Сой-уус, сойуот, (Союз, сойот)Сахарал билиитигэр: Сой+ой+ойуу+уус=Сойуус. Сой - стылый. Ой - ойдуу, арахсыы. Ойуу - хаан ойуута. Ойуута ойуоккалаан ойдон араҕар. Уус - род, уз. Уот - огонь. Уу сахаттан арахсан соҕуруу тоҥ биистэргэ суураллан куттара-сүрдэрэ сойон, саха кутун-сүрүн уоттара умуллан, уларыйан эрэр биистэр ааттара. Сахалыы билбэт буолан арахсан эрэр майгы. Түмэт диэн хоту эҥээргэ сэргэ, ыаллаһа олорор биистэр, аҕа уустара холбоһуктара ааттанар. Кинилэр куттара-сүрдэрэ биир тобуруо имсэлээхтэр. Бары (+). Ириэнэхтэр. Онтон хоту саха биистэрэ соҕуруу кус-хоро тоҥ биистэрин кытта уруурҕаһан баран холбостохторуна тумат буолбаттар. Ириэнэх саха хааннара сойон тымныйан барар. Саха (+). Хоро (-). Оннук саха биистэрэ хоролору кытары кыттыгас биир омук буоллахтарына сой-уустар, сойуоттар диэн ааттаналлар. Сой-уус - стылый род. Сой-уот - меркнущий, не греющий огонь. Нууччалыы тылбааһа итинник. Саха саҕар уотуттан араҕан сойон эрэр уустар. Саха хороҕо суураллан тыһытыйан барар. Ириэнэх уустар тоҥ биистэри, кус-хоролору кытары кыттыһан (+) тобуруолара (-) кубулуйан барыыта сой-уус диэн буолар. Хоро уонна саха биистэр булкадаһыктара. Оннук холбоһуу сойуус-таһыы (союзничество) диэн ааттанар. Иллээх-эйэлээх буолуу. Кыргыһыыттан аккаастаныы. Маннык булкадаһыктан үөскээбит биис ууһа имсэтин тобуруота уларыйар. Саха (+) плюс - хоро (-) минуска кубулуйар. Атыыр имсэтэ тыһытыйар. Түмүгэр соҕуруу хоро бииһин күүһүрдэр. Саханы утары барар. Ийэ өттүн тутуһар. Аҕа өттүн быраҕар. Холобур хара баһаам. Кытайы кытта кыттыспыт кытай буолар. Кытай хаанын биэрбэт. Хара саарылы (негр) кытары кыттыспыт хара саарыл негр буолар. Сырдык хараны хоппот. Сараһын бииһин (мусульман) кытары кыттыспыт сараһын бииһэ буолар. Ол биллэр. (+) плюс хаһан да (-) минуһу хоппот. Таҥара бичик, (физик, пишик, руск.) ыйааҕа оннук. Онтон ханна да барбаккын. Айылҕа сокуона, Ылҕа ыйааҕа. Сир Ийэ эмиэ тыһы имсэлээх. Сирдээҕи (-) минус майгы. Таҥара (+) плюс майгытын сиргэ хаһан баҕарар хотор. (-) минус бэйэтин сиригэр сылдьар. Сирдээҕи майгы. Булуус (+) таҥараттан кэлэр. Таҥара халлааҥҥа. Сиртэн ыраах. Сирдээҕи майгы таҥара майгытын сиргэ хоторо сокуон. Эр киһиэхэ дьахтар өрүү хотун. Хоторун иһин Хотун диэн ааттанар. Сойуустаһыы элбээтэҕинэ Саха симэлийэн Хоро хотон киирэн барар. Хоро (-) минус, саха (+) плюһу хоттоҕуна - киһи-аймах эстэр. (-) минус суох гынар өттүн тутуһар. (+) Плюс баар гынар өттүн тутуһар. Айылгыта оннук. Айылҕаҕа сойуустаһыы элбэх. Холобур. Сылгы уонна тигии. Аты бары билэҕит. Сир үрдүгэр өйдөөх кыыллардартан биирдэстэрэ. Кэпсэтиэҕин тыла эрэ суох. Оттон тигии диэн сылгы тигээйитэ. Кыыл буолбатах. Намыһах таһымнаах харамай. Кыыл уонна харамай икки арда ыраах. Иккиэн тыынар-тыыннаахтар. Уопсайдара ол эрэ. Айылҕа айыытын быһыытынан икки ардылара сойбут уустар. Икки ардыларыгар туох да сылаас суох. Биирдэрэ тымныы хаан-наах. Атына сылаас хааннаах. Айылҕа айыытынан бу икки ардылара аппыт сой-уустар. Уонна баран бэйэ-бэйэлэригэр сирдээҕи олоххо хардары таары көмөлөһөллөр. Тигии уонна сылгы көмөлөсүһүүтэ хайдах көстөрүй? Сайын сылгы тигиилээн төбөтүн булкуйа турарын бары көрөҕүт. Тоҥхоҥнуу сылдьар буолар. Ити тигии муннун иһигэр киирэн тигэн сымыыттыыр. Тигии сымыыта сылгы иһигэр киирэн харыныгар тохтоон үөн буолар. Бу үөн тигии үөскэҕэ. Кытархай өҥнөөх буолар. Аата Сойус, (союз) диэн. Сойус сылгы сиэбит аһыттан аһаан сылгы харыныгар сылдьар. Киирбит аһылыгы көпсүтэн биэрэн буһарыгар көмөлөһөр. Сылгы үөһэ суох. Онон аһын буһарыытыгар сойус үөнэ суох сатаммат. Аһа буспакка өлүөн сөп. Сойус сааһыары сайын ситтэҕинэ сылгы эмэһэтинэн таска тахсан кэлэр. Сылгы эмэһэтин бүүрүгэр хатаастан олорор буолар. Кынат үүннэринэ охсор уонна көтөн барар. Тигии буолар. Тигии сойуһа уонна сылгы итинник хардарыта көмөлөсүһэн айылҕаҕа бииргэ олоруулара сойуус, сойуустаһыы диэн ааттанар. Маннык майгы тыынар-тыыннаахха буолунай элбэх. Ити малга-салга эмиэ баар. Атах таҥаһыгар уллуҥ, тилэх уонна сото холбоһуга сойуус дэнэр. Киһиэхэ икки биис ууһа холбоспокко эрэ хардарыта бэйэ-бэйэлэрин быысаһар, көмөлүсүһэр буоллахтарына ону эмиэ сойуус, (союз), сойуустаһыы, (союзничество) диэн. Нууччалар, аныга диэри тутталлар. Төрдө сахарал билиитэ тыл.
|