Үөр, киип төбүрүөн ыйааҕа
Дьон-сэргэ үөрдүһэн, ханыылаһан
олорор. Төбүрүөннээн, (таврон, руск.) олоруу диэн ааттанар. Куорат
буоллаҕына Киип-төбүрүөн, (киив-таврон, руск.) диэн ааттанар. Олорор
сирдэрэ Таабыр, (табор, руск.) диэн. Таабыры бииргэ тэринии
табаарыстаһыы, (товарищество, руск.) диэни үөскэтэр. Ыһыллан тарҕаммыт
сирдэрэ - Ыстаан, (стан, становище, стойбище, руск.) Ол
сиэрдэрэ, киһиннэн кииптэнэн, (скиф, руск.) ыалынан суртанан, (юрт,
руск.), аҕа ууһунан түөлбэлээн, ийэ ууһунан иилэнэн, (иль, эль, руск.)
күрүөнүнэн күрүөлэнэн, (курень, руск.) түмэтинэн түмүллэн, (тьма,
руск.) биис ууһунан биһиктэнэн, (пиздоузование, руск.) омугунан
ыстааннанан, (стан, становище, руск.), таабырынан тарҕанан, (табор,
руск.) тэриллэн олорор сиэрдэрдээх. Сороҕор ыһыллар, арахсар.
Сороҕор түмүллэр, сомоҕолоһор. Ыһыллыы, арахсыы икки сүрүн
ньымалардаах этэ, былыр. Бииргэһэ, күрээһин. Сүрүн
үөртэн күрээн тэйии. Сүрүн үөртэн тыаһа-ууһа суох "сус" гынан хаалыы.
Киһи билбэтинэн. Итинник ньыманнан күрээн тэйии
Нөөрүктээйи диэн ааттанара. (Нөөрүк -
күрээн. Уҥаттан-хаҥас, хаҥастан уҥа ааҕыылар.) Иккиһэ,
арахсыы. Айдаарсан, иирсэн, этиһэн-охсуһан, өстөһөн арахсыы.
Атырдьах маһын курдук араҕан барыы. Сырдык хааны хара хаан хотуута.
Өһүк хааны өһөх хаан кыайыыта. Өстөһүү. Абааһы буолуу. Оннук
ньыманнан сүрүн үөртэн араҕан барбыт дьону, биис уустарын
Наахара диэн ааттыылар. Наахара хаана диэн
биир дьиэ, үөр иһигэр арахсыы араллаана. (Наахара - араҕан. Уҥа-хаҥас
ааҕыылар.) Бу икки ньыма аатыра-суолура олохсуйбута. Улуу
дьаархаттар ыһыллыыларыгар ити чуо көстө сылдьар. Кинилэр бастаан бу
өйдөбүллэри киллэрбиттэрэ үһү. Төбүрүөннээн олоруу хаһан да
уурайбат таҥара ыйааҕа. Киһи бу дойдуга тобуруолаах төрөөн түһэр. Ол
аата: плюс-минус им-нээх, ийэ кыыллаах (кута-сүрэ хантан тардара),
тат-имнээх (тотем, тыһы-атыыр буолан кэлэр көрүҥэ, тэтимэ, араасата,
омуга, бииһин, ууһа), таабырдаах (төрөөбүт сирэ). Балары киһи талбат.
Таҥара талбалаан киһиэхэ биэрэр. Ол аата таҥара анала диэн. Онтон ураты
таҥараттан ыйааҕа суох туоруу сатааһын бобуллар. Мантан
тахсар: а/ Көҥүл - (ис-хоһооно:
кэҥээ+үлүн). б/ Буола - буола
турар кэм хаамыыта. Кэм-кэрдии бу түгэҥҥэ киһиэхэ талар майгыны
биэриитэ. Оччоҕо киһи буолар, буолбат өттүн бэйэтэ талар.
Сөбүлээбэтэҕинэ буолбат. Аккаастыыр. Сөбүлээтэҕинэ -
буолар. в/ Быраабай, быраапсай -
( үс тыл: Быра+эбии+ай=Быраабай. Быра+эп+сай=Быраапсай. Быра
- ыраах, уҥа. Сүрэхтэн быра, ыраах өттүҥ уҥа өттүҥ буолар. Эп
- эбии, ай-оҥор-тут, сай - сайын.) г/
Эбээс - икки тыл: эбии+иэс. Балар
сайдан үөһэ олоххо бараллар: Ыал - көҥүлэ, буолата, бырааба,
эбээһэ. Аҕа-ууһун - көҥүлэ, буолата, бырааба,
эбээһэ. Күрүөн-дьон - көҥүлэ, буолата, бырааба,
эбээһэ. Салгыы, билиэмэ, түмэт, биис ууһун, омук, наассыйа,
арааса бырааптара уонна таҥараттан аналлара олоруулара, көмүскэллэрэ,
диэннэр үөдүйэн баар буолуохтара. Билигин биис ууһа, омук, наассыйа
көмүскэлэ суох буоллулар. Тэпсиллэн хааллылар. Булкуһуу, бутуйуу,
суураллыы бара турар. Ити таҥара төбүрүөн ыйааҕын утары. Алдьаныы.
