Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Санаа буолардаах, буолбаттах

Уххан. Итэҕэспитин толунаары (I чааһа)

ИТЭҔЭСПИТИН ТОЛУНААРЫ

Итэҕэл

Итэҕэл итэҕэлтэн төрдүнэн уонна төрүөтүнэн араастаһар. Төрүт аҕа итэҕэл - омугу омук оҥорбут аҕа, ийэ тылыгар, олохсуйбут өйдөбүллэригэр иҥэ сылдьар. Олох майгытыгар - сигилитигэр кубулуйбут буолар. Анаан үөрэппэт этилэр, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук. Бу сах (cаҕыллыы, айыллыы) саҕанааҕы баар аҕа итэҕэл. Орто дойдуга кэлин үөскээбит ийэ итэҕэллэр элбэх үтүктээйи, сомох көрүүтүгэр эппиэттиир элбэх оҥоһуу итэҕэллэри үөскэппитэ. Атыыр уонна тыһы дорҕооннор арахсалларын кэриэтэ өйдөбүллэр үөскээһиннэрэ тус туспа төрүөттээх уонна төрүттээх. Ол сах саҕанааҕы (сакральнай) өйдөбүллэр уус, ойуун туттар өйдөбүллэригэр, олоҥхоҕо, сэһэннэргэ, үһүйээннэргэ, номохторго сөҥөн сылдьаллар. Эргэрбит, туттуллубат буолбут, өлүктүйбүт диир тылларбытыгар сах өйдөбүллэрэ саспыттар. Төһөннөн тылбыт өспүт саҥатыйан, аныгытыйан иһэр да соччоннон тылларбыт илдьэ сылдьар өйдөбүллэрэ чэпчээн, судургутуйан, өҥүн - талатын сүтэрэн иһэр. Итэҕэлгэ биир оннук буолан иһэрэ өйдөнөр суол. Түҥ былыргыны ырыта сатаабакка, күн бүгүҥҥү итэҕэлгэ сыһыаммытыгар сыһыаран туох санаа киирэрин көҥүл дойҕохтуохпун санаатым.
Итэҕэли научнайдык ырытыы, үөрэтии , билинии 19-с үйэ бүтэһигэр саҕаламмыта. Оттон итэҕэл төрүттэрэ киһи аймах үөскээһинин кытта ситимнээх этилэр.
Итэҕэл ис хоһоонугар үрдүк толкуйу (высокий разум) киллэрэр эбит буоллахтарына, киһи аймаҕы үрдүк толкуй үөскэппитэ диэн быһаарыыга итэҕэлбит (айааччы таҥара) олох да эрдэ баара көстөр. Киһи ол айбыт таҥаратын кытта көстүбэт сибээһин, ситимин (сверх естественная связь с божественной сущностью) итэҕэл (религия) быһыытынан теологтар, былыргы бөлүһүөктэр үөрэппиттэрэ. Биһиги омук ол быстыспат ситимин аҕа өйдөбүллэрин билиҥҥэ дылы кутугар-сүрүгэр иитиэхтээн илдьэ кэлбитэ, сахалар сир үрдүгэр үөскээбит биир бастакы омуктар ахсааннарыгар киирэрбитин туоһулуур.
Саха тылыгар үгэс, сиэр-туом, итэҕэл, эрэл , таптал диэн тыллар өрүү бааллара, оттон религия диэн өйдөбүл олох кэлиҥҥи кииринньэҥ буолара мөккүөрэ суох көстө сылдьар. Аҕа итэҕэли үөрэтиигэ, өйдөөһүҥҥэ аҕа өйдөбүллэри билии наада. Оттон аҕа өйдөбүллэрин бүгүҥҥүгэ дылы илдьэ сылдьар омуктар ахсааннарыгар саха омуга киирсэр. Биһиги төрүт өйдөбүллэрбитин кэлин үөскээбит атын омук кииринньэҥ өйдөбүллэринэн үөрэтэн билэ сатааһыммыт ыарахаттары үөскэтэр, тэйитэр.
Биһиги баһылааһын, эбэтэр, биир итэҕэли атын итэҕэлинэн солбуйуу түмүгэр омукка тастан соҥноммут кииринньэҥ итэҕэл (иитийэх итэҕэл) баһылыыр кэмигэр олоробут... Бу кэм уһуур чинчитэ суох.
Билиҥҥи кэм - саха итэҕэлин үөрэтии уонна билинии киэҥ аартыкка тахсаары турар кэмэ. Киһи аймах оҥоһуу итэҕэллэр киһи аймахха аҕалбыт иэдээннэрин өйдөөн эрэр. Айылҕа бэйэтэ өйдөтүөҕэ. Хаама сылдьар таҥаралар кэмнэрэ ааһан, Айбыкка, айылҕаҕа итэҕэйиигэ төннүү иһэр. Оччолорго саха кэмэ кэлиэҕэ.
