Улуу Саамай кэмэ. Улуу Саамай кэмэ диэн Буус Буһук ирэн аныгы Тоҥ үйэ олоҕурбутун кэннэ биис уустарын төттөрү-таары көһүүлэрин, саамыланыыларын, саамайданыыларын аата. Хоту диэкки ортотунан 750-ча сыл анараа өттүттэн саҕаламмыт. Ол аата орто үйэлэр саҕаланар сахтарыгар. Хотугу Булуус олоҕуран кылгас да буоллар Сай кэлэн ааһар буолан Үс Улуу Эбэлэр, (Эбэ, (Обь) өрүс, Иньэ-сай (Енисей) өрүс, Өлүөнэ (Лена) өрүс) үөскээннэр, оччотооҕу муус ирэн киһи хат-таан олорор туругар киирбит. Муҥура суох элбэх биис уустара Муус Буһуктан куотан соҕуруу, арҕаа түспүттэр. Сэп сэбиргэл күүһүнэн сир таһаарынан соҕуруу, арҕаа олохсуйбуттар. Кыанар-хотунар өттүлэрэ бары барбыт. Олору былыр, "тыал буолбуттар", бырахтар диэн ааттыыллара. Өлүөнэ түбэтигэр Туобуйа, Эбэлээх, Дьааҥы, Сунтаар хайаларын үрдүгэр ордон олорон хаалбыт кыаммат-хотуммат саха бииһин уустара, уу түспүтүгэр, аллараа арал, хочо сир тахсыбытыгар, онно түспүттэр. (Арҕаа Хаҥалас Туобуйа хайатынан барар хайа үрдэ уу уонна Муус Буһук кэмигэр ордон хаалбыт. Ону сэргиир киһи А. П. Окладников оҥорбут Уу Буһук кэминээҕи картатыгар көрүөн сөп.) Аллараа өрүс аралын булууга саҥаттан саамыланыы, саамайдана көһүү ыһыллыы - тарҕаныы буолбут. Ол кэм аата Улуу Саамай кэмэ диэн ааттанар. Аны умнулунна. Улуу Саамай олохтоох эрэ сахаларга буолбатах. Соҕурууттан, арҕааттан, илинтэн атын биис уустарын кытары аймаабыт. Оннук саамайданан көһөн кэлбит хоро биистэрин барыларын Саамай биистэрэ, (саами, руск.) диэн ааттыыллара. Бу Улуу Саамай биис уустарын олорор сиэрдэрин харааччы булкуйбута. Билигин ону ырытыыны "бытыылката суох" быһаарбаккын. Улуу Саамай улуу буолбута киһиэхэ эрэ буолбакка кыылга-сүөлгэ эмиэ барбыта. Ол кэмнэргэ Саха сиригэр улахан Муор уута ылан буолан кыыл-сүөл морбойо эстибитэ биллэр. Кырамталара бөҕө баар. Кыыллартан аһыылаахтар, Дьиэ көлөтүттэн аҥаардас сыспай сиэллээх сылгы эрэ ордубут. Оччотооҕу саха баайа сылгы эрэ. Ол иһин саха сылгытыттан күнэ тахсар. Атын кыылы билиммэт. Улуу Саамай кэмигэр билиҥҥи Саха сирин түбэтигэр тайааннарын уларытан саамайданан хоро-таба, тайах, туртас, хороҕор муостаах сүөһү, кыыллар сылдьар тайааннарын уларытан Саха сирин булбуттар. Кус-хоро көтөр сайыны батыһа сылдьар буола тайааннаммыт. Саас кэлэр, күһүн барар. Хороҕор муостаах барыта Хоро кыыл ахсааныгар киирэр. Саха сиригэр кэлии кыыллар. Олохтоох буолбатахтар. Олохтоох кыыллар бары эстибиттэр. Олохтоох муостаах кыыллар ааттара хороҕор муостаах буолбатах. Ураа муостаах диэн ааттанара үһү. Ураа муостаах эстибитэ. Онтуларын батыһан хоро-таба дьоно тоҥустар кэлбиттэр. Саха кыыла сыспай сиэллээх, сэлии муостаах, аһыылаах буолар.
|