Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Сиэркилэ

Уххан. Уһуктуу
 
2

1    Күн күлүмүн
    Куппар тутан,
    Самааннык сайан,
    Сүрүм күүһүн
    Сүүрүгүртүн
    Сүһүөхтэрбэр
    Туруордуҥ!
    Өй-санаа,
    Дириҥ толкуй
    Уйулҕам улаҕатыгар
    Утуйбут күүстэрин
    Уһугуннардыҥ.
    Эн алгыстарыҥ –
    Айыы сырала!
    Эн илбийэрин –
    Иэйэхсит тыына!

    Бүгүн эмиэ
    Олоруохпун
                 Баҕардым;
    Күүс-сэниэ,
    Күлүү-үөрүү –
    Көмүс күрүөм,
    Салыйбат чөлүм!
    Бүгүн олоҕу,
    Араас өҥүнэн
    Саҥалыы көрдүм.
    Олох барахсан,
    Эн кэрэҕин!
    Эн дьиктигин!
    Айыым сырала!
    Күнүм күлүмэ!
    Алыас!
              Алыас!
                    Алыас!

3һуктуу! Өр да утуйдубут, улугурдубут. Устунан  хааман иһэн хааммыт сойо, нуктаан, көмүс күннэрбит көлдьүҥҥэ  күрэнэрин, эдэр сааспыт эрэлэ эстэрин, эппит-сииммит эмэхсийэрин, ырабыт  ытабыла, сүрэхпит сүмэтэ, ааспат-арахпат ахтылҕан буолан ааларын,  таах хааларын -- оҥоһуубут оннук буоллаҕа дэһэбит, ыһыктынабыт.  Түөрэх быраҕыллар төлкөлөөх  үйэбитигэр, Айыы киһитин алгыстаах аналыгар, ама дуу,  доҕоттоор, атарахсыйыҥ, аас-туор олохтонуҥ, алдьаныҥ-сатарыйыҥ диэбит  үһүлээр! Суох, өссө төгүл суох!
  Айылҕаттан бэриллибит ис кыаҕы,  түгэх, дириҥ толкуйу кыайан туһаммаппыт түмүгэр бэйэбит  бэйэбитигэр өстөөх буолан иһэбит. Дьайы,   дьаҥы,    хара санааны  бэйэбитигэр  иҥэринэбит.    Кыайан

  арчыламмаппыт.  Сомох-тутулбут сатарыйбыт көрдөбүллэрэ, ирдэбиллэрэ - эрэл,  итэҕэл эстиитигэр, бигэ тирэҕэ суох буолууга, киэнимсэх чаптаныыга,  о.д.а., олох омсолоох өрүттэрэ элбээһинигэр, Айыы  киһитэ аналын атарахсытыытыгар тиэртэ.
  Ким биһигини арчылыай, ким биһигини дьалбыйыай?! Хоруйа судургу  -- хас биирдии киһи бэйэтин ис кыаҕын туһаныахтаах, бэйэтин  бэйэтэ эмтэниэхтээх, арыныахтаах диир эбит буоллахпытына - норуот, омук эмиэ  бэйэтин кистэммит, сабыллыбыт, бүөлэммит ис кыахтарын  туһаныахтаах. Сахаларга кэлиҥҥи кэмҥэ норуот эмчиттэрэ, атын да араас  эйгэҕэ идэлээх, дьоҕурдаах дьоннор элбээн иһэллэр. Ол барыта  омук бүөлэммит ойбоннорун аһан, ис кыаҕын,  дьоҕурун таһаарынар, туһанар буолан эрэрин кэрэһэлиир.
  Мин бүгүн эһиги торумнаах толкуйгут,  дириҥ долоҕойгут, килбиэннээх киэҥҥит, дьолуо дьоһуҥҥут  болҕомтотугар биир дьикти дьарыктаах киһи туһунан кэпсиэхпин  баҕарабын.