Айыы киһитэ бу орто дойдуга итэҕэс, аҥаар оҥоһуулаах түһэр. Кини олоҕун устата аҥарын булунарыгар, итэҕэһин толорунарыгар күн баҕалаах, ылгын ыралаах. Ол кини Дьылҕата (Дьылынан ылҕаныыта), Ыйааҕа (ыйынан ааҕыллыыта). Оҥоһууттан, Дьылҕаттан ,Ыйаахтан ордубута, бэйэҥ оҥосторуҥ — ТӨЛКӨ — төрүөхтэн өлүөххэ дылы олоххун бэйэҥ оҥостууҥ.
Одун оҥоһуулаах айыы киһитэ дьылҕатын, ыйааҕын быһыытынан, итэҕэһин толорунаары ханна эрэ, кимиэхэ эрэ, туохха эмэ, кини баарыгар, күүһүгэр ,кыаҕыгар эрэнэн, таптаан итэҕэһин толунар.
Ол аата (Таҥар Аар) Таҥараны таларбытыгар биһиги бэйэбит дьылҕабытын, олохпут оҥоһуутун, ыйаахпытын талабыт, төлкөбүт түөрэҕин быраҕабыт. Итэҕэли, религияны талыы киһиэхэ, омукка тыын дьылҕа ыйытыга буолар.
Ол киһи айылҕатын көҥүлэ.
Оҥоһуу, Ыйаах, Дьылҕа, Төлкө боппуруостара, бу - олох ТЫЫН боппуруостарын ахсааныгар киирэллэр. Тыын быһаарыллыыта- тус бэйэ эрэ быһаарар быһаарыныыта. Атын киһи тыынын, атын омук тыынын туораттан быһаарар да күүһүлүүр да улахан аньыы. Айылҕаттан, таҥараттан киһиэхэ бу боппуруостарын быһаарынарыгар КӨҤҮЛ диэн турук бэриллэр.
Бу көҥүл туругу күөмчүлээбэт туһугар КИҺИ, ОМУК БЫРААБА диэни олохтообуттара. Итэҕэл көҥүлү кытта быһаччы ситимнээх.
Итэҕэл төрүттээх, төрүөччүлээх, удьуордааһыннаах, уруулаах, айбыттаах, аймахтаах. Хаанынан бэриллэр, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ көһөн, үгэс буолан үүнэн иһэр.
Бары билэрбит курдук биһиги сахалар үгэстэргэ олоҕурбут аныгы өйдөбүлүнэн религия таһымыгар тахсыбатах үрдүк итэҕэллээх, Айыы таҥаралаах омукпут. Итэҕэли араастаан өйдөөһүн баар. Холобур ойууннааһыны, ойуун , ичээн хомуһунун итэҕэйии - бу үрдүк Айыы итэҕэлэ буолбатах. Айыы итэҕэлин алларааҥҥы таһыма уонна өйдөбүлэ атын. Холобур провославиеҕа аҕабыыты бэйэтин таҥара диэбэттэрин кэриэтэ, айыы ойуунун, алгысчыты бу Айыы бэйэтэ кэлэн турар диэн итэҕэйбэппит курдук. Кинилэр үрдүк эйгэ уонна биһиги илэ олохпут эйгэтин кытта ситимнээччилэринэн, кэм кэрдии (время, пространство) икки ардынааҕы бэриэччиттэринэн, тылбаасчыттарынан буолаллар.
Ойуун, алгысчыт, аҕабыыт, имам да буоллун - биһиги ортобутуттан үөһээҥҥи эйгэттэн талыллан икки эйгэни ситимниир бирэстэбиитэллэр, подданнайдар кэриэтэлэр. Кинилэр үлэлиир дьиэлэрэ Хараан (подданство) диэн.
Наука, баар буолуоҕуттан, араас терминнэри үөскэтэн итэҕэли элбэх хайысхаларынан арааран үөрэппитэ. Итэҕэйээччи бэйэтэ өйдөөбөт араас дьаралыктарын сыһыарбыта. Айыы итэҕэлэ онтон тутулуга суох бэйэтэ бэйэтигэр итэҕэйээччитин кутугар-сүрүгэр уйаланан кэлбитэ. Суругунан суруллубут малыыппалара суоҕа, ол наадата да суоҕа. Тоҕо диэтэргит биһиги итэҕэлбит, олохпут ис хоһоонугар, тылбытыгар өспүтүгэр, хааммытыгар иҥэ сылдьара. Киһи бэйэтин олоҕуттан итэҕэл бу сылдьар диэн туспа арааран этэр да кыаҕа суоҕа.
