Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

36. Түөрт аҥыы арахсар аарыктаах аартык айахтар

Билиҥҥи Өлүөнэ тардыытыгар киирии-тахсыы биэс сүрүн айахтааҕа.
Аллан өрүһүнэн Улуу Хоро аартыга диэн. Билиҥҥи Кириэс-Халдьаайынан киирии. Илин айах. Билиҥҥи оломтон арыый туора баар. Онно Таатталар төрүттэригэр Улуу Хоро оҕонньорго анаан хайгыа тутар баҕалаахтар этэ.
Туобуйа аартыга. Сүрүн аартык. Бүлүүннэн, Арҕаа Хаҥалаһынан. Туобуйа суолунан. Арҕаа аан.
Айаан аартыга. Билиҥҥи Уус-Майаннан Үт айаҕа. Соҕуруу аан. Амманнан кэлии. Былыргы аартык. Билигин да омооно баар.
Анаабыр аартык. Онно эмиэ аан баар. Ол иһин Анаабыр. Хатыҥы суола. Хадан түбэтигэр киириллэр. Красноярскай кыраай буолан турар. Иньэ-сай өрүс түбэтэ. Нууччалар былдьаан Саха сирин түбэтиттэн араарыллыбыта үйэ буолан эрэр. Сахалар бу суолунан Өспөххө, Хадаҥҥа тиийэ айанныыллара.
Биир холобуру аҕалабыт. Убаарыскай кинигэтигэр ахтыллыбыт быһыы баар. Икки үйэ анараа өттүгэр Лаамыга (Охотскай байҕал түбэтигэр) сотуун, дьаҥ-дьаһах туран табалара өлөн эстии буолбут. Ону Ламыҥха эбээннэрэ Хатыҥыттан (Катанга) баран таба үүрэн аҕалбыттар. Дьааҥы хайатын айааннарынан уонна байҕал кытыытынан Анаабыр айаҕынан суол тэриммиттэр. Онон табаны үүрэн аҕалан Лаамы табата тыыннаах хаалбыт. Билиҥҥэ диэри ол таба саамытын суолугар дьааҥы хайатыгар эбээннэр олохторо бааллар. Таба үүрүүтүгэр анаан күөбүргэннэри тэрийбиттэр. Күөбүргэн диэн дьону аҕалан олордуу. Таабыр тэрийии. Көһөн иһэр табалаахтар тохтоон тыын ылан саамыланар сирдэрэ. Ол сахалыы аата күөбүргэн диэн буолар. Нууччалыыта промысел диэн. Саҥа сиргэ харах таһааран олохсуйуу. Билигин даҕаны ити күөбүргэн диэн тыл туттууга сылдьар. Кэбэргэнэ дииллэр. Тоҥустар итинник уларытан, саҥаларынан ааттыыллар. Кэбэргэнэлэрбит диэн буолар. Эбээннэр муора, туундара дьонноро. Эбэҥкилэр мас дьоно. Табалара эмиэ оннук араҕар. Муора табата уонна мас табата.
Оннук күөбүргэн холобура элбэх. Эбээн Бытантай Дьааҥыга, Дьэлиҥдэ Өлөөҥҥө, Кыстатыам Эдьигээҥҥэ, Таймылыырга, Сэ-бээн күөл Кэбээйигэ урукку Эдьигээн сирэ. Онтон илин тоҥус таабырдара бара тураллар. Лаамыга тиийэ. Дьааҥы хайатын устун.
Бу балартан биһиги биир эрэ аартыгы токкоолоһобут. Бүлүү Туобуйа суолунан олохтоох биистэри ырытабыт. Атын аартыктары ахтан эрэ ааһыы сиэринэн. Уопсай билии даҕаамырыгар эрэ ахтабыт.
Хоту дойдуга Булуус олоҕун булан муус ирэн, кылгас да буоллар самаан сайын олоҕуран Элиэнэ уута Хотугу Муус байҕалга түһэр төрдүгэр баар быһытын тоҕо түһэн үс үөһүнэн муораҕа сүүрдэн, Бүлүүнү уонна Алланы ыҥыран бэйэтигэр холбонон Өлүөнэ өрүс билиҥҥи киэлитигэр түһэн барбыт.
Ону кытта уу түһэн киирэн барбыт. Хаан соһотунан мууска туран эрэн кыртас таас сирэйигэр ойууламмыт суруктар үөһэ хаалан хаалбыттар. Уу баттаан сыппыт хочо уонна арал, алар, алаас, алыы сирдэрэ тахсан тиийэн кэлбиттэр. От-мас үүнэн бөҕө силигилээн, ходуһа тахсыбыт. Кыыл-сүөл бүүс-бүттүннүү хочоҕо, арыыга, аралга көҥү анньан киирбиттэр. Хайа үөһэ тугу гына сылдьыахтарай?
Уулара үрэх буолан аллараа сүүрбүттэр. Өрүскэ түспүттэр. Уулара түһэн хаалбыт. Биһиги дьоммут үөһэ хайа үрдүгэр олорон хаалбыттар. Уу баһар сирдэрэ да суох буолбут.
