Һахалар иһэллэр
Мөҥүрүөн мөҺүлгэлэр мөхсүүлэриттэн мүлчүрүйэн Һүүһүнэн үйэлэр Һүрэхтэригэр һүүрүгүрэн Тыһыынчанан һыллар тыыннарыгар тырымныы тыллан Ыйдар хонуктар ыырдарын сыыйа батан Һах һаҕаттан Һааһыланан һалҕанан Һаарын, һаҕыл һахалар Һайар күн һардаҥатын бата Һалыйбат һаргыларын һалайа
Һахалар иҺэллэр Һахалар иҺэллэр.
Айар халлаан диэн анал амарах аҕалаах Аан Алахчын диэн Һиргэ һилигилиир ийэлээх Күн утаҕыттан күрүлүүр күүстээх, һэниэлээх Һир һибииртэн Һитэн кэлэр һиилэлээх Ырыллар ыйыллар ылгын айан ыйаахтаах Айыы күн Таҥар айар таҥаралаах
Һахалар иһэллэр Һахалар иһэллэр
Тураҥ буорга тунах һиэмэ тула ыҺан Кур кунуска куту- Һүрү курдары кутан Үүнэр үөскүүр үөрүйэҕин үөтэн, үөрэтэн Айар тутар алыптаах алгыҺы этэн Айылҕа дьүөрэтэ айгыр Һилик айылгылаах Аймах уруу айыы дьоно диэн ааттаах
һахалар иһэллэр һахалар иҺэллэр.
Үүнэр уйэ үүнүн көрдөөн булан Көҥүл кэм көнтөҺүн илиигэ тутан ТэҺии кэрдии тэҺиинин ыга ылан Һулумах Һулуска Һулар Һанаа кэтэрдэн Айанын Һуолугар араҥас эркээйи оҥостон Кэлэр кэмнэр кэрэ кэскиллэрин уһанса
һахалар иҺэллэр һахалар иҺэллэр.
Орто дойду оргуйар отуор олоҕор Одунтан оҥоҺуулаах Чыҥыс Хаантан ыйаахтаах Киһи аймах килбэйэр киин киэнигэр Дьон сэргэ дьонтойор дьолуо дьоһуунугар Дьоһун билиилээх Дьылҕа Хаан бэлиэлээх Һатабыллаах һанаалаах Һаҕыллар һалҕанар Һаҥнаах
һахалар иҺэллэр һахалар иҺэллэр.
2000 Һыл бүтүүтэ- 21-с үйэ үүнүүтэ
Уххан.
Тыа сирэ бараххан!
Јбµгэ ійдібµлэ, тірµт тµґµргэнэ
Ґµнэр кілµінэ µіскµµр биґигэ
Кэлэр кэскили кэрэґиттиир
Саныыр ахтар сахам сирэ !
Иэйиэхситтээх ийэкэ дойдукам
Айыылардаах айбыт халлааныгым
Тіріін тіннір тілкілііх тµґµлгэм
Тіліґµйэр µіскµµр тµбэтµілбэм!
Хоргун ходуґа±ар , киэІ хонуугар
Хоро±ор муостаа±ым мунньустар
Аралы алааскар, сыыйыы сыґыыгар
Сыыспай сиэллээ±им сыбыытыыр.
Арыыннан аллар, этинэн эмсэхтиир
Ахтар саныыр тыам сирэ бараххан,
Абыраллаах айыл±а, иэйиилээх эйгэ
Эн эрэ, тіріібµт сирим буолла±ын!
Омук дэнэр ордуктаах сурахпар
Орто дойдуга олохтоох сирдээхпин,
Киґи дэнэр килбиэннээх ааппар
Уу сахалыы ураты тыллаахпын.
Ханна баран кимиэхэ тийэн
Эйигиттэн ордугу мин булуомуй
Кими киллэрэн, кимиэхэ атыыланан
Айыы киґитэ сахабын дэниэмий ?
Тылбын умнан, µгэспин тумнан
АтыІІа сууралла хайдах сайдыамый
Јйдібµлбµн і±µйэн, ітіхпµн µі±эн
Тірµт олохтоох омук аатырыамый ?
Ханна да, хаґан да буолларбын
Харыґыктаах хаарыан харысхалым,
Тупса туругур, сайда саргылан
Тыын угар тыам сирэ бараххан!
2005 с.
***
Тыын угар тыа сирэ бараххан,
Аскын µілгµн а±ынным аххан!
СириІ аґа ситэн дьэ буста,
ҐµнµµІ, быйаІыІ дьэ тубуста!
Уххан
ЭР КИ¤И ЫРЫАТА.
Улар мэник саастартан
уол о±о сахтартан,
Эргиччи эдэр эрдэхтэн,
эр бэрдэ буоларбар
Элбэх эІээри тыырбытым
эІинэ тэгили тыыппытым.
