Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

25. Тоҥут, (тангут)

Тоҥут, (тангут)

Сахарал билиитигэр:
  Тоҥ+оҥу+ут=Тоҥут, тоҥот.
  Тоҥ - мерзлый. Оҥу  - оҥуута, бэлиэтэ, оҥоруута. Ут - утум. Тоҥ (-) минус бэлиэлээх утум.
  Тумат диэн атын биис  ууһуттан ойох-дьахтар аҕалыы аата. Удьуор хааны атын хаанынан тумалааһын. Хаан уларытыныы  сиэрэ. Оннук элбээн бу биис уустара аймахтыы буола сэргэ олорон тумаланан уруурҕаһан  хаалаллар.
  Түмүгэр биир түмэккэ  холбоһоллор. Ыраас, таҥара бастакы биэрбит саха хаана кэм-кэрдии бардаҕын ахсын  суураллан сойон иһэр. Сойбут тоҥор. Саха буолара уурайан тоҥот буолан, сахаҕа сыһыана  суох тоҥ-уус үөскүүр. Тоҥ үйэҕэ тоҥ-уустар баһылыыллар. Соҕуруу олорор кус-хоро  эҥээрэ барыта Тоҥут, (тоҥ утум, тоҥус) диэн ааттанар.
  Кинилэр ириэнэх саханы  кэнэҕэс эһиэхтээхтэр. Үйэ оннук уларыйыахтаах.
  Былыр Сах үйэтэ Тоҥ  үйэҕэ кубулуйуута ууннан барбыта үһү. Уу Мотуога үллүбүт.
  Тоҥ үйэ кэлэр уларыйыыта  уотунан барыахтаах үһү. Былыргылар инньэ диэн көрүүлэммиттэр.
  Ол уотунан уларыйыы  (+) плюс имсэни (-) минус имсэ хотуутунан буолар. Өкүмүлээтэр олорорун курдук, киһи  кутун-сүрүн иитээйитэ симэлийэн уостан, олорон хаалыахтаах. Кистэлэҥ төрдө онно  сытар.
  Саха уонна Тоҥ уустар  икки ардылара тымныы. Өстөһүү эҥээрдээх. Ол хаһан да иллэһиэ суохтаах. Плюс (+)  уонна минус (-) иллэстэ, биир буола холбосто да утарсыы, атаан-мөҥүөн суох буолан  хаалар. Оччоҕо олох суох.
  Онон Хоту уонна Соҕуруу  куруук утары буолуохтаахтар. Арахса туруохтаахтар. Ол тыыннаах буолар ыйааҕа. Таҥара  ыйааҕа. Атаан-мөҥүөн  хаһан да уурайыа суохтаах.  Кыраҕытык кэтиир наада.
  Атаан-мөҥүөн баарын  туххары олох уоҕа хараабат.
  Уота олорбот. Тардыһыыта,  арахсыыта ахсаабат.
  Ол олох көстүбэт, биллибэт  таҥаратын тардыыта буолар.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-03-22)
Views: 1806 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024