Үс өлүү дойдута Өлүөнэ, (Алёна, руск.)Ийэ-кут - Ия-кут, куутуйа-кутие. (Өлөөн - Олен, Оленск). (Элиэнэ - Лена). (Өлөөхүнэ - Алехино, Олега, по современному: Олекма). Былыргы сахарал билиитигэр хайа баҕарар уу, өрүс да буоллун, байҕал да буоллун, күөл, үрэх да буоллун барыта Эбэ Хотун диэн ааттанар. Уу тыһы имсэлээх. Уот атыыр имсэлээх. Тойон Эһэбит диэн буолар. Хайа баҕарар өрүс Эбэ Хотун диэн ааттанар. Дьиҥнээх аатынан ааттаммат. Ол билиҥҥэ диэри оннук тутта сылдьаллар сахалар. Куттанар төрүөттэрэ эмиэ биллэр. Сах үйэтэ уларыйарыгар Муор уута үллэн үйэ уларыйбыта. Муор уутугар өлөн морбойуу бөҕө буолбута. Муор Уу онон киһи-аймаҕы кэһэтэн турар. Муор Уу үйэтин саҕаттан саха дьоно ууттан саллар, куттанар. Эмиэ муору-туору, өлүүнү-сүтүүнү аҕалыа диэн. Онон күөлү да, өрүһү да дьиҥнээх аатынан ааттаабакка ытыктаан Эбэ Хотун дииллэр. Ону киһи бары билэр. Билиҥҥэ диэри тутуһаллар. Мантан өрүс эйгэтин өйдөбүллэрэ үөскээн тахсыбыттар. Олор сүрүннэрэ манныктар. Туох барыта үстээх. Таҥара ыйааҕа оннук. Атыыр өттүн ыйааҕа. Туох барыта түөрэхтээх. Ол аата түөртээх. Тыһы ыйааҕа. (3+4=7) Өрүс үөскээһинэ атыыр саҕалыыр ыйааҕын тутуһар. Туох барыта үстээх диэнинэн. Сахалар аҕа өттүнэн бараллар. Онон өрүс өйдөбүллэрэ үс аҥыы арахсар. Хоту өттө ахсааҥҥа киирбэт. Таҥара аана баар сирэ. Таҥара аартыга. Онно байҕал. Муус элээн. Киһи олорбот. Хаалар үс хайысха. Өрүс өбүс курдук. Ол сиэрин тутуһан сиргэ үөскүүр. Байҕалга түһэр сирэ төрдө диэн буолар. Саҕаланар сирэ баһа диэн буолар. Баһа сэп сэлтэкэтин курдук эмиэ сэллэйэн кэтирээн үс үөскэ араҕар. Баһа хас да сарыдах салаа буола арахсар. Хоту эҥээргэ өрүс барыта тус хоту устар. Намыһах сир диэкки. Эбэ Хотун - өрүс уста турар уутун аата. Кырдьаҕас эмээхсин Эбэ - уу итэҕэлгэ, алгыска туттуллар аата. Уот - Тойон Эһэбит буолар. Эһэбит эр соҕотох буолбатах. Эбии ханыы эмээхсиннээх. Уокка утары эбии элээн быһыытынан айыллыбыт буолан Эбэ диэн ааттанар. Уу тыһы эйгэттэн саамай аҕас эмээхсин. Хотун - хоту-уун. Өрүс бары хоту диэкки устар. Уу сиргэ түстэ да хотуну былдьаһар устан сүүрэн барар. Уу айылгыта оннук. Хоту Эбэ хотуннар кииннэрэ Хотугу муустаах байҕал баар. Ийэ кут, биитэр куутуйа, (кут-ийэ, кут-уйа, (кут-ие, ие-кут руск.). Сахарал билиитигэр: Ийэ Эбэ Хотун кыыһа буолар. Сири Уу-Эбэ уонна Уот-Эһэ буруоттан-харааттан, ыыртан-чаантан оҥорон айбыттар. Онтулара буор сир буолбут. Кыыс оҕо. Эбэ кыыһа Сир Ийэ диэн ааттаммыт. Ийэ сир Эбэҕэ кыыһа буолан баран биһиэхэ Ийэ сир айылҕатыгар уонна олохтоохторугар Ийэ буолар. Бэйэтэ туспа оҕолордоох. Ол иһин Ийэ сир диэн буолар. Онон уста турар уу хаһан баҕарар биэрэр биэрэктээх, тиксэр кыыс кытыллаах буолар. Өрүс хаҥас биэрэгэр киһи олорор кыахтаах хочо куутуйа сирдэринэн, өрүс арыылара буолаллар. От-мас дэлэйдик үүнэр, арал уу ылар, нүөл сирэ. Дьиэҕэ-уокка эмиэ итинник. Дьиэ уҥа өттө Кут-ат диэн ааттанар. Эр киһи аҕа өттө. Саҥарыллыыта: Кутат. Бииргэ этиллэр. Дьиэ хаҥас өттө Ийэ-кут диэн ааттанар. Саҥарыллыыта: Кутуйа, Куутуйа диэн буолар. Ийэ баһылыыр өттө. Нууччалыы эмиэ, былыргыта итинник. Дьиэ хаҥас өттө: Кут-ие диэн. Биитэр: Ие-кут. Ийэ-кут - ие-кут диэн буола сылдьар. Куутуйа - кутие диэн. Ие-кут диэн саҥарыллыытынан Якут диэн буолта. Йотовай дорҕоон үөскээбитин кэннэ. (Петр1 ыраахтааҕы ЙА, ИА, ИЕ дорҕоону Я бичигинэн буукума быспыта. Онтон ыла Якут диэн буолта. Ие-кут, Кут-ие диэн Якутия буолта.) Итиннэ сымыйа суох. Даль тылдьытын ылан көрүҥ. Тыл ис хоһоонун быһаарыыта маннык. Киһи өрүс сүнньүгэр мээнэ сиргэ олорбот. Оттоох-мастаах олоҕу кэрэһэлиир, сүөһүнү-аһы ииттэр, ыһыы ыһар сиргэ олохсуйар. Олорорго-сылдьарга кут-уйата буолар сирдэр наадалар. Оннук кут-уйата буолар сирдэр өрүс сүнньүгэр аҕыйах буолаллар. Киһиэхэ ийэ сир буолар сир. Өрүс тааһыгар, хайатыгар киһи кыайан олорбот. Оннук сирдэр элбэхтэр. Хайыр сир диэн ааттаналлар. Оттон кут-уйата буолар куутуйа сир өрүс хаҥас эҥээригэр баар буоллаҕына Ийэ-кут, куутуйа, (ия-кут, кутия, руск.) ааттанар. Холобур. Киһи олорор хочо куутуйалара өрүс хаҥас биэрэгэр үс хочо баар. Эркээни, Эҥсиэли, Туймаада. Туймаада хочото - кут-уйата, (жилое кут-ие.) Киһи олорор сирэ. Онно куораты олохтообуттар. Уонна куорат Ийэ-кут хаҥас эҥээргэ турарын иһин Ие-кут, кут-ие диэн нууччалыы. Онно куорат туппуттар. Ие-куцк диэн аат быспыттар. Кэлин бичик уларыйдаҕын ахсын Якуцк, Якутск диэн буолбут. Ие-кут олохтоох дьонун - якут. Якут сирин - Якутия диэн ааттаабыттар. Сахарал билиитэ итинник. Атыттар куолуларын этэр кыах суох. Уустугурдар наада суох. Дойҕох элбэх. Өлүөнэ, (Алёна, Лена, руск.) Өлүү+уон=Өлүөнэ. Өлүү - порция, доля. Уон - десять. Олоххо тиксэр өлүүкэ уон. Уста турар Эбэ уу кытаанах сири хайытан устар. Устар уута кытаанах үрдүк сиртэн тардыылаах буолар. Сир Ийэ Уу Эбэ кыыһа. Эбэ орто дойдуга тиксэн оҥорбут өлүүтэ, дуола, тирээтэ кыыһа сир Ийэ буолар. Ийэ сир тиксибит тирээт өлүүтэ төрөппүт айылҕата, хайата, үрэхтэрэ, араллара буолар. Өрүс ууну тардан түһэр сирин аата бүтүннүү - Өлүөнэ диэн ааттанар. Тиксибит өлүү-уона. (Уонунан ааҕыллар тирээтэ.) Нууччалыы: бассейн реки. Сахарал билиитигэр Өлүөнэ икки тылтан турар. Өлүү+уон. (Доля, порция, + десятка. Древнее: Алёна, Ёлён, Елена, Ёл-пал. Дольная десятка. То что досталось от бога. Доля всегда десятична. Ёл-пал судьбы. Доля дана на пальцах. Более у человека доли от судьбы нет. Возглас: “Ёлы-палы” означает: доля долюшка моя пальцевая, или палковая. Значит: палка одна у мужика. Через это бабе долюшка творения достается.) Өлүөнэ, (Ёлёна, Алена, Лена руск. Обозначает нынче: бассейн реки.) Туох бары таҥараттан тиксэр өлүүлээх буолар. Тиксибит тирээт өлүүҥ бүттэ да өлөҕүн. Киһи олорор үйэтэ кини тиксибит өлүүтэ, тирээтэ, ирээтэ буолар. Этэ-сиинэ эмиэ бу сиргэ тиксибит, таҥараттан бэриллибит өлүүтэ. Кутун-сүрүн тыыннаах буолар дьиэтэ, ийэттэн бэриллибит кут-уйата буолар. Эт-сиин уон тарбахтаах. Уҥа-хаҥас өттүгэр. Ол тарбахтарга тиксэр уҥа уонна хаҥас тэгиллэр диэн эттээх-сииннээх. Онон киһи уҥа-хаҥас, (праго-лего, арх.