Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

09. Сирдээҕи олох Үөһээ дойдута, орто дойдута, аллараа дойдута.

Сирдээҕи  олох Үөһээ дойдута, орто дойдута, аллараа дойдута.

Олоҥхоҕо  кэпсэнэр үөһээ, орто, аллараа дойдулар арахсыылара хас да  көрүҥнээх. Халлааҥҥа туспа, сиргэ туспа. Холобур.
  Айылҕа  оҥоһуутунан: Халлаан - үөһээ, сир үрдэ -  орто, сир анна - аллараа дойду. Бу оҥоһуу төрүт уонна  бастакы майгы. Айылҕата буоллаҕа.
  Айылҕа  оҥоһуута айылҕа иһигэр олорор дьон олоҕор дьайар.  Уонна туспа арахсыы майгытын үөскэтэр. Сирдээҕи олох  үөһээ, орто, аллараа дойдуга арахсыыта туспа. Онто маннык  буолан тахсар.
  Үөһээ,  орто, аллараа дойду сирдээҕи олоххо майгыта.
  Үөһээ  дойду - халлаан. Үөһээ дойдуга үрдүк айыылар  олороллор.
  Орто дойду -  сир хоту (+)саха имсэлээх Ур-Аар-тус эҥээрэ. Ур уустар олорор сирдэрэ.  Сир хоту эҥээригэр олорор дьон бары ур-уустар диэн ааттаналлар. Сир имсэтэ  (+). Онон олорор дьонун имсэтэ эмиэ (+) саха. Сырдыктан тардаллар. Айыы хаан  аймаҕа диэннэр.
  Таҥара  аартыга хоту баар. Онон таҥараттан тыгар (аар-тык, арктик) им уота хоту  бастаан кэлэр. Сир туруута оннук. Хоту өттүнэн халлаан туунун  хайытар. Онон хотугу айыы аймаҕа дьон халлаантан быһаччы тардыылаах  “көхсүттэн көнтөстөөх,  арҕаһыттан тэһииннээх айыы-хаан аймаҕа” дьон буолаллар.  Таҥараттан ситим көнтөс быаларын уонна тэһиин быаларын  Таҥара төргүүтэ диэн ааттыыллара. Таҥара  төргүүтэ (тюркют, руск.) диэн ааты бары билэллэр.  Таҥара төргүүтэ киһи диэн буолара.
  Киһи-аймах,  киһи-хара диэнтэн Киһи өттө хотугу эҥээргэ  олорор. Эр киһи майгыта. Дьахтар-аймах Эр киһи аймаҕа буолан  эҥээрдэһэр.
  Аллараа  дойду - сир соҕуруу суох (-) минус имсэлээх Анараа тус эҥээрэ. Аан-уустар  олорор сирдэрэ. Тыһы биистэр.
  Сир  соҕуруу эҥээрэ имэ (-) минус. Онон дьоннорун куттара-сүрдэрэ  эмиэ (-) хоро-тыһы. Абааһы тардыылаахтар. Хараҥаттан тардар  биис уустара. Амтыын Кириэс дьонноро. Хараҥаттан тардалларын иһин  оннук.
  Соҕуруу  эҥээр хоту эҥээртэн туруутунан аллараа сытар. Ол иһин алын  дойду диэн ааттанар.
  Киһи-аймах,  киһи-хара диэн өйдөбүлгэ аймах уонна хара диэнигэр  киирсэр дьон. Соҕуруулар киһи ахсааныгар киирбэттэр. Харалар,  аймахтар, харамай майгыттан тардыылаахтар, диэннэр.
  Кинилэр тардыылара  аллараа дойдуттан. Сирдээҕи дьоннор. Таҥараттан тардыыта суох  хараҥаттан тардар  харамай (карма)  бииһин уустара.Үөн-көйүүр харамайын курдук.
  Олоҥхо  кэпсээнэ, сүһэн оҥоһуллубут  сүһүөт үөтүүтэ барыта айыы  уонна абааһы аймаҕын охсуһуута,  атаана-мөҥүөнэ буолар.
  Мыын-уус (-)  Бул-ууһу (+) суох гына сатааһына. Хараҥа - сырдыгы саба охсо  сатыыра. Итинтэн турар “атааннаах-мөҥүөннээх аан ийэ  дойду” олоҕо. Бу охсуһууга кыайыылаах суох буолуохтаах.  Таҥара (+) өттө кыайыахтаах, Дьаабал (-) өттө  кыайтарыахтаах. Оччоҕо ыйааһын хараҕа тутуллар. Таҥара  майгыта олоҕурар.
  (Борьба  добра и зла, руск.)
  Сирдээҕи  уонна таҥара киирсиилэрэ. Өс уонна Өһүк атаана.
  Үөһээ, орто, аллараа дойду сирдээҕи  арахсыыта итинник.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2007-12-16)
Views: 2331 | Comments: 1 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 1
1 Joppon  
Та-аак, очень интересно. А как же тогда закон физики-природы, что минус на минус дает плюс?

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024