  Максимова (Данилова - ийэтинэн, Васильева - ииппит  аҕатынан) Клавдия Ильинична төрөппүт аҕата  Ылдьаа, С.А. Зверев - Кыыл Уола бастакы оҕото эбитэ  үһү. Кини сэрииттэн кэлэн баран Бодойбоҕо быстах  өлүүгэ былдьаппыт. Үчүгэй кыахтаах киһи  ситэ арыллыбакка суорума суолланна диэн аҕата бэркэ аһыйара  үһү. Ииппит аҕата Георгий Петрович Сунтаар Хаданын  олохтооҕо, уруккута история учуутала, билигин пенсияҕа олорор, 78  саастаах. Төрөппүт ийэтэ Варвара Михайловна эмиэ  пенсияҕа олорор. Клавдия Ильинична төрөөбүт сирэ  Түбэй Дьаархан (Сунтаар). Сунтаарга 2-скэ, Хаданна 8-ка диэри Тойбохойго  9-ка үөрэнэн баран, 10-һу Бордоҥҥо үлэлии-үлэлии  бүтэрбитэ. Кыра эрдэҕиттэн сүрэҕинэн ыарытыйар. Врач буолар  баҕата туолбатаҕа, ол гынан баран кэлин дьоҥҥо туһалаах  норуот эмчитин быһыытынан билиннэ, ситтэрбэтэх ыратын ситтэ. Кини  Улан-Удэтээҕи культура институтун библиотекардары бэлэмниир отделениетын  бүтэрбитэ. Куораттааҕы оҕо библиотекатын директора, СР  культуратын үтүөлээх үлэһитэ. 11-c кылааска  үөрэнэр Ньургун диэн уоллаах.
  Клавдия Ильинична удьуор хаан тардыытынан айылҕаттан бэриллибит  дьоҕурун, ис кыаҕын эрдэттэн туһаммакка, таска таһаарбакка  сылдьыбытын түмүгэр, уһун кэмнэр усталарыгар сүрэҕинэн  ыалдьан балыыһа бөҕөтүн кэрийэн, операцияланан  -ыарыы, күн сирин сырдыга, кэрэтэ, олох амтанын аһыыта-ньулууна диэн  тугун билбит, кутугар-сүрүгэр иҥэриммит киһи. Өтө  көрөр дьоҕурдаах П.Д. Ердашева: "Эн этиҥ-сиинин  энергияҕын уйбат эбит, ол иһин ыалдьаҕын", - диэн  сылыктаабыт. Ол да иһин сорох аппарааттар үлэлээбэт буолан хаалар  түгэннэрдээх эбит. Киһи этигэр-сиинигэр, сүрэҕэр,  быарыгар, төбөтүгэр дуу, элбэх сүр  күүһэ, энергия муһуннаҕына, онно  хаатыйаланнаҕына, ол сүрэҕи дуу, быары дуу ыарытыннарар  адьынаттаах диэн этэллэр. Максимова ама киһи көрбөтүн  көрөр, истибэтин истэр, билбэтин билэр дьикти дьоҕурдаах.  Дьиҥэр, хаһан да хатыласпат, майгыннаспат дьоҕур хас биирдиибитигэр  баара биллэр. Оҕо биэс сааһыгар диэри ураты дьоҕурдаах,  аһаҕас (сверхчувствительнай) буолан иитиини, такайыыны,  уһуйууну дөбөҥнүк ылынар, онтон салгыы сабыллан барарын, тастан киирэр информацияны тутатына ылан иҥэринэр дьоҕура  мөлтүүрүн эмиэ билэбит.
  Клавдия Ильинична хаартысканы  көрөрүн сөбүлээбэт. Ол тоҕото маннык.  Хаартысканы көрдөҕүнэ, ол киһи олоҕо киинэ  курдук көстөн кэлэр эбит. Кини этэринэн, хаартыскаҕа бу  киһи олоҕун туһунан информация тохтоон, биир түгэн  буолан хаалар, атын информациялар мэһэйдээбэттэр, онон салгыы  көрөргө табыгастаах, оттон тыыннаах киһи илэ иннигэр  олордоҕуна мэһэйдиир, хамсыыр информациялара элбэх буолан  уустугурдар эбит.
