Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Сиэркилэ

МИН ҺАХАБЫН!
 

МИН ҺАХАБЫН!

Арҕаһыттан тэһииннээх   
Айыы хаан аймаҕа - мин!
Көхсүттэн тэһииннээх      
Күн улууһун оҕото - мин!
Үс куттаах                  
Үтүө-мааны һаха - мин!

Мин һахабын -
          аймах-билэ дьоммунан!
Мин һахабын -
          төрөөбүт Ийэ дойдубунан!
Мин һахабын -
     һаха дэнэр омук баарынан,
            кини тылынан-өһүнэн!
Мин дьиҥим,
               мин чиҥим - хааммар!
Мин бэйэм дьиҥмин,
      мин бэйэм чиҥмин!
Мин ааспытым,
      мин кэлэрим - хааммар!
Мин бэйэм кэммин,
      мин бэйэм кэрдиибин!
Мин кэрэм,
      мин дьиктим - хааммар!
Мин бэйэм дьиктибин,
      мин бэйэм кэрэбин!
Мин һахабын -
      өбүгэм үгэһинэн
             кини эрэлинэн,
                  итэҕэлинэн!
Мин һахабын -
      омугум көҥүлүнэн,
           өлөрү кыайбыт
                өркөн өйүнэн!

Арҕаһыттан тэһииннээх    
Айыы хаан аймаҕа - мин!
Көхсүттэн тэһииннээх
Күн улууһун оҕото - мин!
Үс куттаах   
           
Үтүө-мааны һаха - мин!
 
hakha1

Уххан

 

Айхаллыахха уруйдуохха!

 

 

УрааІхайдыыр сахалар

Уунан тийбэт уйгуга

Ууґаан тіріін иґиэххэ

Уруу-аймах тэнитиэххэ!

 

Саха буолбут аатыгар

Саргылардаах олоххо

Сайдан µµнэн иґиэххэ

Санаалары салайыахха!

 

Айыы аймах дьонноро

Айбыт халлаан аналын

Айымньылаах µлэннэн

Айхаллыахха уруйдуохха!

 

Кµннµµр ууґа дэнэммт

Кµнµн аайы тупсаммыт

Кµргµімµнэн сылдьаммыт

Кµµтэр кэскили уґаныахха!

 

Киґи буолбут аатыгар

Килбиэннээхтик туттуохха

Киэннээх ааппыт суолугар

Кимэн киирсэн иґиэххэ!

 

Сирдээх уоттаах буоламмыт

Силигилээммит ситэммит

Симэлийбэт туґугар

Сириэдийэн тахсыахха!

 

Јлбіт сµппэт туґугар

Јйтін сµбэ буламмыт

Јйдіін дьµµллээн тураммыт

Јрігійгі тийиэххэ!

hakha

Category: Сиэркилэ | Added by: uhhan (2007-10-27)
Views: 2160 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024