Сахалыы ааттар тустарынан Чаптар үһүйээннэрэ.Былыр нуучча кэлиитин саҕана, саҥа быгыалаан эрдэхтэринэ, сахалар, үйэ уларыйаары гынна дуу, диэн ороһуйа санааннар иннилэрин көрүүлэнэн ойуун кыырдарбыттар. Туох үйэ иннибитигэр кэлээри гынарый? диэн соҕотох ыйытыктаах. Ойуун кыырбыт. Кыыран баран тугу көрбүтүн кэпсээбит. Оччото суох көстүүнү ойуулаабыт. Нуучча кэлэрин уонна ыраахтааҕыга бэриннэрэрин. Кэлэр үйэлэргэ Саха нуучча батталыгар олоруоҕун. “Баһымньы быта баска ыттар, кэтинчэ быта кэтэххэ ыттар кэмнэрэ иһэллэр. Туох да үчүгэй суох.” Саха өйүн санаатын барытын кус-хоро өйө-санаата сабардаан, хоро-дьахтар майгыта хотон, саха-аҕа майгыта хотторон сииккэ-буорга тэпсиллэрин, эппит-тыыммыт. Киһи киһи буолбут, саханы саха гыммыт, аҕа сахарал өйдөбүллэрэ илдьи кэһиллэн, имириэх сүтэр дьылҕалаах буолуохтарын сөбүн иһин, таҥара сахаларга ойуун нөҥүө өрүһүнэр ньыма ыйбыт. Ол ньыма ис хоһооно маннык үһү. Олох аҕаларын аҕалар, илдьэрин илдьэр. Ону өрөлөһүү, туһата суох. Киһи киһи буолбут, саханы саха гыммыт Аҕа уонна Сахарал өйдөбүллэрин сир-уот ааттарыгар, киһи аатыгар, аҕа уустарын ааттарыгар иҥэрэн хаалларан иһиҥ. Оччоҕо саха баарын туххары ол ааттары уонна ытык өйдөбүллэри күн аайы саҥаран туһана сылдьыахтара. Ис хоһоонун билбэтиннэр даҕаны. Өйдөбүл киһи уоһуттан түспэтэ наада. Кэнэҕэс, хаһан эрэ, наада буолар кэмигэр, ол өйдөбүллэр ис хоһооннорун биһиги ким эрэ уоһугар түһэриэхпит, диэн буолбут. Онтон бэттэх сахалар аҕа өйдөбүллэрин сир-уот ааттарыгар дьон аатыгар иҥэрэн симэн киирэн барбыттар. Биһиги сахарал билиибитин ытык ааттарын сир аатыгар, нэһилиэк аатыгар, дьон ааттарыгар, аҕа ууһун ааттарыгар, өрүстэр, үрэхтэр, хайалар, түбэлэр ааттарыгар күн аайы ааттаан туһана сылдьаллар. Ис хоһоонун билбэт да буоллуннар. Онно дьыала суох. Өйдөбүллэр ааттара сүтэ, симэлийэ илик. Былыргылар аҕа сахарал өйдөбүллэрин өрүһүйбүт ньымалара итинник. Бэрт судургу. Ол оннугар улуу. Итинник улууну киһи өйүнэн тобулбат. Таҥара уунар. Оччоҕо биирдэ табыллар. Таҥара биэрбит, бастакы сахарал билиитэ итинник хараллан баччаҕа диэри тыыннаах кэллэ. Саха сахарал билиитин илдьэ сылдьар соҕотох омук хаалла. Атын омуктар бары ириэнэхтэрэ уурайбыта ыраатта. Сойуот, тоҥот, тоҥус буолан бүппүттэрэ. Сахаларыттан арахпыттара. Былыргы сахарал билиитин сис өйдөбүллэрэ биис уустарын ааттарыгар, эмиэ, иҥэн сылдьаллар. Холобур. Олох-дьаһах тэринии ньыматынан бардахха. Бордоҥ - буор күөстээх бордоҥкуй таҥаралаах бордоҥнор. Буор иччилээх. Буор иччитин аата Бордоҥкуй диэн. Бордоҥнор буор куту улахаҥҥа уураллар. Буору кытта бодьуустаһаллар. Буору амсайан сиэн көрө сылдьар дьон. Бор дьон. Киһи буортан тардыылаах. Бордоҥнор буору иилээн-саҕалаан тыыннаах буолар ньыманы тутуһаллара. Бордоҥнор буор-даҥнаах дьон. Буортан атыны билиммэттэр. Буор уу анныгар, хочоҕо, аралга баар. Хайаҕа буор суох. Бордоҥнор буору хаһан күөл уутун түһэрэн хара буору таһааран