Эр ки¤и буоларбар
элбэх µірэ±и ааспытым,
Этиллэри, этиллибэти
эт - хааммынан билбитим.
Јйµм сµрэ±им міккµірµн
і¤µлэр сµбэни булбутум.
Онтон атына буоллар
олоруом суох этэ билигин,
Олох долгунугар о±устаран
оломун булбакка тимирэн,
Суохха ,сурахха суураллан
сытыам этэ сытыйан.
Эдэр сэнэх эрдэхтэн
эриирдээх суолу туппутум,
Эппэт кэлэ±эй кырдьыктан
эппиэтин эрэйэн турбутум.
ЭлэІниир тулалыыр кыдьыкпар
эмник сµрэхпин эмтэрбитим.
Иитиллибит ийэ дойдукам
итэ±эстэригэр иІнибитим,
Тулалыыр дьонум – сэргэм
ту¤алыыр іттµн туппутум
Айбыт айыл±ам суугунун
ахтар саныыр буолбутум.
Саха ту¤а санааннан
салайтараахтыыр да этим,
Сатаммата±ы сатаары
саакка - суукка да киирбитим
Сыллар аастарын кэннэ
сылыкка, сыана±а тийбитим.
Эр ки¤и буолбут ааппар
эт илиибинэн дьиэ туппутум,
Табар сыы¤ар олохпор
таптал диэни билбитим.
Татаар саха тылбын
талбыппынан имиппитим.
С.А.Зверев Кыыл Уола
Сарсын сарсын сарсыарда
(Бу ырыатойугу Кыыл Уола тылыгар да
толоруллар ньыматыгар да 4-5 кірµІµнэн
толороро. Ол онтон бу биирдэстэрэ)
Сарсын сарсын сарсыарда
Сайар халлаан сарыыта
Сандал кµнµм тахсыыта
Салгын сиигэ кітµµтэ
Субу субу томторго
Тµґµлгэлии тµспµт ньии
Эґиэкэйдиир дьиэрэйбит
Оонньуу-кµлµµ оло±урбут
Сарсын сарсын сарсыарда
Уруй туску олорбут
Саргы-дьаалыы сатараабыт
Субулуура томторбор
Хойут кэнэ±эс кірдіххі
Ача кµі±µм лаглайыа
Тор±олордуу торолуйуо
Дьонум сэргэм то±уоруйуо
Сарсын сарсын сарсыарда
Хатан хабараан халлаантан
Халыар тымныы халыйан
Тиийэхэйдээн кэлиэ±э
Хаардыыр ма±ан барахсан
Бµрµйбэхтээн ааґыа±а
Минниириктиир барахсан
Ґгµс дьылга мµккµллэн
Хаардыар ма±ан баттахтанан
Алтан араІас уІуо±ум
ТаІхасыйан хаалыа±а
Сарын сарсын сарсыарда
Оннуур ини курдук дуу
Дьыллар кµннэр солбуллан
Ааґа бара туруохтара
Кµігэлдьийэр сайыммыт
Кыґынынан солбуллан
Кырыа хаарынан µллµктэнэн
Ааґа бара туруо±а
Олох да±аны итинник.
Сарсын сарсын сарсыарда
Минниириктиир барахсан
Тµґµлгэни тірµттээн
Баардыырыктыыр норуоппар
Ыллыам туойуом биллибэт
Кэрэ кэрэ кэнчээри
Кэскиллээхэй оло±ор
Мэлдьи мэлдьи кэлэммин
Кэккэлэґиэм биллибэт.
Сарсын сарсын сарсыарда
Минниириктиир барахсан
Кэнэ±эски ба±ар дуу
Очуос µіґээ олороммун
Туойан ыллаан доргутуом
Ба±ардыыра минниирэ
Саалыыр атым барахсан
Ар±аґыгар хатанаммын
Аанныыр ийэ дойдубар
Кэлэр кэлэр кэнчээри
Ыччаттарбар да±аны
Дьоллоох оло±у туойуо±ум.
Аанныыр ийэ дойдубар
Кітµппэхтээн сылдьыа±ым.
Сарсын сарсын сарсыарда
Ба±ар минниир барахсан
ТоІнуур тоho±о тібітµгэр
Лоокуут буолан чоргуйан
Ааґыам ба±ар да±аны
Кэлэр икки µйэккэм
КиэІниириктиир кэскилин
Кэрэтин туойуом ба±ар мин
Тірµіх ыччат барахсан
Тілкікітµн тірµттээн
Тµстээн туойуом ба±ар дуу.
Сарсын сарсын сарсыарда
Минниириктиир барахсан
Кэнчээри ыччатым
Кэскиллиирин тустарын
Тµстэтэлээн биэрэммин
Уруй айхал этэбин.
Арахпаттыар гына да
Ал±аталаан силэйдим
Буолуунуктуор ба±ар дуу
Сарсын сарсын сарсыарда.
|