Киирии тылКинигэ сурулунна. Саха биис уустарыгар аналлаах бастакы үлэ. Тута сэрэтэбит. Бу наука буолбатах. Аныгы билиини кытары туох да кыттыгаһа суох. Бу саха сахарал билиитэ, (сакральные знания, sacral). Саханы саха гыммыт сахарал билиитэ аныгы наука үөскүөн иннигэр баар этэ. Ол билии тобоҕо. Ардыгар сахарал билиитин сорох домноро дьону-сэргэни араартыы сатыыр, хайытар, сорохтору түһэрэр курдук майгылаахтар. Уонна баран оннук буолбатах. Сахарал таҥара, айылҕа айыллыытын бастакы уонна төрүт майгытын ыйар. Киһи баҕарарын хоту буолбат. Сахарал билиитэ тулхадыйбат. Олоҥхо этэринэн Үс Саха отут үстүү биис ууһуттан турар. (33 * 3=99.) Хас биирдии саха арааһыгар 33-түү биис ууһа баар. Үс сахаҕа 99 биис ууһа баар. Сир ийэ хотугу эҥээригэр 104 омук бииһин ууһа олорор, дииллэр билиҥҥи кэмҥэ. Ааҕан таһаардахха, син майгылыыр курдук. Биис уустар - уустук тиэмэ. Буккуура элбэх. Бу кинигэҕэ урааҥхай-саха бииһин уустара киирдилэр. Өлүөнэ өрүс түбэтигэр бааллара. Атыттар киирбэтилэр. “Тыал буолбуттар”, (Унесенные ветром, руск. “бырахтар”, (варяг, руск.), манна киирбэтилэр. Туспа үлэ наада. Бу, биис уустарын саба быраҕан суруйуу. Нэһилиэктэр, улуустар истэригэр киирдэххэ уратылаһыы кыра-сыысхал баар буолуо. Сүнньүнэн сөбө наада. Биис уустар сүрүннэрэ сурулунна. Өлүөнэ өрүс Өлөөн (Арҕаа Хаҥалас, Бүлүү эҥээриттэн төрүттээх биис уустара сурулуннулар.) Хотулар суруллубатылар. Туспа үлэ наада. Соҕуруу, илин аартык айахтарынан Өлүөнэ түбэтигэр киирбит биистэр ахтыллан эрэ аастылар. Туспа үлэ наада. Биһиги наадабыт суох курдук. Ааҕа олордоххо сорох сиргэ хатыланыы баар курдук. Ол манныктан. Таҥара биэриитэ кыра уонна биир эрэ ыйаах буолар. Онно барыта эргиллэн кэлэ турар. Холобур. Киһи-аймах барыта эр киһи уллурук сиэмэтиттэн үөскээн киһи буолар. Таҥара биэриитэ ол. Уллурук сиэмэни киһи хараҕынан кыайан көрбөт. Көрөргө күүстээх микроскоп диэн тэрил наада. Оттон киһи-аймах олоҕун майгыта араас. Ааҕан сиппэккин. Уонна баран, хайдах да суруйан бар, син биир, уллурук сиэмэҕэр эргиллэн кэлэ тураҕын. Онон хатыланыы баар. Ол хатыланыы атыны этээри оҥоһуллар. Болҕойон аахпыт ону көрүөҕэ, өйдүөҕэ. Бу кинигэ эр киһи суруга. Онно-манна сигэниитэ аҕыйах. Сигэнии дьахтар майгыта. Онон атын туттуллубут майгыларга ыйыы эрэ оҥоһулунна. Сэргээбит киһи булан ааҕан бэйэтэ ырытарын курдук. Манна сымыйа суох. Сымыйа суругу уонна кырдьыгы ааҕар киһи дууһата билэр, сүрэҕэ сэрэйэр, санаата сөпсөспөт. Эһиги да ааҕа олорон сымыйа дуу, кырдьык дуу суруллубутун араарыаххыт. Туох баарынан-суоҕунан. Кими да түһэрэ сатааһын суох. Остуоруйа киһи сөбүлүүрүн, сөбүлээбэтин билиммэт. Онтон тутуллубат, тулхадыйбат майгы. Сахарал билиитэ эмиэ оннук. Айылҕата, таҥараттан айыллыыта хайдаҕынан, баарынан. Тыһы буоллаҕына тыһы, атыыр буоллаҕына атыыр, саха буоллаҕына саха, хоро буоллаҕына хоро. Киһи талан ылар майгылара буолбатах. Таҥара бэйэтэ талар. Киһиэхэ талларбат. Таҥараттан анала эмиэ оннук. Ыйаах баар буоллаҕына баар. Суох буоллаҕына суоҕу суорбаккын. Саха биистэрин ууһун сүдү дьонноро талбаланан киирдилэр. Улуулары барыларын киллэриэххэ диэн сорук турбат. Көннөрү туһаайан эрэ этиллэр. Билбэтэх быһаарбатах дьоннорбутун киллэрбэтибит. Биһигини Бүлүүттэн төрүттээх биис уустара сэргэтэллэр уонна кинилэр сүдү дьонноро. Атын биис уустар сүдүлэрэ ырытыллан киирбэтэ. Нэһилиэк, улуус остуоруйалара суруллан, кинигэ буолан тахсан, Саха сирин улахан аҥаара буолла быһыылаах. Олорго тирэҕирэн Саха сирин остуоруйата суруллуоҕа. Онно бу кинигэ бэйэтин миэстэтин булуоҕа. Итинник. Кытаатыҥ.
|