|
Уххан. "Арыгы абааһыта"
|
|
Илэ өйдөөх итэҕэстийэн эбитэ дуу Итириктиир буолуоҕуттан ылата, Арыгы абааһыта үөдүйэн, тарҕанан, Айыы дьонуттан арахпакка алтыспыт.
Ыарыы, быһымах өлүү-сүтүү, дэҥ-оһол, Төрүөттэригэр бигэтик олохсуйбут. Кыдьык, дьаллык төрүттэрин туойбут, Эстэр-быстар төрөппүтүнэн буолбут.
Арыгы, ас бастыҥын аатын ылбыт Айхал, Уруй арыгыта суох ааспат эбит. Өлүү-сүтүү өйдөбүлэ арыгынан туолбут, Кыра да үөрүү, хомолто онно кыттыбыт.
Тутахсыйбыты, туоххаһыйбыты, тулаайаҕы Туохтан да үчүгэйдик эмтиибин дэммит. Босхо бас буор урааҥхай эрэйдэммит Кутун-сүрүн арыгыга ууран биэрбит.
|
|
|
Алҕанар, аһарынар, итэҕэһи оһорунар Арыгы ас бэрдэ буола атыылана сылдьан, Хас ыал, хас дьиэ аайы киирбит Хас киһи, хас холумтан аайы иҥмит.
Хара санаалаах, Харчы таҥаралаах Халыан үйэ тас дьиҥэр, ис чиҥэр тийбит. Арыгы абааһыта кимин-тугун аахсыбакка Барыбыт санаатын, сүрэҕин баайбыт.
Ити барыта, илдьэ иһэр иэдээн олохпут Итэҕэһи толорунар итэҕэлбит суоҕуттан. Айыы дьонун араҥаччылыыр аналлаах Айыыбыт үөрэҕин атарахсытыыттан.
Айыы дьонун, айыы аһылыгын ахсааныгар Арыгы абааһытын киллэрбиппититтэн. Сатарыйбыт саламта сахатын туһунан, Сарсыҥҥыны, саараама санаабатыттан.
Бэйэ-бэйэбитин сатаан салайбаппытыттан Отуора хамсыыр олохтон сылайбыппытыттан. Кимиэхэ да, туохха да итэҕэйбэппититтэн Кэлэр кэскилгэ кэмэ суох эрэммэппититтэн.
Сахам сирин саамай улахан абааһыта Сатарытара, самнарара кимий диэтэргит Ол, олоҕун сүтэрбит бэйэбит санаабыт, Ол, олоҕун булбут-Арыгы абааһыта!
|
|
Category: Санаа буолардаах, буолбаттах | Added by: uhhan (2008-04-13)
|
Views: 3033 | Comments: 2
| Rating: 5.0/1 |
|
Total comments: 2 | |
2
Githa
(2012-01-06 21:03)
All of my questions seltetd-thanks!
|
1
Саха уола
(2008-04-27 19:59)
Арыгы биґиги олохпутугар ыган киирбитэ кырдьыктаах суол. Бу САХА эстэр суола. Саамай сіпкі суруллубут!
|
|
|
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 14 Ыалдьыттар (гостей): 14 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|