Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

29. Үс уокурук

Үс уокурук

Нууччалар бастаан Саха сирин сэриилээн ылан баран өрүс  Өлүөнэтин илин-арҕаа, бас өрүттэрин арахсыытын кытаанахтык тутуһан Өлүөнэ иэнин  үс улахан уокуруктарга араарбыттара үһү.
  Элиэнэ, Өлөөн, Өлөөхүнэ диэннэргэ.

Уокурук, (округ, руск.), Уобалас, (область, руск.), Умнас  (умнож, руск.) Түбэ, (тува, руск.)
  Сорох аныгы сахалар уокурук, уобалас диэн өйдөбүллэри  нууччалыы тыллар дииллэрэ буолуо. Оннук буолбатах.  Былыргы Түүркүйэ саҕанааҕы Саха тыллара сылдьаллар. Быһаарыылара маннык.
  Уобалас (область, руск.) Былыргы сахарал билиитигэр хас  да тылтан таҥыллыбыт өйдөбүл. Уоб - алаас. Киһи ханна да буоллун алаас алын хочо  уулаах, өрүстээх сиртэн аһаан-таҥнан олорор. Оннук сирдэри батар. Онно түмсэн олохсуйар.  Холобур, сахалар Өлүөнэ эҥээр алаастарыгар.
  Итинник өрүс эҥээр алаастарыгар түмсэн олорууну, элбээһини,  мустууну төгүллэнэн төрөөһүнү-ууһааһыны былыр Умнас диэн ааттыыллара. (Умнож, умног,  руск.) Киһи элбээн түмсүүтэ, ууһаан элбээһинэ. Бииһээн элбээн киһи-киһини билбэт,  умнар үлүгэрэ. Оннук элбэх киһи.
  Умнас, (умнож, руск.) диэни нууччалар умнан туттубат  буоллулар. Атын омук тылын ылан Регион диэнинэн солбуйдулар.
  Сир араас. Онтон ходуһа буолар алаас сирдэри үллэстии  уобунан барар. Сири кээмэйдээн, биитэр хойгуоланан тыырсыы. Ыал аайы уоб-алаас тирээттээх  буолаллар. Онтон аһаан-таҥнан, уоб-аһы булан олороллор. Ыал кыамтата биллэр буо.  Уонунан көһү оттоон-мастаан тайыыр кыаҕа   суох. Тиксэр тирээт уоб-алааһыгар оттоон-мастаан уоб-ас таһааран олордоҕуна  сөп.
  Сир онтон ураты өттө барыта уопсай диэн буолар. Уопсайтан  ким баҕарар уопсар. Оннук уоб-алаастарынан үллэһиллэн тиксэриллибит сирдээх-уоттаах  дойду уобалас диэн ааттанара. Киһи уоб-алаастаах, аҕа-ууһа уоб-алаастардаах, биис-ууһа  уоб-алаастардаах. Олорор сирдээх түбэлээх. Оннук бара турар. Былыргы Түүркүйэ тутулун  саҕанааҕы өйдөбүл. Ону ылан нууччалар билиҥҥэ диэри туһана сылдьаллар. Область диэн  нууччалыы биир чөллөй түбэ сир уопсай аата буолан сылдьар.
  Уокурук (округ, руск.)
  Былыргы сахарал билиитигэр хас да тылтан турар өйдөбүл.
  Уо+кур+ук=Уокурук.
  Уо - ии-саҕа диэн суолталаах. Уос, уон, уол, уой итинник  бара турар. Барыта иилэнии-саҕаланыы майгыта. Куруук - эргимтэ аата. Нууччалыы:  куруук - круг диэн. Куруук дьыл-күн эргийэ турар. Кургуом - эргиччи, өрүү. Эргийэ  турар күн хаамыытынан. Куруугу ойуулуур буоллахха төгүрүк ии аата. Ии курууктан  уратыта ньолбуһах эҥин буолуон сөп. Оттон куруук кургуом төгүрүк. Сир эргиирэ ньолбойбот.  Оһун тула буолар.
  Куруук өссө биир суолталаах. Кур - ук диэн. Кур эргиир  иһигэр ук диэн. Уо-кур-ук. Быһа суолтата: Ии кур иһигэр ук. Ии курга угуллан хаалыы.
  Атынын бэйэҕит быһаарыҥ. Судургу баҕайы.
  Түбэ (тува, аныгылыы территория, руск.) Түбэ диэн сир  иэнин ойуурдары, алаастары, хайалары, уулары холбуу ылыллыбытын аата.
  Билиҥҥи Тува диэн сир былыргы түүркүйэ кэминээҕи аата:  Орто Түбэ диэн этэ. (Средняя территория, руск.) Онно билигин орто түбэҕэ аналлаах  хайгыа бэлиэ баар. Ойуутун кинигэҕэ көрбүтүм. (Центр Азии, диэбиттэр этэ.)

Өлөөн уокуруга. (Оленский округ.)
  Өлүөнэ арҕаа өттүн Өлөөн, (Оленск, руск.) диэн ааттаан  уокурук киинин Үөһээ Бүлүүгэ тэрийбиттэр. Бастаан Сата арыытыгар Нуучча арыыта  диэни Аһакайдартан көҥүллэтэн ылан онно кииннээн. Онтон Кэнтиккэ Тоҥуо үрэх тэйэр  хайатыгар Оленск диэн куорат оннун түһэрэ сатаабыттар.
  Онтулара табыллыбатах. Онон Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар  Өлөөннөөх, (Оленск), диэн киини туппуттар. Онно Өлөөн уокурук наместнига олорбут.  Ол олорбут сирэ билиҥҥэ диэри Нэмиэһинньик, (наместник, руск.) диэн ааттанан Нам  Балаҕаннаҕар баар. Манна уонча сыл олорбуттарын кэннэ Оленск диэн остуруоктарын  уу халаннаан илдьэ баран хаалбыт.
  Онон сатаммаккалар кэлин, билигин Бүлүү турар куоратыгар,  дьэ, дьиҥнээх куораты олохтообуттар.
  Өлөөн, Оленск диэн аатын өлүү суолун ыҥырар аат эбит.  Сатамматыбыт диэн уларытарга уураахтаабыттар. Оленск диэнин быраҕан, Бүлүү өрүс  аатын биэрбиттэр. Нууччалыы саҥарыллыытыгар: Вилюй диэн буолбут. Онтон бэттэх Өлөөн  диэн уокурук аата уларыйан Бүлүү уокуруга диэҥҥэ көспүт.
  Өлөөн уокуругуттан Үөһээ Бүлүүттэн, (Верховилюй) бастаан  Сунтаар 1770-71 сыллаахха арахсыбыт. Туспа улуус буолбут.
  Ити сылларга Алын уонна Орто Бүлүү биир улуус буолан  арахсыбыт. 
  Онтон кэлин Ньурба улууһа Марха улууһа диэн ааттанан  Үөһээ Бүлүүттэн арахпыт. Кэлин Ньурба диэн аакка көспүтэ. Өлөөн уокуруга Үс аҥыы  хайдан Үс бүлүү буолбут. Бүлүү, Сунтаар, Ньурба. Ити барыта сурукка киирбит быһыы.
(Сурук быһыытынан Бааһынай Баһылай “Кэнтик остуоруйата”  уонна    “Үөһээ Бүлүү улууһун остуоруйата”  диэн айымньыларыгар баар. Сэргээбит булан ааҕыан сөп. Биһиги куолуга даҕайан, ахтан  эрэ аһарабыт.)


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-03-22)
Views: 1874 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024