Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

41. Дьабыллар

Дьабыл нэһилиэгэ, диэн билиҥҥи Нуораҕана, (Мэҥэ-Хаҥалас) уонна Бахсы ууһа (Чыаппара) киирэллэр быһыылаах. Кэлин кэлбиттэр. Арҕаа Хаҥаластан. Билигин Горнай улуус сириттэн Солоҕоон Дьаабы ууһуттан ойдоннор дьабыл барбыт Ийэ ууһа.
Дьабыл - эр диэни билбэтэх, төрөөбөтөх да ууһаабатах дьахталлар субай мээнэ барыыларын аата.
Дьаабы - төрөөбөт ууһаабат, удьуору салҕаабакка олорор майгы аата Дьаабы диэн ааттанар. Дьахтарга туһаайыылаах.
Дьаба - дьахтар сыччыыйын уунаҥныыр хайыҥнарын аата. Төрүүрүгэр уунан оҕо тахсарын хааччыйар. Холобур. Айаҕы атарга уос уунан кэҥээн биэриитин дьабадьы диэн айах икки кытыытыгар сылдьар үүдэһин оҥорор.
Кыайан ууһаабат, кэҥээбэт төрөнньөҥө суох дьахтардаах аҕа ууһун Дьаабы ууһа диэн ааттыыллар. Маннык уустан күрээн дьахталлар куотан, сир уларытан бырах бараллар. Оннук туора барыы аата Дьабыл барыы диэн ааттанар.
Дьабыллар төрүттэрэ Арҕаа Хаҥаластан Дьаабы ууһуттан оннук сир уларытан кэлбиттэрэ иһиллэр. Сир уларытан төрөөн-ууһаан билигин хас да нэһилиэк буолан олороллор.
Дьабыл баран атын сиргэ олохсуйан оҕолонон-урууланан тэнийии аата Нуораҕана диэн буолар. Нуора-араҕана. Саҥарыллыыта: нуораҕана. Оҕо нуора курдук, элбэх диэн буолар. Оҕо нырыы курдук. (Нуора сир - уулаах-бадарааннаах сир аата. Бадарааҥҥа, сииккэ үөн-көйүүр наһаа үөскүүр. Оннук кыйма курдук үөскээбит үөн-көйүүр аата нуора нырыыта диэн буолар.)
Дьабыл нэһилиэгин төрдө итинник. Дьаабы дьабылларын туһунан сурук баара биллибэт. Оттон Дьаабы ууһун эһиги "Солоҕоон" диэн кинигэттэн булан ааҕыаххытын сөп.
Дьабыл Бахсы ууһа Арҕаа Хаҥаластан хойут кэлэн баран Уус-Алланнары сэргэ сир таһаарынан олорбут. Бахсылар сорохторо өссө Күөрээйилэр. Горнай Күөрэлээҕиттэн тардаллар. Холобур, Мохначевскайдар.
Дьабыл Бахсылара Уус-Алланнары кытары былыргаттан атааннаахтар. Сиртэн сылтаан элбэхтик ньуу-ньаа буолаллара үһү.
Өссө Сэһэн Боло “Сүдү төрүттэрбит олохторуттан” диэн хомуурунньугар Бахсы тойоно Дьэллэҥи кинээс туһунан маннык суруйбут.
“Кини аҕата - Киилээни, эһэтэ - Куһаҕан оҕонньор (Чөчөгөөйөп) хос эһэтэ - Сөрүөс, ол аҕата саамай төрдө Бахсы уола Адымай диэн Хаҥалас төрүттээх, өрүскэ олохтоох. Уруулара хааннара - Баҕарах, Баатылыы. Олохторо - Улуу арыы, Ойуу хатыҥ, Киллэм хонуута диэн арҕаа эҥээр”.
Мантан көрдөххө Бахсылар Бүлүү Боотулууларыттан эмиэ тардыылаах буолуохтарын сөп. Ол сөп. Дьаабылар Бүлүү эҥээрин диэкки олохтоохтор.
Мэҥэ-Хаҥаласка Хаптаҕай диэн нөөрүктээйилэртэн, дьөппөннөртөн, дьөккөннөртөн тардыылаах нэһилиэк баар. Хаптаҕайдар арҕаа Хаҥаластан кэлбиттэр.
(Ол үһүйээнин Попов Г. В. сэһэргээбитэ. Хаптаҕайдар төрүттэрэ Нөмүгүттэн кэлбиттэр. Хаптаҕай аҥаара Нөөрүктээйилэр. Кэпсээнэ маннык: Былыр Хаптаҕай сиригэр Нэс аҕатын ууһа олордоҕуна үс киһи өрүһүнэн кэлбит. Уонна олохсуйаары оҥостон барбыт. Ону Нэстэр сөбүлээбэтэхтэр уонна үүртэлииргэ быһаарбыттар. Ох курдук оҥостон тиийэн үүрсүү буолбут. Кыргыс аҥаардаах. Оҕунан ытыаласпыттар. Нэстэр ытыалаабыттар. Ону анараа дьоҥҥо Хаптаҕай бөҕө диэн хапсаҕай киһилээхтэрэ аһаран хапталдьыйа-хапталдьыйа Нэстэр ыппыт охторун хабан ылан иһэр үһү. Нэстэр элбэхтик ыппыттар. Охторо бүтүөр диэри. Онтон саллан, бу дьону ох ылбат бөҕө ыйаахтаах дьон эбит диэн, “Хапталдьыйан аһарар Хабыкыйа хаптаҕайдар буолуҥ,” диэн баран олохсуйбут сирдэриттэн халбарыйан антах баран биэрбиттэр. Арааһа Мэҥэбилтэн тардар Улуу Тоҕой нэһилиэгэ буолбуттар быһыылаах. Тоҕо эрэ 2-с Хаптаҕай диэн олору ааттыыллар. Бу уорба санаа. Ырытыахха наада. Онтон бэттэх Хабыкыйа бөҕөттөн төрүттээх хапта сылдьар хаптаҕайдар буолбуттар. 1-кы Хаптаҕай.)

Урут истииннэн хаптаҕайдар хайа да аҕа ууһугар киирбэттэрин Дьөппөннөртөн, Хачыкааттан, Нөмүгүттэн тардыылаахтарын этэллэрин төрдүн билбэт этибит. Билигин чопчу үһүйээнин буллубут. Арҕаа хаҥаластан тардыылаах Хаптаҕайдар буоллулар.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-15)
Views: 1941 | Comments: 1 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 1
1 оефань - Сиэн Моло5одоон  
Мин дойдум, Одьулуун, нэhилиэгэ Дьабыла (Дябыла). Чугас суолтата бу эрэ тылга ицнэр дуу хайдах? Ессе биир олонхо5о Дьабылла-куо диэн уда5ан дьахтар атын дьахтар иhиттэн сэттэ ыйдаах о5ону суйдаан ылан бэйэтэ тереен, Уелэн Боотур диэни тереппутэ баар. Дьэ меку аат эбит.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 11
Ыалдьыттар (гостей): 11
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024