Төргүүт, (тюркют, руск.)Саха - эр киһи имсэтэ. Онон Сахалар эр киһилиин-дьахтардыын бары аҕа-ууһун сиэрин тутуһан олох олороллор. Атыыр имсэтин туталлар. Тоҕо? Таҥара саханы төрөппүт төргүүтэ оннук. “Арҕаһыттан тэһииннээх айыы-аймаҕа, көхсүттэн көнтөстөөх күн сирин дьоно”, диэн буолаллар. Арҕастан уонна көхсүттэн тахсар көстүбэт таҥара быалара киһи дьылҕатын быата уонна төргүүтэ диэн ааттанар. Ити көхсүҥ көнтөһө диэн киһи этигэр-сиинигэр сиһиҥ тоноҕоһунан барар үрүҥ сүрүн аата. Арҕаһыттан тэһииниҥ диэн сис 1-кы тоноҕоһун уонна куонньай уҥуох туомтуур түмүгүн аата. Көҕүс көнтөһө уонна арҕас тэһиинэ таҥара төргүүтэ диэни оҥороллор. Онон саха төрүөҕүттэн төлкөтүгэр төргүүлээх төргүүт диэн ааҕыллара. (Төргүүт - тюркют, руск., төргүүт-аҕа - тюркютово, русск. букв.: имеющий от бога поводья отче.) Төрүөҕүттэн төргүүлээх, аҕа майгытын ыһыктыбакка тута сылдьар, анал дьылҕа быалаах омук аата. Аҕа былыргы аата: Төргүүт. Дьылҕа быатын төлкөтүн төргүү анала: Төргүү-аҕа. Ол аата Аҕа майгытын тутуу уонна олоҕуҥ устата тутуһуу. Нууччалыы: (төргүү-аҕа - арх: дёрга-ага, по совр. руск: держи-ага, выговаривается: держава. Поговорка: “За державу обидно,” оттуда. Обида за ссучивание, порушение чего-либо Отчего божеского в жизни. Обида за то, что не смог удержать Отчее. Не смог исполнить богов повяз свой. Оттуда название отче строя: Само-державие. Отцы сами держат отчий строй по повязу от бога, без всякого руковода.) Сир хотугу эҥээригэр Аҕа-төргүү хаттаан тиллиэхтээх. Эт мэйии күүһүнэн. Таҥара ыйааҕа чөлүгэр түһүөхтээх.
|