Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

31. Ааһан иһэн санаа.

Элиэнэ. Киинэ Дьокуускай.
Өлөөн. Киинэ Оленск.
Өлөөхүнэ. Киинэ Аанньаах.
Өлүөнэ өрүс тардыытын үс улахан уокуруга. Саха сирин атын түбэлэрин биһиги манна ахтыбаппыт. Урут 19-с үйэҕэ Саха сиригэр Красноярскай кыраай үксэ, (Сахалыы аата: былыргыта Дьаархадан сирэ. Дьаархаттар уонна хаданнар түбэлэрэ. Кэлиҥҥитэ: Туруу-хаан сирэ. Орто үйэлэрдээҕи Саха сирин туруу сирэ. Турухаан түбэлэрин ааттара: Бырааскай, Орто түбэ, Ырай, Өспөх, Туруу-хаан, Хатыҥы эҥин диэннэр.
Иркутскай уобалас, Билиҥҥи Чыта сирэ, Приморскай кыраай, Магадан уобалаһа, Хамчаакыга, Аляскаҕа тиийэ киирэллэрэ. Ону биһиги ахтыбаппыт. Билигин сахаларга хаалбыт Өлүөнэ өрүс сүнньүн ырытабыт.
Саха сирин киин куората Дьокуускай иннинэ Маҥхааһай диэн этэ. Турукта анараа өттүгэр Туруу-хаан сиригэр баар куорат. Ону сэриилээн ылан баран нууччалар онтон тирэнэн Бүлүүннэн киирэн салгыы Өлүөнэни сэриилээн холбоммуттара.
Дьокуускай Элиэнэ уокуругун киинэ этэ. Саха сирин киинэ буолбатах.
Онтон кэлин Маҥхааһай эстибитин кэннэ Дьокуускай Саха сирин туруу киинэ буолбута. Ол биллэр.
Нууччаларга илиҥҥи сирдэри салгыы холбонууга Дьокуускай тэптэр үрдэл буолбута. Нуучча ыраахтааҕытын бойобуодалара түбүлэнэн Дьокуускай былааһы ылбыта.
Маҥхааһайтан киин куорат көспүтэ. Бүлүү эҥээр өттө күнэ киирбитэ. Киин куорат Дьокуускайга көһөн Бүлүү эҥээр кытыы сиргэ кубулуйбута. Дьокуускай сахалар саҥа киин куораттара буолбута.
Ол саҕана үөдүйбүтэ Бүлүүлэр икки илин эҥээр улуустар икки ардыларыгар бэрт былдьаһыы. Түбэлэһии, улуустаһыы. Бэрт былдьаһыы.
Бүлүүлэр Саха сирин киин куоратын саҥа олохтоммут Дьокуускайга уларытары сөбүлээбэт этилэр. Ол санаа олоҕо маннык этэ.
Өлүөнэҕэ баар сахаларга кус-хоро биистэрэ кэлэн кыттыһан, нууччалардыын холбоһон Саха төрүт санаата суураллыыта, хоротуйуута, тыһытыйыыта элбээбитэ. Оннук тыһытыйбыт өй-санаа кыайыытын Дьокуускай аҕалыаҕа, диэн онтон саллыы баара. Саха сиригэр хоролор былааһы ылалларын ким сөбүлүөй? Сахалыы эстиитэ саҕаланара биллэр буо.
Оттон Элиэнэ эҥээрдэр, санаалара туолан, күннэрэ тахсан эрэриттэн үөрэн нууччаларга элэ-сала түһэллэрэ. Өлүөнэ сахаларыгар кэлбит кус-хоролор суураллан, булкуһан саҥа тумаламмыт, туматтыйбыт саха үөскээһинэ буолбута.
Ол дьон тыһытыйбыт, хоротуйбут домнору илдьэ сылдьаллара. Ол төрүт сахалыыны умнууга хаалларбыта. Оннук булкаас дьон хантан-хааннаахтарын, кимтэн кииннээхтэрин да билбэттэр. Ханна да тиий. Быыкаатык хаһан көрөөрү гынныҥ да мэлис гына түһэллэр. Килиэр-мэлээр көрөн бараллар. Хоротуйуу, туматтыйыы.
Онтон кэлин, нуучча домо кэлэн букатыннаахтык тыһытыйыы буолан барбыта. Билиҥҥэ диэри буола турар. Тулуһа сатаан баран кыахпытын, дьэ, ылларан эрэбит. Эстии сыыртан таҥнары анньыммыт курдук барар. Туохтан да тутуһар суох курдук.