Тыһыынчанан сылларга, үтүмэн үйэлэргэ, итэҕэл үөскүөҕүттэн биһиэхэ оннук этэ. Төһө эмэ атын баһылыыр религиялар, суурайа, бобо, билиммэт буола сатаабыттарын үрдүнэн. Ол биһиги омук быһыытынан духовнай күүспүт, историческай саамай улахан ситиһиибит буолар.
Билигин сүүһүнэн сыллардаах бутуйуу, бобуу кэнниттэн, омук бэйэтин сирэйин булунарыгар сурукка тиһиини, үөрэтиини, уһуйууну кэм бэйэтэ ирдиир. Ол наадатыгар Харааннаныы, мин бу маннык итэҕэллээхпин диэн аан дойдуга, бэйэлэрин итэҕэллэринэн, баһылаан олороллорунан туһанан суурайа сатааччыларга, наукаҕа дакаастыырга, бэйэ быраабын туруорсарга хайаан да наада буолла.
Кэлин, бастаан үөскээбит төрүт үгэс итэҕэлтэн тирэнэн, омук-омук үөскээһинигэр, сайдыытыгар, сомоҕолоһуутугар, империялар тэриллиилэригэр олоҕуран религиялар үөскээ-биттэрэ. Государстволар, империялар үөскээһиннэрэ итэҕэли (религияны) кытта быһаччы ситимнэммитэ. Религия государствоттан арахсыбыта дииллэрэ туос сымыйа дойҕох буо-лар. Кинилэр биир биирэ суох сатамматтар. Государство тэриллиитэ, уруулуу омуктар сомоҕолоһуулара, араас атын да куомуннаһыылар, итэҕэл - государство тыына (дух) политика тыына буолар таһымҥа тахсыбыт РЕЛИГИЯ-ҕа олоҕурара. Баһылыыр култууралаах омук религиятын сомоҕолуур идеологияларын духовнай төрүтүнэн оҥороллоро.
Религия диэн омук тыынын (дууҕун) сиэркилэтэ. Биһиги үгэстэргэ олоҕурбут итэҕэлбитин религияҕа буолбакка (верова-ние) язычество диэҥҥэ киллэрэллэр.
Язычество хас биирдии омук уратылаах аан дойдуну анаарыытыгар олоҕурар. Кини аан дойду тутулун, куйаарга дириҥ долоҕой (память) толкуй (разум), күүс, тыын баарын уонна биһиги олохпутугар дьайарын айыылар (таҥаралар), иччилэр, абааһылар нөҥүө көрдөрөр. Киһи уонна куйаар толкуйун дьүөрэлии тутар. Язычество сүнньэ биирин иһин, хас биирдии омук чопчу уратылаах өйдөбүлүгэр, үгэһигэр олоҕурар. Саха, бурят, хакас о.д.а, үгүс хоту, сибиир омуктара итэҕэллэригэр бэйэлэрин эрэ омуктарын уратылаах көрүүлэрин илдьэ сылдьаллар. Кинилэр итэҕэллэрэ олохторун ис хоһоонугар, куттарыгар-сүрдэригэр, толкуйдуур ньымаларыгар, тылларыгар-өстөрүгэр иҥэ сылдьар.
Христианство омук уратытын көрбөт, аан дойду тутулун, куйаар ситимин үөрэппэт, кини сүнньүнэн, Иисус диэн киһи ханна сылдьыбытын, кимиэхэ туох диэбитин ойуулуур уонна ону итэҕэйэргэ ыҥырар. Биир итэҕэлгэ барыны бары сомоҕолуу сатыыр, айылҕаны кытта дьүөрэлэһэр көҥүлү утарар. Христианнар таҥараларыттан уонна өлүүттэн куттанар эбит буоллахтарына, язычниктар абсолютнай өлүү диэн суоҕун, олох атын көрүҥүнэн салҕанарын, ийэ кут саҥаттан төрүүрүн итэҕэйэллэр. Кинилэр итэҕэллэрин иһигэр көҥүллэр.
