Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

42. Мэлдьэхси
Мэлдьэхси Чурапчыга тиийэ барар биис ууһа. Малдьаҕартан араҕан Малдьаҕар буоларын мэлдьэһэн Малдьаҕартан уратыйбыт. Сүрүн үөрдэриттэн арахсыбыт, уратыйбыт дьон буолан малдьаҕардарын мэлдьэһэн мэлдьэхсилэр диэн буолбуттар.
Мэлдьэхси, нөөрүктээйи, наахара, Эллэйтэн төрүттээх Мэҥэлбэ, моорук ууһугар холбоһон, кинилэр тула түмсэн Мэҥэ-Хаҥалас буолабыт диэн биир улуус буолбуттара үһү. Мэҥэ диэн Мэҥэлбэ ууһун тула, Хаҥалас диэн хаҥаластар буолалларын иһин.
Хаҥалас диэн сахаҕа хас да суолталаах.
Бастакыта. Өбүһэ быһыллыбатах дьон диэн. Хаҥыл сэптээх хаҥаластар диэн буолаллар. Айылҕа хайдах биэрбитинэн сылдьар дьон аата. Хаҥыл утарыта Өргүөт өбүс диэн өбүс кыыс-хаҥа тирии куйа быһыллыбыт сэп ааттанар.
Кэлии Өргүөттэргэ өбүс быһыылаах дьон баара үһү. Оттон бу холбоспут биистэргэ өргүөт өбүстээх киһи суох үһү. Бары хаҥыл сэптээх хаҥаластар.
Хаҥалас иккис суолтата: эр киһи хонноҕун анныгар, дьахтар өттүгэр, самыытыгар баар үүдэһин аата.
Өрүһү икки кытыытынан олоруу хаҥаластаан олоруу диэн ааттанар. Онон өрүс уҥа эҥээрэ Илин хаҥалас, өрүс хаҥас эҥээрэ арҕаа хаҥалас диэн буолар. Кыыс хаҥата ииктиир сирин тула баар. Өрүс - уу. Дьахтар иигэ эмиэ - уу. Өрүс - Эбэ хотун. Ийэ - дьахтар. Онон иккиэн дьахталлар. Ол иһин уу кытыытыгар олоруу хаҥаластаан олоруу, диэн буолар.
Дьаарханнар Саха сирин иэнигэр харыыта суох элбэхтэр. Бэйэлэрин истэригэр Сэдээктэр диэн кылгас атахтаах, уһун систээх биис уустаахтар. Билигин олор тобохторо Ньурбаҕа эрэ бааллар.
Бу маннык тарҕаныы, арахсыы хайа баҕарар саха бииһин ууһугар буолбута. Ыһыллыы, арахсыы, сүтэрсии. Бэйдиэ барыы, дьуһаал сылдьыы хара баһаам. Саҥа үйэ олоҕуруутун араллааныгар оччо буолуо суоҕа дуо. Ол иһин Улуу Саамай диэн ааттаннаҕа дии.
Бу ыһыллыы барыта хаттаан хомуллуохтаах, иилэниэхтээх-саҕаланыахтаах, салайыллыахтаах. Ол кэм-кэрдии ирдэбилэ.
Ону оҥороору Дойдуһа-дьаархан, тарҕаабыт дьоҥҥо бииргэ мунньууну тэрийээри туруммут. Бас-көс киһи буолан Сах үйэтин саҕанааҕы чыын ылан Дойдуһа-тархан диэн былыргы сололоох салайааччы буолан олорбут.
Саха омугун хат мунньууга анаан сиэнин Мунньан-тыгын диэн ааттаан анаан-минээн ииппит. Мин саҕалаабыт дьыалабын ситэрэн Сахалары хат мунньан биир кэлим тыгынаат-ил тэрийиэхтээххин, диэн тускулаабыт.
Мунньан-тыгын-дьаархан улаатан баран тарҕаабыт, ыһыллыбыт сахалары уонна кэлии хоролору мунньан, түмэн биир иллээх олоҕу тэрийбит. Сахалары уонна хоролору хаттаан холбоон саха сиригэр саҥа ил тэрийбит. Ол туһунан үһүйээн элбэх.
Билиҥҥи Мэҥэ-хаҥалас дьоно барыта кэриэтэ арҕаа хаҥаластан, Бүлүүттэн тардыылаах. Мооруктартан, Мэҥэлбэттэн уратыта.
Нөөрүктээйилэр, наахаралар күрээн уонна иирсэн арахсан кэлбиттэрин билиҥҥэ диэри тута сылдьаллар. Бүлүүлэри, дьаарханнары билиҥҥэ диэри сөбүлээбэттэр. Улуустаһаллар. Ол сөп.