ону ходуһа, олорор сир гынар идэлээхтэрэ. Холобур. Сунтаарга Элгээни түһэрэн Элгээйи сир таһааран 1-кы Бордоҥнор олохсуйбуттара. Ньурба улууһугар бордоҥнор Ньурба күөлү түһэрэн Ньурба нэһилиэгин олохтообуттара. Хаспыт хоруулара билиҥҥэ диэри сытар. Маалыкайга күөл түһэрэн сир таһаарынан олороллор. Бордоҥ дьонугар ханна да тиий, буору кытта бэрэлэһэ сылдьар дьон. Бордоҥнортон ураты бадарааны кытары бодьуустаһар биис уустара баар этилэр. Ааттара Чүүт, (чудь, руск.) биистэрэ диэннэрэ. Чүүт, (чуды, руск.) - бадараан дьоно, диэн. Сахаҕа бадараан киһитэ диэн. Эмиэ бадарааны кытта тустар дьон. Бордоҥнор буор куттаах буоллахтарына, Чүүттэр бадараан куттаахтар. Бадарааны куурдан сир таһаарыналлар. Бадарааны сараҕытан олорор кыаҕы оҥостоллор. Оннук оҥостуллубут сири Чүүйэ сир диэн ааттанар. Чүүттэр сахаҕа элбэхтэрэ. Хайа баҕарар биис ууһугар бааллар. Холобур. Былыргы Дьаархан бииһин быстахтара Мэҥэ-Хаҥалас Нөөрүктээйи бииһигэр Чоочо-баай олоҕо Чүүйэ диэн сир баар. Ити күөлү түһэрэн баран бадараанын таһааран ону куурдан сир гыныы. Үөһээ Бүлүүгэ Чүүт диэн күөл баар. Ону Боччоомо уола Халыана диэн оҕонньортон ыйыппыппын, Чүүттэр диэн бадараан дьоно диэн эппитэ. Онтон ыла билэбин. Чүүттэр хоту эҥээргэ элбэхтэр. Инньэ, арҕаа эмиэ бааллара. Чудское озеро, белорустар былыргы ааттара эмиэ Чудь диэн. Буолак, хонууга олорооччулар: буолактар, (поляк, руск.) ааттаналлара. Бордоҥнор күөлү иилии түһэрэн буор сир оҥороллор. Үксүгэр оннук. Элгээйи буоллун, Ньурба буоллун. Уу хаалбат. Хара буор оҥороллор. Ити аата: буор иилээһин, биитэр бордооһун, диэн ааттанара. Бордооһун, диэн киһи аата баара. Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр. Бордоҥ - дьарык. Ол итэҕэлэ. Буору өрө тутуу. Чүүттэр оннук буолбатахтар. Күөлү кыратык түһэрэллэр. Тахсыбыт бадарааны кытары бодьуустаһаллар. Биитэр, отой бадараан, дьүүктэ уута халыйа сытар сирин булаллар. Онтон үрдүк сирин куурдан сир таһаарынан олроллор. Чуут-чаат оҥостуу-туттуу. Дуомугар, солуобатыгар. Ити аата: бордоҥнор уонна чүүттэр. Ааттарын быһаарыы. Аны атын ньыманнан сир таһаарыныы эмиэ баар. Онтон холобурдуохха. Солоҕон биистэрэ. Солоҕон - тайҕаны өртөөн уот ыытан баран уот солох күлэ буорга кубулуйан кырыстыйыытын батыһа сылдьан олохсуйар. Оннук дьон ааттара солоҕон диэн буолар. Бу дьон уот солох күлүн улахаҥҥа уураллар. Солох буоругар ача, чыыбаайы үүнэр. Кыыл мустар. Сүөһү-сылгы аһыыр. Оннук сир таһааран олоҕуруу солоҕон буор биистэрэ диэни үөскэппитэ. Солоҕоттор тайҕа, тыа дьоно. Уу-буор дьоно буолбатахтар. Алаан, (алан, руск.) - алаас, арал, алаар сирдэри булан олохсуйбут дьон алааннар диэн ааттаналлар. Алаас ыаллара диэн. Онон өрүс хочотугар алын олорор дьон бары алааннар диэн ааттаналллара үһү. Булгаар, (булгар, руск.) - булгунньахтаах сирдэри кэрийэн булгунньахха аарыыр, олохсуйар дьон аата булгаардар диэн буолаллар. (Курганная цивилизация, руск.) Чучунаа, (чечня, руск.) - хайа