Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

02. Чаптар саха төрдүн туһунан үһү домохторо уонна билиилэрэ.

Чаптар саха төрдүн туһунан үһү домохторо уонна билиилэрэ.

Сах үйэтэ. (Sax, Допотопная эпоха.)
Билиҥҥи үйэ Тоҥ үйэ диэн. (Век железа, руск.) Бу иннинэ уолдьаан ааспыт үйэ аата Сах үйэтэ диэн. (Каменный век, руск.) Киһи-аймах сиргэ кэлэн түһэн үөскээһинэ Сах үйэтигэр буолбута. Ийэ сиргэ олох саҕыллыыта, саҕаланыыта, саха сиргэ кэлэн түһүүтэ.
Сах үйэтигэр үөскээбит дьоннор бэйэлэрин сахабыт диэн ааттаналлар. Ириэнэх киһи ахасааныгар киирэллэр. Уу саха диэн буолар.
Тоҥ үйэҕэ үөскээбит биистэр бары тоҥоттор, сойуоттар, тоҥустар диэн буолаллар.
Саха - эр киһи. Олоҕу саҕар майгы аҕа киэнэ. Аҕа баһылааһына.
Дьахтар эр киһиэхэ араабы буолан үөскээн кэлбит, эр киһи аймаҕа буолар. Оҕо, сиэн, хос сиэн аймах буолан барар.
Сах үйэтин кэмигэр Сай баһылаан турбут. Кыс суоҕа үһү.
Таас сатата баһылаан турбут кэмэ. Таас үйэтэ диэн ааттанар.
Билигин тимир үйэтэ.
Сата уоту аһардыыта толору кэмэ. Билигин быһаҕас, аҥаардас, (полуроводник, руск.). Таас уоту биир эрэ өттүгэр аһарар.
Сах үйэтэ Тоҥ үйэҕэ уларыйыыта ууннан буолбут. Ол Уу Буһук, (всемирный потоп, руск.) диэн ааттанар.
Үйэ уларыйарыгар бастаан Уу буһук, (потоп, руск.) үллүбүт. Онтон Муус буһук уолдьаабыт. Муус буһук, (ледниковый период, руск.). Муус Буһук билиҥҥи кэминэн аахтахха быһа сабаҕалаан 1000 сыл анараа өттүгэр буолбут.
Сах үйэтэ уурайбыт. Былаҕай былдьаабыт. (Благой отнял, руск.) Ол кэмтэн ыла Тоҥ үйэ кэлбит. Тымныы кыс баһылаабыт. 9 ый кыһын, 3 ый сайын буолбут.
“Сах сиэтин”, “Сах саҕанааҕыны ыатарыма”, “Ээ, Сах билэр”, “Сах үйэтин былаҕай былдьаабыта” диэн уос домоҕо буолан билиҥҥэ диэри Сах үйэтэ ахтылла сылдьар. Ол кэмтэн ыла Сах Аҕай, (аҕа-ай - агей, руск.) майгыта Былаҕай былдьаабытынан “былаҕай” - “плохой” буолан тылга сылдьар. Ол оннугар тыһы Хоро битэ хотон Тоҥ үйэҕэ “хоро-суо”, “хорошо” диэн буолан сылдьар.
Сах таҥара үйэтин Былаҕай былдьаан ылан Хоро таҥараҕа биэрбит.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2007-10-27)
Views: 1962 | Rating: 3.0/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024