|
13. Чаптар кэнэҕэскигэ туһаайаллар!
Чаптар
кэнэҕэскигэ
туһаайаллар!Хайдахтаах
да ыарахан кэм үүннүн, муор-туор буоллун санааны түһэрэр сатаммат. Саха майгыта
оннук.
Өлөөрү
да туран Өрөгөйү түстүүр, өргөйөрү үөтэр - ол саха майгыта! Атын анал сахаҕа суох.
Саха
диэн эр киһи олоҕу саҕалыыр эҥээрэ. Олох саҕаланыытын эр киһи оҥорор. Дьахтар-аймах киһи аймаҕа. Эр киһи нөҥүө айыыга кыттыһар.
Саха -
эр киһи билиитэ куруук бастакы уонна төрүт. Хоро билиитэ куруук тыһы. Хоро
таһан ылар билии.
Саха саҕыллан тахсар саҥа саҕаланыытыгар сылдьар. Ол иһин Сах
саҕаттан
Саха диэн ааттанар.
Билигин
үйэлэр ыпсыылара. Саханы Хоро сабыта сынньа сатыыр кэмэ. Сахаҕа быыс-хайаҕас суох курдук. Уонна баран, ити
санаа мунуута эрэ.
Таҥара барытын көрөн олорор. Саха
турунарын кэтэһэр. Турунна да саҥа санаа биэрэр! Оччоҕуна:
Саха саҥа олох уотун саҕар!
Олох
кистэлэҥэ
онно сытар.
Саха саҕалыыр, хоро харалыыр.
Хоро
хотуута хорооҥҥо тиэрдэр. Өлөр өлүүгэ илдьэр.
Саха
иилиирэ-саҕалыыра саргыны салайар. Сырдыкка илдьэр.
Арыгы
угаарыгар буккуллан муунтуйа сылдьар иһээччи саха саҥа олоҕу саҕыаҕа. Билигин сахаҕа сэнэнии баар. Ол уурайыаҕа. Сэнэнии киэн туттууннан
киэркэйиэҕэ.
Киһи
үөрэ саныыр иһии, мунуу-тэнии кэмэ уурайан эрэриттэн!
Таҥараҕа махтал саха төрүт билиитэ
баччаҕа
диэри кэлбитигэр. Ол билии майгылара тиллэр кыахха киирбиттэриттэн.
Саҥа олох саргыта Саха сириттэн саҕыллан тахсан күн сирин тилийэ
сүүрүөҕэ.
Хоту туһаайыы сүрүн туһаайыы. Барыта хотуттан ааҕыллар.
Илин
туһаайыы инникини кэпсиир. Илинтэн күн тахсар. Саҥа күн
үүнэр. Онтон ордук орто дойдуга суолталаах суох.
Биһиги
илин эҥээргэ
баарбыт. Таҥара аартыгын аана баар сиригэр. Былыргы ааттара:
Анаабыр уонна Анаадыр диэннэр. Ол ааннарынан таҥара сирдээҕи майгыны таҥар. Ити саха үтүөтэ буол- батах.
Таҥара
ыйааҕа
оннук.
Таҥараҕа махтал. Таҥара талыыта буолбут саха омукка
төрөөн түспүт дьолго. Киһи төрөөн түһэрин, ким буоларын бу дойдуга талбат. Таҥара бэйэтэ билэр. Таҥара талыыта буолары билии - ол
да улахан!
Мунаах-тэнээх
кэмнэргэ “Эт-мэйиигитигэр эрэнээриҥ, төрүт билиигэ тирэнээриҥ, аҕа майгыттан араҕаайаҕыт, ийэ ииттэн илэһийээйэҕит,” диэн таҥара былыр сахаларга накаас биэрбитэ үһү.
Билиҥҥи аҕа майгытыттан араҕан, ийэ майгыттан илэһийэн
илэчиискэ баран олох мунна. Сатарыйыы төрдө онно. Сахалар таҥара накааһын тутуһан олоҕу аҕа уонна ийэ майгытыгар төттөрү
түһэриэхтээхтэр. Чөлүн булларан биэрии наада буолан турар. Ол тула дьону тардыы
барыахтаах.
Манна
күүс өттүнэн буолбакка, сэриини тоҕо тардыбат наада. Хаан тохтуута үчүгэйгэ тиэрдибэт.
Ол оннугар сахалар эт мэйиилэри¬гэр эрэнэн киһи-аймаҕы өркөн өйдөрүнэн кыайан, онон
охторон инники диэкки илдьэ барыахтаахтар. Онно муммат наада. Таҥара накааһын тута сылдьыы. Таҥара Ийэ-Аҕа майгыларын чөлүгэр түһэрии. Таҥара ыйааҕын тутуһан олоруу.
Ол
буолар сахалар инники кэскилгэ таҥараттан ыйаахтара.
|
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-01-09)
|
Views: 1834
| Rating: 5.0/1 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 8 Ыалдьыттар (гостей): 8 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|