Өстөһүү удьуордаан бэриллэр. Хаан биир да харамаан атын. Харам, ымсыы буолуу уруутааҕар күүстээх буолуон сөп.
Уруулуулар өстөһүүлэрэ ордук ыарахан мэлдьэһиилээх буолар.
Билиҥҥи нуучча уонна хохуол арахсыытын курдук. Иккиэн биир төрүттээхтэр. Уонна баран иирсэн баран иирсэ тураллар. Арахсыыны улаатынналараллар. Бэйэ-бэйэлэрин мэлдьэһэллэр. Оннук икки арда атан бара турар. Олоххо куруук оннук.
Мэҥэ-Хаҥалас дьоннорун “Бүлүүттэн төрүттээххит”, диэтэххинэ истэрин хайа түһүөхтэрэ. Өбүгэлэрин кытары өстөспүт майгылара билигин да ааһа илик. Ааһыа да суоҕа.
Наахаралар Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар эрэ баар буолбатахтар. Мэҥэ-Хаҥаластан Аммаҕа тиийэ тарҕанан бааллар.
Ол курдук: Амма нэһилиэгэ бэйэтэ, Өнньүөс, Олом күөл, Чыамайыкы, Хомпу, Тиэлиги, Хочо, Хайахтаах. Амма сирдэрэ. Биэс наахара нэһилиэгэ. Бу Амма наахаралара Болугур-нөөрүктээйитин уонна Мындаҕаайы-нөөрүктээйитин батыһан кэлэн олоҕурбуттар. Сорохторо Мэҥэ-хаҥалас сиригэр хаалбыттар.
Наахаралар Мухтуйаҕа бааллар. Дьаарханнартан арахсыылара биллэр.
Наахара буолуу элбэх.
Холобур. Алын Бүлүү Үгүлээтэ. Манна Кэнтик уонна Ороһу дьаарханнарыттан араҕан наахара буолбут аҕа уустара бааллар. Ол биллэр.
Сунтаарга Наахара нэһилиэгэ баар.
Бары алта наахаралар. Бүлүү дьаарханыттан арахпыт күрүөх дьон. Наахаралар төрүттэрэ Улуу Дьаархаттар эмиэ алталар.
Дьаарханнар тарҕаныылара ити курдук үс аҥыы:
Сунтаарга үс улахан Дьаархан нэһилиэгэ баар.
Ньурбаҕа билигин икки Дьаархан нэһилиэгэ баар биллэр. Хорула дьаарханнааҕа биллэр. Ону таһынан төһө баарын ырытар киһи булуо этэ. Ньурба улахан аҥаара дьаархан буолуо.
Үөһээ Бүлүүгэ: Кэнтик Дьаарханнара, Ороһу Дьаарханнара, Сургуулук дьаарханнара.
Алын Бүлүүгэ: Күүлэткэ, Үгүлээккэ, Тылгыныга баар дьаарханнар.
Мухтуйаҕа, Өлүөхүмэҕэ баар дьаархаттар туспа олоруулара суох буолан ырытыллыбатылар. Бүлүү баһынааҕы дьаархаттар олох да киирбэтилэр. Хотугу дьаархаттар олох да киирбэтилэр. Тарҕанар кыах суох.
Дьаарханнарга Нөөрүктээйилэрин, Наахараларын эбэн кэбис.
Туох да айдаан элбэх биис ууһа. Оннооҕор эстэн хаалбыт билиҥҥи тобохторо итиччэлэр. Бу 19-с үйэ Маак саҕанааҕы кэмнэрдээҕи тарҕаныы. Сэргээбит Маак кинигэтиттэн булан ааҕыаххын сөп.
Өссө үөһүгэр киирэн этэр буоллахха, биллэринэн, Дьаарханнартан тардыылаах Бүлүү сүнньүн улахан аҥаара Алта дьаархан нэһилиэктэрэ. Дьоннорун, аҕа уустарын ааҕа да барбаппыт. Ылар биэрэр суох бары дьаархаттар.
Мэҥэ-Хаҥалас тыыллар улахан аҥаара: Алта Нөөрүктээйи, Алта Наахара бары дьаарханнар.
Амма улууһун биэс Наахарата, икки Болугур, Мындаҕаайы-нөөрүктээйилэрэ бары Дьаарханнар. Арҕаа Хаҥалаһы ырытар киһи эмиэ дьаархаттар элбэх буолуохтара.
Дьаархан диэн оннук элбэх биис ууһа. Уонна бары төрдүлэрэ Бүлүүттэн тардыылаахтар
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-15)
Views: 2304 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024