Олор ааттара Наахара диэн. Араҕан - нахара. Дьаархан - нахрадь. Ааттара бэйэтэ дьуолкалаан ыйа сылдьар. Былыргылар барахсаттар, барытын ааттарыгар тиһэн иһэллэр. Араҕар хааннарын киллэрэн күүс өттүнэн арахсыбыт күрүөннэр бэйэ-бэйэлэрин кытары, аны, иирсэн турбуттар. Атырдьах маһын курдук, арахсыы буолбут. Икки хайысханнан барбыттар. Биирдэрэ дьоннорун нөөрүктээйилэри сайыһан, Мэҥэ Хаҥалас сиригэр тиийбиттэр. Уонна нөөрүктээйилэри салгыы тахсан сирдэнэн-уоттанан түспүттэр. Билигин мэҥэ-хаҥалас наахаралара буолан сылдьаллар. Сомоҕолоһон муҥутаабыт, тыыллыбыт хабыллыбыт хайаан да ыһыллар. Ол айылҕа ыйааҕа. Үрүллүбүт хабах тэстэр. Ыһыллыы ыһыллыыны аҕалар. Үрүт үөһэ ыһыллыы буолар. Дьаарханнар былыр наһаа тыыллан-хабыллан сайда сылдьыбыттар. Ол муҥутаан баран ыһыллыы айдаана, иирсээнэ суох буолбат. Хара-хаан син биир оонньуур. Хара-хаан кыайдаҕына өсөһүү, өһүөмньү өрөгөйдүүр. Арахсыы аатырар. Алдьаныы, бытарыйыы барар. Оннук дьоҥҥо-сэргэҕэ хара-хаан хотон арахсыыны, алдьаныыны тэрийии ньымата сахарал билиитигэр Наахара-хаан, биитэр хара-хаан, диэн ааттанар. Хара-хаан диэни уҥаттан хаҥас тиэрэ миинньэ аахтахха наахарах, диэн тахсар. Ити наахаралар дьоннорун кытары иирсэн хара-хааннарын оонньотон охсуһан-этиһэн арахсыбыттарын этэр. “Хата доҕоор, наахарам хаанын киллэрээйэбиний!” диэн хадаардаһаары гыннахтарына билиҥҥэ диэри туран кэлэллэр. Биир салаа араҕан барбыт дьон арҕаа Турукта диэкки түспүттэр. Мухтуйаҕа тиийэн наахаралар буолан олороллор. Наахаралар Сунтаарга бааллар. Арахсан баран төрүттэрин сэргэ олороллор. Атын нэһилиэгинэн. Онтон ураты сүрүн алта дьаархан Бүлүүгэ түспүт. Билиҥҥэ диэри бааллар. Онон, биир дьаархан үс дьаархан буолбут. Дьаархан, нөөрүктээйи, наахара. Мэҥэ-Хаҥалас улууһа түөрт улахан биис ууһуттан турар. Олор ааттара Нөөрүктээйи, Наахара иккиэн дьаархан салаалара. Мэлдьэхси - малдьаҕар салаалара. Ону тэҥэ Үс Моорук, Мэҥэбил аҕатын ууһа эбиллэр. Мэҥэбил Эллэй уола, сураҕа. Хоро Омоҕой, саха Эллэй аҥаардаах сахалар. Мооруктар тустарынан. Үс Моорук бииһэ. Мооруктар Дьаарханнарга киирбэттэр. Туспа биис ууһа. Мэҥэ-Хаҥалас сиригэр олороллорунан ахтан ааһабыт. Моорукка киирсэллэр: Табаҕа, Суола Мооруктар, Өлөчөй, Бүтэйдээх, Алтан нэһилиэктэрэ. Моорук - ол аата кырдьаҕас тииһэ-уоһа бүппүт оҕонньор аата. Чөл олоҕун олорон бүтэн моорук, моруу буолан эрэйдэнэр кэмэ. Моорук - агония диэн тылбааһа. Бу харыс тыл. Өлүүттэн, эрэйтэн куотаары ааттаммыттар. Сортуоллар курдук. Мооруктар бэйэлэрин Эллэй уола Мэҥэбил аҕатын ууһугар киллэринэллэр. Бэйэлэрэ Хоро Омоҕой дьоннорунан ааҕыналлар. Эллэй Омоҕойго күтүөт буолбута. Кини тула мустан олорбуттар. Онон Мооруктар төрүттэрэ хоро. Олорго саха быласпыта буолаллар. Маны Сэһэн Боло суруйууларыттан булан ааҕыахха сөп. Өссө Попов Г. В. Мооруктар диэн кинигэтиттэн. Мооруктар Мэҥэбил дьоно буолалларынан бэйэлэрин Мэҥэлэрбит диэн ааттаналлар. Көһөн кэлбит аартыктара Айаан суола быһыылаах. Уус-Майаннан, Амманнан. Тайаан сытыыларын хайысхата оннук.
|