|
Уххан. Ис кэрэни уһугуннарыы
| Алгыс амалыйар Айыы алаһата, Арчы түһэр Айгыр түһүлгэтэ. Силик ситэр Сиэр биһигэ. Сатабыл сайдар - Салайыныы уһуйаана! Иэгэйэр атахтаах Ис чиҥин, Иннинэн сирэйдээх Ис дьиҥин, Иэйэр сүрэх иччитин,Ийэ кутун илдьитин Иһитиннэрэр, биллэрэр, Иһирэҕин уһугуннарар, Истиҥин иитэр. Кэрэ эйгэтин кэрэхсэтэр Кэмэ суох киэркэтэр. Сайыына сайар тыына Араначчылаан Сатамматах сатанар, Санаа туолар. Бэйэ-бэйэни кыайар, Бэйэ-бэйэни кыанар. Эрэл элбиир, Итэҕэл кэлэр. Орто дойду Олоҕун тупсарар Сайар тыыннаах, Айар күүстээх - Угуйар айан, - УҺУЙААН, Уһуйа айа - УРУЙДАН! |
лавдия Ильинична Максимова -- Сайыына СР Культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Урукку өттүгэр оҕо библиотекатыгар өр сылларга биллэ-көстө үлэлээбитэ. Кэлнҥҥи уон сыл устата бэйэни салайыныы (бэйэ ис кыаҕын арыйыныы) уһуйаанын тэрийэн үлэтаэтэ Бэйэ туһуттан, дьон туһа диэҥҥэ тиийии. Бу уон сыл устата кини уһуйааныгар икки аҥаар тыһ. киһи дьарыктанан тус бэйэтин саҥалыы көрүннэ. Манна киһи-аймах түҥ былыргыттан туруоруммут "бэйэни кыайар" соругун сыал-сорук оҥостон үлэлииллэр. Ол үлэ, киһи үксүгэр бэйэтэ да билбэт, сэрэйбэт кистэнэ сылдьар ис кыаҕын туһанарыгар, ис кэрэтин уһугуннарарыгар сатабылы биэрэр ньымалары баһылааһыҥҥа туһуланар.
Сайыына уһуйаанын мэрия култуураҕа салаатын урукку салайааччыта Ольга Харайбатова өйөөн мэрия иһинэн анал үлэлээх кулууптар ахсааннарыгар киллэттэрбитэ. Кэлин бу кулуубу сабар туһунан ыйытык турбутугар мэрия култуураҕа билиҥҥи салайааччыта Антонида Корякина көмүскэһэн хааллаттарбыта. Бу үтүөкэннээх салайааччылар, билинни уустук эрэл, итэҕэл эстибит кэмигэр, киһи кутун-сүрүн чөл оҥорорго, этэргэ дылы тутан-хабан 2,5 тыһ. киһини иитэн таһаарбыт Сайыына үлэтин сыаналаабыттара. Духуобунас туһунан күдээринэ күүрээн, кураанах тыл-өс элбээбит кэмигэр, төһө да көмүстэн алтаны араарар уустугурбутун иннигэр, Сайыына уһуйаана алгыс амалыйар, арчы түһэр Айыы алаһата буолан айыы дьонун угуйа турар. Уһуйааҥҥа хайдах дьон кэлэн үөрэнэрий? Эбэтэр хайдах турукка тиийбит дьон кэлэн ханнык таһымна тахсалларый? Ити сиэрдээх ыйытык хоруйун ирдээн уонча сыллааҕыта Сайыынаҕа тиийэ сылдьыбыттаахпын. Оччолорго саҥа саҕалааһын этэ. "Дьэ көрөн иһиэхпит, түмүгэ 3-4 сылынан биллиэ" - диэччилэр, куһаҕаны да төлкөлөөччүлэр, аһаҕастык үөҕээччилэр да бааллара. Сыллар-күннэр аастылар. Сыллар-күннэр бэйэлэрэ сыана быһаллар. Ким кимэ ырылхайдык көстөр. Мин бу Сайыына уһуйааныгар сылдьан олоҕу саҥалыы харахтарынан көрөн сөхпүт-махтайбыт, араас дьоҕурдарын, талааннарын арыйан, ыарыыларын, куһаҕан дьаллыктарын, кэмэлдьилэрин кыайан үөрбүт-көппүт, дьолломмут дьон суругун, кэпсээнин сатаан этэр кыаҕым суох. Оннук баһаам үгүс баар эбит диэн кэрэһэлиирбэр эрэ тиийэбин. Сайыына уһуйааныгар бэйэлэрин олохторунан астыммат, эбэтэр ис кыахтарын ситэ туһамматтарын өйдөөбүт, мин кимминий, туохпунуй, мин туох дьоҕурдаахпыный, мин олоххо суолтам, ис дьиҥим, ис чиҥим ханнаный диэн ыйытынар уонна ону өйдүү сатыыр дьон сылдьар эбит. Манна бэйэтин тугун эрэ уларытыан баҕарар, саҥаны, кэрэни көрдүүр, эрэли, итэҕэли ирдиир, онно талаһар киһи тиийэр. Уһуйаантан бэйэлэрин билиммит, хайа эрэ өттүнэн бэйэлэрин саҥалыы арыммыт, үрүт үрдүттэн" билэбит" диэн тэпсэ сылдьыбыт билиилэрин ис дьиҥин билэн бэйэлэрин истэригэр дириҥээн, бэйэлэрин-бэйэлэрэ ытыктыы үөрэммит дьон тахсаллар. Оннук дьон үөрэх, үлэ-хамнас, олох-дьаһах ис дьиҥэр иҥэр-тоҥор, олоҕу суолталыыр, кэрэни кэрэхсиир, тапталы сыаналыыр буолар. Ити барыта биһиги омукпут күннэтэ сүтэрдэр сүтэрэн иһэр, омук тыынын кылгатар сүтүгүн төннөрөр. Айыы киһитин тыынын уһатыы, кутун-сүрүн чөл оҥоруу киһини эрэ сөхтөрөр холобурдарын уһуйаанна сылдьыбыттартан истиэххэ, билиэххэ сөп. Клавдия Ильинична бэйэтэ маннык таһымҥа хайдах, тоҕо тиийбитэй? Эттэххэ дөбөҥ... Саха дьахтарын уустук олоҕо. Олох иһин охсуһуу. Өлө-тиллэ охсуһуу. Сүрэх аккаастыыр...