Оччотооҕуга кэлии хоролор сахаларга суураллар дьылҕаларын эмиэ сөбүлээбэт этилэр. Хатан дьылҕа хаайыытынан эрэ кинилэр сахатыйбыттара. Билиҥҥэ диэри хоролуу ис домнорун ыһыктыбаттар.
Лөгөйдөр Тыгыны абааһы көрүүлэрэ. Байаҕантайдар Тыгыны абааһы көрүүлэрэ. Барыта баар суол. Билигин баар Лөгөйдөр сыдьааннарыттан Тыгын туһунан ыйыт. Бары Тыгыны куһаҕан. Лөгөйү үчүгэй диэн барыахтара. Удьуор көппөт. Оччотооҕу быһыы билиҥҥэ диэри баар. Хааҥҥа баары хамсаппаккын, удьуорга баары уураппаккын.
Бүлүү эҥээр Дьокуускай өргөйүөҕүттэн кырыыба сир ахсааныгар киирбитэ. Билигин Маҥхааһай туһунан аҕыннахха, ким да билбэт.
Бүлүүлэр хотторботторун иһин нууччалар Маҥхааһайы ыараханнык суох гыммыттара. Саха былыргы остуоруйатын кэпсии турбатын, диэн үс төгүл уоттаан кэбиспиттэрэ. Бүтэһигин 1662 сыллаахха баһыттан атаҕар диэри күл-көмөр оҥорон кээспиттэрэ. Куораттан солох күл буора хаалбыта.
Маҥхааһай Элиэнэ түбэтин сэриилээн ылыы кэнниттэн нууччаларга туһата ааспыта. Аны өссө илин баран сэриилииргэ Дьокуускай тирэх буолара наада буолбута. Дьокуускайтан сылдьан сэриилиир ордук табыгастаах буолбута. Нууччалар санааларыгар киин улуустар санаалара сөп түбэспитэ. Уокурук кииниттэн Саха сирин киинигэр кубулуйуу ымсыыта Бүлүү эҥээр күнүн киллэрбитэ. Дэлэҕэ Маҥхааһайы уоттуохтара дуо!?
Ол үрдүнэн Маҥхааһай Турухааҥҥа көһөн суолтатын сүтэрбэт буола сатаабытын нууччалар бүтэһиктээхтик кыйдаталаан сахалары онтон үүртэлээн эҥин, санааларын сиппиттэрэ. Ити туһунан билигин ким да билбэт.
Бүлүүлэр билэллэр. Ити бэрт былдьаһыы уота билиҥҥэ диэри тыыннаах. Киин улуус уонна Бүлүү диэн хайдыһыы төрдө итиннэ.
Бүлүүлэр саҥардылар да киин улуустар чөрөс гына түһэллэр.
Эмиэ тугу эрэ күөдьүтэн бэйэлэрин киэнин таһаараары гыннылар, диэн.
Былыргы киин уонна аныгы киин бэрт былдьаһыыта.
Дьокуускай 1662 сыллаахха атаҕар туран киирэн барда да Маҥхааһай наадата суох. Сахалар былыргы киэбириилэрин суох гынар нууччаларга наада.
“Уот ылбытын биэрбэт.” Саха өс хоһооно. Уот Маҥхааһай дьылҕатын быһаарбыта. Иньэ-сай түбэтин, (Енисей), Турухаан түбэтин, Ырайы, Өспөҕү, Хатыҥыны барытын Красноярскай кыраай диэн ааттаан бэһиэччик нууччалары аҕалан олоҕурдан баран нууччалар элийэ быһан ылбыттара. Онно олохтоох сахалары эһиги сахалар буолбатаххыт туспа омуктаргыт долганнаргыт диэн аат быһан холбонон кэбиспиттэрэ. Оннук дьылҕаламмыт сирдэр Өргүөт, (Иркутскай), Үт, (Приморскай кыраай), Айаан, (Магадан), Лаамы барыта, Хамчаакы буолаллар. Саха сириттэн быһыта баттанан ылыллыбыттара.
Нууччалара ыраахтааҕы саҕаттан куттаналлар этэ. Сахалар арахсан Эмиэрикэҕэ, Дьоппуоннарга, Кытайдарга кыттыһан кэбиһиэхтэрин сөп, диэн.
Онон аа-дьуо хас да төгүллээн Саха сирин суллаан сулҕаччы оҥорон, байҕалга тахсар кыаҕын быһан Элиэнэ эрэ түбэтигэр хаалларбыттара. Ити кырдьык. Бүтэһигин 1924 сыллаахха РСФСР үөскүүрүгэр оҥорбуттара. Тобоҕун 1935 сыллаахха ситэрбиттэрэ.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-09)
Views: 1592 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024