Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

45. Нам тааттата

Нам-таатталара  буоллаҕына Эркээнигэ сир барыта  хойгуолааҕын, дьоннордооҕун иһин Өлүөнэ  өрүһү уҥуор туораабыттар. Хачыкаат  айаҕынан. Кээрэкээн ойоҕо Тыараһа.  Тыараһалар арҕаа хаҥаластар. Тыайалары  кытары биирдэр. Нам-тааттатын бас-көс  киһитэ Кээрэкээн ойуун. Бу дьон дьохсоот  боотур-уустара эбит. Сэрии аҥаардаах  дьон. Кээрэкээн ойоҕун дьонноро Тыараһалар  өрүс уҥуор олоҕура тахсыбыттарын кэннэ,  олору батыһан уҥуор тахсарга быһаарыммыт.

Эмиэ  сылгыларын уҥуор таһааран баран тус  илин үүрэн кэбиспиттэр. Онтуларын  батыһан сылгы тохтообут сиригэр билиҥҥи  Чурапчы сиригэр тохтоон таабыр, түһэргэн  хааллара-хааллара синньэ, билиҥҥи Таатта  сиригэр тиийэн Тохтобул диэн алааска  тохтообуттар. Онно олоҕурбуттар. Билиҥҥэ  диэри бааллар. Урут Боотурускай улууһа  дэнэр этэ.

Нам-таатталара  билигин Таатта үрэҕин тардыытынан  олороллор.

Чурапчыттан  Ытык күөлгэ диэри баар нэһилиэктэр бары  Нам-таатталара буолаллар. Наммара  үрэҕинэн эҥин. Дьохсоҕоттор бары. Наммара  үрэҕэ Нам-маара диэн өйдөбүллээх.  Саҥарыллыыта Наммара диэн буолар.  Боробулга тиийэн бүтэр. Биир Нам нэһилиэгэ  Аллан өрүһүгэр Хара-Аллан диэн ааттанан  олорор. Ити кэлин Тааттаҕа тиийэн  дьонноруттан нам-таатталарыттан сир  көрдөһөн тиийэн олохсуйбуттар. Билигин  нэһилиэк буолан турар.

Кинилэри  сэргэ Аллан өрүһүнэн Улуу Хоро аартыгынан  киирбит Кириэс Халдьаайыттан түөрт  аҥыы барбыт Сэттэ Байаҕантай хоро  төрүттээх бииһин ууһа олорор. Бэйэлэрэ  түөһэллэринэн билиҥҥи Монголия Хайран  диэн сириттэн тардыылаахтар.

Байаҕантай  инньэ Өймөкөөҥҥө тиийэ барар. Байаҕантайдар  сэттиэлэр. Былыр Байаҕантайдар Саха Ил  тэрээһинигэр киирбэккэ бэрт уһуннук  Тыгыны кытары кыргыһа олорбуттара үһү.

Тыгын  боотур уустарын кытта кыргыһан хаста  да кыайан, тэйэр хайа үрдүгэр куоттартаан,  арҕаа хаҥалас боотурдарыгар бэриммэтэхтэр.  Онтон бэттэх боотур уустарын сорҕото  Дьохсоҕон диэн буолбуттар. (Дьохсоот  - хайа үрдэ диэн. Хайа үрдэ тыаллаах  буолар. Ол аата дьохсоот тыал диэн  ааттанар. Дьохсоот боотурдара Дьохсоҕон  буолбут остуоруйалара Байаҕантайдартан  кыргыһан хотторбуттарыттан ситимнээх,  дииллэрэ. Дьохсооттор  буолбатах Дьохсоҕоннор эбит, диэн аат  быспыттар. Дьох  - дьоҕус, куччугуй, мөлтөх. Соҕоон - сыппах  диэн. Онон Дьохсоҕон диэн - хайа үрдүгэр  куоппут, дьох уонна соҕоон дьон диэн.  “Тыаҕа түспүт тыараһалар” диэбит  курдук.) Дьохсоҕон нэһилиэктэрэ билигин  да бааллар.

Тыараһалар  эмиэ Тыайа бииһиттэн арҕаа Хаҥаластан  Сиинэ үрэх үрдүттэн көһөн кэлбиттэр.  Уонна билиҥҥи Таатта сиригэр олоҕурбуттар.  Кээрэкээн-ойуун Намнартан араҕа илигинэ  кэлбиттэрэ үһү. Кээрэкээн Тыараһалартан  ойохтооҕо үһү. Тыараһалары батыһан  Кээрэкээн Таатта сирин булбут. Тыараһаҕа  кэлэн баран салгыы сылгыларын суоллаан  олохсуйбут.

