Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

04. Тоҥ үйэ.

Тоҥ үйэ. (Век нынешний. Буквально: Мерзлая эпоха.)

Муус буһук кэнниттэн кэлэн олоҕурбут кэм үйэтин аата. Билиҥҥи кэм.
Аас (тымныы) салгын түспүт. Аас салгын - азот диэн билигин ааттанар.
Аас тымныы салгын бастаан түспүт сирэ Аас-ийэ, (Азия, руск.) диэн.
Эттик аһарар сатата уларыйбыт. Таас уоту аһарара туос ама буо-лан хаалбыт. Биир эрэ өттүгэр аһарар буолбут. (Полупроводник.) Толору аһарыы сата диэн. Ол тохтообут. Таас Сах үйэтигэр киэбирэн-хаабыран турбут кэмэ ааһан көннөрү эттик буолбут. Таас үйэтэ Сах үйэтин кытары аастаҕа ол.
Ханнык эмит сата тобоҕо хаалбыта, аныгы компьютер эҥин буолар. Билиҥҥи киһи оннооҕор, таас, ити, тобох хаалбыт дьоҕуруттан саллар. Санаан көр: таас толору саталаах турдаҕына хайдах аптаах, хомуһуннаах буолуой? Киһи сатаан санаабат дьыалата.
Ол оннугар Тоҥ үйэҕэ тимир сатата таастан ордук буолан, аныгы үйэ тимир үйэтэ диэн ааттанар. Сиргэ хайа да эттиктэн кытаанах онна ордук аһарымтыа эттик буолан барыларын хоппут. Онон Тоҥ үйэ - тимир үйэтэ.
Таас үйэтигэр сата баһылаабыт эбит буоллаҕына, Тимир үйэтигэр тимирдэр маҕыйар маҕыньыыт тардыы баһылаан турар кэмэ. Маҕыньыыт тардыытын хоппут туран кэлэн оннукка-манныкка кубулуйан баар буолар. Оттон кыамматах тимирэр.
Тоҥ үйэҕэ тымныы кэм уһуна төгүрүк сыл устата 219 хонук. Дьыл кэмэ диэн ааттанар.
Сылаас күн кэмэ 146 хонук. Самаан сай кэмэ диэн ааттанар. Икки дьыл икки ардын самыыр, холбуур. Онтун иһин самаан са-йын диэн ааттанар.
Күн уонна Дьыл сыл хонугун үллэстиилэрэ итинник.
Саха - эр киһи эҥээрэ. Имсэтин тобуруота (+) бул-уус, (плюс).
Хоро - тыһы эҥээрэ. Имсэтин тобуруота (-) мыын-уус, (минус). Хоро - дьахтар эҥээрэ.
Хоро уонна Саха киирсиитэ, охсуһуута, таптаһыыта бу, олох атаанын-мөҥүөнүн ыйааҕын оҥорор. Атаан-мөҥүөн тыыннаах олоҕу тутан турар. Сирдээҕи майгы уонна таҥара майгытын киирсиилэрэ, атааннара-мөҥүөннэрэ.
Тыһы-атыыр киирсиитигэр, охсуһуутугар кэккэ ирдэбиллээх.
Бу киирсиигэ хотуулаах суох буолуохтаах. Киирсии олоҕу саҕан бара туруохтаах. Хайата да хотуо суохтаах. Ити ыйаах кыраҕытык кэтэниэхтээх. Этэҥэ тутуһуллуохтаах.
Тыһы-атыыр биир буолуо суохтаах. Сомоҕолоһоро бобуулаах. Тыһы-атыыр арахсыыта хаһан да иллэспэт. Утары-таары турсуута уурайара сатаммат.
Сирдээҕи тыһы майгы хаһан да, атыыр таҥара майгытын кытта тэҥнэһиэ суохтаах. Атыыр - киһи майгыта, тыһы - харамай майгыта. Тэҥнэстэҕинэ - харамай майгы киһи майгытын хотор.
Тыһы имсэ атыыр имсэ түбэтигэр өтөн киирэрэ бобуулаах. Олох иитээйитэ күүһэ өһүллэн уота олорон хаалар. Оччоҕо олох эстэн барар. Бастаан олох тыһытыйар, онтон эр киһи эстэр. Ол - эстии.
Тыһы имсэ сирдээҕи майгы буоларын быһыытынан, бэйэтин аллараа туттуохтаах. Таҥара майгытын үөһэ тутуохтаах.
Бу үс ирдэбил кэһиллэрэ кытаанахтык бобуллар.
Мантан уратытык бардаҕына, киһи-аймах эстиитэ кэлиэхтээх.
Сирдээҕи тыһы таҥара атыыр майгытын баһылаатаҕына түҥнэри түөрэх буолар. Түҥнэстибит түөрэх олоҕу түҥнэрэр. Суох оҥорор.
Сэрэнии наада. Кэтэбил наада.
Тоҥ үйэҕэ сайдан омук буолан олоҕурбут дьону-сэргэни сахалар Тоҥ-уустар биитэр тоҥоттор, тоҥустар диэн ааттыыллар. Холобур. Тоҥ нуучча, уонна тоҥус.
Сах үйэтэ ааһан саха баһылааһына уурайбыта. Тоҥ үйэҕэ тоҥ биистэр баһылыыр кэмнэрэ. Кинилэр үйэлэрэ. Атыыры тыһы баһылыыр күнэ.
Саха сиригэр булуус олоҕуран Муус ирэн киһи олорор буолта 1000 сыл кэриҥэ буолла. Атына барыта сымыйа. Ол иннинээҕи олох Сах үйэтин саҕанааҕы дьыала.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2007-10-30)
Views: 2169 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024