  Дьону, бэйэлэрин көрбөккө эрэ, куоластарынан  бу киһи хайдах киһи буоларын кэпсээн биэрэр. Кини чугас дьонун  туһунан эмиэ этиэн сөп. Телефонунан кэпсэтиигэ дьон  куолаһыттан бу киһи туһунан информацияны ылар, ыарыһах  куолаһыттан, ынчыгыттан сэдиптээн бу киһи тугун, хаһан,  хайдах буолуоҕун эмиэ быһаарар. Өтө көрө  соруннаҕына - көрөр дьоһун дьоҕурдаах. Кинини ким  даҕаны эдэр эрдэҕиттэн уһуйбатах, такайбатах, ыйан-кэрдэн биэрбэтэх  буолан "дьон барыта мин курдук дьоҕурдааҕа буолуо дии саныырым,  сорох дьоҕурдарбын, моһуогураары гынным быһылаах диэн сабан,  бүөлээн кэбиспитим", - диэн кэпсиир. Ол курдук, урут үөрэнэ  сылдьан дьон сүрүн күрүөтүн сардаҥатын  (ауратын) араас өҥүнэн көрөр дьоҕурбун  сүтэрбитим. Бэйэм бэйэбин сабынан кэбиһэрим, уонна лекцияны да  истэрбин мэһэйдиирэ диэн кэпсиир. Урут хаартыга оонньуурбун  сөбүлүүрүм, мэлдьи хотуулаах тахсарым,  балыыһаҕа сыттахпына 9-с кылаас оҕотун кытта дьаарай хаартыһыттар  сырса сылдьан оонньоһоллоро. Ол бэйэтэ туспа умсулҕаннаах,  ухханнаах буолара диэн этэр.
  Клавдия Ильинична эмчит буоларыгар элбэҕи  көмөлөспүт, сүбэлээбит-амалаабыт айылҕаттан  дьоҕурдаах атастарын-доҕотторун туһунан маннык ахтар: "Н.  Н. Яковлевтан тирэх ылбытым, кини мин бастакы учуталым буоларын билбэтэ да  буолуо. Кини эмтиир дьонун саҥата суох, оннооҕор суругунан да утутарын  көрөн сөҕөрүм. Кыахтаах дьоннор бааллар  эбит дии диэн итэҕэйбитим".
  Зинаида Федотова (Сунтаар, Тойбохой) нэдиэлэни быһа бэйэтин аттыгар илдьэ сылдьан  дьону эмтээбитэ. Онно мин киниттэн үгүскэ үөрэммитим.  Биллэн турар Е. П. Копылова (Дьокуускай к.) сүбэтэ-амата таах хаалбатаҕа, В. Н. Будникова (Дьокуускай к.) эмиэ көмөлөспүтэ.
  Гурий Иванович Турантаевы (Уус-Алдан, Бээрийэ) уһулуччу дьоҕурдаах  киһинэн ааҕабын. Уолум уҥуоҕа тостубутугар киниэхэ баран  туттарбытым, хас да күн буолбутум уонна дьоҕура элбэҕиттэн сөхпүтүм.  Дьон кинини аҥардас уҥуох тутааччынан билэр. Чахчыта да, уҥуох тутуутун  дэгиттэрдик баһылаабыт киһи, хас да сыллааҕыны эмиэ тутар.  Ыарыыны тута суох оҥорор (гипноз), массаж бары көрүҥнэрин  (илбийиини) баһылыыр, улахан суостаах уоттаах--сүр  күүстээх (биоэнергия), тоноҕостору бэркэ  көннөрөр (мануальнай терапия), өтө  көрөр, билэр (ясновидение), информацияны ааҕар, о.д.а.  дьоҕурдаах. Киһи быһыытынан сэмэй, амарах, аһыныгас,  сымнаҕас, ис сүрэҕиттэн кыһаллан үлэлиир.
  П. Д. Ердашева диэн Бүлүүттэн сылдьар "саха Вангата" буолар кыахтаах,  информацияны хайа баҕарар курдук өтө көрөн ылар кыахтаах  дьахтар баар. Үгүстэр кинини араас кыыл-сүөл,  көтөр-сүүрэр  мөссүөннэрин, оһуору кумааҕыга кырыйарынан  билэллэр. Кини ол кырыйа сылдьан киһи санаатын тутар.