Улуу  Хоро оҕонньор кэлэн хоролор Саха сиригэр  саҥа олохторун түстээн биэрбитин эрэ  кэннэ, сахалары кытта хоролор кыргыстара  арыый аматыйбыт.

Улуу  Хоро оҕонньор дьоруо сүүрүк оҕуһун  миинньэн Саха сиригэр кэлбит хоро  биистэрин барыларын кэрийбит. Билигин  да Ытык күөл нэһилиэгин аартыгар Улуу  Хоролор бэлиэлэрэ буолан, Улуу Хоро  оҕонньор  таастан кутуллан оҕуһун  миинньэн иһэрэ турар.

Сахаҕа  оҕус көлө аллараа дойду абааһы уолун  көлөтө буолар. Хоролор аллараа соҕуруу  дойдуттан кэлбиттэр. Онон сахаттан  төрдүлэригэр уратылаахтар.

Ол  уратыларын хоролор ыһыктыбаттар. Хоро  - тыһы имнээх. Саха атыыр имнээх.

Эр  киһи тыһытыйыан сөп. Саха хоротуйар.  Онтон тыһы-хоро хаһан да сахатыйбат.  Хорото өтө турар. Удьуор көппөт.

Хоро  көлөтө хороҕор муостаах хоро оҕус.

Саха  көлөтө сыспай сиэллээх сылгы көлө.

Өскө  Ытык күөл киирэр аартыгар аттаах киһи  турбута буоллар, хоро төрүттээхтэр  кыыһырыа, хайдах эрэ буолуо этилэр. Ону  оҕустаах Улуу Хоро оҕонньор туран  нус-хас соҕус.

Улуу  Хоро оҕонньор бэйэлэрин дьоннорун  кэрийэ сылдьан саҥа сахалыы олох  майгыларын тускуларын уурбут. Ол олох  сүрүн тускулара манныктар. Кини дьонугар  эппит:

-  Эһиги тус соҕуруу Хоро сириттэн тус  хоту Саха сиригэр кэллигит. Хоту уонна  соҕуруу дойдулар иччилэрин имсэтэ  атын-атын. Биирэ тыһы, биирэ атыыр. Саҥа  олорор сиргит Саха сирэ атыыр имсэлээх.  Эһиги тыһы имсэлээх соҕуруу дойдуттан  кэллигит. Онон сир иччитин өһүргэтэн  хоролуу хороотуу, тыһылыы тыылла  сылдьымаҥ. Сахалыы саҥарыҥ. Саха эр  киһи сиэринэн саҥа олоххутун түстэниҥ.  Саха сирэ сир Ийэ булууһа буолар. Булуус  сиргэ булуук алаастарынан тарҕанан  олороҕут. Сахалыы олох майгытын тутуһуҥ.  Сир булуус оройун харабыла буоллугут.

Бу  дойду үгэһэ үгэстэниҥ. Эһиги ыччаттаргыт  манна үйэлэргэ олоҕуран олоруохтара.  Кинилэр олохторун түстээҥ. Сахалар  курдук алаастарынан тарҕаныҥ. Биир  сиргэ чохчолоһумаҥ, - диэн.

Сахалары  кытта кыргыһа сылдьымаҥ. Ил-эйэ эҥээрдэниҥ.  Оччоҕо эрэ дьолгутун булуоххут, - диэн  саҥа майгыны хоролорго түстээбит. Онтон  бэттэх хоролор кэлбит сирдэрин иччитигэр  бас бэринэн сахатыйан барбыттара үһү.

Улуу  Хоро оҕонньор кэлии хоролорго итинник  олоҕу түстээн баран өлөөрү сытааран  сахалары кыраабыт.

Ол  кырыыһа: “Саха эстиитэ бииһээбит  хоролортон буолуоҕа” диэн. Ити кырыыс  Эллэйээдэ кинигэтигэр сурулла сылдьар.

Онтон  бэттэх хоролорго сахатыйыы барбыт.  Оннук олордохторуна аны нууччалар  тигинээн кэлбиттэр. Хоролор обургулар  сорохторо саханы таҥнара охсон нууччалары  кытары Ил-эйэ түһэрсэ охсубуттар.

Холобур.  Лөгөй баһылыктаах дьуорту-хоролор.

Нуучча  анныгар олорбуппут 370-чэ сыл буолла. Бу  биир Ытык эриэ (эра), Сүҥкэн Эрили  ытыгын  биир эргиирэ итиччэ сыл устата барар.

Соҕурууҥҥу  кус-хоролор хотугу булууһу ириэрэн  эрэллэр. Сылыйыы буолла. Сир уот хамсатын  оройо хамсыыр. Сир хамсааһына бөҕө.  Халлаан уларыйан эрэр.

