Манна хааһыта баһаам. Элиэнэни нууччалар Лена уокуруга диэн аат быспыттар. Киин куоратын хас да сиргэ тута сылдьыбыттар. Зашиверскай эҥин диэн ааттаан. Илин эҥээргэ барыта. Онно сатаммаккалар өрүс хаҥас биэрэгэр тутарга тиийбиттэр. Тыгын уонна саха дьоно бары Туймаадаҕа Сахсары күөл кытыытыгар олорбуттар. Дьон-сэргэ элбэҕэ Туймаадаҕа үһү. Туймаадаҕа киирэн Тыгынтан биир оҕус тириитэ иэннээх сири көрдөспүттэр. Ону Тыгын биэрбит. Билиҥҥи Орджоникидзе тулаһатын таһыгар. Ону оҕустарын тириитин тирбэҕэ быа гынан тыырталаан баран, ол тиийэринэн куутуйа (кутие) сири эргийэн ылбыттар. Биир оҕус тириитэ быа буолбута киэҥ сири эргийбит. Оннук эргийэн ылан, сахалары сөхтөрөн, остуруок туппуттар. Кут уйаламмыттар. Өрүс хаҥас өттө буоларынан Ийэ-кут өттө диэн Ие-кут диэн ааттаабыттар. (Аныгылыы кут-ие, ие-кут. Ия диэн сыһыарыыны сир Ийэҕэ даҕайан нууч-чалар маасабайдык тутталлар. Росс-ия, Франция эҥин диэбит курдук.) Киһи олорор дьиэтигэр эмиэ итинник. Дьиэ хаҥас өттө ийэ-кут, куутуйа, (ие-кут, кут-ие, руск.) диэн ааттанар. Элиэнэ, (Лена) диэн аат буоллаҕына өрүс аата буолан хаалбыт. Өлүөнэ диэн ааты Лена диэнинэн солбуйбуттар. Куутуйаҕа олохтоох дьону якут диэн ааттаабыттар. Хаҥас биэрэк олохтоохторо диэн суолтаҕа. Дьоллоох Дьокуускай аата суола тэбик ылан тэбинэн хааман киирэн бардаҕа, ол. Элиэнэ уокуруга кэлин Дьокуускай уокурук буолбут. Илин эҥээр бүтүннүү киирэрэ үһү. Инньэ Алаһыайга, Аляскаҕа диэри. Өлөөхүнэ уокуруга. Аанньаах. (Алехинский округ, руск.) Өлөөхүнэ уокуруга бэрт киэҥ сири тайаан сытара. Киин Куоратын аата Аанньаах диэн. Кэлин Өлүөхүмэ диэн буолбут. Нууччалыы тыл тобоҕо Алехин, олегин. Өрүс баһа диэн. Өлөөхүнэ уокуругар Өлүөнэ баһа барыта киирэрэ. Синньэ Тайҕаҕа тиийэ. Өргүөтү (Иркут) кытары быысаһа. Билиҥҥи Чыта хоту түбэтэ Аанньаах диэнэ үһү. Кэлин Өлүөхүмэ куората ааттанан сылдьыбыт.
|