Эстии суола. Төбүрүөн ыйааҕа тутуһуллуохтаах. Инньэ гымматаҕына
өкүмүлээтэр сиидэтэ алдьаранар. Сэрээти туппат буолан
хаалар. Биис ууһун, омук бырааптара чөлүгэр төттөрү
түһүөхтээхтэр. Өргүөт, (бысурмаан), Хаҥалас.
(Басурман и кангл, княгил.) Саха - Хоро арахсыы таҥараттан
тардыытын көрдүбүт. (+, - ). Таҥара ыйааҕа. Онно сөп түбэһэн
хоту уонна соҕуруу биистэр бэйэлэрин Саха уонна Хоро тобуруоларын
бэйэлэригэр бэлиэтэнэр эбиттэр. Ити ыйаах киһи аймаҕы икки
аҥыы араарбыт. Хаҥыл уонна Өргүөт диэн имнэнии үөдүйбүт.
Хаҥыл. Хоту эҥээр Саха биистэрэ
аҕа майгытынан айылҕаҕа сүгүрүйэллэр. Онон эттэрин-сииннэрин тугун да
тыыппаттар. Айылҕатынан хааллараллар. Тугу барытын айыллыбыт
айылгытынан илдьэ сылдьыы Хаҥыл диэн ааттанар. (Холобур. Хаҥыл сылгы.
Айааһана илик айылҕатынан көҥүл сылдьар сылгы аата. Айааһаннаҕына ат
диэн буолар. Хаҥыл кыыс, дьахтар. Эргэ тахса илик көҥүл сылдьар дьахтар
аата. Хаҥыл алаас - хаҥалас айылҕатынан турар тыытыллыбатах алаас
айылҕата.) Хаҥыл диэн Көҥүл
биир көрүҥэ. Айылҕатынан көҥүлэ. Хоту эҥээр саха биистэрэ бары
хаҥыллар. Эттэрин-сииннэрин
хайдах баарынан айылҕа биэрбитинэн илдьэ сылдьаллар. Эр киһи да,
дьахтар да
сэптэрин быспаттар. Ол иһин хаҥыл сэптээх хаҥа-ластар
диэн буолаллар. Бии сэптээхтэр. Быһыллыбатах.
Бу тыл сахарал өйдөбүлэ. Хоту
эҥээр саха
сыдьааннаах барыта туттар.(Холобур. Хаҥыл - нууччалыы: Кангл,
княжел, омуктуу: kingle, king, диэн буолар.)Хотугу
Үс Саха бары хаҥыллар. Ол аата: (+) бул-уустар. Мантан тахсан
таҥара эбии ыйыы биэрбит. Ол ыйыы: Хаҥ+ыл+ал+ас диэн.
Саҥараллыыта Хаҥалас. Тыллара манныктар: Хаҥ - хаҥаа. Ыл - оҕо
сиэмэтэ сэпкэ айыллыыта хаҥааһын.
Кыыс-хаҥаны ыл. Дьахтары ылыы. Ал - алын, эр киһи, дьахтар алын
сэптэрэ. Ас - аһаҕын,
арыйаҕын, анньаҕын. Төрөөн түспүккүнэн сылдьыбаккын. Хаҥалас
эбии ыйааҕын толороҕун. Хаҥыл+аас (ас). Хаҥылгын дьахтары билэн
аастаххына сатанар. Оччоҕо биирдэ аҕа-ийэ буолаҕын. Ийэ-аҕа буолуу
таҥара хаҥалас
ыйааҕынан бэриллэр. Хаҥыл майгыны ааһан хаҥааһын,
элбээһин оҥороҕун. Хаҥалас диэн саха аналын этэр иккис
өрүттээх. Ол маннык. Саха хоту олорор. Хоту тымныы. Ирбэт тоҥ
уонна
Ийэ сир Хотугу булууһа баар сиригэр олорор. Саха хотугу айылҕаны хайдах
баарынан
харыстыахтаах, харабыллыахтаах. Ирииттэн, алдьатыттан араҥаччылыахтаах.
