Былыр Уу буһук, Муус буһук кэмигэр урукку арҕаа тус хайысхатын сирэ тимирэн хотугу Муус байҕал анныгар киирбитэ үһү. Билиҥҥи саха сирин түбэтэ ууга баран, мууска хам ылларан Үс өлүү дойдутугар кубулуйбут. Хоту сиртэн киһи-аймах кыанар-хотунар өттө тус соҕуруу, арҕаа үтүрүллэн түһэн Үт сиригэр саҥа олох сирин таһааран саа-саадах күүһүнэн сир таһааран олохсуйбут. Ол кэм кыргыс үйэтэ диэн ааттанар. Тымныыннан үтүрүллэн барбыт биис уустарын “тыал буолбуттар”, (унесенные ветром), биитэр бырах, (варяг), диэн ааттыыллар. Кыаммат-хотуммат өттө ханна бараахтыай? Уу ылбатах үрдүк сирдэрин булан олохсуйан хаалбыт. Оннук сиринэн Бүлүү эҥээригэр Кэҥкэмэ, Сиинэ, Марха, Намана, Чыбыыда, Тоҥуо, Ботомоойу, Кэмпэндээйи, Мухтуйа тайҕата, Бодойбо, Туруу-хаан, Ырай, Өспөх, Өргүөт, Хатыҥы, Анаабыр, Өлөөн, Дьааҥы, Сунтаар хайалара буолбуттар. Туруу-хаан, (Турухан, руск.). Былыргы орто үйэлэрдээҕи Саха сирин киин куоратын аата. Туруу-сир - столица, диэн. Сахалар туруу сирдэрэ. Ол кэмнээҕи тутул Тыгынаат диэн ааттааҕа. Хаҕанаат саҕаттан иһэр тутул аата. Элбэх омук тыгынааттара холбоһон биир хаҕанаат диэни оҥороллоро. Хас да хаҕанаат холбоһон Улуу Түүркүйэ диэн буолара. Саҕахтан - саҕахха, муораттан - муораҕа диэри. Хас да Түүркүйэ холбоһон Улуу Ил Импиэрийэтэ диэн үөскүүрэ. (Империя - Им-биэр-ийэ. Хотугу эҥээр (+) (плюс), соҕуруу эҥээр (-) (минус). Хотугу эҥээргэ олорор үс саха бииһэ барыта холбонон биир имҥэ, сиэргэ, тутулга олорууга киирдэҕинэ биирдэ Им-биэрдэ, диэн буолар. Плюс - минуска хотторбот майгыта үөскүүр. Им-биэрии Ийэ сиргэ тарҕанан олоҕурдаҕына Им-биэр-ийэ диэн үөскүүр. Саҥарыллыытыгар барыта бииргэ этиллэр: Импиэрийэ, биитэр Эмбиэрийэ диэн ааттанар.) Орто үйэлэргэ Тыгынаат тутулугар омугу Тыгын диэн таҥараттан тыган сирдиир, (его преосвещенство) сололоох киһи баһылыыра. Сирдьит, ыраахтааҕы суота. Ити тутул нууччалар кэлбиттэрин кэннэ эстибитэ. Нууччалар хаҕанааты уларытан илин саҕахтан арҕаа саҕахха диэри Импиэрийэ олохтуубут диэн буолбуттара. Онтулара илин өттө эрэ сөбүлэһэн кыайтарбыта. Арҕаа өттүгэр кыайтарбатаҕа. Орто үйэлэргэ саха сирин туруу сирэ Турухаан буолар. Урукку Дьаархадан сирэ. Билиҥҥи Красноярскай кыраай. Ол туһунан билигин өйдөбүлгэ да суох. Киһи-аймах умнара түргэн. Красноярскай кыраайы Саха сириттэн ылбыттара. Билигин Красноярскай кыраай Саха сирэ этэ диэни ким да билбэт.
|