|
|
КЫРДЬЫК УОННА СЫМЫЙА
Кырдьык - күн утаҕын курдук - сырдык! Кини кыайдаҕына үөрүүбүттэн ытыыбын. Кырдьык - харах уутун курдук - амарах аһыы... Тулабар албын кэлиитэ - мин күнүм киириитэ Туос сымыйа кыайыыта - күнүһүн түүнүм кэлиитэ. Онтон хомойон ытыыбын, Хараҕым уута хоргутар аһыы... Сымыйа - күн сырдык сыралҕаныгар умайбатын, ууллубатын сөҕөбүн!
Өркөн өйтөн
өлбөөдүйбэтин
көнө санааттан
көммөтүн көрөбүн. Күнүс уонна түүн, кырдьык уонна сымыйа... Эмиэ да дьэҥкэ, эмиэ да мунаах... Биһиги, күнү-түүнү эндэппэккэ араарабыт, Оттон, кырдьыгы - сымыйаны бутуйабыт. Ол да иһин, бэйэлээх бэйэбит олохпутугар мунабыт. Дьэ уонна кимиэхэ сирдьит буолуоҥуй, суолдьут аатырыаҥый?
Сымыйаҥ кырдьыга
сытыппыт кыдьыгар, Бэйэҥ бэйэҕэр, харааччы мунан бараҥҥын, Кырдьык диэн, туос сымыйаны тутан тураҥҥын! Эн түүнүҥ үөһүгэр, сымыйа кыайар үгэнигэр, Сүрэххин өҥөйөн көрбүтүҥ дуо? Тойон сүрэххэр кырдьык тымтыга, Сымыйаҥ түүнүгэр кыламныыра буолаарай? Кыламныыр кыым кырдьыгыҥ тымтыга Хотуулаах айаныҥ суолун ыйаарай.
2003 сыл
|