”Научное мировоззрение” диэн наука бэйэтэ туспа кумааҕыга дакаастаммыт, ураты “библиялаах” религияны (на-учнай итэҕэли) төрүттээбитэ. Ардыгар науканы бары религиялары, итэҕэллэри утары туруораллар. Наука эрэ кырдьыгы, (правда) дьиҥи (истина), чахчыны (факт) этэр диэн буолар. Наука дакаастаабытын эрэ итэҕэйиэххэ сөп дииллэр. Наука сыта да суох эрдэҕинэ итэҕэл баар эбитэ эбээт. Саха итэҕэлигэр наука улаханнык өтөн киирэ илик. Фольклор, этнография предметин быһыытынан үөрэтии син баар. Оттон итэҕэл быһыытынан үөрэтии таһыма олох кыра.
Уонтан тахса сыллааҕыта биһиги, “Саха кэскилэ” НДХ, “Кут-сүр” кыһа омук төрүт өйүн санаатын, үгэстэргэ олоҕурбут итэҕэлин үөрэтииннэн дьарыктанар отделы ТЛИНЧИ иһинэн астара сатаабыппыт кыаллыбатаҕа. Маннык киин баар буоларын күн бүгүнүгэр дылы туруорсуу бара турар. Төрүт өйү-санааны, аҕа өйдөбүллэри үөрэтэр (сэһэн) киинин тэрийиини президент М.Е.Николаевка, (кэлиҥҥи салалтаҕа эмиэ ) туруорсубуппут, өйөммөтөҕө. Бэйэлэригэр сөптөөх Духуобунас академията диэни тэрийбиттэрэ, санааларыгар республика норуоттарын биир православнай сүрүҥҥэ киллэрэр политиканы ыытарга сыаллаабыттара. Норуокка биллэр көстөр дьон, онно киирэн, Герман аҕабыыт уонна Суорун Омоллоон дьөһүөлдьүттэринэн буолбуттара. Духовнай сэлээрчэхтэр биллэн турар, баһылыыр политикаҕа ньыла көтөн бэйэлэрин олохторун тупсарыммыттара. Арчы дьиэтин киин оҥостоору “Саха кэскилэ” уонна “Кут-сүр” уонча сыл туруорсубута. Бу национальнай политикаҕа кубулуйбута. Быыбардарга туһаныллыбыта. Арчы дьиэтэ тутуллуутун утараары Герман аҕабыыт сахалары сирэйэ хараҕа суох үөҕүтэлээн кэбиспитэ, дьиҥ сирэйин көрдөрбүтэ. Мэр Михальчук эрэннэрбитин курдук туттарбыта. Ол эрэн диэххэ, бу Арчы дьиэтигэр “Кут-сүрдэри” чугаһаппатахтара. Култуура дьонун олордубуттара, кулуупка кубулуппуттара. Ис хоһоонун уларыппыттара. Манна итэҕэли научнай өттүнэн үөрэтии да, норуот төрүт өйүнэн санаатынан дириҥник утумнаахтык дьарыктаныы да суох. Саамай хомолтолооҕо диэн бу кулууп үлэлээх дьиэни саха омугун итэҕэлин киинин курдук көрдөрүү, өйдөөһүн баран эрэр.
Ол эрэн наука государство сакааһын толорор , киниттэн быһаччы тутулуктаах иниститут буоларын быһыытынан ,итэҕэл боппуруоһугар “научнай религияннан” эрэ дьарыктанар. Науканы эрэ итэҕэйэр, наука - биһиги таҥарабыт диэччи элбэх.
Государство тэринэр омук бэйэтин дьылҕатын - бэйэтин таҥаратын таллаҕына эрэ сатанара. Религияны мэлдьэһэр коммунизм идеята бэйэтэ дьиҥнээх религияны үөскэппитэ. Коммунизм, баһылыыр тутул бэйэтин таҥаратын хайдах булунарын уонна атыттарга соҥнуурун чаҕылхай холобурунан буолбута.
Биһиги ортобутугар олоро сылдьыбыт таҥаралардаах (Уйбаан, Маарыйа, Киристиэс, Майыһыай Мухаммед, Маркс, Ленин, Сталин уо.д.а.) религиялары, научнай религияны уонна биһиэнин курдук Дьүһүлгэн Айыы Таҥаралардаах төрүт үгэс итэҕэллэри тэҥнии тутан сыаналыыр да, куоталаһыннарар да араас өрүттээх дии саныыбын. Кинилэр таһымнарын, киһи аймах өркөннөөх сайдыытыгар суолталарын, билиҥҥи олоххо, кэлэр кэмҥэ миэстэлэрин киһи аймах уопсай инники хардыыта эрэ көрдөрөр кыахтаах.
Ханнык эмэ тутул, сомоҕолоһуу, түмсүү тэрийэргэ анаан былаас, куттал, сурук-бичик, үп-харчы көмөтүнэн кэлин үөскээбит религиялар, секталар, араас буккадаһык итэҕэллэр бары, киһи, омук ис-тас көҥүлүн, быһарга, быраабын баттыырга, сирдээҕи кимтэн, туохтан эмэ быһаччы тутулуктаах буоларга тийэрдэллэр.
