Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

44. Үс Нам

Нам бииһэ Наманаҕа олорбуттар. Дьаарханнары, Үс Үөдүгэйдэри, Бордоҥнору, Хаданнары кытары сэргэ быысаһа, ыаллаһа.
Намана диэн Нам-аан диэн сахарал өйдөбүлэ сылдьар.
(Нам диэн эр киһи сэбэ өрөнөн турбакка намылыйа сылдьар кэмин аата. Көннөрү намыын, намчы кэмэ. Эр киһи ойох көрдөөтөҕүнэ сэбэ өрөнөн туран кэлэр. Хоройон кытаатан туран кэлэр. Таас курдук кытаатар. Кытаатта даҕаны дьахтар сэбин көрдүүр. Эр киһи сэбэ оннук туруга нам-тааттата диэн ааттанар. Сэб хоройон туруута хоро таһан ылар хоро-дьахтарга анаммыт майгы. Сиэмэни, имэҥи сүөккүүргэ.)
Тоҕо?
Эр киһи сэбэ сүрүн туруга нам майгы буолар. Нам майгы уларыйан ылыыта таатта буолар. Таатта майгы куруук буолбат. Хорон ылар хоро-ойох көрдөөтөҕүнэ эрэ буолар. Ол иһин Нам-тааттата диэн ааттанар. Манна өһүргэс суох. Аҕа майгы итинтэн саҕаланар. Сахарал өйдөбүлэ сылдьар. Киһи киһи буолбут майгыта. Атын сиртэн киһи кэлбитэ биллибэт. Ийэттэн-аҕаттан кэлэр. Ур уонна аан оонньуута.
Наманаҕа Намнар үстэр. Сыалдьа-намнара. Ийэ ууһунан олорор салаа. Кулугу-намнара, (хомустаах-намнар), уонна Нам-тааттата.
(Кулугу диэн киһи этигэр-сиинигэр кулгаахха баар дорҕоон киирэн эриллэн искэр киирэр эрэһэтин аата. Кулгаах кулугута куллукулаах буолар. Ис өттө эриллэ сылдьар кураанах көҥдөй үүт буолар. Аата кулугур диэн. Арыылаах. Кулгаах арыыта дэнэр.)
Кулу-ук диэн таҥара эр киһиэхэ айбыт сиэмэтин кулу майгы диэн ааттанар. Аҕалан кулу. Таҥара биэриитэ. Ону дьахтар сыччыыйыгар угуллар. Оччоҕо оҕо үөскүүр. Ону кэрэһэлээн кулу-угууттан үөскээбит дьоммут диэн ааттаммыт биис ууһа кулугу-нама буолар. Итиннэ өһүргэс суох. Киһи - киһи буолбут өйдөбүллэрэ буолаллар. Холобур, Ур-аан-хай диэн өйдөбүл.
Ур - эр киһи сэбин төбөтө. Аан-дьахтар сыччыыйа. Хай - хайар, хайыыр майгы.
Ур Ааны хайаатаҕына, хайдаҕына киһи үөскүүр. Онтон үөскээн урааҥхай саха буолан сырыттахпыт.
Ук-ур-моҥул диэн уру угууттан үөскээбит угурдар, (угоры, угры, руск.)) биис ууһа баар.
Саар ур-уоп диэн уру уобууттан үөскээбит эмиэ биистээхпит. Ол кэриэтэ Кулу-ук диэн таҥара биэриитин уктан кулугу-намнара буолан сырыттахтара.
Намнар Бүлүү сүнньүттэн Наманаттан көһүүгэ үс аҥыы арахпыттар.
Оччотооҕуга сүрүн баай - сылгы эбитэ үһү. Хороҕор муостаах хоро сүөһүтэ да, таба да хоту дойдуга кэлэ илик кэмэ. Онон сахалар сылгыларынан сирдэтэр идэлээхтэрэ. Сылгыларын инники үүрэн кэбиһэллэр. Сылгылара ханна барар да ону батыһаллар. Ханна тиийэн тохтоон турдулар да онно олохсуйаллар.
Ол курдук кулугу намнара сылгыларын ыыппыттара сүрүн үөрдэриттэн биир улахан мөҥүрүөн үөр сылгы араҕан Чыбыыда үрэҕин батан Бүлүү диэкки курулаан түспүт. Тиэргэн Чоргул диэн бас-көс киһилээх Кулугу-намнарын үөрдэрэ. Кулугу-намнара ону батыһан түспүттэр.
Онтулара Үөһээ-Бүлүү сиригэр өрүс кытылыгар Дьоло диэн алааска үгүстэрэ чуоҕуһан, аһаан асхарыһа турар үһүлэр. Эмистэрэ-тотторо диэн сүрдээх. Ону сирдэрин кэрийэн көрбүттэрэ арай кинилэр иннинэ ким эрэ кэлэн хойгуо охсон бэлиэтээбит сирэ буолбут.
