Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

23. Тумат, Түмэт, (Тьма)

Тумат, Түмэт, (Тьма)

Тумат диэн былыргы сахарал үөрэҕин өйдөбүлэ.
  Тума+умат+аат диэн тыллар холбоһон өйдөбүл буола  сылдьар.
  Тума - булкадаһык, (приправа). Эр киһи-дьахтар  булкадаһыга  оҕо.
  Миини ол-бу араас туманы кутан амтанын тупсараҕын.  Ол кэриэтэ саҥа ааты уматан сырдатан таһаарыаххын баҕарар буоллаххына хааҥҥын тумалыыр  дьахтары булан, сабан оҕо оҥороҕун. Икки хааны тумалаан холбуугун. Оччоҕо оҕо төрүүр.  Атын суох.
  Умат - тыыннаах оҕо кутун саҥаттан саҕан уматаҕын.
  Аат - киһи аата суох буолбат. Өйдөбүлэ итинник.
  Биис ууһа улаата, түмүллэ, күүһүрэ, элбии сатыыр  кыһалҕалаах уонна онно баҕалаах. Онон ыаллыы олорор биис уустара, аҕа уустара уруурҕаһан,  аймахтаһан булкуһаллар. Олох оннук. Улааппыт эр уолан атын сиртэн ойох аҕалан аймаҕы  кэҥэтэр. Дьахтар удьуор хаанын суурайан ыраатыннарар таҥараттан ыйыылаах хаан тумата  буолар.
  Хаан тастан тумата суох буоллаҕына уруурҕаһар.  Уруурҕаспыт хаан эстиини аҕалар. Онон удьуор хаан хайаан да тумаланыахтаах. Удьуор  атын удьуору кытары булкуһуохтаах. Оччоҕо эрэ түмүллүү түмэт майгы олоҕурар. Биис  ууһа улаатар. (Нууччаларга: Народу тьма. На-род-тьма)
  Хас да аҕа ууһа холбоһон күрүөн-түмэт буолар.  Хас да күрүөн холбоһон билэ, билиэмэ-түмэт буолар. Хас да билиэмэ-түмэт холбоһон  Биис ууһун түмэтэ. Хас да биис ууһун түмэтэ омук буола түмүллэр. Итинник булкуһан  холбоһон, ур-уус хотугу биистэр бэйэлэрин икки ардыгар улаатыылара уонна  түмүллүүлэрэ Түмэт, биитэр тумат диэн ааттанар.
  Холобур. Ньурбаҕачына, Ньурбаҕаанчына. Чына уонна  ньурба хааннар холбоһуулара. Дьаархадан - дьаархан уонна хадан биистэрин түмэттэрэ.  Итинник сахаҕа элбэх.
  Тумат, түмэт диэн омук аата буолбатах. Билигин  туматы омуктар дииллэр. Тумат диэн хаан холбоһон суураллыыта. Билигин бааһынай диэбит  курдук. Мулаат эҥин өйдөбүлэ. Хаан булкуһуутун былыргы аата.
  Холобур икки тус-туспа биис ууһун дьоно холбостохторуна  тумат оҕо төрүүр. Булкаас. Хаан уларытыылаах.
  Билиҥҥи бааһынай диэн өйдөбүлтэн уратылаах. Бааһынай  диэн нуучча икки, саха икки холбоһуутуттан үөскээбит киһи аата. Нуучча саханы  орто үйэлэргэ хам баттаабыта. Күүс өттүнэн баайсан туран Саха сиригэр баар буолбут  дьон. Билиҥҥэ диэри күүстэринэн өттөйөн баайсан, бааһан баран олороллор. Сахалартан  элбэхтэр. Бааһан туран оҕо оҥороллор. Оччоҕо бааһынай оҕо төрүүр. Тумат диэн итинник.
  Биис уустара биитэр, күрүөн, биитэр билиэмэ дьон  холбоһон биир түмүү буоллахтарына Түмэт, диэн буолар.
  Холобур. Уус-Аллан улууһугар Намнартан биир түмэт  киһи тахсан  Дьуортулары, Байаҕантайдары кытары  сэргэ олохсуйан олорор. Уруккута Түмэт нэһилиэгэ, билиҥҥитэ Өнөр нэһилиэгэ. Биэс  нэһилиэк түмэт түмүүтэ этэ. Онно киирсэллэр: Өнөр, Бастакы Өспөх, (Уһун күөл), Иккис  Өспөх, Түүлээх, Бээрийэ сорҕото, (Лабычааны ыаллара), Бэйдиҥэ сорҕото. Итилэр бары  биир Түмэт нэһилиэгэ диэн этилэр. Түмэт, (тумат) холобура итинник.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-03-22)
Views: 1815 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 12
Ыалдьыттар (гостей): 12
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024