Аан дойду үрдүнэн үөскүү турар араас тэриллиилэр киһи ис көҥүлүн баттааһыннара, үксүгэр, күүс өттүнэн, эбэтэр күһэйии көмөтүнэн холбоспуттарыгар, холбоһон да баран ис тутулларыгар дьүөрэлэһии, алтыһыы да буолбакка, сомоҕолоһуу принцибын тутуспуттарыгар сытар. СОМОҔОЛОҺУУ хайаан да ис тус көҥүлү кумалаан, учугэйи-куһаҕаны, мөлтөҕү куустээҕи буккуйан биир, бу кэмҥэ баһылааччыга наадалаах сомоҕону (империяны) оҥорон таһаарар оҥоһуулаах (нацизм, коммунизм о.д.а.).
Оттон дьуөрэлэһии, алтыһыы - айылҕа чэлгийэр, сайдар бириинчигэ. Манна естественнэй отбор дьаһайар (төннөр төрүөх принцибэ). Айылҕаҕа үүнээйи, үөн-көйүүр, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр тэҥҥэ, кэккэ дьүөрэлэһэн, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон, солбуйсан биэрэ, оҥоһууларынан, аналларынан бары эйгэни бары тэҥҥэ баһылаан олороллорун кэриэтэ.
Айыы итэҕэлэ киһи тус бэйэтин иһигэр, айылҕаны кытта дьүөрэлии буоларын, олох бүппэт ситимнээҕин кэрэһилиир. Оннук олорорго үөрэтэр, ким да көҥүлүн быспат, былдьаспат.
Айыы итэҕэлэ биһиги өрөгөйдөөн олорор, самнан, кэхтэ да сылдьар кэмнэрбитигэр баар этэ. Дьиҥ сахалар итэҕэлинэн дьүһүн кубулумматахтара. Айыы итэҕэлэ баһылааччы итэҕэлгэ баттатан, суураллан мөлтөөн-ахсаан сылдьыбыта, сылдьара баар суол. Орто дойду уһук хотутун, тыйыс айылҕатын баһылаан ааппытын ааттаппыт Сахабыт сирин ийэ дойду оҥосторбутугар Айыыларбытыттан атын таҥаралар суохтара. Айыыларбыт, иччилэрбит көмөтүнэн, кинилэргэ үҥэн-сүктэн бу дойдуга биһиги киһи-хара буолбуппут. Ону хайдах барытын туора сотон, сахалар 100% православнай итэҕэллээхтэр диэххэ сөбүй?!
Итэҕэли уонна государствоны, норуоту уонна былааһы ситимниир КУЛТУУРА (киһи кутун туурата) диэн духовнай араҥа баар. Ханнык баҕарар култуура бэйэтин итэҕэлиттэн төрөөбүт тылынан үүнэн тахсар айылгылаах. Онто кини төрүт култууратыгар, тылыгар- өһүгэр ырылхайдык көстө сылдьар буолар.
Манна омук уратылаах аан дойдуну анаарыыта, үчүгэйи куһаҕаны араарыыта көстөр. Манна толкуйдуур, сыымайдыыр, сылыктыыр, билгэлиир, таҥхалыыр киэҥ анаарыылар сэһэннэрэ, сүбэлэрэ, көмөлөрө баар.
Биир омукка ытыктанар үгэс, атын омукка сиэргэ баппат быһыы курдук сыаналанара, көрүллэрэ - итэҕэл итэҕэлтэн, култуура култуураттан уратытын арылхайдык көрдөрөр.
Бу култуура хайысхата төрдүн диэкки дуу, кэлии баһылыыр култуура диэкки дуу? Тыла-өһө хадаҕый? Омук, норуот бэйэтин көҥүлүн төһө тутан олороро, барҕаран эрэрэ эбэтэр төһө баһылаппыта, суураллыбыта тылыгар, култууратыгар көстөр.
Омук үгэс култуурата (традиционная культура) билиҥҥи баһылыыр култуураҕа хайдах дьүөрэлэспитэ, омук бүгүҥҥү туругун сыаналааһыҥҥа төрүт буолар. Биһиэхэ төрүт култуурабыт таһыма биһиги Айыыбыт итэҕэлин таһымын ырылхайдык көрдөрөр. Духуобунай сайдыы таһыма манна сытар.

Салгыыта...

Category: Санаа буолардаах, буолбаттах | Added by: uhhan (2007-10-20)
Views: 5672 | Rating: 4.0/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024