  Т. И. Семенов (Уус-Майа) кырдьаҕас норуот эмчитэ. Кини эмтиир  ньыматын көрөн эмиэ сөхпүтүм, туһаммытым. Н.  И. Слепцов (Дьокуускай) сир сүүрээннэрин харахтарын,  куһаҕан тыыннаах сирдэри (геопатогенные зоны) үөрэтэр,  ыраастыыр идэлээх. Клавдия Ильинична дьоҕура, талаана арыллыгас ис  сүрэхтэриттэн көмөлөспүт үөһээ  ааттаммыт дьоннорго барҕа махтала баһаам, ытыктабыла ыраас. Кини  эмчити кытта күрэстэһиини, бэрт былдьаһыыны  сөбүлээбэтин этэр. Дьоҥҥо көмөлөһөр  киһи атын эмчит да, ыарыһах да дьоһуунун, киэнин  түһэрбэккэ көмөлөһүөхтээх.  Бэйэтин дьоҕурун куһаҕан суолга, хара санааҕа эмчит  туттар буоллаҕына, көлүөнэттэн  көлүөнэҕэ тиийэ дьайар сэт-сэлээн баарын, син-биир  иэстэбиллээх буоларын өйдүөхтээх диир.
  Ыарыһах, кыһалҕалаах эрэ элбэх, онно бары  көмөлөһүөхтээхпит, ким тугу сатыырынан,  истиҥ-иһирэх сыһыанынан, амарах тылынан-өһүнэн.  Оттон норуот эмчиттэрэ официальнай медицинаҕа көмөлөһөр,  ситэрэн-хоторон биэрэр аналлаахтар. Ону  өйдөөбөккө утарыта харсыһыннара сатааччылар  баар буолаллар. Инньэ гынан дьонно-сэргэҕэ ис сүрэхтэриттэн  көмөлөһө, дурда-хахха буола сылдьар дьоммутун  кэлэтэр, хомотор да түгэттэрбит элбэхтэр.
  Клавдия Ильинична анаан-минээн дьону эмтииринэн дьарыктаммат. Ол эрэн  ордук сүрэх ыарыһахтары эмтиирин сөбүлүүр.  Ол баҕар бэйэтэ сүрэҕэ ыалдьарыттан да буолуо. Уонна үгүс  эмчиттэр сүрэҕи эмтииртэн туттуналлар, тумналлар даҕаны.
  Кини этэринэн, сүрэх сайаана (сердечное поле) - сүрэх чараас эттигэ,  эт сүрэхтэн тэйэн хаалбыт буолар. Ону төттөрү оннугар киллэрбэккэ  эрэ эмтээһин улахан туһаны аҕалбат. Иккиһинэн, сүрэх  меридиана бүөлэнэрин ыраастааһын;  үсүһүнэн, сүрэх тэбиитин тэтимин тэҥнээһин.  Дьэ ити эрэ кэнниттэн сүрэх атын ис ыарыыларыгар киириллиэхтээх.  Үгүстэр ити үөһээ этиллибити оҥордоххо  үтүөрэн хаалаллар эбит. Кини микроинфарктары (сүрэх кыра  тымырдара быстыыларын) тигэр. Бүөр тааһын таһаарар, искэни  илиитинэн тутан аһардар, оҕо  үөскүүрүгэр  көмөлөһөр, кодировкалыыр, массаж, гипноз,  биоэнерготерапия, тыл-өс, өй-санаа күүһүнэн  көмөнү оҥорор кыах, дьоҕур Клавдия Ильиничнаҕа баар.  Бастакы эмтэнээччитинэн саха биллиилээх дьахтар суруйааччыта Анастасия  Сыромятникова буолар. Врачтар онно "чудо" эрэ дэспиттэр. Онтон ыла  мэлдьи бэйэтин кэтэнэ-манана сылдьан дьону эмтээбит. Биир ыарахан туруктаах  ыарыһах икки атахтара сүүлэ иһэн (полная  декомпенсация), цирроз печени буолан сытар киһи аҥар атаҕын  илбийбитэ чөлүгэр түһэн хаалбыт. Эмтээбэтэх атаҕа  испитэ-испитинэн хаалбыт. Врачтар ол үтүөрбүт атаҕын  "Клавдия атаҕа" диэн ааттаабыттар. Ити түбэлтэ киниэхэ, мин  эмтиир кыахтаах эбиппин диэн санааны бөҕөргөппүтэ  саарбаҕа суох.
