбин Ордугун оҥорон көрөөрүҥ. Сиппэтэҕин силигин Ситтэрдэҕинэ тутуоҕум, Буолбатаҕын хойутун Буллардаҕына туойуоҕум. Үрдүк үтүө өһүөлээхтэрим Үгэ-хоһоон курдуктан Үөҕүллүбүккэ холонон Үөскүтүн таттарымаҥ. Хасыһар-хаахайдыыр идэлээхтэрим Хайдаҕын да иһин Хаарыллыбыкка ханыылаһан Хабырҕаҕытын тыытымаҥ. Үтүмэх санаа Үтүрүйдүн үлүгэри Үөтэр үөйүүм Үөскэттин үчүгэйи!
Кубулҕаттаах кулун тутар 18 күнэ 2000 с. МАС КУБА . Мытищи
Мас куба. СР Постпредствота. Постпред Е.П Жирковка көрдөрдүм. Ол иннинэ Дьокуускайга «Туймаада саҥата» хаһыакка таһаартараары Дьурантайга ыыппытым. Егор Петрович ааҕан баран «иэдэйэ» сыста. Тохтот диэн көрдөстө. Истэн турдаҕына Дьурантайга эрийэн тохтоттум. Кэмэ кэллэҕинэ тахсыа буоллаҕа. Манныгы салгыы сайыннаран суруйохха сөп эбит дии санаатым. Мытищибар төнүннүм. Кинигэбин оҥоро сылдьабын.
|