Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Санаа буолардаах, буолбаттах

Уххан. Сырдык күлүк

Киһи  барахсан,
   киэҥ  куйаар
      кээмэйигэр
         эмиэ  да кыра,
            эмиэ  да улуу
               айымньыгын.
Эн ааспыт,
   кэлэр  үйэлэри
      ситимниир  долоҕой
         эркээйилээх  эҥээрдэригэр
            эҥсиллэҕин.
Орто дойдуга
   олох буолан
      хатыланан эргиллэн
         кэлэ турар
            добун  долоҕой
               дуораанаҕын!
Эн, Киһи -
   үрдүк  айыылар
      сиргэ  силигилии түспүт
         сырдык  сыдьаайдарын
            күлүгэ буолаҕын!
Эн,ааһар олох айанын
   мэҥэһик айанньытаҕын,
      бу сиргэ төрөөн  өлөн
         төннөр айылгылаах
            күн сирин
               ыалдьытаҕын!

* * *

               Айыы киһитэ барахсан
            айааччыҥ эйиэнэ,
         түһүүлэнэн кэлбит сирэ,
      түһээн тиийбэт
   түҥ ыраахтан,
- Далай Куйаартан.
         Эн, Айар Таҥар Аар
      сиргэ сэтэрийэр,
   сириэдийэр  силигилиир
санаатын толороҕун.

* * *

Күн Күбэй хотун
   олох төрдүн ууһатаары
      талыыта киирэн
         татаккайданнаҕына,
Умайар уот таһаатыттан
   ытыыр сындыыс
      сиэмэ-сулустар,
         аҕа халлаантан
            ыанан таммалаан
               Сир ийэҕэ түһэллэр.
Сырдыы умулла
   субуруһа тохтон,
      кут буолан кутуллан
         Оҥоһуу, Дьылҕа,
            Ыйаах суолунан
               орто дойдуга
                  олох кыымын саҕаллар,
Сир ийэҕэ
   тыынар тыыннаах
      кута буолан,
         тылла үүнэллэр.
Ол куттар
   орто дойдуга
      оҥоһуу быһыытынан
         олохторо бүтэн,
            сулустар долоҕойдоругар
               сурахтарын хааллара
                  сууралла төннөллөр.

* * *

Бүппэт эргиир,
   быстыспат ситим,
      туруу барааҥҥа
         сэтэрээһиннээх, сэлээннээх
            ылгын айанын
               тохтоон хаалбат тоорохойо,
                  бүтэн хаалбат салааһына,
                     эн-айыы киһитэ буолаҕын!

* * *

   Кэмэ суох элбэх
      Кэм- кэрдии
         кээмэйин билэр,
            бу орто дойдуга суох.
   Киһи эйгэтэ, ыыра атын,
      элбэх атын эйгэ
         ыырын арда эмиэ атын...

* * *

               Эн, буор куттаах
            бороҥ урааҥхай
         бэйэҥ эйгэҥ
      дуолун баһылаа!
               Бэриллибит Дьылҕаҥ
            ыра санаалаах
         ыырдарын сааһылаа!
               Сирдээҕи олоххун
            сириэдийэр үөрүүннэн
         силигин ситэрэ
      симиттибэккэ симээ!
               Кэлэр кэмиҥ
            кэтэһиилээх кэрдиитин
         кэскилинэн кэрэһилии
      кэрэҕин кэҥэттин!
               Өлөн баран
            өскө тиллэргин,
         сүтэн да баран
      сүр-кут буоларгын
   сүөлүргээбэккэ санаа!
               Айыы сиригэр
            ахтылҕан буолан
         айбыккар төннөргүн
      ааспакка, арахпакка
   аттара анаар!
               Эн эмиэ
            эргиллиэҥ,
         бу, орто дойдуга
      олох олоро!
   Дьылҕа Хаан
ыйааҕын толоро!

Уххан.  12.12.2003.

srdk

Category: Санаа буолардаах, буолбаттах | Added by: uhhan (2007-10-24)
Views: 2631 | Rating: 5.0/3 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024