|
15. Аҕа ууһа. (Узы старшего, или Отче-род.)
Аҕа ууһа. (Узы старшего, или
Отче-род.)
Ыалы эр
киһи мунньар. Эр киһи ойох ылар. Дьахтар эргэ тахсар.
Эрин
араспаанньатын аатын ылар. Хадьар Уйбаан уола Ньукулай ойоҕо Акыымньыйа диэн буолар. Ким
эрэ кыыһа буолара хаалар.
Дьахтар
ойох буолан эрин дьиэтигэр, дойдутугар сүктэн кэлэр.
Эр киһи
дойдутуттан-сириттэн араҕыа суохтаах. Аҕатын туйаҕын хатарыахтаах, аҕатын баһын тосту олоруохтаах.
Уол оҕо
аҕа
ууһун салҕааччы.
Эр киһи
кута-сүрэ дойдутугар сиригэр буолар.
Дьахтар
омук анала. (Женщина доля омужего, омукого, омук-кума, руск.)
Дьахтар
эргэ тахсан төрөөбүт дьиэтиттэн быралыйан бырах, (брак, руск.) сүктэн эрин
дойдутугар барар. Төрөөбүт дьонугар туһалаабат. Атын аҕа ууһун салгыыр. Дьонун быраҕар. Онон быраахтанар.
Дьахтар
кута-сүрэ - эрин хоойугар, оҕото баар сиригэр. Сиргэ-уокка бааллыбат. Эригэр
уонна оҕотугар
баайыллар.
Оҕолор аҕаларын араспаанньатын аатын
сүгэллэр.
Аҕаларын омугун салгыыллар.
Уруу-тарыы
аҕаннан
ааҕыллар.
Ол иһин
аҕа
ууһунан олоруу былыргы тутул - Аҕанаат диэн ааттанар.
|
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-01-09)
|
Views: 1805
| Rating: 5.0/1 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 3 Ыалдьыттар (гостей): 3 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|