Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

16. Уруу-аймах ааттара.

Уруу-аймах ааттара.

Аҕа-ууһа тоҕус хаан устата ааҕыллар. Уруу-аймах 9 хаан устата тарҕанар.

Аҕа, (старший) - эйигин төрөппүт эр киһи.
Ийэ, (ия) - эйигин төрөппүт дьахтар.
Эһэ - ийэҥ-аҕаҥ аҕалара.
Эбэ - ийэҥ-аҕаҥ ийэлэрэ.
Хос эһэ - эһэҥ-эбэҥ аҕалара.
Хос эбэ - эһэҥ-эбэҥ ийэлэрэ.
Түгэх эһэ - хос эһэҥ, хос эбэҥ аҕалара.
Түгэх эбэ - хос эһэҥ, хос эбэҥ аҕалара.  

Биэс тарбах ахсаана түгэх эһэннэн бүтэр. Атын илииҥ тарбаҕар көһөҕүн. Алтыс хаан эһэҕиттэн саҕалаан бары эйиэхэ Өбүгэ дьон диэн буолаллар. Өбүгэ эһэ, атыттар өбүгэ-дьон диэн.

Абаҕа - аҕаҕыттан аҕа саастаах уруу киһи эр киһи барыта.
Убай - аҕаҕыттан балыс, эйигиттэн аҕа саастаах уруу эр киһи барыта.
Таай - ийэҕинэн аймах эр киһи барыта.
Быраат - эйигиттэн балыс уруу эр киһи барыта.
Ини - эйигиттэн балыс бииргэ төрөөбүт уол оҕо.
Бии - эйигиттэн аҕа, бииргэ төрөөбүт уол оҕо.
Эдьиий - эйигиттэн аҕа саастаах уруу-аймах дьахтар барыта.
Балты - эйигиттэн балыс саастаах уруу-аймах дьахтар барыта.
Аҕас - бииргэ төрөөбүт кыргыттартан аҕалара.
Балыс - бииргэ төрөөбүт кыргыттартан сааһынан кырата.
Сурдьу - бииргэ төрөөбүт кыыс быраатын ааттыыр.
Сиэн - оҕоҥ оҕото.
Хос-сиэн - сиэниҥ оҕото.
Сиэн-ини - бииргэ төрөөбүт убайыҥ-быраатыҥ, эдьиийиҥ балтыҥ оҕолоро.
Сиэн-балты - бииргэ төрөөбүттэриҥ кыыс оҕолоро.
Сиэнчэр - сиэннэргинэн урууларыҥ. Хаан булкуһан ырааппыт дьон.
Соноҕос, (сын, son, сыного) - төрөппүт уол оҕоҥ. Удьуоруҥ уолунан сонуур. Аҕатын туйаҕын хатарар, сонун кэтэр. Соноо-оҕо-ос. Үс тыл. Оҕоннон соноо, уонна оһорун диэн таҥара ыйааҕа.
Уол - кыыс - төрөппүт оҕолоруҥ, биитэр уопсайынан оҕо аата.
Сыдьаан уруу - түгэх эһэҕиттэн анараа өттүнээҕи урууҥ барыта.
Сыҕаан уруу - сүктэн кэлбит кийиит-күтүөт уруулара.
Күтүөт - кыыс эрэ.
Кийиит - уол ойоҕо. Уолтан аҕа саастаах дьоҥҥо.
Саҥас - уол ойоҕо, уолтан балыс саастаахтарга.
Түҥүр - уоллаах-кыыс холбоһон  ыал буолбут оҕолор аҕалара.
Ходоҕой - холбоспут уоллаах-кыыс ийэлэрэ.
Биллэх - биир ыал кыргыттарын ылбыт күтүөттэр.
Бэргэн - улахан уол ойоҕо.
Бадьа - кыра уол ойоҕо.
Кыҥаттар - холбоспут уоллаах-кыыс уруулара кыҥаттыы буолаллар.
Күрэ-быраат - кийиит-күтүөт бырааттара.
Күрэ-балыс - кийиит-күтүөт балтылара.
Эдьиий-кылын - кийиит эдьиийдэрэ күтүөккэ.
Убай-кылын - күтүөккэ ойоҕун убайа.
Аҕас-кылын - кийииккэ эрин эдьиийдэрэ.
Убай-кылын - кийииккэ эрин убайдара.
Хотун - кийииккэ эрин ийэтэ.
Тойон - кийииккэ эрин аҕата.
Сыбаат уруу - күтүөтүнэн сыбанан уруурҕаһыы.
Сыҕаан уруу - кийиитинэн сыҕайан чугасаһар уруу.
Сыдьаан уруу - биэс хаан кэнниттэн тоҕус хааҥҥа диэри уруу.
Уруу - хаанынан чугас  уруу аҕаҥ өттүнэн. Эһэлэриҥ бииргэ төрөөбүттэригэр диэри. Алта хаан иһинэн. Сэттис хаан уруурҕа-һыыта бүтэр. Эр-ойох ылсыы биир аҕа ууһун иһигэр барыан сөп.
Аймах - элбэх дьахтар хааны суурайан хаан быралыйан эрэр кэмин аата. Ийэҥ өттүнэн аймахтарыҥ.

  Уруурҕаһыы сүрүн ааттара аҕа ууһугар итинниктэр.
Аҕа ууһун - аҕа-баһылык салайар. Эр дьонтон сааһынан аҕалара.
Ыал аҕата - ойоҕор муҥур тойоно.
Ыал ийэтэ - эригэр хотуна.
Ыалы - ил-эйэ, сүбэ быһаарар.
Ыал олоххо кыттар куоластыыр быраабын ыал-аҕата илдьэ сылдьар.

