Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

12. Саха таҥараттан тардыыта уонна анал ыйааҕа.

Саха таҥараттан тардыыта уонна анал ыйааҕа.

  Былыргы үһүйээн баар.
Былыр Муус буһук кэмигэр соҕуруу Үт сиригэр соҕуруу үтүрүллүүгэ кыайан барбакка хаалбыт сахалар, тымныы тыйыс сиргэ буккураан олорон эрэн санаалара батарбакка ойууннаан таҥараттан ыйыппыттар үһү.
Ыйытыыларын ис хоһооно: “Таҥара, биһиги олохпут анала туох-ханый? Тоҕо тымныы хотугу сир оройугар биһигини ыарахан дьылҕаҕа анаатыҥ?”
Биһиги эрэ буолбатах. Оччотооҕу да дьон олохторун аналын билиэхтэрин баҕалаах үһүлэр.
Ону таҥара эр киһиэхэ туһаайан эппит: “Хоту дойду булууһун манааҥ, Хаҥыл-алаас буолуҥ. Таҥараттан тардыыгыт ол”, диэбит.
Саха Ийэ дьахталларыгар туһаайан: “Ийэ тылы харыстааҥ,” диэн ыйаах уурбут. Онтон бэттэх Ийэлэр ийэ тылы харыстаан кэллилэр.
Билигин ол ыйаахтарын таҥнардылар. Дьоллорун таҥнаран нууч-ча, омук, кытай тылыгар дьол көрдүү бардылар. Таҥара ыйааҕын таҥнарыы сор суоллаах буолар. Онон кинилэр нуучча уонна кытай тылыгар дьол көрдөтө ыыппыт кэнчээри оҕолоро сору көрүөхтэрэ. Айылҕаны, ыйааҕы, таҥараны утары барыы таҥнарыы туох үчүгэйи аҕалыай. Хара аньыы. Кытайга, нууччаҕа уурууга сытар сахаҕа анам¬мыт дьол суох. Дьолу булуохпут диэн, таах, албыннаныы.
Саха эр дьоно сир-Сибиир Ийэ булууһун маныыр уонна харабыллыыр, ону тэҥэ, сиргэ бастакы үөскээбит ийэ тылы харыстыыр, сахалыыны харайар аналлаах төрөөн олох олорон сылдьабыт.
Дьэ, ону төһө толоробутуй?
Булуус сири маныыр сахаҕа судургу баҕайы ньымалаах: “Алааскын көрө сылдьаар,” диэн аҕа-уолугар этэн хаалларар аман-өс тыла.
Саха таҥара ыйааҕын толороору алааһынан тарҕаһан олорор сиэрдээх. Хас биирдии киһи орто дойдуга төрөөн тиксибит алааһын көрөр.
«Биир алаас кыра сири сабардыыр. Элбэх алаас дойду иэнин харыстыыр!» - таҥара аналын сомоҕо домоҕо.
Харыстааһын эмиэ судургу баҕайы.
Айылҕатын алдьатыма. Баарын көҕүрэтимэ. Хайдах алааскын туппуккунуй да, оҕоҕор оннук тиксэр. Уонна бүттэ. Онно сөп түбэһэр олох ньымаларын тутун. Бул. Олоҕурт.
Онон булуус эйгэтин алдьаппат олох майгыларын, ньымаларын туһанан саха олох олорон ааһар.
Айылҕаны алдьатыма. Тоҥу ириэримэ. Булууһу буулаама.  Үйэлэр усталарыгар муҥура суох элбэх ньыманы, олох майгытын саха киһитэ булбута. Ону тутуһан олороро. Ол майгы сахалыы аата: Хаҥалас диэн. Хаҥыл-алаас. Тыытыллыбатах алаас диэн. Үөһэ хаҥалас диэҥҥэ суруллубута.
Туораттан кэлии киһи биир ыйааҕы тутуһар.
Ыалдьыт - хаһаайын буолбатах. Хаамаайы харабыл буолбатах, Мэнээк маныыһыт буолбатах.
Хаамаайы харабылтан ыйытар. Мэнээк маныыһыттан маанылатар.
Кэлии киһи манна олохтоох харабыл дьон майгытын туһанан хотугу сиргэ олоруохтаах. Бэйэтин соҕурууҥҥу матарар, көҕүрэтэр, сиир-аһыыр майгытын быраҕыахтаах. Бэйэтин уустабын илдьэ сылдьыа суохтаах.
Бүтэ турар. Харабыл майгыта судургу. Бүтүн саха омуга итиннэ бааллан олорор. Саха омуга олоҕор атын анала суох.
Бу майгы ыраахтааҕы кэмигэр кытаанахтык тутуһуллар этэ. Кэлии киһи сахалыы саҥаран, сахалыы сиэринэн олорон хоту сиргэ оннун булара.
Ол билигин айгыраата. Саха саҥатын атын биистэр истибэт буоллулар. Сиир-аһыыр, алдьатар ньымаларын хотугу сиргэ тута сылдьаллар. Ол сир булууһа ириитигэр тиэрдэн эрэр. Сылыйыы буолла. Маннык бардаҕына сотору ирии аан дойдуну алдьатыыга тиэрдиэҕэ. Ону кыраҕытык кэтиир наада.
Сахалар туох баар кыахтарынан хоту булуус харыстабылыгар туруохтаахтар. Бары биир киһи курдук. Кэлэн олохсуйбут дьону кытары бииргэ. Кинилэри саха диэкки иэҕиэххэ наада. Оччоҕо эрэ дьыала хамсыаҕа. Сыарҕа сыҥааҕа хоҥнуоҕа. Саха аҕа ыйааҕа билиҥҥитэ итинник.
Оттон ийэлэр аналларын хайдах толорон иһэллэрий?
Тоҥ нуучча тыла саха тылын хотон эрэр. Ыал ийэлэрэ сахаларыттан куотан атын омукка куотан эрэллэр. Саха тыла сүтэн эрэр тыллар ахсааннарыгар киирдэ. Дьыала мөлтөх курдук. бары көрө сылдьабыт. Саха иһигэр ыһыллыбат тутул баар булуохтаах.
Саныыбын. Саха омуга таҥара талыыта. Талыы киһи таҥараттан ыйаахтаах сиргэ төрөөн түһэр. Биһиги булуус харабылларабыт. Биһиги таҥараттан тардыылаах Ийэ тыл харысхалларабыт.
Соҕуруу биистэр курдук буолбатах. Кинилэр аналлара араабы. Ыйаахтара - харамай. Үөн да кини да биир. Таҥараттан тардыы кинилэргэ биир эрэ. Хотугу киһиэхэ утары ыйааһын бэскитигэр араабы буоларга.
Өкүмүлээтэр курдук. Таҥара тардыыта (+), сирдээҕи (-) минус.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-01-09)
Views: 1807 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024