Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

34. Туобуйа суола

Саха сиригэр аарыктаах айан суолларыттан саамай улаханнара.
Уу кэмигэр Бүлүү сүнньүнээҕи биис уустар саамай үрдүк сиргэ туобуйа, биитэр дьохсоҕон, дьохсоот, өргүөт сирдэргэ чуоҕуһан олорбуттар. Ити билигин Үөһээ Бүлүү Туобуйа нэһилиэгин түбэтэ буолар. Туобуйа тылбааһа хайа үрдүк сирэ диэн. Дьохсоот сир диэн эмиэ оннук. Хайа үрдэлэ, тыаллаах сирэ, диэн суолталаах. Дьохсоот - хайа тыалын аата.
Киһи этигэр-сиинигэр: эр киһиэхэ сэбин сэлтэкэтин төбөтүгэр баар үүдэһин уйатын аата туобуйа диэн буолар. Эр киһиэхэ саамай илин уонна өргөс, (оргазм) сирэ буолар. Ордук өргөстөөх үрдүк сир эр киһиэхэ суох.
Туобуйа уу таһымыттан биэрэстэ аҥаара үрдүк. Туобуйаннан былыргы айан суола Элиэнэҕэ кэлиитэ инньэ Туруктаттан, Маачаттан, Турухаантан, Ырайтан, Өспөхтөн, Хадантан тиийэ кэлэрэ. Ол суол аата Туобуйа суола диэн буолара. Үрдүк суол, диэн суолтаҕа. Аллараа өрүс баһынан айаныыр буоллахха Тайҕа суола дэнэрэ. Билигин даҕаны былыргы ааты тутан турар Туобуйа нэһилиэгэ диэн Үөһээ Бүлүүгэ баар. Суол ыпсыытыгар турар нэһилиэк.
Билиҥҥи Дьокуускайга барар суол 20-с үйэ саҕаланыытыгар эрэ айыллыбыта. Ол иннигэр айан суола барыта Туобуйа суолунан этэ. Бу суол арҕаа Турухааҥҥа, Маҥхааһайга тиийэ барара. Соҕуруу диэкки Үс Кутунан Бодойбоннон Өргүөткэ, (Иркут,) арахсан тиийэрэ. Хотулата-арҕаа Кэмпэндээйиннэн киирэн Сунтаары нөҥүө түһэн Бүлүүнү батан билиҥҥи Өлөөнүнэн Дьэһиэйгэ, (Ессей, былыргы аата Өспөх,) Хадан түбэтигэр Хатыҥыга, (Катанга) тиийэрэ. Бу үс суол Тайҕа суола диэн ааттааҕа.
Суол омооно билиҥҥэ диэри баар. Туобуйаттан илин Сэттэ Сиинэннэн Кэптининэн, Маалтааны сиригэр, Кэҥкэмэннэн Туймаадаҕа тиийэрэ. Бу суолга Өлүөхүмэ суола кыттыһара. Кэмпэндээйиннэн Сунтаар суола холбоһор. Тоҥуоннан Үөһээ-Бүлүү суола киирэр. Чыбыыданнан Алын Бүлүү суола, Онтон илин Таҥара үрэҕинэн Орто Бүлүү, Кэптининэн Маалтааны, Иһитинэн Аллан суола, Сиинэннэн Арҕаа Хаҥалас суола холбоһоллоро. Итинник улахан айан суола этэ. Барыта хайа туобуйатын батан барар. Бу суол омоонугар быраҕыллыбыт нэһилиэктэр, өтөхтөр бөҕө. Бу сири үөрэтии былыргы саха олоҕун быһааран биэриэ этэ. Ону ким да дьарыктаммат. Былыргы Муус буһук саҕаттан сахалар олорбут олохторо.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-09)
Views: 2135 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024