үрдүгэр тааска олохсуйбут дьон Чочулар, Чучунаалар диэн буолаллар. Сиинэ Чочулара Алын Бүлүүгэ уонна Кэбээйигэ, Тааттаҕа Чычымах уонна Чымнаайы бааллар. Нэһилиэктэрэ биллэллэр. Үөдүгэй, (Едигей, руск.) - үөдүйүүнү, үөдүйэри улахаҥҥа ууран ону түстүү, үөдүтэ сатыы сылдьар биис ууһа Үөдүгэй диэн буолар. Оннооҕор тимири уһааран ылан тимир сэби-сэбиргэли үөдүтэн баар гынан дьон-сэргэ тыыннаах буоларын кытта түстүү сатыыр биис ууһа буоллаҕа. Тимири үөдүппүт, аата онтон. Дьаархан, (ярхан, руск.) - инникитин оҥостон хаһаана, дьаархана, ыарахан кэмнэр кэлэллэригэр эрдэттэн лэбэлэнэн бэлэмнээх көрсөр биис ууһа Дьаархан диэн буолар. Хатылы - олох хатылана турар. Хатыланыы нөҥүө хаамар. Киһи - оҕотугар, оҕоҥ - сиэҥҥэр. Оннук салҕанан барар. Киһи хатылаа-һыны туттан байар-тайар, кэҥиир. Ону тускул гыммыт биис ууһа Хатылы диэн буолар. Дьэ итинник бара турар. Муҥура суох элбэх өйдөбүл ааттарга саһан сытар. Ити өйдөбүллэр сахалыы бастакы майгылары көрөллөр-харайаллар. Сахарал билиитэ диэн ааттаналлар. Билигин, кэмэ кэлэн киһи барыта сахарал өйдөбүллэрин ис хоһооннорун сэргиир, билэ сатыыр буолан эрэр. Ол киһи-аймах өйө санаата мунуутун кытары ситимнээх. Муммут уонна муннарбыт хоролуу тыһы өйдөбүллэр дьиҥнээх сахалыы атыыр өйдөбүллэринэн сөхсүтүллэн хаттаан Сахсаан буолуохтаах. Саҕаламмыт сахтарыттан тэйэн тэнээрэн, мунан хаалбыт аныгы өйдөбүллэри хаттаан сөхсүтэн төрүт сахтарыгар түһэрии аата Сахсаан диэн. Ол Сахсааны саха омук саҕан саҕалыахтаах. Итиннэ сытар саха омук таҥараттан ыйааҕа, тойонтон туурата. Саха тылыгар Сах саҕанааҕы бастакы өйдөбүллэр харалла сыталлар. Өйдөбүллэри сахатытыы сахсаана барыахтаах. Буолаары турар Сахсаан Саха сиригэр, Үөһээ Бүлүүттэн саҕаланара сабаҕаланар. Үөһээ Бүлүү сис бииһэ - Үс Үөдүгэй буолар. Үс Үөдүгэйгэ кэнэҕэскини тигэр аналлаах Кэнтик диэн ааттаах нэһилиэк баар. Кэнэҕэски майгыта, өйө-санаата онтон тигиллэн тахсыахтаах. Кэнтик нэһилиэгэр Үөдүгэйтэн үөскээбит чабыламмыт баҕайы Чап ууһуттан чаҕыллан уот буолан саҕыллан сахарал санаата өрө күүдэпчилэниэхтээх. Саталаах саҥалаах Сата бииһиттэн саҕалаан, Саха сиригэр тарҕанан тараадыйыахтаах. Дьаар-хааннаах дьаархан бииһиттэн дьааһыйыллан диэлийэн тэлэһийэ сүүрүөхтээх. Инньэ гынан эстээри гынар олоххо тыын салгыахтаах. Симэлийэн сүтээри, күүһэ-уоҕа, сэрээт уота олорон бүтээри гынар олох имсэтигэр, иитээйитин сириэдийэр диэкки үөскүүр, ууһуур уоҕу эбэн биэриэхтээх. Саҥа санаа саҕыллар таҥыллыыта таҥараттан итинник ыйыылаах. Манна киһиргээһин суох. Үөдүгэйдэр үчүгэйдэрэ, дьаарханнар дьаһаллара, саталар сатамньылара да буолбатах. Кинилэр кыһалаах уустар сыдьааннара. Таҥара талбыт талбалара. Ким буолан төрүүрү ким да талбат. Таҥара бэйэтэ билэр. Үөһээ Бүлүү өрүү үөһээлэри булуу, үөһээ буолуу түбэтэ. Үс Үөдүгэй үөдүйүү төрдө. Ол Үөһээ Бүлүүлэр бэртэрэ буолбатах. Үөдүгэйдэр да үтүөлэрэ буолбатах. Таҥара тардыытын таҥыыта оннук.
|