Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

05. Булуус.

Булуус. (Полюс, руск.)

Тоҥ үйэ оннун булуута билиҥҥи майгы баар буолбута. Ол сир Хотугу булууһа олоҕуруутун кытары ситимнээх.
Хоту хайысха бары тус хайысхаларыттан хотуулаах хайысха. Хотуулаах ол иһин хоту диэн ааттанар. Сир туруу бараанын биэрэр. Сир хамсаабакка туран эрэн эргийиитин хааччыйар. Хоту - сир һаарын туруутугар үөһэ өрүт.
Тус хайысхалара хотуулаах Хоту хайысхаттан ааҕылаллар.
Хоту - соҕуруу, илин - арҕаа.
Хоту - сир туруутун тутан турарын бараан эргиирин хааччыйарын иһин ааттыыллар.
Соҕуруу - икки ааттаах. Соҕуруу уонна Үт, (Ук) диэн.
Соҕуруу хайысха аатын төрдө үөскээһинигэр сытар.
Соҕуруу диэн тыһы уу майгытын, суоҕу этэр. Таҥараттан тар-дыыта суох. Дьахтар майгыта майгылаах хайысха. Ук диэн онтон. Соҕуруу хайысха хоту хайысхаттан араарыллан баран, үтүрүллэн үөскээбит. Соҕуруу хоту майгы таҥнары тыһы өттө. Ук майгыта. Ол иһин Үт, Ук, (Юг, руск.) диэн ааттанар.
Илин - арҕаа барыы хайысхатын Күн Айыы оҥорбут хайысхата. Күн илинтэн тахсар арҕаа диэкки айанныыр. Күн дьайыыта Хоту хайысханы икки аҥыы араарар. Соҕуруу хотуттан аҥаарданан, үтүрүллэн араҕар. Ити араҕыыны оҥорорун иһин күн айанын арҕаа диэн ааттаабыттар. Араҕыыны оҥорор.
Илин - кэм кэрдии айанын инники өттө. Илийэр, иҥэр, иилиир өрүтэ. Күн көрдөҕүнэ ирэр, иилиир уонна сырдык киһиэхэ иҥэр.
Эр киһиэхэ Ил диэн сэбин төбөтө. Саамай илин өттө. Дьахтарга сылдьан илиттинэр өттүҥ. Ил Ур Сэлтэкэ диэн толору аата.
Ийэ сир икки орой булуустаах. Хоту булуус - атыыр эҥээр. (+).
Хоту- аартык диэн ааттанар.
Соҕуруу булуус. Хос орой, биитэр, антах-аартык диэн. Тыһы эҥээр. (-) минус.
Хоту булуус. Булуус диэн өйдөбүл уустар сахарал диэн билиилэригэр үс улахан сис өйдөбүллээх.
Хотугу булуус үс оройдоох.
Бастакы орой сир аннынааҕы Уот Кудулу байҕал оройо.
Аал уот Тойон эһэбит оройо.
Бу баар диэн ыйар буоллахха: Хамчааккы диэн ааттанар. (Камчатка, руск.)
Сир аннынааҕы уот муҥутуур оройо Хамсата диэн ааттанар. Табах хамсатын курдук. Хамса табах уурунар баһын чааскыта Хамчаакы диэн, онтон оһо диэн кэлэр, оһугар чубууга олорор.
Хамчааккыга киэҥ байҕал уута оргуйа сытар сирэ. Итии ууннан ыһыахтыыр, чаан бөҕө, (гейзер, руск.). Баран көрүөххүн сөп.
Сир хотугу эҥээрэ (+) имсэлээх. Ол аата: эргиирэ күнү батыһа буолар. Хаҥастан - уҥа. Эр киһи эргиирэ эмиэ оннук.
Сир соҕуруу эҥээрэ (-) имнээх. Ол аата: эргиирэ күнү утары сүүрээн буолан хаалар. Уҥаттан - хаҥас. Дьахтар эргиирэ эмиэ оннук. Күнү утары.
Уот хамса чаана, (гейзер, камчатка) Хамчаакы диэн ааттанан хоту баар. Саха сириттэн араарыллыбыта, арааһа. Оттон Эмиэрикэҕэ Алааска сирэ 18-с үйэҕэ Сахаттан араарыллан атыыламмыта.
Уот хамсата аан дойду уутун барытын хамсатар. Хоту уот оро-йуттан сир саарын туох баар сүүрээнэ саҕаланар уонна онно төннөн кэлэн бүтэр. Дьиэ ититии систиэмэтин курдук. Оһоҕор кэлэ турар.
Уот оройугар кэлбит уу итийэн хамсыыр аакка барар. Ол иһин уот оройо хамсаакка, саҥарыытынан Хамчаакка диэн буолар.
Тойон эһэбит Уот иччитэ хамчааккаҕа дугуйданар.
Булуус иккис оройо Уу оройо.
Эбэ Хотун оройо. Аата Хотугу Муус байҕал диэн ааттанар.
Уу мустан муус буолан тоҥо сытар байҕала. Тойон Эһэбит Уот оройун хоойдото улаҕаа хоонньоһо сытар. Уоту сойутан уҕарытар. Сэбэ өрөнөн уот сиэмэннэн ыһыахтанна да сыччыыйын суок уутунан саба ыһан сойутан намылытан иһэр.
Уот оройо Хамчаакка уонна Муус байҕал сэргэ хоонньоһо сыталларын баран чопчу көрүөххүн сөп. Барбат буоллаххына, хаартаҕа көр.