Күрүөх, күрүөн дьон, (курень).  


Күрэ+үрүө+күрүө+үөх(уох)=Күрүөх.
Күрэ - тастыҥ, ыраах, тэйиччи. Үрүө - ыһыллыы. Күрүө-бүтэй, уох - күүһүрүү, үөх-үөр тас өттө. Үөрүҥ дьонун үөхпэккин. Мөҥөҕүн. Тастыҥ күрэ дьоннуун үөхсэҕин, этиһэҕин. Атын дьон. Бэйэ үөрэ буолбатах, төһө да биир күрүөн  иһэ буоллун. Урууҥ буолбатах буоллаҕа дии.
Сири күрүөннэн үллэстиһэн сэргэ-бииргэ, ыаллаһан олорор дьон күүһүрэр-уоҕурар түмсүүтэ. Былыр сири күрүөннэн үллэрэллэр.
Биир күрүө нэһилиэк аайы туспа иэннээх этэ. Холобур.
Үөһээ Бүлүү Кэнтик нэһилиэгэр биир күрүө сир иэнэ:
60 саһаан уста * 60 саһаан туора иэҥҥэ тэҥнэһэр этэ.
Ол аата аныгы 1 га сиртэн 20-лии миэтэрэ ордук.
Атын нэһилиэктэр биир күрүө сирдэрэ сороҕор итинтэн ордук, сороҕо итинтэн кыра. Ходуһа иэнин киэҥинэн суоттаан аҕалар мөрүөн мунньахтара быһааран уураахтыыр этэ. Ол быһыытынан үллэстии буолара.
Билигин гектарынан, ганнан үллэрэллэр.
Былыр биир түөлбэ түбэҕэ сири күрүөннэн үллэстэллэр. Онно үөскээн тахсар дьон холбоһуга күрүөн диэн буолар.
Былыр, күрүөн диэн, улахан уонна биир сүрүн тэрээһин этэ. Аны, отой да умнулунна. Нуучча тэрээһинэ сабыта сынньан суох гыммыта. Бэйэлэрэ эмиэ курень диэн сахалыы тутуллаахтар этэ. Хаһаахтарга хойукка диэри баара.
Күрүөх дьон - аҕа-ууһун уруута-аймаҕа кэҥээн тарҕанар. Киһи ууһаан түөлбэҕэ сири күрүөннэн араарсан ыаллаһан олорор.
Оннук майгы таһыма биир күрүөх, күрүөн дьон диэн ааттанар.
Бастаан хаан-уруу, онтон уруу-аймах, онтон күрүөх дьон таһыма кэлэр.
Күрүөх таһымыгар уруу-аймах уурайар. Күрэммит, ырааппыт уруу-аймах. Хаһааҥҥыта эрэ былыр биир аҕа ууһа үһүбүт диэн домох хаалар.
Күрүөх дьон баһылыга - Күрэнчэ, (куремсы), биитэр Күрэн-ньэй, Кирэнньэй (куренной) диэн ааттанар.
Күрүөн хас да аҕа ууһун холбоһуга.
Бэйэлэрин биис уустарыттан тэйэн күрээн арахсан барыылара баар. Оннук күрээн, тэйэн атын сиргэ барбыт күрүөхтэр былыр Күрэнчэлэр, Нөөрүк-тээйи, (нөөрүк - күрээн тэйии диэн ааттаналлар.)
Туспа биис ууһа буолбаттар. Кимиэхэ эрэ сысталлар. Оннук нөөрүктээйи дьон сахаҕа элбэх.
Күрүөн дьон иһигэр өссө биир ааттаах тэрээһин баар. Мөҥүрүөн диэн. Былыргы сахарал билиитигэр 12, 13 ахсаан аата Мөҥүр-уон диэн буолар.
12 ахсаана тыһы, дьахтар киэнэ.
13 атыыр эр киһи киэнэ.
Сүөһүгэ 12 тыһы+1 атыыр төбө - биир мөҥүрүөн сүөһүнү биэрэр. Киһи-аймахха 12-13 аҕа ууһа биир мөҥүрүөн киһи диэни биэрэрэ.
Мөҥүрүөн диэн ааты ыларга аҕа ууһун мустуута 7 - 12 дылы
быһыылаах. Мөҥүрүөннэр диэн саха сиригэр элбэхтэр.
Холобурга: Мэҥэ-Хаҥалас Матта нэһилиэгэ. Мөҥүрүөн аҕатын ууһа диэн ааттаннара.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-01-09)
Views: 10987 | Comments: 1 | Rating: 5.0/2 |
Total comments: 1
1 Raisa  
Здравствуйте. Меня зовут Раиса Несина, 52 года, якутка. Более 20 лет
живу в Латвии. Из Якутии уехала 33 года назад на учебу в Москву. С тех
пор , на родину приезжаю 1 раз в 5-10 лет. Семья - муж, сыновья 23,10 лет.
Старший уже 5 лет живет в Америке. Дети и муж не владеют якутским языком.
Они русские по крови и менталитету. Я закончила якутскую школу, разговариваю на родном языке, когда бываю на родине. Знакомые говорят,
что хорошо. В начале 2007 года была в Якутске . Сестра показала вашу кни-
гу. Ее зовут Альбина Ефремова, 50 лет, она занимается в "Сайыыне".
Оказывается, около 80-90% якутских слов я не знаю. Я пользуюсь очень простыми обиходными словами. Друзьям говорю, что якутский язык очень
художественый, витьеватый , старинный язык. И в этом я еще раз убеждаюсь.
С уважением Raisa Nesina, Latvia, Daugavpils.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 7
Ыалдьыттар (гостей): 7
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024