Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

22. Биис уустар сыһыаннарын өйдөбүллэрэ.

Биис уустар сыһыаннарын өйдөбүллэрэ.

Былыргы сахарал киһи аймаҕы икки аҥыы араарар. Атыыр-тыһы, киһи-аймах. (Эр киһи-дьахтар). Киһи-хара. (Сир хоту эҥээригэр олорор биистэр киһи диэн ааттаналлар. Сир соҕуруу эҥээригэр олорор биистэр хара диэн ааттаналлар. Өссө итинтэн атыннык ириэнэх саха уонна тоҥ биистэр диэннэргэ. Саха ириэнэх омук, Хоро тоҥ омук.
Саха уу-саха. Ириэнэх саҕыллар Сах үйэтигэр үөскээбит омук дэнэр. Саха бастакы омук.
Саха тыла таҥара сахаралын илдьэ хаалбыт соҕотох омук хаалан сылдьар. Атын омук тыллара барыта Саха Тат-аар тылыттан тахсан тарҕаммыттар.
Саха сахалыы билбэт, сахаттан тардыыта суох омуктары барыларын Тоҥ уустар, (тоҥус, тунгус) диир.
Тоҕо? Бастакы саха тылын билбэттэр. Ол аата кэлин Тоҥ үйэҕэ үөскээбит тыллаах омуктар.
Холобур. Нуучча тыла. Тоҥ нуучча диэн буолар. Тыла үөскээбитэ икки үйэ буолла. 1825 сылтан ааҕаллар нуучча тыла бииһээн үөскээһинин.
Англия тыла. Үөскээбитэ 500-чэ сыл эрэ буолла. Тоҥ тыл.
Мончуура-тоҥустар тыллара. Орто үйэлэргэ хоро-таба кыыл тайаан сытар сирин уларыппытын кэннэ үөскээбит тыл.
Сахарал соҕуруу кус-хоролор туох баар тылларын барытын Тоҥ тыллар ахсааннарыгар киллэрэр. Саха төрүттээх буолан баран элбэх омуктан булкуһан үөскээбит нуучча биистэрэ бары сахалыы билбэт Тоҥ биистэргэ киирсэллэр. Ол сөп. Сахалыы саҥаларын бырахпыттара ыраатта.
Уу ириэнэх саха биистэн тоҥ биис буолуохха диэри, икки ардыларыгар хас да олуктаах өйдөбүллэр бааллар. Олор: тумат (түмэт), сой-уус, тоҥут биистэр диэн ааттаналлар. Олору көрөбүт.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-02-22)
Views: 1811 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024