Сах үйэтэ тоҥ үйэҕэ уларыйыытын үһүйээнэ.Сах үйэтин саҕана Сах, Сэб, Сэт, Сэл таҥаралар диэннэр халлааҥҥа баһылаан олорбуттар. Хоро таҥара Ону күнүүлүүр эбит. Бэйэтэ баһылыан баҕаран Сэт таҥараны кытары охсуспут. Сэт таҥара Хоро таҥарыны аҥаар хараҕын тоҕо дайбаабыт. Онтон абаран Хоро хоттороору гынан Сэт таҥараны таһаҕын аҥаар сымыытын туура тардан кэбиспит. Онтон эрэмсэрэн Сэт таҥара хотторон туораабыт. Хоро таҥара хотон аҥаар харахтаах Улуу Хоро ааттанан сири барытын баһылаабыт. Аҥаар хараҕа суох буолан эттик сататын аһарар дьоҕура аҥаардас, (полупроводник, руск.) буолбут. Сэт таҥара тэйэн туораан биэрэн айыллыы, ууһааһын аныгы майгытынан буолбут. Урут хайа баҕарар атыыр хайа баҕарар тыһыны сабан ууһатар үһү. Ол тохтообут. Киһи-киһиттэн, кыыл-кыылтан бэйэтин көрүҥүттэн төрүүр буолбут. Сах үйэтэ Уу буһук, Муус буһук үллүүтүнэн уларыйбыт. Саҥа Тоҥ үйэ үүммүт. Уу буһук кэмэ. (Потоп.)Сах үйэтэ уларыйыыта ууннан буолбут. Сир Булуус оройо уларыйбыт. Аан Ийэ дойду ууга барбыт. Сах үйэтин Тоҥ үйэ солбуйбут. Саха сиригэр кыыл-сүөл, киһи бөҕө өлбүт-сүппүт. Кырамталара көстө турар. Ол кыыллары барыларын: “Уу оҕуһа”, “Уу кыыла”, (Потопные животные, руск.) диэн сахалар быһа аатттыыллар. Сах үйэтэ сиэбит, былаҕай былдьаабыт кыыллара. “Сах сиэтин”, “Былаҕай былдьаатын”, (Благой отнял, руск.), диэн онтон тардаллар. Уу Буһук үйэтин кэминээҕи кыыллар бары итинник ааттаналлар. Тоҥҥо сыппыт кыыллар эттиин-сиинниин, түүлүүн-хаардыын көстөр түбэлтэлэрэ элбэх. Аҕа дойду сэриитин сут кэмигэр Сэлии-кыыл, (мамонт, слон, руск.) бүтүн эттээх өлүгүн булан, буһаран сиэннэр дьоннор сүһүрэн өлбүт түбэлтэлэрэ баар. Муус Буһук. (Ледниковый период.)Уу Буһук кэннэ тымныы аас салгын сиргэ сатыылааһына буолбут. Дьаалыттан Дьыл Оҕуһа түспүт. Дьыбар оҕонньор диэн ааттаммыт. Тымныы Дьыбар оҕонньор олоҕуран олорор сирэ Дьыбар хайатыгар. (Джебарики-хайа, руск.) Билиҥҥи Өймөкөөн уонна Томпо быыһа. Сунтаар хайата. Ити былыргы өбүгэлэр ыйбыт сирдээҕи тымныы оройо, (полюс холода, руск.). Баран көрүөххүтүн сөп. Уу Буһук ааспыт. Уу тоҥмут. Муус буһук үйэтэ кэлбит. Саха сирэ булууһурбут. Ирбэт тоҥ үөскээбит. Сир хоту оройо буолбут. Былыргы сир арҕаа эҥээрэ Муустаах байҕал анныгар тимирбит. Кыыл-сүөл субу кэмҥэ сууһаммыт. Аас салгын түһүүтүн тулуйбатах. Тоҥ үйэ уолдьаан кэллэҕэ ол. Сах үйэтин Былаҕай былдьаабыт. Ити кэмнэргэ Үргэл, (Плеяды) сулус үрэллибит. 7 сулус буола арахпыт. Сахалар кэрдибиттэрэ, диэн үһүйээн баар. Онтон бэттэх 9 ый кыстаах, 3 ый сайыннаах билигин турар Тоҥ үйэ уолдьаан баһылаабыт. Ол кэмнэртэн тыыннаах хаалбыт сахалар, Үргэл сулуһу Саха омугун араҥаччы сулуһунан ылыммыттар. Үргэл, (Плеяды) - саха араҥаччы сулуһа. Хас биирдии саха итини булгу билиэхтээх. Халлааҥҥа Үргэли ыйан көрдөрүөх тустаах. Уу Буһук уонна Муус буһук үйэлэрэ төһө кэмҥэ турбуттарын айбыт Айыы бэйэтэ билэр. Ааһа уһаабатах буолуохтаах. Тыыннаах олох сиргэ иилии эстибэтэх.
|