Хамчаакыга  сир быыстала суох хамсыыр буолла. Көхсө  күһүгүрүүр. Дьону-сэргэни Тойон эһэбит  сэрэтэ сатыыр.

Хааһы  да саламаат олох саҕаланна. Баанньыкка  сууна олорон 78 саастаах Арҕаа хаҥаластан  сылдьар оҕонньор эппитин курдук:

“Бииртэн  үөрэбин, бэстилиэнэй тыһыынча боруогун  атыллаан саҕаланыытын көрө сылдьабын.  Хомойордоохпун. Бэстилиэнэй тыһыынча  бүтэригэр кыайан тиийиэ суохпуттан.  Саас ыраатта,” диэбитэ.


Өспөх сахаларын Түмэтэ (Нам Өспөҕө)


Намнартан  өссө биир түмэт дьон Өспөх сахаларыттан  төрүттээх Түмэт нэһилиэгэ буолан  Уус-Аллаҥҥа өрүһү туораан олорор. Ол  түмэккэ билиҥҥи Өнөр нэһилиэгэ, икки  Өспөх, Түүлээх, Бээрийэ Лабычааныта,  Бэйдиҥэ сорҕото киирсэр этилэр.

Ити  барыта урут биир Түмэт нэһилиэгэ этэ.  Кинилэр Дьуорту Лөгөйдөрүн кытары  ыаллаһан  олороллор. Төрдүлэрэ намнар.  Бу биэс түөрт нэһилиэк бары холбоон  Түмэт нэһилиэгэ диэн ааттанан былыргы  сурукка киирэн сылдьар.


Тиит  Арыы.


Кулугу-намыттан  өссө биир нэһилиэк Байаҕантайдары кытта  Тандаҕа ыаллаһа олорор. Тиит Арыы диэн.  Бу Арҕаа хаҥалас Кулугу намыттан  төрүттээх нэһилиэк. Хайдах онно хоролор  ортолоругар киирэн кыбыллыбытын билбит  суох. Олохтоохтор билэллэрэ буолуо.  Туох эрэ өлөрсүү буолбут. Ол онно өлбүт  киһи тыынын толугар Танда тардыытыгар  хаҥаластар сир ылбыттар байаҕантайдартан.  Онно Тиит Арыы диэн нэһилиэк буолбуттар  диэх курдук, үһүйээни истэн аһарбыппыт.  Арҕаа Хаҥалас Тиит Арыытын нэһилиэгин  кытары биир төрүттээх биис уустар.

Чэ,  намнар бүттүннэр. Кыра улууһун көрүмэ.  Тарҕанан хаалан кыра курдук. Эргитэн  бардаххына Илин эҥээр бүтүннүү арҕаа  хаҥалас намыттан төрүттээх буолар  курдук.


Нам  уонна Нам-тааттатын сүдү  дьоно.


Аммосов  Максим Кирович бары билэр сүдүбүт. (Нам,  20 үйэ.)

Винокуров  Илья Дорофеевич - Чаҕылҕан - суруйааччы.  (Нам, 20 үйэ.)

Захар  Винокуров - композитор. (Нам, 20 үйэ)

Винокуров  Илья Егорович - политик. (Нам 20 үйэ.)

Прокопий  Ядрихинскай - Бэдьээлэ - олоҥхоһут. (Нам,  20 үйэ.)

Кээрэкээн-ойуун  - Нам-тааттатын төрүт бас-көс киһитэ.  (Орто үйэ.)

Табаахырап-Винокуров  Иван. Николаевич. - олоҥхоһут. (Нам-тааттата  19 үйэ.)

Егоров  Егор Минович - олоҥхоһут, (Нам-тааттата,  19 үйэ.)

Куохайаан  - олоҥхоһут, (Нам-тааттата, 19 үйэ.)

Ойуунускай  Платон Алексеевич - суруйааччы,  (Нам-тааттата, 20 үйэ.)

Анемподист  Иванович Софронов - суруйааччы,  (Нам-тааттата, 20 үйэ.)

Эллэй  Кулачиков - суруйааччы, (Нам-тааттата,  20 үйэ.)

Дьуон  Дьаҥылы - суруйааччы, (Нам-тааттата, 20  үйэ.)

Намнар  былааһы ыла сыталлар. Бу дьон төрдүлэрэ  бары Бүлүү сүнньүттэн Наманаттан көһөн  кэлбит Нам бииһиттэн төрүттээхтэр.  Төрдүлэрэ бары Бүлүүлэр.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-08-18)
Views: 2344 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024