  Көҥүл, атын киһиттэн тутулуга суох  буолуу - мин кэпсиир киһим олоххо эндирдээх айанын тосхоло. Киһи -  киһинэн киһи буолар. "Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох  киһи өлбөт" - диэн саха өһүн  хоһооно этэринии, киһи соҕотох бэйэтинэн киһи буолбат диэн  үтүө санааны  тутуһар.    Үтүө дьон уоҕа, истин-иһирэхсанаалара,  үтүөрбүт ыарыһахтар махталлара миэхэ  көмөлөһөр диэн астынан туран этэр.
Клавдия Ильинична дьоҥҥо  көмөлөһөр сүрүн дьарыга атын. Кини  ааспыкка-туорбукка, көмө эрэйээччигэ бэлэм лэппиэскэ биэрэн биир түгэннээх  көмөнү оҥорон көмөлөспөт. Кини  бурдугу хайдах үүннэрэн өрүү тот буоларга,  киһи бэйэтэ бэйэтигэр атынтан тутулуга суох  көмөлөһүнэр ньыматын биэрэр.  Сүүһүнэн ахсааннаах дьон кини уһуйаанын аастылар.  Элбэх махтал-барҕа тыла этилиннэ. Уонна бу уһуйаан чахчы  туһалааҕа көһүннэ. Бастаан баҕалаахтары мунньан  баран сэһэргэһэр, туруктарыттан көрөн талан ылар, сорохторго  эбии сорудах биэрэр. Талбыт дьоно сүүс бырыһыан кини ньыматын  ылыналлар, бэйэлэрин бэйэлэрэ чинчинэн, үөрэтэр, салайынар, эмтэнэр  кыахтаналлар.
Максимова уһуйаанын ааспыт дьоннор хаһан, ханна баҕарар турукка  киирэн саамай кырата сылааларын таһаарыналлар, утуйан ылаллар,  кыыһырбыттарын-хомойбуттарын аһарыналлар, ыарыыларын  мүлүрүтүнэллэр уо.д.а. Үчүгэйдик  ылыммыттара ыйааһыннарын 10-40 кг тиийэ түһэринэллэр, искэҥ,  аллергия, баас сүтэр, баттахтара хараарар түгэннэрдээх, баалаан  олохсуйбут ыарыыларын кыайаллар, о.д.а. Ол барыта бэйэлэрэ бэйэлэрин кыайыыларын  туоһута. Биир сүрүн ситиһиинэн кистэнэ сылдьар дьоҕурдарын  аһыллыыта буолар. Үгүс-элбэх дьон  тыллара-өстөрө сайдар, хоһоон, ырыа суруйаллар,  туойан-ыллаан, үнкүүлээн бараллар, омук тылын түргэнник  ылыналлар, эт-хаан, күүс-күдэх өттүнэн урут  хаһан даҕаны оҥорботохторун оҥороллор, о.д.а. киһи үөйбэтэх-ахтыбатах  дьоҕурдара арыллар.
Бу, Максимова уһуйааныгар ыарыыларын ханна да  кыайан эмтэппэтэхтэр, быһаартарбатахтар, хроническай ыарыылаахтар, муус  доруобай дьон дьоҕурдарын аһаары сылдьаллар. Үксүгэр тэрилтэнэн,  нэһилиэгинэн эбэтэр биир санаалаахтар 30-50-нуу буолан  бөлөҕүнэн мустан 11 күннээх уһуйааны  ааһаллар. Оттон салгыы 2-3 түһүмэх уһуйааҥҥа эмиэ  сылдьаллар. Төһөнөн үрдүк уһуйааҥҥа  тахсаллар да, соччонон бэйэлэригэр ылар көдьүүстэрэ, туһалара  улаатан, кэҥээн иһэр. Күҥҥэ 3-4 чаас дьарыктаналлар уонна  дьиэҕэ сорудах ылаллар. Киһи уһуйааны ылыныытын таһыма бэйэ  кыһамньытыттан, дьулууруттан тутулуктаах. Ким да киниэхэ тастан дьайбат,  ким да кини кутун-сүрүн куудьуйбат, моһуоктаабат. Бэйэлэригэр  ыйыы-кэрдии биэрэн, бэйэлэрэ бэйэлэригэр хаһан баҕарар дьайынар,  арынар кыахтаналларыгар ыйан-кэрдэн биэрии - уһуйаан соруга буолар.