операция. Быар, бүөр, тыҥа аккаастыыр, искусственннай прибордар көмөлөрүнэн тыын быһаҕаһа тыынааһын, эмиэ, эмиэ өлө-өлө тиллии. Ол курдук уһун сыллар усталарыгар олох иһин охсуһуу, олоҕу билии, олоҕу ытыктааһын, олоҕу таптааһын. Өлө сыспыт киһиэхэ күн сирин сырдыга күндүтүн, тыына быста-быста салҕамматах киһиэхэ тыын да быһаҕаһа төһө баҕалааҕын хайдах тылынан этэн тиэрдиэхпитий?! Бу үлүгэр кэнниттэн баары, айылҕаттан бэриллибити хара маҥнайгыттан харыстааһын суолталааҕын, сүтэн иһэн сүпсүгүрүү, өлөн иһэн өрүһүнүү ыараханын өйдөөһүн хайа баҕарар киһиэхэ дириҥник иҥиэ этэ. Ол эрэн, киһи барыта маннык өйдөнөрө сатаммат. Дьон эдэриттэн баары харыстыы үөрэниэхтээх. Сайыына бэйэтин туһуттан дьон туһугар тиийэр айанын ис дьиҥэ саҕаламмыта. Кини бэйэтиттэн дьонно айанныыр эбит буоллаҕына, дьон Сайыынаттан бэйэтигэр тиийэр, ол тиийэн бэйэтин төһө эмэ билэн, баһылаан баран атын дьоҥҥо айанныыр. Ол курдук киһиттэн киһиэхэ көмө, үтүө, кэрэ ыллыга арыллар. Клавдия Ильинична айылҕаттан бэриллибит, дьон ис кыаҕын арыйан биэрэр дьоҕура ааттаах-суоллаах өбүгэлэриттэн, баҕар айыылартан буолуо, кини ол туһунан кэпсээбэт, бэйэтэ да билимиэн эмиэ сөп. Ол эрэн туох барыта төрүттээх-уустаах. Хаан хантана, киин кимтэнэ дьоҕур уонна талаан тахсыытыгар төрүт уонна төрүөт буоларын билэбит. Клавдия Ильинична ааттаах-суоллаах Сэргэй Сибиэрэп - Кыыл Уолун Ылдьаа диэн 1922 сыллаахха төрөөбүт бастакы уолун кыыһа, ол аата сиэнэ. Улуу тойуксут "сокуоннайа суох" оҕолорун дьиҥ хаан-уруу сыдьааннара билинни Зверевтэр төрүччүлэригэр киирбэтэхтэрэ элбэх. Төһө да кистии сатаабыттарын иһин, хаан аата хаан, син биир биллэн-көстөн иһиэ турдаҕа... Инньэ гынан Сергей Зверев уола Егоров Илья Васильевич Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттан, Германияҕа тиийэ сылдьан "Кыһыл Сулус" уордьан, элбэх мэтээл кавалера буолан кэлбитэ. Клавдия ийэтэ Варвара Васильевна этэринэн, кини үчүгэйдик туойара, кэрэ куоластааҕа, хоһоон суруйара үһү. Ылдьаа турбут-олорбут, бэрт элбэх сырыылаах, сытыы киһи эбитэ. 1950 сыллаахха эдэр сааһыгар Өлүөхүмэнэн, Бодойбонон сылдьан быһымахха былдьаппыт. Ылдьааттан өссө биир оҕо - Анатолий Никифоров диэн уол хаалан, ыал буолан куоракка олорор дииллэр. Духуобунас, кут-сүр чөл буолуута диэн өйдөбүллэр ис дьиҥнэрин толору-ситэри быһааран биэрэр киһи арааһа аҕыйах быһыылаах. Төһө да духуобунас академията баарын иһин, төһө эмэ элбэх учуутал, учуонай ити кыһалҕаны быһаарыыннан дьарыктаммытын иһин. Баҕар ити тирэх буолар өй-санаа биир быһаарыыта Клавдия Ильинична Максимова - Сайыына уһуйааныгар сытара буолаарай?... Үс Хара Бараан Күлүкпэр Үҥэ-сүктэ көрдөстүм: Үөрүүттэн матарымаҥ, Үтүөх-батаах көрүмэҥ, алгыһынан арчылааҥ! Аламаҕайынан алҕааҥ, иһирэҕинэн илбийиҥ! Көҥүлүнэн күндүлээҥ, дьиҥинэн дьиктилээҥ! Кэрэннэн кэһиилээҥ тапталынан маанылааҥ! ДОМ
|
Category: Сиэркилэ | Added by: uhhan1 (2009-05-26)
|
Views: 2567
| Rating: 0.0/0 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 32 Ыалдьыттар (гостей): 32 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|