Дьаархан кэнники улуу көһүү кэмигэр Бүлүү туобуйатын эҥээриттэн үс аҥыы хайдан арахсыбыта үһү. Бииргэ бары көһүөххэ, биир сиргэ көһөргө Бүтэй Бүлүү ордук буолуо, онно түһэн бииргэ олоруохха, диэн оҕонньоттор ыллыктаах тылларыгар сорохтор киирбэккэлэр истэригэр айдаан, араллаан үөскээбит. Онтон хайдыһыы барбыт. Хас да күрүөн дьон Өлүөнэҕэ киирэр баҕалааҕын биллэрбит. Ол сөп. Дьаарханнар оннук майгылаах дьон. Балык курдук: өрдүстэхтэринэ - бииргэ, хайдыстахтарына - уон аҥыы арахсар дьон. Нөөрүктээйи. Дьаарханнартан арахсан күрүүр баҕалаах хас да күрүөн дьон улаханнык айдаарсыбакка Өлүөнэ диэкки күрээн көһөн барбыттар. Ол аата сүрүн дьаарханнар сөбүлээбэтэхтэрин үрдүнэн тыаһа ууһа, улахан айдаарсыыта суох дьонноруттан күрээн тэйбиттэр. Итинник күрээн тэйии ньымата сахарал билиитигэр Нөөрүк-тэйии, диэн ааттанар. Туймаадаҕа кэлбиттэрэ сирдэрэ барыта киһилээх хойгуо бэлиэ бөҕө үһү. Онтон кэйиллэн күрээн тэйбит дьаарханнар өрүс уҥуор өттүгэр тахсыбыттар. Бас көс киһилэрэ Сунтаар Дойдууһатыттан төрүттээх Дойдуһа-дьаархан диэн киһи үһү. Бу дьаарханнар Туймаадаҕа уонна Өлүөнэ уҥуор туораан өрүһү кыйа олохсуйбуттар. Билиҥҥи Мэҥэ-Хаҥалас сиригэр. “Биһиги дьаархан буолан бүттүбүт, күрээн тэйии буолла. Олорор сирбитин буллубут. Биис ууспутуттан арахтыбыт. Арахсыы аата биир, онон ааппытын уларытыахха. Ааппытын дьаарханнартан күрээн-тэйбит дьон буоларбыт быһыытынан Нөөрүк-тэйии, саҥарыллыытынан Нөөрүктээйи диэн буолуохха”, диэн буолбуттар. Күрээн - нөөрүк, тэйии - бэйэтинэн хаалан саҥа нөөрүктээйилэр диэн салаа дьаарханнартан арахсан баар буолбут. Мэҥэ-Хаҥалас Нөөрүктээйилэрэ Павловскайтан өрүс кытылыттан саҕалаан Майаҕа Хара диэн нэһилиэгинэн, Чүүйэҕэ тиийэн бүтэр. Онтон салгыы Мэлдьэхсилэр, Мэҥэлбэлэр, Мооруктар Наахаралар кэлэллэр. Нөөрүктээйи нэһилиэктэрэ бары былыр Бүлүү дьаарханнарыттан күрээн тэйэн үөскээбит дьоннор буолаллар. Дьаарханнартан өссө биир салаа - нөөрүктээйилэр күрээн тэйэн Өлүөнэ Өлөөхүнэтигэр түспүттэр. Билигин Өлүөхүмэҕэ хас да нөөрүктээйи баар. Сунтаарга эмиэ икки Нөөрүктээйи нэһилиэктэрэ бааллар. Аммаҕа Болугур диэн ааттаах нэһилиэк 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгэ. Билиҥҥи Чурапчы улууһугар 2-с Нөөрүктээйи нэһилиэгэ Мындаҕаайы диэн ааттанан турар. Дьаарханнар наһаа күрээн тэйии элбээн барбытын иһин дьоннорун кытаанах соҕустук туппуттар. Кыраҕытык кэтиир буолбуттар. Ол үрдүнэн араҕан барыах баҕалаах үгүс үһү. Олор хадаарданан арахсар хааннарын киллэрэн тугу барытын быраҕан күүс өттүнэн бэйэлэрин дьоннорун кытта этиһэ-охсуһа бүтэһиктээхтик иирсэн арахпыт дьоннор бааллар. Оннук күүс өттүнэн дьаарханнартан арахпыт, эмиэ нөөрүктээйи курдук, икки салаа баар.
|