Былыр нуучча кэлиэн иннинэ Саха сирин эргинэр киин куората Маҥхааһай, (Мангазея) диэн ааттааҕа Туруу-хаан сиригэр турара. Бастаан нууччалар ону сэриилээн ылбыттара. Уонна онтон тирэнэн Туобуйа суолунан Бүлүүннэн кэлэн Саха сирин илин өттүн сэриилээбиттэрэ. Дьокуускай иннинээҕи Саха сирин эргинэр киин куората Маҥхааһай диэн ааттаах Турухааҥҥа баар диэн бары саха билиэхтээх. Саха киин куоратын Дьокуускайга көһөрөллөрүгэр Маҥхааһай куоратын 1642, уонна бүтэһиктээхтик 1662 сыллаахха кистэлэҥ сорудаҕынан олорчу уоттаан кэбиспиттэрэ. Имниин эспиттэрэ. Билиҥҥи Красноярскай кыраай былыргы сахалыы аата Турухаан диэн. Мухтуйа таһыттан Турукта диэнтэн саҕаланан барара. Маҥхааһай, (мангазей, магазей, руск.) диэн тыл суолтата билиҥҥи торговый центр диэҥҥэ тэҥнээх. Бу тыллар бары саха төрүттээхтэр. Нууччалыыга киирбиттэр. Маҥхааһай - Ону-маны мунньар сундууктан, хоппоттон улахан дьааһык аата. Маҥхааһай улахан малы-салы мунньар нэһилиэк ыскылаатын аата. Маҥхааһай табаары мунньар, тыырар, атыылыыр эргинэр сир аата. Маҥхааһай хас да салаалаах буолар. Хааһаҕа, ол аата ыскылаата. Хамыыһыйата, (гамазея, руск.) табаары хомуйар, тыырар, түҥэтэр сирэ. Маҥхааһай маҕаһыына, (магазея, магазин, руск.) - атыылыыр, эргинэр сирэ. Өлүөнэ өрүс түбэтигэр бастакы Муус буһук ириитэ ортотунан 1000 сыл анараа өттүгэр саҕаламмыт. Өлүөнэ уута ханна да барбакка Муус байҕалга устуута түһэр төрдүтэ таас быһыттаах турбута үһү. Ону Муус байҕал ыҥырбытыгар үс сиринэн тоҕо көтөн киирбит. (Дельта Лены диэн). Билигин да улахан уу аала сылдьыбат кыараҕас үөстэрдээх. Баран көрүөххүн сөп. Онон киһи олоруута аҕыйах, сэдэх этэ. Бүл-уу турара. Бүтэй уу. Киһи кыһын эрэ сылдьар этэ.
Бүлүү, (Вилюй).
Бүлүү, ол иннигэр, бүтэй Бүл-уу эбитэ үһү. Өлүөнэҕэ киириитэ Таас тумустан анараа бүтэй үһү. Бүл-уу диэн киһи сүһүөҕэр баар бүлтэс уҥуох уутун ааттыыллар. Бүл уу киһи уҥуоҕун бүлтэһин иһигэр да баар, таһыгар да баар. Холобур. Киһи тобугун сүһүөҕүн бүл-уута. Өлүөнэ уута Муус байҕалга хамсаабытыгар Бүлүүнү ыҥырбыт. Онно биирдэ Таас тумуһу быһа охсон Өлүөнэ өрүскэ түспүт. Бүтэй Бүл - уу диэн аата хаалбыт. Билиҥҥэ диэри туттулла сылдьар.
|