Клавдия Ильинична бу авторскай ньымата өссө сайдан, кэҥээн иһэр.  Кини үөрэтэр дьоммуттан бэйэлэриттэн үөрэнэбин,  кинилэри кэтээн көрөн саҥаттан саҥа ньымалары арыйабын диир.  Уһуйаанҥа мустубут хас биирдии бөлөх, хас биирдии  киһи тус-туспа арыллар. Кинилэр сайдыыларын таһымыттан,  айылҕаттан бэриллиилэриттэн уһуйаан түмүгэ улахан  тутулуктаах. Төһөнөн күүстээх дьон мустар да,  соччонон бөлөх таһыма үрдүүр.
Бары да тула өттүгүтүн  болҕойон көрүҥ эрэ. Дьон үксэ төрүт сатаан  күлбэт-үөрбэт, өрүү курус санааны,  хомолтону, кыыһырыыны-кыйыттыыны иҥэринэ сылдьалларын, кинилэр сирэйдэригэр-харахтарыгар көрөбүт. Күлүк курдук дьон элбэх.

Маны барытын  өйдөөн көрөр, хараастыылаах суол. Маннык дьон уһуйааҥҥа  кэлэн баран, арыллан, көҥүл-босхо сананалларыгар хаатыйаламмыт,  туттуна сылдьыбыт ыарахан санаалара харах уутун кытта тахсар,  көхсүлэрэ кэҥиир. Оннук дьон ыар санааттан босхолонон, мин эмиэ  киһи тэҥэ киһибин, мин эмиэ дьиктибин, кэрэбин, мин сахабын, миэхэ  эмиэ кыах баар диэн бигэ санааҕа кэлэллэр, онтон төрүттээн ис  кыахтара толору арыллар. Төһөнөн сабылла сылдьыбыт  тахсыбытын көрөн итэҕэйэллэр да, соччонон кинилэргэ  бэйэлэригэр, олоххо итэҕэллэрэ, эрэллэрэ эбиллэр. Итини барытын илэ  көрөр, истэр астыныылаах уонна долгутуулаах буоларын Клавдия  Ильинична нохтоолоох сүрэҕэ билэр, онон кини олорор, онон кини  дьоллонор.
    Билиҥҥи дьон барыттан бары куттанар, туттунар, кистэнэр, бүөлэнэр,  бэйэлэрин бэйэлэрэ саба баттыыр туруктаахтарыгар - олох ыарахана,  көҥүл диэн суоҕа, сиэр-майгы сатарыйбыта, эрэл-итэҕэл эстибитэ,  көстөр. Итинтэн барытыттан сылтаан кыра да ыарыылар дириҥииллэр,  дьон куһаҕаны, кирдээҕи ылыныыта улаатар. Бары билэллэр,  сатарыйбыт сомох-тутул ирдэбиллэриттэн, көрдөбүллэриттэн хас  биирдиибит тутулуктааҕын, уонна бу сомох-тутул ирдэбиллэрин утары барар  кутталлааҕын. Киһи көҥүл буолуохтаах. Айыы сиэринэн  олоруохтаах. Бу уһуйааннарга сылдьыбыт дьон доҕордуу-атастыы  буолаллар. Бэйэлэрэ кулууп тэринэн салгыы түмсэллэр,  сомоҕолоһоллор, бэйэ бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэр,  үөрүүлэрин үллэстэллэр, кыһалҕаларын чэпчэтэллэр.  Бу, бэлэмҥэ бэрт, бэлэми эрэйэр (иждивенческэй) өйтөн-санаатан  босхолуур, туораттан тутулуга суох буолууга тиэрдэр, дьону сомоҕолуур  уһуйаан инники өссө кэскиллээҕэ өтө көстөр.  Ардыгар биһиги ааспыт, билиҥҥи олохпут омсолоох эрэ өрүттэрин  үөһээ тута сылдьар курдукпут. Ол баҕар бу быыс, түҥ кэм  ыарыыта буолуо. Кыраттан да астыныы, үөрүү,  бэйэҕэ да, атыҥҥа да эрэнии, итэҕэйии, кэрэ эйгэтигэр  талаһыы, үтүөҕэ дьулууһуу - барыта эмтиир,  арчылыыр аналлаах.