Уу уонна уот таптаһыытын уһаныыта, төрөппүт оҕото Ийэ сир, Аар айылҕа буолар.
Бу икки оройу үһүс тардыы тутар. Таҥара тардыыта. Сир Ийэ тыһы имсэлээх. Онон тардыыта эмиэ тыһы. Аата халлаантан түһэр тымныы.
Үһүс орой тымныы дьыбар оройо буолар.
Дьаалыттан тардар ол иһин Дьыл-оҕуһа диэн буолар.
Тымныы Дьыбар уу байҕал Эбэ-хотуҥҥа уоту уҕарытарыгар көмөлөһөр. Ууну муус гына тоҥорон сойутар. Күүһүн улаатыннарар.
Муус килиэ ирбэт тоҥунан Уот Кудулу байҕал оройун бүрүйэр. Хамсаабат гына хам ылар.
Тымныы оройо ханна баарый?
Былыргы сахалар ыйан хаалларбыттарынан Саха сирин илин өттүгэр Дьыбар хайа, (Дьебарики-хая) диэн Илин Сунтаар сис хайатыгар баар чопчу сир. Билиҥҥинэн Томпо уонна Өймөкөөн улуустарын быыһа.
Тымныы тардыыта сир булууһун оҥорор. Хотугу байҕалы мууһурдар. Сири ирбэт тоҥунан бүрүйэр. Ол сир булууһугар киирсэр. Булуус ирбэт тоҥо балачча киэҥ сири бүрүйэр.
Былыргылар ыйан хаалларбыт быыстара Томмот уонна Аллан диэннэр. Томмоттон антах ирбэт тоҥ бүтэн киирэн барар. Сир анна ириэнэх уу буолар.
Үс орой - Булуус;
Уот, Уу, Тымныы бэйэ-бэйэлэрин таҥара биэрэн булсаллар. Бэйэ-бэйэлэрин булустахтарына биирдэ эрэ Булуус диэн сиргэ үөскүүр.
Булсан уһаналларын иһин Бул - уус диэн тылы сахарал билиитэ ыйар.
Булуус толору суолтата сахарал билиитигэр: Булус - улуу - уус диэн буолар. (Великие узы находят друг друга для творения земного, руск.)
Уот, уу, тымныы оройдоро булуспуттарыттан ураты ордук улуу, бу сиргэ туох кэлиэй. Сир Булууһа олох сириэдийэр тутула буоллаҕа. Мөккүөр суох.
Үс орой холбоһон биир Ур (үс муннугу) оҥороллор. Үс муннук - Ур диэн эр киһи саҕалыыр саҕата буолар. Ол иһин - Саха, ол иһин (+) булуус.
Бэйэҥ хаартаны ылан көр. Уот оройун Хамчаакканы бул. Уу оройун - Хотугу Муустаах байҕал ортотун бул. Томпо улууһугар Илин Сунтаар хайатыгар Дьыбар хайаны, (Дьебарики-хая, руск.) бул. Бу үс оройу харандааһынан холбооттоо. Илин диэкки төбөлөөх, хоту диэкки тардыылаах үс муннук тахсан кэлиэ. Ити аата - Хотугу булуус диэн буолар. Хоро билии итинтэн Хотугу Муустаах муора ортотун эрэ булуус диэн ыйар. Атынын билбэт. Ол билбэтэ сөп. Сахарал билиитэ хоролорго суох.
Хос-орой.
Онтон соҕуруу көрдөххүнэ Хос-орой, (хосрой, руск.) диэн ааттаах соҕуруу орой баар. Хоту орой ханыыта. Эр киһи уонна дьахтар курдук.
Сир булууһа диэн ааттаабаттар. Хос-орой, (параллельная макуха, руск.) диэн ааттыыллар сахалар.
Тоҕо оннугуй?
Судургу. Хос оройго Уот Кудулу байҕал атаҕа сөп түбэһэр. Оройо буолбатах. Уу байҕала суох. Көннөрү тоҥ муус. Мууһун ыраастаатаххына ууга буолбакка сиргэ тиийэн кэлэҕин. Онон антах-аартыкка байҕал суох. Хос орой түбэтэ уруккута кытаанах сир. Дьаалыттан Тымныы тардыылаах. Онон муус килиэ дойду. Хотугу булууһу мууһунан, тымныытынан майгылыыр.
Хоту булуустан тардыыта итэҕэс. Онон уратылаһар.
Син биир дьахтар курдук.
Айар дьоҕур эр киһиэхэ таҥараттан бэриллибит. Дьахтар эр киһиттэн ылар. Анала оннук.
Хос орой эмиэ ол курдук. Аата: Антах аартык, (Антарктида, руск.) диэн.
Сир хоту өттүнэн халлааны хайытар. Үт-соҕуруу өттүнэн кэм кэрдии үтүрүллэн тахсар аанынан ааспыт кэм буолар. Антах диэн икки тыл. Аан уонна тахсыы диэн.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2007-10-30)
Views: 2377 | Rating: 4.5/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 17
Ыалдьыттар (гостей): 17
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024