Хайыахтарай, саҥа Тоҥ үйэ үүннэ. Олох саҥалыы салҕанна диэн өрүстэр аралларыгар үрэхтэри батыһан куучча көһүү саҕаламмыт.
Ол көһүү Улуу саамай кэмэ диэн ааттанар.
Саамыланыы. Саҥа арал сирдэри булуу. Улуу саамай көс буолар. Саха тайаан сытар сирин уларытар. Манна харыыта суох элбэх сэһэн баар.
Бүлүү бииһин уустарын сэһэннэрин биир-биир ылар буоллахха манныктар бааллар. Сэһэннэр быһа-хайа тардан бэриллэллэр.
Ол кэмнэргэ Тоҥус-мончууралар уонна кус-хоролор саха сиригэр сыттара да суох кэмэ. Сылгы көлөлөөх Сахалар эрэ бааллар. Муус Буһукка кыыл-сүөл барыта өлөн быстан суох буолбут кэмэ. Соҕотох сылгыны кытары ыт ордубут, аһыылаах удьуордара.
Хоро хороҕор муостаах кыыллара манна суохтар. Урукку тайах саҕа ураа муостаах табалар уонна уу оҕустара бары имириэх эстибиттэр. Тоҥус мончуур хоролоро да, кус-хоролор да суохтара.
Хоро табалаах, хороҕор муостаах сүөһүлээх биистэр Хоро тайаа-нын уларытар кэмигэр кэлбиттэрэ. Ити орто үйэлэргэ этэ.
Хоролор үс төгүл төхтүрүйэн Саха сиригэр кэлбиттэрэ биллэр.
Бастаан Хоро тайаанын уларытыыны кыыл хоро-таба саҕалаабыт. Хоро-таба соҕуруу сириттэн тайаанын уларытарыгар Мончуу-раттан барбыт. Арҕаа түспүт. Ураал хайаларынан Хоту Муустаах муораҕа түспүт. Онтон Муустаах муора кытыытынан илин түһэн Лаамыга кэлбит. Хоро-табаны батыһа сылдьар тоҥус дьон эргийэ сылдьыбыт буолан, Саха сирин хойутаан арҕааттан кэлэн булбуттар. Оттон хороҕор муостаах сүөһүлээх хоролор хойут хоҥнубуттар, ол оннугар быһа кэлбиттэр. Онон эрдэ кэлбиттэр. Тоҥус хоролортон.
Бастаан Омоҕойдоох кэлбиттэр. Хороҕор муостаах ынах сүөһүнү Саха сиригэр аҕалбыттар. Оҕус миинньэ сылдьар дьон. Сылгыны улаханнык баарды гыммат дьон. Хороҕор муостаах хоро сүөһүтүн аҕалан, биэни ыан иһэ эрэ олорор сахалары өрүһүйбүттэр. Сахаҕа үтүөнү оҥорбуттар. Ынах сүөһү дьиэ кыыла буолан суолу туттулар да быһа кэлбиттэр. Кэлбит сирдэрэ Үт (билиҥҥи Приморье, Амыр, Сахалин диэккиттэн.) Амгын, (Амгунь) Аныгы мончуура, хара кытай эҥээриттэн. Аргын сирэ, (Билиҥҥи Чита эҥээрэ) Хаҥаҥ (билиҥҥи Монголия эҥээрэ), Өргүөт, (Иркут, Байкал эҥээрэ), Бы-рааскай (Братскай эҥээрэ.) Ити барыта кэлии хоролор ааттарыгар аныаха диэри баар ааттар.
Онтон аан дойдуну бары эргийэн баран хоро-табалаах тоҥус-хоролор кэлбиттэр. Бу кэлиигэ буолбут охсуһуу сахаҕа Кыргыс үйэтэ диэн ааттанар.
Аанньа буолуо баара дуо? Олохтоох саха уонна кэлии хоро кыргыспакка.
Ол кыргыс үйэтин тохтоппут киһиннэн сахалары уонна хоролору холбообут Тайма татаар тохсус уола Эллэй-эһэбит буолар. Хоро Омоҕой кыыһын ойох ылан ил-эйэ ыһыаҕын ыспыта үһү.
Эллэйтэн ыла Саха бииһэ хоролору кытта холбоһон саҥа кэмҥэ үктэннибит диэн саҥа үйэни ааҕан саҕалаабыттар. Ол кэмтэн 7,5 үйэ ааста. Ол туххары: “Эллэй-эһэбит саҕаттан…”, диэн тылынан оһуокайы, ыһыах сиэрин-туомун барытын саҕалыыр үгэстээхпит.
Тоҥус мончууралары кытары кыргыһы хоро-таба икки, сылгы-сүөһү икки бэйэлэрэ тохтоппуттар.

Таба бырдаҕы, күлүмэни тулуйбат. Онон хайа үрдүгэр, үрэх баһыгар чыыстайга, дьохсоот тыаллаах сиргэ сыҕарыс гынан биэрбит.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-09)
Views: 1942 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024