  К.И. Максимова норуот эмчитин быһыытынан элбэх курстары ааспыта.  Норуоттар икки ардыларынааҕы хас да дипломнаах. Дьэ маннык ураты дьоҕурдаах,  талааннаах киһи дьиэтэ-уота суох, муннукка-ханныкка кыбылла сатыы сылдьара,  мин урут да үгүстүк эппит санааларбын бигэргэтэр. Тоҕо биһиги,  ис сүрэхпититтэн дьонно-сэргэҕэ көмөлөһө  сылдьар, үтүөкэн дьоннорбут үтүргэҥҥэ түбэһэллэрий,  унньуктаах уһун уочарат кэннигэр туралларый? Тоҕо кинилэргэ сөптөөх,  кэмигэр көмө, өйөбүл оноһуллубатый? Клавдия  Ильинична курдук дьон сэмэй, көҥүл кырдьыгы, чахчыны, киһилии  сыһыаны сөбүлүүллэр. Кэтэх ааннары тумналлар. Оттон  биһиги, сомохпут, үрдүк өһүөлээхтэрбит  ирдэбиллэрэ - кимиэхэ эрэ бэрт буолуу, ньылаҥнааһын, билсии-көрсүү.  Ону барытын өйдүүбүт эрээри, уларытар кыахпыт суох буолбат  дуо?! Тоҕо диэтэргит, биһиги хас биирдиибит, барыбыт көнүлбүт  хаайылла, сабылла, баттана сылдьар. Онтон босхолонорго Клавдия Ильинична уһуйаана  улахан көмөлөөҕөр итэҕэйэбин. Кини бар  дьонугар маннык этэр: "Саха омук олус улахан, дириҥ, киэҥ кыахтаах-уохтаах.  Саха омуга омук быһыытынан үрдүк таһымҥа тахсыахтаах.  Үрдүктэн үрдүк   ситиһиилэргэ   мэндэйиэхтээх.    Онно    бэйэтин    ис    кыаҕын туһаныахтаах.  Хас биирдии киһи баар этин-сиинин харыстыахтаах. Дьон бэлэмҥэ эрэ үөрэммититтэн  буолуо, бэйэтин харыстаныахтааҕар, харчыга ылбыт тимирин, массыынатын, матаһыыкылын,  атын да малын-салын ордук харыстыыр, сууйар-сотор, өрөмүөннүүр.  Бэлэм чэгиэн-чэбдик буолуу диэн суох. Ханнык да правительство, ханнык да улуу убай,  таай, ону эйиэхэ аҕалан биэрбэт. Саамай хомолтоолоҕо баар, биһиги  чэгиэн-чэбдик буолуубутун хааччыйар айылҕабыт сүһүрдүллүбүтэ,  буорту буолбута. Дьэ ол иһин даҕаны бэйэни көрүнүү,  чэгиэн-чэбдик буолуу улахан сыраттан тахсар. Кыраттан даҕаны үөрэ-көтө,  астына сылдьыҥ дуу кэрэ эйгэтигэр, кини арчылыыр, далбыйар кырдалларыгар өрүү  күүлэйдээҥ, дьолгутун-соргутун бэйэҕит оҥостуҥ"-  диэн алгыыбын. Түмүкпэр Клавдия Ильинична уһуйаанын ааспыттар  элбэх махтал тылларын истибит киһи буоларым быһыытынан, эһиги  ааккытыттан: "Суол аайы суон сурахтан, аартык аайы албан ааттан, санныҥ  үрдүгэр диэри саргы талааныҥ салалыннын, өттүгүҥ  баһыгар диэри өрөгөй талааныҥ үрдээтин"  диэн алгыс тылларын этэбин.
    ДОМ!

     
6                 
   
Category: Сиэркилэ | Added by: uhhan1 (2009-05-26)
Views: 2503 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 48
Ыалдьыттар (гостей): 48
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024