Олоҕун
анала оннук. Таҥараттан ыйаах. Ол таҥараттан аналын майгыта
эмиэ Хаҥалас
диэн ааттанар. Хаҥыл - айылҕатын быһыытынан. Тыытыллыбат айылҕа диэн.
Алаас - уу
уонна муус оҥорбут сирин быһыыта Алаас сир диэн ааттанар. Хайаттан
уратыта.Саха алаас харабыла буоларын быһыытынан хаҥыл
алаас быһыытын, айылҕатынан туруутун, уларыйбатын
хааччыйыахтаах. Онно сөп түбэһэр олох майгыларын булуохтаах.
Алааһынан тарҕанан, уу
кытыытынан хаҥаластаан олоруохтаах,
сылдьыахтаах. Ол аналын толорор туһуттан урууттан да араҕыахтаах.
Уутугар чугаһыахтаах.
“Уруу ырааҕа, уу чугаһа ордук”. Итинник дьаһанан хаҥыл
майгыны тутуһан олоруу Хаҥа-ил, Кинээс-Ил, (княжел, руск. омуктуу:
kingle, диэн ааттанара.
Олоҕу талыллыбыт кинээс иилиир-саҕалыыр этэ. Кинээс уопсай олоҕу
киинниир.
Кинээс киһини хаҥыл сэптээх, аҕа майгытын ыһыктыбатах, тыһы-быһырмаан
майгыга бас
бэриммэт киһини талаллара. Сэрии кэмигэр кинээһи атамаан диэн
солбуйара. Кылгас
кэм-ҥэ. Сэрии бүттэ - олох төттөрү чөлүгэр
түһэрэ. Өргүөт. Өргүөт диэн
хаҥалас утарыта. Соҕуруу хоро биистэрэ тобуруолара тыһы (-)
минус имсэлээхтэр. Ийэ уустара.Онтуларын
эттэригэр-сииннэригэр имнээн бэлиэтииллэр. Хоту сахалартан уратыларын
тыһы-хоро
буолалларын ыйа сылдьар имнээһин оҥостоллор. Сэптэрин куй тириитин
быһан Өргүөт
сэп оҥороллор. Быс-ур-ман сиэрэ. Уол оҕону кыра сааһыгар
чыыппаанынан чарт тылбыы оҥорон
баран, оҕо буччатын куй тириитин быһан кэбиһэллэр. Инньэ гынан
тыһытытан көҕүрэтии
бэлиэтин оҥороллор. Кыыс оҕону буоллаҕына сыччыыйын моттойотун
уонна мотохонотун тэһиинин
быһаллар. Оннук имнээһини ааспыт сэп - Өргүөт сэп
буолар. Өргүөт өбүһэ диэн хомус боччоохутун ааттыылар.
Үүнээйи.
Тас хаҕа сулланан түһэн хаалар. Оччоҕо боччоохута сыгынньах хаҕа суох
харааран
турар буолар. Киһи сэбэ ол кэриэтэ. Өргүөт-өбүс диэн
быһыллыбыт сэп аата. Сэб быһыытын сиэрэ-туома сахарал
билиитигэр Быс-ур-ман диэн
ааттанар. Быс-обрезать, ур-золупная часть, ман-часть манды. Манда,
мандай -
дьахтар сэбэ. Саҥарыллыыта барыта бииргэ этиллэр: Быһырмаан, диэн.
(Бысурман,
басурман, бесерман, руск.)
Кэлин быһырмаан туомун доруобуйа харыстабылынан быһаллар диэн
дом үөскээн сылдьар. Былыргы сахарал билиитигэр оннук
буолбатах. Тыһы майгы тобуруотун имнээһин буолар. Саха
буолбакка тыһы-хоро
буолалларын бэлиэтэ. Ону кэлин эҥин араастаан тупсара
сатыыллар. Тугу да кэпсээтиннэр, оннук буолбатах. Дьиҥин муннара
сатыыллар. Тыһы майгыны имнээн бэлиэ оҥороллор.
Хаҥыл эр киһи майгытыттан тыһы майгыны ураты оҥоро
сатаан. Өргүөт иккис суолталаах. Сир уу таһымыттан
үрдээн үөһэ
тахсан иһиитэ өргүөтүрүүтэ диэн ааттанар. Хайа буола сатаан өргөһү
үөтэр
майгы. Үрдүк сирэ туобуйата диэн буолар. Өргүөт үһүс
суолталаах. Өргөһү-үөт
диэн суолталаах. Чуолаан дьахтары сабарга. Сапсыы астынар уонна
иик-аллан
хаалар өргөһүн була сатаа диэн. Өргөс,
(оргазм, руск.) Инньэ гынан дьахтартан араҕыма диэн. Ал-араабы,
бис-араабы буол
диэн. Дьахтар сэбин араабы кулута буол диэн суолтаҕа. Соҕуруу
кус-хоро биистэрин аналлара. Соҕуруу эҥээргэ
Ийэ баһылыыр. Онон ийэлэрин өрө
туталлар. Аҕаларыгар силлииллэр. Туохха барытыгар үүнүүнү
үөһэ, өрө
майгыны үөтүү эмиэ Өргүөт диэн буолар.
