Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

35. Биис уустарын тайааннара

Манна саха сүрүн биис уустара олорбуттара. Олор хаалларбыт уонна биллэр дьуолкалара манныктар. Илинтэн - арҕаа барабыт.
Арҕаа Хаҥалас хайатын үрдүгэр аймахтыы Маалта уонна Малдьаҕар биистэрэ. Кинилэр эмиэ алталыылар. Маалта үрэҕинэн уонна Сиинэ тардыытынан олорбуттар.
Сиинэ ньурбатыгар уонна уҥуор баар Чына диэн үрэх тардыытыгар икки биис ууһа олорбут. Чинэки уонна ньурба-хаан. Бу икки биис ууһа холбоспут. Түмэт буолбут. Дьахтар бөҕө атастаһан хааны тумалаһан Ньурбалар ийэ ууһунан Ньурбаҕаанчына диэн буолбуттар, Чинэкилэр элбэх ньурба күтүөттэнэн Ньурбаҕачына диэн буолбуттар. Олохторо билигин да баар. Тобохторун Сэбиэскэй былаас суох оҥорбута.
Чына таһыгар Чинэки бииһин ууһун сэргэ Кэйбэлэ бииһин ууһа олорбута. Кэбэлийэн киэр баран билигин суохтар. Олохторо эрэ хаалбыт.
Кинилэри сэргэ Тыайа, тыараһа, тыалыччыма диэн булт-алт дьоно олорбуттар.
Сиинэ үрэҕин тааһыгар Чинэки биистэрэ диэннэр олорбуттар. Кинилэр иккиэлэр. Чочу уонна чына бииһин уустара.
Кинилэри сэргэ Сата бииһин ууһа олорбут. Сиинэҕэ суруктара ойуулара бөҕө баар. Саталар сорохторо ньурбаҕа Сата нэһилиэгэ буолан олорбуттара. Сорохторо Туймаадаҕа киирэн Сатайга, (Жатай) олорбуттара. Сорохторо өрүс уҥуор тахсыбыттара үһү.
Чына уонна сата биистэрин быыстарыгар Кэйбэлэ бииһин ууһа диэн олорбут. Олорбут түбэлэр Кэйбэлэ диэн ааттанан баар. Чыналар буолуо дэммитэ, арааһа, атыттар быһыылаах. Кэйбэлэлэр, (койбальцы, руск. диэн ааттаан Красноярскай кыраайга эмиэ бааллар.)
Орто Бүлүүгэ дьөккөн, аһыма, атамай, батамай биистэрин уустара бааллар. Элбэх да буолбатар туспа биис уустар.
Онтон хотулата Солоҕоон, сортуол, согдо диэн биистэр кэлбиттэр. Кинилэри сэргэ Күрэнчэ уонна Быра-хаан, Боотулуу диэн эмиэ күрээн аҥаардаах Өргүөт биис уустара кэлэн олохсуйбуттар.
Тоҕус бииһин ууһа диэн тоҕус нэһилиэктээх биис ууһа олорор. Туобуйаттан аллараа өрүс аралыгар түһүүлэригэр бас-көс киһилэрэ Туоҕа-боотур диэн үһү. Бу тоҕус бииһин ууһа эмиэ икки аҥыы хайдыбыт. Биир салаа Орто Бүлүү түбэтигэр киирэн билигин орто уонна алын Бүлүүннэн, Кэбээйиннэн сабардаан олорор. Төбө нэһилиэктэрин былыргы аата Тоҕой диэн этэ. Билигин Тоҕус диэн.
Марха үрэҕин үөһэ марҕаайы биистэрэ олорбуттар. Хааннарынан ньурбаҕалар. Ньурба бииһин ууһун сороҕо. Марха тааһыгар суруктара бөҕө турар.
Балары сэргэ Бордоҥ бииһин ууһа олорбут.
Бордоҥнор Ботомоойуну бата Ньурбаҕа, сорохторо Кэмпэндээйини бата Сунтаарга түспүттэр.
Намана үрэҕэр Нам бииһин ууһа олорбут.
Намнары сэргэ Үс Үөдүгэй бииһэ Тоҥуо бастата олорбут. Үөдүгэйдэри намнары кытта булкуйаллар. Ити сыыһа.
Намнары кытары сэргэ-холбоһо олорбут туспа биис ууһа. Үөдүгэйдэр аҕа уустара. Ийэ уустара Үөдэй, Игидэй, (иик-үөдэй), диэн биис уустара. Кэлин ыһыллан хаалтара. Онон-манан барытынан бааллар. Сүрүн Ийэ ууһа Үөдэйэ. Игидэй Үөдэй салаата. Иккис үөдэй.
Онтон салгыы Ботомоойу бастата батамайдар, салгыы арҕаа Дойдууһаннан, (Дойдуһа) Дойду ходуһаннан Дьаархан бииһин ууһа олорбут.
Онтон арҕаа Хадан-хатылы уонна хадан-хатыҥы диэн икки уруулуу биис ууһа олорбуттар. Өссө дьаархаттары кытары холбоһон Дьаархадан биир биис ууһун түмэтэ үөскээн сылдьыбыта үһү.
Онтон арҕаа билиҥҥи Бүлүү баһыгар Турукта, Маача, Маалта, Чуона, Иньэ-сай өрүс тардыытын диэкки Боотулуу, Өспөх сахалара, Хадан хатыгын, хатылылар, Бөтүҥнэр уонна Красноярскай кыраай, Енисей өрүс аралыгар баар сахалар кыайан үөрэтиллибэккэ хааллылар. Синньэ Хакаассыйаҕа, Алтайга тиийэ.
Арҕаа, соҕуруу бырах (варяг) барбыт сахалар үөрэтиллибэтилэр. Үөрэхтээхтэрбит дуомнара чахчы дуом дьоннор.
Үс саха бииһин билигин билэр да уурайда. Бары тыһытыйан, хоротуйан бүтүү буолан эрэр.
Хоротуйбут саха Сахалыыны билбэт уонна билиммэт. Билиэн да сатаммат. Саха туһунан майгыны араастаан баттыы, суох гына сатыы, умуннаран симэлитииннэн дьарыктанар. Ол сөп.
Хоро икки Саха икки утары таарылар. Кинилэр киирсиилэригэр сытар олох төрдө. Тыһы атыыр арахсан утарсыытыгар. Тыһыты-йыыны уонна хоротуйууну туох да тохтоторуттан ааста.
Биһиги Бүтэй Бүлүү дьонобут. Онон Бүтэй Бүлүү биис уустарын эрэ ырытабыт. Атыттарга наадыйа барбаппыт.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-09)
Views: 1920 | Comments: 2 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 2
2 Людмила  
Переведите, пожалуйста, текст на русский язык.Я хакасска ,Мне интересно,где упоминается о койбальцах.Койбальцев насильно записали в хакасы,но они свой язык,обычаи еше сохранили.

1 Атын-саха  
Мэхээлэ, ытык-кырдьа5ас!
Онтон тонгустар, сахалар дуу, хоролор дуу? Аны туран "Ураангхай" диэни хайдах быhаара5ын?
Мин бэйэм Боотур ууhун ыччата буоламмын, атын аатырда5ым.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024