руск.), дьэгин-бороҕон, (яга-праго, арх. руск.), сууйа-дьаһай, (шуя-десной, арх. руск.), өрүттэрдээх. Уҥа-хаҥас икки өрүтү: “Биэс тарбах биэриитэ, уон тарбах уунуута” диэн ааттанар. Ол кэриэтэ өрүс үс үллэр үөһэ, тарбах курдук сараадыйан, охтуу уунан тахсан үөһээ хайаҕа баһырар. Бас өттө тарайар. Онон саллаҕар. Төрүт өттө суптугур буолар. Халлаантан түспүт, тарыҥтан аллыбыт сир уутун супту оборон ылан сүллүүтүн устун сүүрдэн байҕалга илдьэр. Өрүс уутун тардар тардыы сирдээх буолар. Бу тардыы сир былыргы аата өрүс Өлүөнэтэ диэн буолар. Бу өйдөбүл сахарал би-лиитигэр өрүс аата буолбатах. өрүс тардыытын аата. Ону билиҥҥи дьон билбэккэ Эбэни хайдах ааттыахтарын булбаттар. Өлүөнэ үс үллэр үөстэрин тутуһан сирэ-уота үс аҥыы хайытыллара. Өлүөнэ үс аҥыы арахсар: Элиэнэ - Илин+иэн=Илиэн диэн. (Лена, елена руск.) Икки тыл холбоспута. Илин иэн диэн. Өрүс уҥа өттө. Илин эҥээр. Ил-иэнэ. Саҥарыллыыта: тыһы дорҕоон дьүөрэлэһиитинэн баран биирдэ этиллэр. Элиэнэ диэн. (Елена, руск.) Өлөөн - үс тыл холбоспута. Өлүү-аан-элээн, (перводверная дольная сторона. Былыргы нууччалыыта: Олен, елан, оля,). Өрүс хаҥас өлүүкэ элээнэ. Арҕаа иэн имэ. Арҕаа им. Илинтэн күн тахсар. Арҕаа барар. Тиксэр олох өлүүскэтэ илинтэн арҕаа аанынан кэм-кэрдии хаа-мыытынан күнтэн-күн бара турар. Тиксэр өлүүҥ бүтэн өлүөххэр диэри. Ол иһин арҕаа өрүт куруук тиксибит өлүү бүтэр элээнэ буолар. Өрүс хаҥас арҕаа элээнэ-өлү кытта холбоһон Өлөөн диэни биэрэллэр. Өл-элээн. Ол аата арҕаа тирээт тиксэр элээн диэн. Саҥарыллыытыгар бииргэ этиллэн. Тыһы аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитинэн Өлөөн диэн буолар. Тиксэр өлүү дьайыытынан. Өрүс хаҥас, арҕаа эҥээр элээнэ барыта Өлөөн диэн ааттанар. Өлүөнэ Бүлүү диэкки өттө бүтүнүү. Өлөөхүнэ - Хас да тыл холбоспута. Өлүү-ох-уун-үүн. (Доля, порция-стрела-протяженность-пророст, Нууччалыы былыргыта: Алёхино, Олег.) Өрүс ох курдук үүнэн уунуута. Уһуна. Саҥарыл-лыыта бииргэ этиллэр. Өлөөхүнэ, (Алехино, руск.). Өлүөхүмэ былыргы аата. Өрүс соҕуруу бас өттө. Салаа-салаа арахсар. Олоохуна - өрүс баһа арҕаа диэкки үүнэн барыыта Олоохуна диэн. Өлүөхүмэ - өрүс баһа соҕуруу туһаайыыта Өлүөхүмэ диэн. Үс тыл. Өлүү-ох-им. (Өлүү-ирээт, ох-стрела, им-бэлиэ. Туох барыта имнээх буолар. Бэлиэлээх.) Арҕаа-им диэбит курдук. Аллаах-үүнэ - өрүс баһа илин диэкки сарыдах тардыыта. Аллан диэкки өттө. Аллаах-үүнэ, биитэр Аллайыаха диэн буолар. Аллаах-үүн аллар үүнүү өттө диэн. Өрүс уута сиртэн аллан саҕаланар сирин аата Аллаах, Аллайыаха диэн буолар. Бас салаалара тус ха-йысхаҕа итинник тус-туспа ааттаахтар. Итинник арахсыылаах ааттаах-суоллаах өрүс тардыы Өлүөнэтэ диэн. Бу сахарал билиитин өйдөбүллэрэ. Күн аайы туһанабыт. Ис хоһоонун билбэппит. Хайдах ааттыахпытын булбаппыт. Онно буруй суох. Былыргыны былыт сабан умнууга хааллаҕа. Хата баччаҕа диэри бу тыллары хоһооно суох туһана сылдьарбытынан бэрпит. Өрүс үс эҥээр, элээн арахсыытынан өрүс арҕаа өттүн барытын былыр Өлөөн диэн ааттыыллар. Өрүс илин өттө барыта Элиэнэ диэн ааттанар. Өрүс бас өттө Өлөөхүнэ диэн ааттанара.
|