Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

19. Омук, (омжа, омужа, кума).

Омук, (омжа, омужа, кума).

Киһи-аймах орто дойдуга кумаланан тарҕыыр. Биир киһи хаана хас да оҕоҕо кубулуйан кумаланан бытарыйан ыһыллар. Ол оҕолор хас биирдиилэрэ эмиэ хастыы да оҕоҕо кумаланан ыһыллаллар. Оннук бара турар. Биир хаан кумаланан бытарыйан ыһыллыыта Кума диэн ааттанар.
Кумах, эмиэ, итинник үөскүүр. Оннук кумаланан-кумаланан аҕа ууһуттан, күрүөх-билэ, бииһээн ырааттаҕын аайытын киһи киһини билбэт үлүгэрэ үөскүүр. Киһи наһаа элбиир. Оччоҕуна Кума - Омук диэҥҥэ дьүһүн кубулуйар. Саҥа хаачыстыбаҕа көһөр. Кума майгыны тиэрэ миинньэн уҥаттан-хаҥас аах эрэ, омук диэн буолар. Тиэрмин үөскээтэҕэ ол.
Биис уустара бииһээн истэхтэрин аайы бэйэ-бэйэлэрин сэриилээн, биитэр иллээхтик бииргэ ыаллыы олорон дьахтар бөҕөнү атастаһан, ылсан-бэрсэн биир аймахтыы биис уустара буолан бараллара.
Сэриилэнэн хам баттаммыт биис уустара хам баттаабыт биис ууһугар суураллан хаалаллара. Оччотугар бииһээһин өссө күүскэ барара. Хаан арахсан уларыйдаҕын атынырдаҕын аайы ууһааһына, кумаланыыта күүһүрэн иһэр. Ол биллэр. Хаан уруурҕаһыыта үчүгэйгэ тиэрдибэт. Хаан ыраатыыта омугу бигэ уонна чөл оҥорор.
Дьахтары бэйэ икки ардыгар ылсыы-бэрсии куомуннаһыы, (кума, кумовство, коммуна,) диэн ааттанар. Куо-мун - куо-эргэ тахса илик кыыс. Мун - мунньуу, муна сылдьыы, кимиэхэ тахсарын билэ илик. Тала сатыы сылдьар кэмэ. Сороҕор сүүһүнэн кыыһы ылсар-бэрсэр үһүлэр. Оннук куомуннаһан уруурҕастахтарына сэриилэһии суох буола түһэрэ үһү. Уруулуулар хайдах сэриилэһэ сылдьыахтарай?
Тулуйсан атыннык быһаарсан бараллара. Иллээхтик. Эйэлээхтик. Дьахтар эр киһи хаанын суурайан дьонуттан тэйитэн бөҕөргөтөр. Оччоҕо омук чөлө буолар. Онон дьахтары атын эр киһиэхэ биэрии эмиэ омуктааһын, (омужение) диэн ааттанар. Дьахтар омук анала диэн ону этэллэр.
Инньэ гынан биис уустара холбоһон омук диэн олус элбэх киһилээх-сүөһүлээх, бүтүн дойдуну сабардыыр улахан тэрээһиннэр үөскээбиттэр.
Омугу Тыгын диэн ааттаах сололоох, сирдьит аҥаардаах, олох тускулун тыган сырдатар, сирдиир, таҥараттан ыйаахтаах киһи салайан иилиир-саҕалыыр үһү. Онон омук тутулун тэрээһинэ Тыгынаат диэн ааттааҕа. Ол тутулу нуучча кэлиэр диэри саха илдьэ сылдьыбыта.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-02-22)
Views: 1750 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024