“Ок-сиэ, бэрт сир буолан баран хойгуолаах киһи сирэ эбит,” диэн сылгыларын үүрэ сатаабыттар. Үүрбүттэрэ биир да сылгы хамсаабат үһү. Төттөрү эргийэн кэлэ тураллар эбит. Сирдэрин кэрийэн көрбүттэрэ өрүс хочо, алаас, үөл-баҕайы мастаах-оттоох, киһи кута-сүрэ тохтуур улуу сир үһү. Дьэ, хайыахтарай. Түөрэх кээһэн көрбүттэр. Түөрэхтэрэ олордьу түһэртэн атыны билбэт үһү. Буорун сиэн көрбүттэр. Ханнылара хара буорунан хараарар амтана минньигэһэ сүрдээх үһү. Биһиги кулугу-намнар дьолбут түспүт сирэ бу эбит диэн түмүккэ кэлбиттэр. Кулугу Намын дьоло түспүт сирэ Дьоло диэн алаас буоллун диэн аат быспыттар.
Олохсуйарга биир эрэ мэһэй баар үһү. Ол кинилэр иннилэригэр охсуллубут хойгуолар. Киһи сирин былдьастахха - сэрии, кыргыс буолар.
Дьэ, хайыахха. Хойгуолаах киһини кытары кэпсэтэн көрүөххэ. Бу эрэ алааһы көрдүөххэ, уонна өрүс арыытын диэкки уу түһэрэн олорорго көҥүл ыла сатыахха. Элбэхтик үлэлээтэхпитинэ сир таһаарынан барыахпыт, диэн быһаарыммыттар. Көһөн кэлэн олохсуйан барбыттар. Сураһан билбиттэрэ Татаар Таймачыынтан төрүттээх Күрэнчэ-боотур диэн киһи хойгуолаах сирэ буолан тахсыбыт. Боотур киһитин истэн баран сэрии буолар эбит диэн сэрэхэдийбиттэр. Күрэнчэ-боотур хойгуолаах сиригэр, киниттэн ыйыппакка эрэ, дьон кэлэн олохсуйан эрэрин истэн тиийэн кэлбит. Бастаан иирсиэх курдук гынан иһэн кулугу-намнара дьахтар, бэлэх-туһах биэрэн, айах тутан амалыы гынан Дьоло алаастан соҕуруу тахсыа суох буолан, өрүс арыытыгар сир таһаарынан олоруох буолан үҥэ-сүктэ көрдөһөн Күрэнчэ-боотурга тылларын ылыннарбыттар. Биир уопсай тылы булан бэйэ-бэйэлэригэр сылдьыһар ыаллыы буолбуттар. Ити туһунан үһүйээн хара баһаам. Наадыйар киһи Үөһээ Бүлүүттэн баран билиэн сөп.
Бу кулугу-намнарыгар Бүлүү өрүс уҥуоргу өттүгэр Сыалдьа-нама, сыалдьа-хомустааҕа диэн туспа салаалаахтар. Ити нэһилиэк билигин да баар. Онно Дүллүкү диэн эмиэ киирсэр. Дүллүкү диэн дьахтар саамай чараас сыалдьатын былыргы аата. Билиҥҥэннэн бикини, турууһук диэбит курдук.
Былыр 3-с Үөдүгэй Үрэннэрин кытта намнар уруурҕаспыттар. Кыыстарын эргэ биэрбиттэр. Онно алаастаах күөлү кыыстарыгар анаан сыалдьа энньэтэ гынан биэрбиттэр. Онтон бэттэх Дүллүкү күөлэ, (дьахтар сыалдьатын күөлэ) диэн ааттаммыт. Билигин ол улахан нэһилиэк. Үһүс Үөдүгэй Үрэнин ыйыстан кэбиспитэ. Үрэҥҥэ билигин аҕыйах ыал баар. Бары Дүллүкү буолбуттара.
Өссө биир Нам нэһилиэгэ Алын Бүлүүгэ баар. Аата Халбаакы диэн. Халбаакы аҥаара Намнар. (Быстах Нам диэн сир аата кытта баар). Быыстарыгар үөдүгэй аҕа уустардаахтар. Бүлүү өрүс уҥуор өттө. Үөһээ Бүлүү Намын кытта биир нэһилиэк этилэр. Бу хойут арахсыбыта биллэр.
Ити Үөһээ Бүлүү кулугу-намнарын үһүйээнэ.
Кулугу-намнарын сорохторо Өлүөнэҕэ кэлбиттэр. Туймаадаҕа уонна Эркээнигэ малдьаҕардар, маалтаанылар, саталар, дьаарханнар түспүттэрин истэн көрөн баран, онтон кэйдэрэн икки аҥыы арахпыттар.
Хомустаах намнара уонна сыалдьа намнара Кэҥкэмэннэн киирэн Туймааданы ааһан Эҥсиэли хочотугар киирэн олоҕурбуттар. Билигин да бааллар. Хомустаах-намнара өрүс өлөөн, хаҥас биэрэгэр, сыалдьа-хомустааҕа өрүс уҥуор элиэнэ эҥээргэ бааллар. Урукку аата Хатас диэн. Дьокуускай хатаһа эмиэ Сыалдьа-намнар сорҕолоро. Нам хатаһын кытта биирдэр. Олорго, үөдэйдэр, уонна Улуу Хоро оҕонньор дьонноро кэлэн кыттыһан Нам билигин туспа улуус. Наманаттан кэлбит үһүбүт диэни билэр киһи баар эрэ, суох эрэ.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-07-15)
Views: 1721 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024