Түмүк суотугар.
Киһи-аймахха Хаҥыл уонна Өргүөт
арахсыы муҥура суох улахан суолталаах. Киһи-аймаҕы икки аҥыы
араарар. Инньэ гынан олох уостубат атаанын-мөҥүөнүн
тэрийэр. Атаан-мөҥүөн ыйааҕын оҥорор. Ол олох уоҕа хараабат,
иитээ-йитэ олорбот сүдү майгыта
атаан уонна мөҥүөн. Атааннаах-мөҥүөннээх Аан Ийэ дойду диэни
биэрэр. Атаана-мөҥүөнэ суох олох диэн суох. Биир
буолуу, холбоһуу олоҕу сир үрдүттэн эһэр. Сомоҕо буолуу
самакаанньаны оҥорор.
Самакаанньа самныыны биэрэр. Олох иитээйи уоҕа хараан уотун күүһэ
олорон
хаалар. Иэдэйии онтон. Уот имсэтэ, сэрээтэ төһөннөн
арахсар да соччоннон тардыһыы күүһүрэр. Олох иитээйи уоҕа иитиллэр.
Тыыннаах
олох чэчириир. Уота күүһүрэр. Хаҥыл уонна өргүөт майгылар
арахсыылара улууну үөскэтэр. Хоту эҥээр аҕалара баар-бары
(вар-вары) бииргэ буолууларын
биэрэрэ. Ол биир буолуу Им-биэрии диэн
ааттанара. Ол аата: хотугу эҥээр биир кэлим (+) плюс
имнээх диэн сомоҕо, биир буолуу майгытын. Нууччалыы: им-биэрии
уларытыллыбакка туһанылла сылдьар: им-перия
диэн. Саҥарыллыыта: им-биэрии, (империя, руск.). Им-биэриитэ,
(империя, (+) знаковость): “Саҕахтан - саҕахха, байҕалтан -
байҕалга, муораттан - муораҕа!”
диэри. (От заката до рассвета, от моря до моря,
руск.) Илин саҕахтан арҕаа саҕахха дылы, хотугу эҥээргэ
Үс Саха аҕаларын үөрдэһиитэ, түүрэ түрдьэлэнэн
кииптэниитэ. Хаҥыл (+) им-биэриитигэр олоҕуран. Туох барыта
айылҕатын быһыытынан
буолуохтаах, диэн сиэргэ тирэнии. Ону тутуһуу. Тутула,
(режим): Атамааныстыба, (атаманство, руск.) Аҕа майгылары
соҕуруу аан- ийэ-уустарга тарҕатыы. Табатын булан, ыһыы олоҕурдуу аата
атамааныстыба, диэн ааттанар. Сороҕор көҥүл өттүнэн
олоҕурдуллар. Ол кыаллыбатаҕына муос тоһутуһуута барар. Күүс өттүнэн
олоҕурдуу
буолар. Түмүллүүтэ, (призыв): Баар-бары! (вар-вары, руск.)
Алдьархай ааҥныыр
күнүгэр Баар аҕа бары ону утары турунар эбээһэ. Аармыйа биллэригэ эрэ
тиийиэ
кэрэх. Аҕалар эбээстэрэ. Хомуллуута (устройство): Түүркүйэ,
(тюркия, древнеруск. современное:
федерация.) Былыргы Ааттал, Чыҥыс-хаан иннинээҕи
омуктар холбоһуктарын тутула уонна аата. Түүр - втюрить, паковать, ук -
всунуть, үйэ - навек. Воссоединиться навек! На современный
русский. Холобур. Ыйытыы: Чыҥыс-хаан омуктары
холбообут тутулун аата туох диэний? Хайа баҕарар саха оҕото:
“Түүркүйэ”, диэн эппиэт биэриэхтээх. Соҕуруу эмиэ Түүркүйэни
үтүктэн империялар үөскээн
сылдьыбыттара. Рим эҥин диэн. Ону сахалар баран урусхаллаабыттара.
Түһээн төлөөбөтөхтөрүн иһин.
Билигин онно Түүркүйэ буолан турар. Туроктар олороллор. (Турция,
руск.)
|