Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

37. Сылгы уонна сүөһү арал сиргэ хочоҕо хаалбыт

Бүттэ. Тоҥус-хоро уонна саха сылдьар сирдэрэ тус-туспа буола арахсыбыт. Кыргыс тохтообут. Тоҥус-хоро саха сиригэр сахатыйбыт. Онтон буолуо Бүлүү диэкки үрэх баһа тоҥус сирэ, алаас сир дойду сирэ диэн буолар. Үрэх баһыгар таҕыстахха тоҥустуйдубут, аллараа дойду сиргэ киирдэххэ сахатыйдыбыт, диэн буолар. Ол билиҥҥэ диэри баар.
Икки кэлии буолла. Хоро-таба хоролоро, уонна хороҕор муостаах Улуу Хоролор.
Үһүс кэлии тоҥ нууччалар. Хоровит, хоруотаан нууччалара. Хаһан кэлбиттэрэ биллэр.
Бу үс киллэҕэһин ытаһа майгылар саха майгытын суурайан суох гынан бүтэрэн эрэллэр. Ону бары көрөн олоробут.
Тоҥ нууччалар сахалары хам баттаан хоротуталлар. Иһинээҕи хоро төрүттээхтэр хас уон саха хааныгар суураллан сахатыйан баран сахалыыны таҥнаран биэрэн иһиттэн куорҕаллыыллар.
Төрүөх оҕолорун барытын нууччалыы иитэн хоротутан бүтэрдилэр. Хоро обургу (-) минус имнээх. Көҕүрэтэр аналлаах. Ол сиэрин кытаанахтык тутуһар. Саханы хоро таһан көҕүрэтэргэ, суох оҥорорго турунна. Хоро оннооҕор бэйэтин суох гына көҕүрэтинэр аналлаах.
Ол кинилэр буруйдара буолбатах. Таҥара айыыта оннук. Хоро харайар аналлаах. Тыыннааҕар харайан илдьэ сылдьар. Өллөҕүнэ кытары харайар. (хоронить, руск.) Ол хоролорго “хорошо” диэн буолар.
Хоро эбиини-төгүлү билбэт. Көҕүрэтэр өттүгэр эбэ-эбэ төгүллүүр. Суох гынарга. Онно маастар.
Айылгыта оннук! Хайыыр да кыах суох.
“Өлөн баран өлөрү билбит” диэн Өс хоһоон майгылаах буолаахтаатаҕа.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-15)
Views: 1387 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024